Кыстыкка киириэх иннинэ ким сайын дьиэтин оҥостубатах, балаҕан ыйын бастакы сылаас күннэрин баттаһа, дьиэ ис эркинин сэргэхситэргэ саамай тоҕоостоох кэм. Бэрт сыралаах уонна түбүктээх үлэҥ түмүгэ хайдах көстүүлээх буолан тахсара төһө харчыны өрөмүөҥҥэ угаргыттан уонна дизайнын табаргыттан, матыры- йаал көрүҥүн, өҥүн-дьүһүнүн сатаан аттараргыттан улахан тутулуктаах.
edersaas.ru
«Өрөмүөн оҥостуохпун баҕарабын эрээри, харчым тиийбэт», – диир дьон бастаан аһыыр хосторун, онтон эһиил көрүдүөрү, үс сылынан утуйар, сынньанар хосторун кыра-кыралаан
оҥостон иһиэхтэрин сөп. Эбэтэр сорохтор кирэдьиит ылан, массыыналарын атыылаан баран өрөмүөннэнэллэр. Баҕардахха, харчы син биир көстөр дииллэр.
3D МАКЕТ
Үлэни саҕалыаҥ иннинэ аан бастаан бүддьүөккүн ааҕаҕын: матырыйаалгар төһө барарын, үлэһиттэргэ төһөнү төлүүргүн. Анал идэлээх дьон эн баҕа санааҥ олоххо киирдэҕинэ хайдах буолан тахсарын, талбыт миэбэлиҥ интерьергэр хайдах көстөрүн 3D макет бырагырааматыгар дьиҥнээх курдук туруоран, таҥан, оҥорон көрдөрөллөр. Дьиҥэр, «Planoplan» бырагырааманы хачайдаан, дьиэҥ төһө иэннээҕин, хас хостооҕун туруоран биэрэн, истиэнэҥ өҥүн, муоста матырыйаалын талан, ким баҕарар 3D макеты оҥоруон сөп. Виртуальнай тур
көмөтүнэн хас биирдии хоско киирэн, хайдах миэбэл батарын мээрэйдээн, чопчу туруоран иһэҕин, түннүк сабыытыгар, остуол светильнигэр, дьыбаан сыттыгар тиийэ барытын таҥаҕын. Сөбүлээбэтэххинэ, дизайн-макеккын төһө баҕарар уларытан биэрэҕин. Бу бырагыраамаҕа тутуу матырыйаалын уонна миэбэл оҥорор фабрикалар бородууксуйаларын улахан каталога баар, онон дьиэҥ 3D макетыгар туох барсарын, сөп түбэһэрин эрдэттэн талар кыахтанаҕын.
ТУОХТАН САҔАЛЫЫБЫТ?
Өрөмүөҥҥэ олус элбэх харчыны бараабакка, киһи хараҕын үөрдэр гына, хос иһэ тута сырдыы түһэрин курдук хайдах оҥостуохха сөбүй? Аан бастаан бу дьиэҕэ төһө өр олорор санаалааххытын быһаарыаххытын наада. Аҕыйах сылынан атыылыыгыт, кэҥэттэҕит эбэтэр манна хаалаҕыт? Биллэн турар, сотору көһүөхтээх дьиэҕитигэр дизайнерскай өрөмүөн оҥорторон баран, ону көтүрэн ылан илдьэ барбаккыт. Өрөмүөҥҥэ укпут үбүҥ кэлин атыылыырыҥ саҕана төннөн кэлбэт, атыылаһааччы барыта сыананы тиһэҕэр диэри түһэрсэн, син биир чэпчэки сыанаҕа ылар дьүккүөрдээх. Ону таһынан, хас биирдии киһи бэйэтэ сөбүлүүрүнэн өрөмүөн оҥостор. Онон быстах кэмҥэ олорор дьиэҕэ боростуой өрөмүөн барсар. Оттон “бу дьиэҕэ үйэм тухары олоруом” диэччилэр, харчыларын харыстаабакка, үйэлээх матырыйаалы тутталлара ордук. Куоракка өрөмүөн оҥорор биригээдэ, идэтийбит дизайнердар элбэхтэр. Кинилэртэн ким чэпчэки сыанаҕа оҥорорун булуохха сөп эрээри “сорохтор харчыны ылан баран, соҕуруу дойдуларыгар куотан хаалаллар үһү” диэн кэпсээн элбэх. Ол иһин албыҥҥа киирэн биэрбэт туһуттан хайаан да дуогабар түһэрсиэххэ, тутааччылар докумуоннарын бэрэбиэркэлиэххэ наада. Харчыгытын кэпсэтиинэн бастаан аҥаарын, онтон өрөмүөн бүттэҕинэ хаалбыт 50% биэриэххитин сөп.
ХАРЧЫНЫ КЭМЧИЛИИР ТУҺУГАР
… Люстра оннугар туочуканан тыгар кыра светильниктэри туттуохха син. Маннык светильник, биллэн турар, гипсокартонтан эбэтэр ПВХ пленкаттан тардыллыбыт (натяжной) дьиэ үрдүгэр туруоруллар. Обуой оннугар декоративнай штукатурка оҥордоххо, кыра оҕолоох уонна ыттаах-куоскалаах дьон истиэнэ марайын чэпчэкитик сууйар, пластилин сыһыннаҕына хоҥуннарар кыахтаахтар. Венецианскай штукатурка көмөтүнэн мрамор, оникс кыырпаҕынан истиэнэ биир эмэ өрүтүн килэбэчитэн, килэритэн-халарытан таһаараллар, эркиҥҥэ араас оһуору түһэрэн, кумаҕы эбэн, бытархай тааһы үлтүрүтэн киэргэтэллэр. Латекс-пластик штукатурка эркини глянцевай гына оҥорор, маннык матырыйаал, силиконовай, акриловай булкаас курдук, сииги, инчэҕэйи тулуйумтуо буолар. Онон аһыыр, суунар хоско барсар диэн этэллэр идэлээх дьон. Дьиэ үрдүн маҥан кыраасканан сотуох оннугар «натяжной потолок” оҥорторбут быдан түргэн уонна үйэлээх. Ол эрээри ПВХ пленка төһө да кыраһыабай, чаҕылхай көстүүлээҕин иһин, киһи доруобуйатыгар буортулаах эттиктэри таһаарар. Аан бастаан
маннык пленканы тардыбыттарын кэннэ, ыарахан соҕус хос сыттаах буолар, маны хас да күн салгылаталлар. Оттон гипсокартон хос сыты таһаарбат уонна доруобуйаҕа буортута суох. ПВХ пленка глянцевай уонна матовай дьүһүннээх, үөһээҥҥи ыаллар турбалара тэһиннэҕинэ, 1 кв. миэтэрэтэ сүүс лиитэрэ ууну тутар уонна уйар кыахтаах. Маҕаһыыҥҥа маннык матырыйаал, дьиҥэ, тустаах ирдэбилгэ эппиэттиир сэртипикээттээх буолан атыыланар, онон дьиэни салгылата сырыттахха, буортута суох. “Сурунаал ойуутун курдук тупсаҕай, барыта орун-оннугар турар аныгы өрөмүөн хайаан да ботуччу сыаналаах, боростуой киһи ону сатаан уйуммат” диэн, дьиҥэ, сыыһа өйдөбүл.
КИҺИ БЭЙЭТЭ ДА ОҤОСТУОН СӨП?
Бу эйгэҕэ идэтийбит дьону кытта сүбэлэһэн, дизайн-макет оҥорон баран, сорох үлэтин киһи бэйэтэ да оҥоруон сөп. Холобур, ламинаты ууруу олус судургу. Муостаҕын тэҥнээн баран, быһыллыбыт дуоскалары ыпсаран эрэ иһэҕин. Эбэтэр билэр дьоҥҥуттан ким эрэ өрөмүөнүнэн дьарыктанара буолуо, ол киһини ыҥыран баран, кини ыйан-кэрдэн биэриитинэн керамогранит, кафель тэлгииллэр, дьиэ үрдүн таҥаллар. Хас биирдии эр киһи, хороччу улаатан эрэр уол оҕо сатыыр үлэтэ, ис сүрэҕиттэн баҕаран туран ылыстаҕына.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru