АПК тэрилтэлэрин биригээдэлэрэ хотон туталлар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр баһаарга былдьаммыт эбийиэктэри чөлүгэр түһэрии үлэтэ саҕаланна.

Олорор дьэни-уоту таһынан, хотоннор эмиэ тутуллаллар. Санатан эттэххэ, уокка уон хотон, ол иһигэр Алексей Петров бааһынай хаһаайыстыбатын сүөһү иитэр комплекса былдьаммыта. АПК тэрилтэлэриттэн хомуллубут 40 киһилээх биригээдэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр түмүллэн, бэҕэһээ Бэс Күөлүгэр хотон тутуутугар көмөлөһө барда.


Биригээдэ састаабыгар «Сахаагроплем» СБТ, «Саха сүөһүтэ» СХТ, Бэтэринээрийэ департаменын үлэһиттэрэ бааллар. Бу иннинэ «Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика» АУо, министиэристибэ мелиорацияҕа салаатын, АПК ресурснай хааччыллыытын киинин биригээдэлэрэ барбыттара. Сотору кэминэн «Туймаада» ҮАПК, «Сири оҥоруу сулууспата» СБТ биригээдэлэрэ барыахтара. Онон, билигин сэттэ биригээдэттэн биэс биригээдэ хайы-сах тиийэн үлэлии сылдьар.

– Биригээдэлэр бары туттар тэрилинэн, тиэхиньикэнэн уонна аһынан-үөлүнэн хааччыллыылаахтар, онон блаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри тиргиччи үлэлээн, хотоннору тутан бүтэриэхтэрэ, – диэтэ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0