Соторутааҕыта “Бичик” кинигэр кыһатыгар Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, суруналыыс, биир идэлээхпит Ангелина Васильева-Дайыына “Түүҥҥү эр” диэн кэпсээннэрин иккис кинигэтэ күн сирин көрдө. Кини прозаик быһыытынан бэйэтин биллэрэн, 2013 сыллаахха “Сүрэх кистэлэҥэ” диэн кэпсээннэрин кинигэтэ тахсыбыта.
edersaas.ru
Бу саҥа, дьоҕус кинигэтигэр ааптар аныгы олох көстүүлэрин арыйар уонтан тахса кэпсээнэ киирбит. Хара бастааҥҥыттан кинигэ аата киһи болҕомтотун тардар. Кинигэҕэ “Түүҥҥү эр” диэн кэпсээн бастакынан турар. Бу туһунан ааптар бэйэтэ маннык кэпсиир:
— Олоххо араас дьикти түгэннэр, арыллыбатах кистэлэҥнэр бааллар. Мин урут “Мааппа” сэһэни ааҕан баран, бу дьиҥнээх олоххо буолбут түбэлтэ дуу, суруйааччы өйүнэн айан оҥоруута дуу диэн толкуйга түспүппүн өйдүүбүн. Ама, хайдах өлбүт киһи илэ кэлэн, тыыннаах киһи курдук хаама сылдьыай?
Ол эрээри… “Түүҥҥү эр” диэн кэпсээҥҥэ дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэ кэпсэнэр. Бу эн биһикки олорор аныгы кэммитигэр, биһиги ортобутугар буолбут түбэлтэ. Бу кыыс миэхэ бэйэтэ кэпсээбитэ, ону буоларын курдук, уус-уран ньыманан кыратык эбэн-сабан, киэргэтэн биэрбитим…
“… — Ириитэ, быыһаа миигин! Түүн аайы кэлэр… Сэниэбин, күүспүн вампир курдук оборон ылар. Хайдах буолуохпун билбэппин. Ааспыкка тугу эрэ сэрэйэн, хабарҕалыы сатаабыта. Хайдах эрэ күүһүрэн, кырыктанан иһэр курдук. Сотору сиирэ буолуо… — дии-дии ытаата.
Ириитиккэ истибитин итэҕэйбэккэ олордо. Ама, аныгы сайдыылаах үйэҕэ маннык “ужас” курдук түбэлтэлэр буоллахтарай? Оттон аан кэннигэр саһан истэн турбут ийэтэ өссө ордук уолуйда…”
Аныгы олох буолан, дьоруойдар нууччалыы-сахалыы булкуйан кэпсэтэллэрэ көстөр. Ордук ыччат дьон сахалыы ыраастык саҥарбат буолбутун, күннээҕи кэпсэтиитигэр нууччалыы тыллары көҥүл туттарын бэлиэтиигин. Ааптар бу көстүүнү сахатыта сатаабакка, ыччат туттар тылларын кыбытар.
Биэтэстээх кэпсээннэр
“Сэт” кэпсээҥҥэ, омос көрдөххө, тыа мастарын олохторо кэпсэнэр. Манна хас биирдиилэрин майгылара, дьүһүннэрэ ойууланар. Ол гынан баран, бүччүм сиргэ арыыланан үүммүт мастар уобарастарынан ааптар кыракый норуот иннигэр бүрүүкээн кэлбит кыһалҕаны, тастан соҥноммут алдьархайы ойуулуура сэрэйиллэр. Ыксаллаах түгэҥҥэ хайдах гынан быыһанабыт, хайдах-туох дьаһанабыт? Хайдах эрэ, мин бу кэпсээн салгыыта өссө суруллуохтаах дуу дии санаатым.
“… Ойуур иһигэр дьикти чуумпу сатыылаата. Ыраах турааччылар ситэ истибэккэ, бэйэ-бэйэлэриттэн сипсиһэн ыйыталаһан, лабаалара хамсаамахтаата. Бары Сабарай Тиит тугу этэрин өйдөөтүлэр эрээри, толлон, дьулайан, бэйэлэрин истэригэр санаатылар: “Ким?! Ким ону кыайыай?!” Кэмниэ-кэнэҕэс утуйбута-хаппыта биллибэккэ, өр кэмҥэ туох да тыаһы таһаарбакка, улугуран турбут Муҥур Тиит хаахынаан саҥарбытыгар, бары да соһуйан хааллылар:
— Ити… сөп. Ыксаллаах кэмҥэ кинилэр эрэ көмөлөһөллөр, үрүҥ тыын өллөйө буолаллар диир этилэрэ, былыргы муҥурааттар… Ол үгэһи кэпсииллэрин истэр этим. Мин… холонуохпун сөп. Сатамматаҕына даҕаны, сүтэрэрим, аһыйарым суох. Саатар, онон туһалаан баран, өллөрбүн…
Дьэ, дьулаан суол. Иччини ыҥыран тэҥҥэ кэпсэтэргэ, бэйэҥ олоххун сиэртибэлээн туран, былыргы үгэһи тилиннэрэн, хомуһуннаах сиэри-туому толоруохха наада. Сатаан тылгын ылыннарбатаххына, ол улуу дьаалылар сүгүнүнэн арахпакка, ала буркуну түһэрэн, хас дууһаны илдьэ бараллара биллибэт…”
“Кыра киһи” кыһалҕата
“Балааһа баайа”, “Тохтубут чэй”, “Хаарчаана бэлэҕэ”, “Куобах Уос” кэпсээннэргэ ааптар “кыра киһи” кыһалҕатын, уйулҕатын мучумаанын итэҕэтиилээхтик тиэрдэр. “Кыра киһи” диэн, күннээҕи түбүккэ баттатан, үксүгэр аахайбат дьоммут – соҕотох олорор эмээхсин, ийэтэ суох хаалбыт оҕо, итэҕэс оҕону төрөппүт ийэ, соҕотох балтын тиһэх төгүл көрсө кэлбит эмээхсин, уо.д.а. буолуохтарын сөп. Суруйар идэлээх дьон билэринэн, аныгы олоҕу хоһуйуу, төттөрүтүн, уустук буолар. Бу буола турары ырытар, суолтатын быһаарар, күннээҕи көстүүгэ үйэлээҕи булан көрөр, ону дьоҥҥо итэҕэтэр ордук уустук. Ангелина кэпсээннэрэ классикаҕа иитиллибит, ирдэбиллээх саха ааҕааччыларыгар сөбүлэтиэхтэрэ диэн эрэнэбин, ааптарга өссө элбэх айымньылары суруйарыгар, прозаик быһыытынан улахан кээмэйдээх сэһэҥҥэ холоноругар баҕарабын.
Дайыына айымньыларын туһунан
Сэмэн Тумат, норуодунай суруйааччы:
— Эҥсиилээх, олоххо тардыһыылаах кэпсээннэрдээх. Кылгас кэпсээҥҥэ психология өрүттэрин, дьон хамсаныытын, сирэйин туттарын-хаптарын ойуулууру кыайа тутар. Ангелина ситтэҕинэ-хоттоҕуна, тыыппалаах, психологическай, драматическай тардыстыылаах суруйааччы буолуон сөп.
Саргылаана Ноева, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр институт научнай үлэһитэ, филология билимин хандьыдаата:
— Ангелина Васильева “Түүҥҥү эр” кинигэтигэр интэриэһинэй уобарастар көстөллөр. Таптал, оҕо-төрөппүт сыһыана, аныгы олоххо ыччат кыһалҕалара. “Куобах Уос” кэпсээн интэриэһинэйдик саҕаланар, манна дьахтар трагедията көстөр, киһи уйулҕатын таарыйар айымньы. Ааптар психологизмы көрдүү сатыыра көстөр. “Тайах оҕото” – тып-тап, ис киирбэх айымньы. Кыыл аатыттан, иһиттэн киирэн суруйуу кэлиҥҥи кэмҥэ суох этэ. Манна саха майгытыгар эрэ сөп түбэһэр тэҥнээһиннэр бааллар. Холобур, “киҥэ кыйырбыт кымыс курдук көхсүн иһигэр оргуйда”.
“Сэт” диэн кэпсээҥҥэ айылҕаны тыыннааҕымсытан көрдөрүү ньымата туттуллубут. Ойуур олохтоохторун бэрт бүччүм эйгэлэрин ыһыллыыта – бу глобализация тыына кими да тумнубатын уобарастаан көрдөрөр, кыра норуот эмиэ маннык түгэҥҥэ хайдах дьаһаныахтааҕа, тэҥнэбил быһыытынан, ис биэтэстэнэн көрдөрүллэр.
Марина Ахмедова, Дагестан норуодунай бэйиэтэ:
— “Сэт” кэпсээн тылбааһын ааҕан баран, сөбүлээтим. Бастаан ойуур олохтоохторун күннээҕи олохторо ойууланан иһэн, аныгы олоҕу, дьону кытары ситимнэһэн хаалар. Мистика уонна күннээҕи олох холбоспут буолан, ааҕа олорон, киһи чуҥкуйбат, сюжета хамсатар, толкуйдатар. Бу курдук ааптар икки көстүү – Айылҕа уонна Киһи киирсиилэрин кыһалҕатын таарыйар. Тылбааска холонор эбит, тыла-өһө хомоҕой. Өссө элбэхтик тылбаастаан, тылын имиттэҕинэ, тылбаасчыт буолуон сөп эбит.
Мария Кириллина, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр институт научнай үлэһитэ, филология билимин хандьыдаата:
— Ангелина Васильева-Дайыына олох хараҥа өттүн күүркэтиитэ суох, хайдах баарынан, ол эрэн, сиэрдээхтик көрдөрөр. Олох хараҥа өрүттэрин, трагедияны даҕаны, соһуппакка, кэлэппэккэ биэрии, толкуйдатыы — уустук сатабыл. Хайдахтаах да хараҥа түгэҥҥэ сырдыгы булан көрүү, эрэли үөскэтии – ааптар ураты буочара. Тыҥааһыннаах түгэннэри, кыыл кэмэлдьитин, ойууру, айылҕаны итэҕэтиилээхтик ойуулуур. Ол да иһин, ааҕааччыны долгутар, сороҕор харааһыннарар кэпсээннэр.
Кылгас киэпкэ элбэх санааны, толкуйдатар көстүүлэри угар уустук. “Тохтубут чэй”, “Балааһа баайа” кэпсээннэргэ күннээҕи олоххо, дьон сыһыаныгар этиллибэтэх эрээри, сэрэйиллэр кыһалҕаны арыйан көрдөрүү ньымата кыайа-хото тутуллубут.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru