Чурапчы нэһилиэгэр 135 оҕолоох “Чуораанчык” уһуйаан иһинэн “Биһикчээн” диэн киин аһыллыбыт. Манна ийэ буолаары сылдьар дьахталларга, иккитигэр диэри саастаах кырачаан оҕолордоох дьиэ кэргэҥҥэ сүбэ-ама биэрэн көмөлөһөллөр. Бу туһунан сиһилии педагог-психолог Анна Седалищева кэпсиир.
Варвара ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
— Оҕо күүтэ сылдьар ийэҕэ, бу кини саамай долгутуулаах кэрэ кэмигэр уйулҕатын туругун, аҕа киһи оруолун туһунан бэсиэдэлэри ыытабыт. Онтон оҕо төрөөтөҕүнэ, кинини хайдах көрөртөн, кэпсэтэртэн саҕалаан, өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга, дьиэ кэргэн – бөҕө тирэх диэн этиинэн салайтаран, төрөппүттэри кытта үлэлэһэбит. Кииҥҥэ психологы сэргэ, гинеколог, оҕо бырааһа, логопед, эти-хааны эрчийэр инструктор бааллара, төрөппүтү кытта үлэбитин тиһиктээхтик салгыырбытыгар улахан көмөлөөх. Ол курдук, кырачаан күн сирин көрөрүн кытта төлөпүөн, батсаап ситимин нөҥүө сүбэ-ама биэрэбит, мунаахсыйар ыйытыыларыгар хоруйдуубут, туһалаах араас матырыйааллары ыытабыт. Онтон оҕо арыый бороохтуйуута, үс ыйыттан биһиэхэ бэйэлэрэ кэлэллэр. Билиҥҥитэ улууспут киинигэр эрэ үлэлиибит. Инникитин нэһилиэнньэ төһө наадыйарыттан көрөн, географиябытын кэҥэтэр санаалаахпыт. Өссө доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор төрөппүттэрин кытта эмиэ ыкса үлэлэһиэхпит диэн былаанныыбыт.
Бу курдук идэлэригэр бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар уһуйаан, оскуола, орто үөрэхтээһин кыһаларын психологтара идэ таһымын, маастарыстыбатын көрдөрөр “Педагог-психолог-2017” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ муһуннулар. СӨ үөрэх уонна наука министиэристибэтэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи психолого-медико-социальнай арыаллыыр киин көҕүлээһиннэринэн тэриллибит куонкуруска 14 улуустан, Дьокуускайтан, Жатайтан, 28 үөрэх кыһатыттан 29 кыттааччы күрэхтэстэ, үлэ үөрүйэҕин атастаста. Бу тэрээһин үөрэхтээһин эйгэтигэр психолог үлэтэ булгуччу наадатын, күннээҕи олоххо суолтатын бигэтик өйдөтөр сыаллаах тэрилиннэ.
Икки күннээх күөн күрэскэ кыттааччылар үөрэх кыһатын исписэлиистэрин быһыытынан бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, “Аһаҕас дьарык” түһүмэххэ хас биирдии педагог-психолог тус сатабылын, кыаҕын, үлэлиир хайысхатын көрдөрдө, сонун этиилэри киллэрдэ. “Кейс” диэн түһүмэххэ араас быһыы-майгы тахсар түгэнигэр күрэстэһээччи бары билиитин, уопутун түмэн, сөптөөх хайысханы тобулан, тирээбит кыһалҕаны быһаарарыгар сорудахтанна.
Түмүккэ, “Инникибит туһугар бииргэ” диэн анал номинация Амматааҕы коррекционнай оскуола-интернат психологар Любовь Саввинаҕа туттарылынна. Кинилэр бары кыһамньыларын, сыраларын ууран туран доруобуйалара хааччахтаах оҕолору кытта үлэлэһэллэр, уопсастыбаҕа бэлэмнииллэр. “Психолог-новатор” аатын Жатайдааҕы 2 №-дээх орто оскуолаттан Елена Уваровская ылла. “Бастыҥ практик” – Розалия Васильева (“Центр ПМСС ГО «г. Якутск”), “Психологическай дебют” — Наталья Макеева (Мииринэйдээҕи региональнай техническэй колледж), “Идэҕэ бэринии” — Светлана Усманова (Айхаллааҕы 23 №-дээх орто оскуола), “Үрдүк таһымнаах уонна айымньылаах үлэһит” – Жанна Степанова (Усуйаана улууһун Силээннээх орто оскуолата) буоллулар.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, III миэстэҕэ — Александра Курчатова (“Аленушка” уһуйаан, Хаҥалас), II миэстэҕэ — Татьяна Поскачина (Бүлүүтээҕи гимназия) таҕыстылар. Бочуоттаах I миэстэни Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуола педагог-психолога Альбина Левина ылан улаханнык үөрдэ. Кини күһүн Сочига ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска Саха сирин көмүскүүр чиэскэ тигистэ.
“Саха сирин кэскилэ” бэлиэ хаһаайката, Усуйаана бэрэстэбиитэлэ Жанна Степанова санаатын үллэһиннэ: “Биһиги нэһилиэкпит 800 чугаһыыр киһилээх. Нэһилиэнньэ, сүрүннээн, булдунан, балыгынан дьарыктанар. Оскуолабыт 11 кылаастаах, 98 оҕо үөрэнэр. Педагог-психолог быһыытынан мин, сүрүннээн, хоту сир оҕото аныгы олоххо бэйэтин буларыгар көмөлөһөр сыаллаах үлэлиибин. Ол эбэтэр, киэҥ сиргэ тиийдэҕинэ бэйэтин сиэрдээхтик көрүнэн сылдьарын туһугар кыһаллабыт. Нэдиэлэ аайы кылаастары барыларын кытта үлэлэһэбит, хас биирдии оҕо динамикатын кэтиибит. Уруоктар интэриэһинэй, туһалаах буолалларын туһугар учууталлардыын көмөлөөн, сүбэлэһэн үлэлиибит. Хоту биир сүрүн кыһалҕанан, биллэн турар, үлэ суоҕа буолар. Ол ордук эдэр ыччакка охсуулаах. Ол иһин, үлэтэ суох араҥаны кытта эмиэ бэсиэдэлэри ыытабыт. Оскуола, уопсайынан, биһиги нэһилиэкпитигэр сүрүн оруолу толорор. Бу куонкуруска кыттыбытым миэхэ туһалаах. Холобур, өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан сылдьар биир идэлээхтэрбин кытта чугастык алтыстым, саҥаны, сонуну биллим”.
Варвара ПОПОВА,”Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru