Төрөппүттэргэ, ордук куорат олохтоохторугар, оҕолоро оскуолаҕа тугу аһаан сылдьаллара улахан кыһалҕа. Аһылыктарыгар диэн анаан бэриллибит харчыны туһата суохха да туһаммыт, доруобуйаҕа буортулаах аһы даҕаны ылан сиэбит буолаллар. Ити аны тохтуур чинчилэннэ.
edersaas.ru
Ол курдук, Дьокуускай куорат национальнай уонна классическай гимназияларын итиэннэ 21-с нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччилэрэ ас анал каартатынан туһанан эрэллэр. Бэҕэһээ каарта хайдах үлэлиирин көрдөрдүлэр. Уратыта диэн, ас төлөбүрэ каартаттан быһаччы барарын таһынан, төрөппүт анал саайтка киирэн оҕото тугу сиэбитин барытын хонтуруоллуур. Ону ааһан, оҕотун аһыахтаах аһын бэйэтэ талар кыахтаах. Кэнэҕэһин бу каартанан атын оскуолалар хабыллыахтара итиэннэ айан төлөбүрүн, араас куруһуоктары төлүүр кыахтаныахтара диэн бэлиэтииллэр.
Тустаах бырайыагы “Алмаасэргиэнбаан” уонна “Статус” бырагырааманан хааччыйыы киинэ кыттыһан толкуйдаабыттар. Бэрт бырайыак эбит.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1