Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан паромнар сырыылара барыллааһын быһыытынан алтынньы 16-18 күннэригэр тохтотуллуо.
Өлүөнэ өрүскэ муус туруор диэри бааржалаах буксир сылдьыаҕа. Бу туһунан СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Ол курдук «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходствота» ААУо Жатай — Төхтүр хайысхатынан ледоколу үлэлэтиэҕэ.
Оттон пассажирдары таһыыга сымнаҕас сыттыктаах суудуналар 202-с микро-оройуонтан сылдьыахтара. Итиэннэ Маҥан — Аллараа Бэстээх (Манньыаттаах) маршрутунан Ми-8 бөртөлүөхтэр көтүөхтэрэ.
Паром күһүҥҥү сыаналарын уонна айдааннаах «Ирбистэр» тарыыптарын туһунан салгыы иһитиннэриэхпит.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1