Илиҥҥи халандаарынан Сибиинньэ сыла үүммүтүнэн, Саха сиригэр сибиинньэни иитии салаата хайдах сайдыбытын уонна кэхтибитин көрдөрөргө холоннум. Суххай сыыппаралар кэтэхтэригэр биһиги, сахалар, бу дьиэтитиллибит кыылга сыһыаммыт саһан сытарга дылы.
Сахаҕа сибиинньэ нууччаттан киирбитэ
Биһиги өбүгэлэрбит, син еврейдэр уонна мусульманнар курдук, сибиинньэ этин сиэбэт буоланнар, итии дойдуга олорор эрдэхтэриттэн иитэ сатаабатахтар быһыылаах. Ону “сибиинньэ” диэн өйдөбүлү саха тылыгар солбуйар тыл суоҕа бигэргэтэр. Сибиинньэ оҕотун “чооску” диирбит даҕаны нууччаттан киирии тыл (чушка). История кэрэһилииринэн, сибиинньэни аан маҥнай дьаамсыктар уонна Иркутскайтан көһөн кэлбит нууччалар аҕалбыттар.
Саха сиригэр 1880-1892 сс. сыылкаҕа кэлэн олорбут поляк Вацлав Серошевскай “сахалар былыр-былыргыттан сибиинньэни, ыты уонна үөнү-көйүүрү сиэбэттэрин” ахтыбыта баар. “Якуты” диэн киэҥник биллэр үлэтигэр суруйбутунан, кини кэмигэр сибиинньэни Дүпсүн улууһугар политсыылынайдар Страндин уонна Юрасов идэтийэн иитэ сылдьыбыттар. Страндин сибиинньэ этиттэн-сыатыттан кэлиини кытта күрэстэһэр халбаһыны уонна сааланы астыырын итиэннэ биир орто сибиинньэттэн 100 солкуобайы “өлөрөрүн”, кинилэр барбыттарын кэнниттэн сибиинньэни иитии эстибитин бэлиэтиир. Баралларыгар баай сахалар атыылаһан хаалбыттар эрээри, ол кыыллара мөлтөх көрүүттэн сотору морбойбуттар.
Вацлав Серошевскай Саха уобалаһыгар хас сибиинньэ баарын туһунан официальнай сибидиэнньэлэргэ олоҕурбутунан, 1870 сыллаахха 51 уонна 1890 сыллаахха 32 сибиинньэ баар эбит. Ити иһигэр Дьокуускай куоракка 9/15, Дьокуускай уокуругар 10/5, Өлүөхүмэ куоракка 5/2, Өлүөхүмэ уокуругар 22/10, Бүлүү куоракка 1870 сыллаахха 5 сибиинньэлэнэ сылдьыбыттар.
Сайыннарар – уустук, садаҕалыыр – судургу
Сибиинньэни иитии салаата, биллэрин курдук, сэбиэскэй былаас сылларыгар сыыйа сайдыбыта. Саҥардыы атахтарыгар тура сатыыр холкуостарга 1938 сыллаахха 1,5 тыһ., 1940 сыллаахха 3,2 тыһ., 1942 сыллаахха 5,5 тыһ. төбө сибиинньэ иитиллэрэ. Онтон Компартия КК уурааҕын олоххо киллэрэр инниттэн Саха АССР Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 1947 сыл муус устар 30 күнүнээҕи бирикээһинэн “…холкуостарга уонна холкуостаахтар кэтэхтэригэр туһаналларыгар бытархай дьиэ кыылын-сүөлүн: сибиинньэни, көтөрү уонна куруолугу иитиини сайыннарар быһаччы дьаһаллары ылынарга” сүөһүнү иитии управлениетыгар сорудахтаабыта.
Саха сиригэр 1970-с сыллар бүтүүлэригэр диэри сибиинньэни, сүрүннээн, бурдуктаах Аммаҕа, Өлүөхүмэҕэ иитэр буоллахтарына, 1980 сылтан саҕалаан бырамыысыланнай төрүккэ олоҕуран иитии хайысхата ылыллыбыта: Нерюнгри оройуонугар “Золотинка” сопхуоска уонна Дьокуускай Хатаһыгар улахан таас комплекстар тутуллубуттара. Киин уобаластартан боруода сибиинньэлэри уонна уотурбаны аҕалан ыһан кэбиһэр буоланнар, хотугу оройуоннарга кытта иитэллэрэ. Инньэ гынан, салаа муҥутуур сайдыыта былаас уларыйыан иннинээҕи кэмҥэ түбэспитэ.
Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ 1991 сыллаахха 110906 сибиинньэлэнэ сылдьыбыта муҥутуур чыпчаалынан билиниллэр. Онтон уон сыл иһигэр (2001 с.) 55,6% көҕүрээн, бары киэптээх хаһаайыстыбаларга 49580 төбө хаалбыта. Онон уларыта-тэлэритэ тутууттан бу салаа ордук улаханнык эмсэҕэлээбитэ диир оруннаах. Тэҥнэбилгэ эттэххэ, ити кэмҥэ ынах сүөһү ахсаана 28,5, сылгы 34,2, көтөр 25,9 %-нан көҕүрээбиттэрэ. Ити өссө “дьиэ кэргэн экономикатын сайыннарыы бэлиитикэтэ ылыллан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үлүгэрдээх өйөбүл үп бэриллэн, сибиинньэ ахсаана балачча эбиллибитин, көрдөрүү көппөйбүтүн үрдүнэн” диэн тоһоҕолоон ыйыах тустаахпын.
Түргэнник ситэр уонна соннук симэлийэр
Өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев 1999 сыл олунньу 15 күнүгэр “Ыаллар дохуоттарын улаатыннарарга анаан тыа хаһаайыстыбатын түргэнник ситэр салааларын сайыннарыы туһунан” 688-с №-дээх Ыйааҕы таһаарбыта. Онно олоҕуран, 1999 сыллаахха 3623 дьиэ кэргэҥҥэ
10731, 2000 сыллаахха 26675, 2001 сыллаахха 48632 чооску бэриллибитэ. Ити эһиилигэр Михаил Николаев былаастан туоратыллыбыта, оттон тыа сирин ыалларын быстыыттан быыһыыр аналлаах бырагыраама 2003 сылтан үбүлэммэт буолбута.
Түргэнник ситэр дьиэ кыылын-көтөрүн табаарынай кирэдьииккэ биэрии дьаһала 1998 сыллааҕы дефолт кэнниттэн бүрүүкээбит кириисиһи саха тыатын сирин ыаллара халымырдык аһарыналларыгар көмөлөөх буолбутун мэлдьэһэр табыллыбат. Ол эрээри, мэтээл икки сирэйдээҕинии, оччотооҕу тойоттор-хотуттар “быйыл былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, сибиинньэ ахсаана 55,1, ол иһигэр кэтэх бас билиигэ 74 бырыһыан эбилиннэ” диэн кыайан-хотон отчуоттаабыттара, хаар уулларын кэриэтэ, күннээҕинэн олорууга үөрэппитин билиниэх тустаахпыт. Бүгүн – баар, сарсын – суох. Красноярскай курдук ыраах сиртэн сөмөлүөтүнэн тиэллэн кэлбит сүүһүнэн сибиинньэ оҕото Эдьигээҥҥэ балаҕан ыйыгар сопхуос быраҕыллыбыт, түннүгэ-үөлэһэ суох хотонугар тоҥон өлөөрү түүрүллэн тартара сыталларын санаатахпына, этим сааһа билигин да аһылларга дылы…
Салаа кэлиҥҥи сүүрбэ сыллаах олоҕун муҥутуур кирбиитэ, төһө даҕаны сэбиэскэй саҕанааҕы ахсаан аҥаарыгар тиийбэтэр, 2001 сыллаахха ситиһиллибитэ көстөр: 49580 төбөттөн сыл аайы аҕыйаан, кэлиҥҥи уон сылга 24-27 тыһыынча икки ардынан биэтэҥниир. ТХМ сүөһүнү иитиигэ уонна племенной үлэҕэ департаменыгар сабаҕалыылларынан, саҥа 2019 сылга
23400 (сэбиэскэй кэннинээҕи кэмҥэ саамай намыһах көрдөрүү!) сибиинньэлээх үктэннибит. Мантан 53 бырыһыана тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр иитиллэр. Ол иһигэр икки бөдөҥ хаһаайыстыба — Хатастааҕы сибиинньэ комплекса 8100, Дьокуускай Мархатыгар Владимир Кабохин “Сибиир” бааһынай хаһаайыстыбата 4400 сибиинньэлээхтэр.
Тирэх түөрэҥниир буоллаҕына…
“Сибиир”-дээҕэр бытархай бааһынайдар холбоон 4 тыһыынчаны (бүттүүн ахсаантан 17,7%) туталлар. Бу иһиттэн “тирэх” диэн статустаах бааһынай хаһаайыстыбалар бас билиилэригэр 3300 төбө тиксэр. Ону таһынан эмиэ тирэххэ киирсэр “Пятилетка” уонна “Түмсүү” ХЭУо-ларга 200 сибиинньэлээхтэр. Онон 44 тирэх хаһаайыстыба 3,5 тыһ. сибиинньэни иитэллэр. Манна сыһыаран эттэххэ, 25-тэн (хотугу улуустарга — 10-тан) элбэх ийэ сибиинньэлээх хаһаайыстыба тирэх аатын ылыан сөп.
Тирэх хаһаайыстыба өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ороскуотун 50 бырыһыанын толуйарга анаан хас 1 ийэ сибиинньэтигэр сылга ортотунан 10-нуу тыһ. солк. кээмэйдээх субсидия ылар. Ол эбэтэр 44 тирэх хаһаайыстыба 1768 ийэ сибиинньэтигэр 23,4 мөл. солкуобай сыл аайы түҥэтиллэр. Департамеҥҥа быһаарбыттарынан, сибиинньэни төрөтөн-ууһатан, кэтэххэ-чааһынайга тарҕатар аналлаах хаһаайыстыбалар аҕыйыы туралларын уонна онон сиэттэрэн сибиинньэ ахсаана көҕүрүүрүн аахсыбакка, кэлиҥҥи 5 сылга үбүлээһин кээмэйэ биир таһымҥа турар эбит.
Бу салааҕа идэтийбит тирэх хаһаайыстыбалар тоҕо туоруулларый? Бастатан, уотурба сыаната ыарахана чаҕытар. Онуоха Хаптаҕайдааҕы уотурба собуота кэдэйэн биэрбитэ охсуулаах буолла. Иккиһинэн, хаһаайыстыбалар производственнай базалара мөлтөҕө, эргэрбитэ атахтыыр. Өссө кэлиҥҥи сылларга “Саҕалааччы фермер” федеральнай бырагыраама өйөбүлүнэн хоһуун, эдэр бааһынайдар үлэҕэ турунаннар, салаа быстах кэмҥэ тыын ылла.
Түмүк оннугар
Аны кэлэн баҕалаах бары сибиинньэ оҕотун иитэрэ кыаллыбата итиэннэ Михаил Николаев саҕана курдук босхону эрэ үрдүнэн ыһан кэбиспэттэрэ биллэрин иһин, сибиинньэни иитии салаатыгар, бастатан туран, тыа сирин ыалларыгар тирэх буолуохтаах хаһаайыстыбаларга өйөбүл оҥоһулларын кэм-кэрдии бэйэтэ ирдиир. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үүммүт Сибиинньэ сылыгар тирэх хаһаайыстыбалар үлэлиир базаларын саҥалыы сөргүтүнэллэригэр 7,4 мөлүйүөн солкуобайы былааннаан олорор. Дьиҥэр, бүтүн өрөспүүбүлүкэ холугар дуона суох үп эрээри, сатаатар, сыарҕа оннуттан сыҕарыйарыгар туһалыыр ини.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru