Антонина Винокурова: «Куоракка көһүөхпүн баҕарбатаҕым…»

10.03.2017
Бөлөххө киир:

Билиҥҥи салайааччы-дьахталлартан ордук чорботон СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурованы бэлиэтиэ этим. Антонина Борисовна идэтийии бары түһүмэхтэрин ааспыт киһинэн буолар. Өр сылларга улууска үлэлээбит исписэлииһи бэлиэтии көрөннөр, куоракка үлэҕэ ыҥырбыттара. Бүгүн «Итии чэй» рубрикаҕа Антонина Винокурова ыалдьыттыыр.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

                                                                                                                             Чурапчытааҕы оҕо саас

Антонина Борисовна, арааһа, үгүс киһи эн хантан төрүттээххин, Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр кэлиэҥ иннинэ ханна үлэлээбиккин, олорбуккун билбэтэ буолуо. Бэйэҥ тускунан кыратык кэпсии түһүөҥ буолаарай.

– Мин 1963 сыллаахха Чурапчы сэлиэнньэтигэр Мария, Борис Тытыгынаевтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон төрөөбүтүм. Ийэм Мария Алексеевна идэтинэн биолог-учуутал этэ. Аҕам Борис Гаврильевич улуус кылаабынай ветеринарнай бырааһа этэ. Ветеринарнай сулууспаҕа уһуннук үлэлээбитэ. Бииргэ төрөөбүттэр бэһиэбит. Эдьиийим – СӨ үтүөлээх артыыската, ырыаһыт Екатерина Егорова. Улахан быраатым Гаврил Тытыгынаев Дьокуускай куорат 21-с нүөмэрдээх оскуолатыгар дириэктэри солбуйааччынан үлэлээбитэ. Хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Кыра быраатым Иннокентий Тытыгынаев биллиилээх музыкальнай аранжировщик, звукооператор. Саамай кырабыт, Александра Алексеева – ырыаһыт, бэйэтэ оҕо устуудьуйатын үлэлэтэр. Бары муһуннахпытына отучча буолабыт. Саҥа дьылга дьиэ кэргэнинэн мустар үгэстээхпит. Ааспыт сылга тугу ситиспиппитин, олохпутугар туох саҥа уларыйыылар киирбиттэрин отчуоттуубут. Биир тылынан эттэххэ, түмүк таһаарабыт.

Чурапчыга 8-с кылааска диэри үөрэммитим. Сылаҥҥа нуучча тылын дириҥэтэн үөрэтии кылааһа аһыллыбытыгар, онно көспүтүм. Икки сыл интэринээккэ олорон үөрэммитим. Илин эҥээр, киин улуустартан оҕолор кэлэн үөрэммиттэрэ. Кылааспытыгар бары кыргыттар этибит, оскуоланы 14 буолан бүтэрбиппит. Бииргэ үөрэммит кыргыттарым үксүлэрэ нуучча тылын учууталын идэтигэр туттарсан үөрэнэ киирбиттэрэ.

– Нуучча тылын дириҥэтэн үөрэтэн баран, олох даҕаны ааҕар-суоттуур идэни талбыт эбиккин дии…

– Предметтэргэ барытыгар үчүгэйбин. Аттестаппар физкультураҕа, НВП-га уонна историяҕа түөртээхпин. Ол иһин да буолуо, ханнык идэни талыахпын билбэт, буккуллар этим.

Ийэм бииргэ төрөөбүт балта Лиза (билигин ЮНЕСКО Саха сиригэр бэрэстэбиитэлэ Елизавета Сидорова) үөрэххэ туттарсыһыннара аҕалла. Мин ханнык үөрэххэ киирэрбин сол да билбэккэ сылдьабын. Физика, химия предметтэрэ суох үөрэхтэрин сыымайдаан, Москваҕа статистика үөрэҕэр биир миэстэ баарыгар, онно туттарыстым. Онтум, биир миэстэҕэ биэс үөрэх туйгуна анньыһа сылдьар эбиппит. Ийэм оҕолорун батыһыннаран куоракка киирдэ. Историябын түөрт сыанаҕа туттаран, кыайан киирбэтим. Дьэ ол кэннэ бас батарыыта буолла, үөрэх көрдөөн. Владивостоктааҕы технологическай институкка (билиҥҥитэ университет экономики и сервиса) миэстэ баарын билэн, Саха сириттэн алта кыыс буолан онно буҕаалтыр үөрэҕэр киирдибит. Төрдүө буолан, биир хоско олорбуппут.

Владивостоктан – Хамаҕаттаҕа…

– Устудьуоннуу сылдьан ыал буолбутуҥ дуо?

– Оннук. Владивостокка үөрэнэ сылдьан дьылҕабын көрсөн, түөрт сылы быһа билсэн баран ыал буолбуппут. Үөрэхпин бүтэрээт, кэргэним дойдутугар, Намҥа анатан бытовой кэмбинээккэ буҕаалтырынан үлэлии кэлбитим. Оччолорго Николай Петрович Колпашников бытовой кэмбинээт дириэктэрэ этэ. Миигин олус истиҥник көрсөн, бэйэлэрин кэлэктииптэригэр киллэрбиттэрэ. Баччааҥҥа диэри махтанабын. Намҥа кэлэрбэр халыҥ таҥаһым, этэрбэһим даҕаны суоҕа. Түөрт сылы быһа сылаас килиимэттээх Владивосток куоракка олордоҕум дии. Онон эдэр исписэлииһи өйөөн,  этэрбэс тигэн буор-босхо бэлэхтээбиттэрэ. Онтубун сүүрбэччэ сылы быһа кэппитим.

Үлэлии киирэн баран наһаа соһуйдум. Түөрт сылы быһа биһигини туохха үөрэппиттэрэ буолла? Проводка да, буҕаалтырыскай баланс да диэни сатаабаппын. Саҥаттан кэллиэгэлэрбиттэн үөрэнэрбэр тиийдим. Бу толкуйдаан көрдөхпүнэ, орто звенону ааһан баран, салгыы үрдүк үөрэххэ үөрэниллиэхтээх эбит. Оннук быдан көдьүүстээх эбит.

Ол үлэлии сырыттахпына экономист кыыс куоракка көһөн, миэстэ тахсан, миигин онно көһөрбүттэрэ.

Иккис уолбун оҕолонорбор кэргэним төрөппүттэрэ Хамаҕаттаҕа дьиэ туппуттара. Инньэ гынан, бэйэ дьиэлээх сиргэ Хамаҕаттаҕа көспүппүт. Дьэ онно кэлэн олох интэриэһинэй үлэҕэ, Иннокентий Сивцев тэрийбит, тутуу кэпэрэтиибигэр киирбитим. Сопхуос тутууларын, ол иһигэр сайылык, хотон, маҕаһыын, олорор дьиэ тутарбыт. Ол быыһыгар мас кэрдэбит. Кэпэрэтиипкэ 50-ча эр киһи уонна мин, соҕотох дьахтар буолан үлэлиирбит. Соҕотох да буолларбын, туох баар үлэни барытын толорорум: каадыр отделын, сметчик, буҕаалтыр, экономист, юрист үлэтин. Билигин санаатахпына, олоҕум саамай ураты, умнуллубат кэмэ эбит. Тоҕо диэтэргин, үлэҥ түмүгэ көстөр. Онтон астынаҕын.

Сопхуос эстиитэ

– Наһаа үчүгэйдик тапсан үлэлээбиппит. Биэс биригээдэ баара. Дэлээнэҕэ тахсан кыһын тоҥуу хаары кэһэ сылдьан, мас ааҕар этим. Таһаарыылаахтык үлэлии сырыттахпытына, атырдьах ыйыгар сопхуоһу эһии туһунан быһаарыныыны ылыннылар. Сүөһүлэрин үлэлээбит дьоҥҥо паай быһыытынан түҥэтэн кэбистилэр. Мин кэргэним сопхуоска үлэлээн, борооскуга тигистэ. Дьон бэйэлэрин сүөһүлэригэр эрэ тиийэр оту бэлэмнээбит буоланнар, ылбыт сүөһүлэрин сүүскэ биэрдилэр.

Атын сопхуостар эмиэ ыһыллан, кэпэрэтииппит сакааһа суох хаалла. Кириисис саҕаланна.

– Онон дьэ, хайдах буоллугут? Салгыы үлэлээтигит дуу, биитэр тарҕастыгыт дуу?

– Салгыы маннык үлэлиир кыаҕа суохпутун өйдөөн, бары үрүө-тараа барарга сананныбыт. Тиэхиньикэбитин үллэһиннибит. Аны миэхэ паайым кыра. Соҕотох дьахтарга диэн миэхэ тыраахтар биэрдилэр. Олбуорбутугар гараас туттан, тыраахтарбытын атыылаан, УАЗ массыына ыллыбыт.

Мин дьэ, үлэ көрдөөһүнүгэр түстүм. Намҥа барбыппар, ГАИ-га эрэ үлэ миэстэтэ баар. Уһун-киэҥ бэрэбиэркэни ааһан, үлэҕэ киирээри сырыттахпына, аҕа кынным улуус дьаһалтатыгар экономика отделыгар үлэ миэстэтэ баарыгар кэпсэттэ. Инньэ гынан, дьаһалтаҕа сыана исписэлииһинэн, оттон Аммосова Людмила диэн кыыс начаалынньыгынан үлэҕэ киирдибит.

Сыана боппуруостарыгар чопчу тугунан дьарыктаныахтаахпын уонна хайдах быһыылаахтык үлэлиэхтээхпин билбэппин. Биир күн Дьокуускайга судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Валентина Лемешеваҕа приемҥа киирдим. Валентина Ивановна олох уруккуттан билэр киһитин курдук, олус үчүгэйдик кэпсэттэ уонна Мэҥэ Хаҥаласка командировкаҕа кини үлэһиттэрин кытары барарга сүбэлээтэ.

Биир нэдиэлэ устата онно сылдьан элбэҕи биллим, үөрэнним. Күүстээх исписэлиистэри кытары сырыттым. Билигин кинилэр сыана кэмитиэтин бэтэрээннэрэ.

Ырыаһыт

– Хамаҕаттаҕа көһөн баран, биирдэ кулуупка Сылаҥҥа бииргэ үөрэммит уолбун Макаров Мишаны көрүстүм. Кэргэнин Надяны кытта билиһиннэрдэ. Кулуупка үлэлиир эбит. Екатерина Егорова балта буоларбын билээт, тута ыллатта. Онон хорга, ансаамбылга ыллыыр, дуэттыыр буоллубут.

1993 сыллаахха Аппааныга «Көмүс түүн» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс ыытыллыахтааҕын билэн, Надябынаан кыттарга сананныбыт. Ол эрээри куоласпыт олох барсыбат. Киниэнэ үрдүк синньигэс, миэнэ намыһах. Онон солист көрдөөн, Света диэн учуутал, мелодист кыыһы бэйэбитигэр тардан, «Көмүс түүҥҥэ» бардыбыт. Аппааныга «Хатыҥчаан» устуудьуйаҕа Гаврил Мальцев өйөбүлүнэн ырыабыт муусукатын Михаил Перетертовка оҥоттордубут. Күрэскэ бастакы истиэпэннээх лауреат буоллубут.

Ити курдук, сүүрбэччэ ырыаланан, «Саха» НКИХ-ҕа өссө диискэ таһааттарбыппыт. Ол быыһыгар гостуруоллуубут. Надям, Светам кэргэттэрэ – ырыаһыттар, мелодистар. Мин кэргэним суоппардыыр. Оҕолорбутун ыллыбыт да нэһилиэктэринэн баран хаалар этибит.

– Олох дьиҥнээх артыыстар курдук гостуруоллуур эбиккит дии. Триоҕут аата ким диэн этэй? Бу кэннэ ырыа күрэстэригэр кыттыбыккыт дуо?

– «Кытыл» диэн ааттаабыппыт. Туой Хайаҕа, Горнайга, Чурапчыга ыытыллыбыт күрэстэргэ наар бастакы истиэпэннээх лауреат буолбуппут. 90-с сылларга үксүн биирдиилээн ыллыыллара. Трио диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Аны биһиги хамсана-хамсана ыллыыбыт. Оччолорго оннук эмиэ суоҕа. Онон дуэттарга, триоларга туспа куонкурус наада эбит диэн түмүккэ кэлбиппит.

Надябыт бастаан нэһилиэк иһигэр, онтон иккис сылыгар  улуустааҕы таһымнаах күрэстэһиини тэрийбитэ.  Аны триоларга уонна дуэттарга анаан «Ырыа кытыла» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһу тэрийэн улахан үлэни көрсүбүппүт.

Билигин улаханнык ыллаабаппын. Арай икки сыллааҕыта ийэбит Мария Алексеевна 80 сааһыгар анаан «Ырыанан туолуо…» диэн Галина Фролова уонна Алексей Егоров ырыаларыгар килиип устан бэлэхтээбиппит. «Остуолбар итии чэйим буруолуо» диэн ийэм ыллыыра харахпар, кулгаахпар хаалан хаалбыт. Ийэбин наһаа аҕыннахпына, ютубка киирэн көрөбүн…

                                                                                                                  Франц Гробман үлэҕэ ыҥырбыта

– Антонина Борисовна, Намҥа хас сыл олорбуккутуй? Куоракка көһөргүн ыарырҕаппатаҕыҥ дуо?

– Үөрэхпин бүтэриэхпиттэн, ол аата 1984 сылтан 1997 сыллаахха диэри. Билигин бэйэм баҕабынан Хамаҕаттаҕа кураторбын. Иккис сыла буолла. Кыһалҕа элбэх. Ордук оскуола дьиэтэ суоҕа улахан кыһалҕаҕа кубулуйда. Ол эрээри көхтөөх, интэриэһинэй олохтоохтор. Наһаа ымсыырабын. Уопсайынан, куоракка көһөрбөр наһаа ыарахан этэ. Барыахпын баҕарбат этим.

Куоракка көһүү туспа остуоруйалаах этэ. Урут уматыгы кииннээн тиэйэллэрэ. Биһиэхэ өрүс нөҥүө Фрунзе, Көбөкөн, Арбын нэһилиэктэрэ бааллар. Олор сопхуостара эстэн, таһаҕаһы тиэйии-таһыы, уматыгынан хааччыйыы дьаһалтаҕа сүктэрилиннэ.

Бииргэ үлэлиир Людабынаан толкуйдаан, барытын ааҕан-суоттаан баран, навигация кэмигэр гаас конденсатын Бүлүү өрүһүнэн аҕалбаппыт дуо диэн этиилээх Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба, энергетикэ судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайааччыта Франц Хомич Гробмаҥҥа киирэ сырыттыбыт. Киһибит тэҥнээхтэрин курдук кэпсэтэн баран, кэлэр нэдиэлэҕэ киирээриҥ диэтэ. Иккис сырыыбар Людам сатаан киирсибэтэ. Киирэн суоттааһыннарбын, төһө үп-харчы кэмчилэниэҕин кэпсээтим. Арай киһим: «Есть желание в город перебраться?» – диэтэ. Ол туһунан санаабаппын даҕаны диэбиппэр, толкуйдан диэтэ.

Навигация дьэ саҕаланна. Танкерым уматыгы тиэммитин, айаҥҥа хаһан туруммутун, ханна тиийбитин барытын кэтии олордум. Аны ханнык эрэ танкер эстэн, ыксаталыы сырытта. Куттаныы бөҕө. Дьолго, танкербыт этэҥҥэ кэлэн сүөкэннэ. Туох эрэ кыһалҕа үөскээн, эмиэ Гробмаҥҥа киирдим. Кыһалҕабын барытын кэпсээн, сүбэлэттэрэн баран тахсаары турдахпына, били үлэҕэ ыҥырбытын санатта.

– Дьэ сөбүлэстиҥ дуо? Биитэр салгыы толкуйданныҥ дуу?

– Ити кэмҥэ улууска саҥа баһылык Александр Николаевич Ядреев кэлэн, миигин отдел начаалынньыгынан, оттон Людмиланы райфинотдел салайааччытынан оҥорбута. 90-с сылларга дойду үрдүнэн кириисис бүрүүкээн, үлэ миэстэтэ олох суох этэ. Кэргэним үлэтэ суох олорбута. Онон уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, куоракка көһөргө быһаарыммыппыт. Франц Хомич управление начаалынньыгын солбуйааччы миэстэтин бэлэмнээн олорбут этэ.

Куоракка дьиэбит суох буолан, массыынабытын, сүөһүбүтүн атыылаан, иэскэ киирэн эргэ кыбартыыра атыыласпыппыт.

– Куоракка көһөргүтүгэр хаһаайыстыбаҕытын эһэн баран кэллэххит дии. Хас ынахтаах этигитий?

– 1993 сыллаахха ийэлээх аҕам биһиэхэ көһөн кэлбиттэрэ. Онон холбоон үс ыанар ынахтаммыппыт. Эбиитин икки сибиинньэ кыстатабыт, сүүрбэччэ кууруссалаахпыт, сүүсчэкэ хоруолуктаахпыт. Аны онтубутугар талах быһабыт. Үлэ бөҕө. Ийэм хоруолугун барытын туһаҕа та­һаарара. Дьонум өлгөм да үүнүүлээх, уулаах, өссө гаастаах сир диэн Хамаҕаттаны наһаа сөбүлээбиттэрэ.

Салгыы үлэм туһунан кэпсээтэххэ, Гробман куорат мэригэр быыбарга туруоруммута, ол эрээри кыайан ааспатаҕа. Уматык бырамыысыланнаһын уонна энергетикэ миниистиринэн анаммыта. Мин үһүс оҕобун, мурун бүөтэ кыыспын оҕолонон баран, министиэристибэҕэ үлэлии тахсыбытым.

Франц Хомич кыайан толкуйдаабаккын да толкуйдатан таһаарар өркөн өйдөөх киһи этэ. Дойду хайдах сайдыахтааҕын 30 – 40-ча сыл инники өтө көрөрө.

                                                                                                                Лемешеваны солбуйуу

– Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр үлэлээбитиҥ ыраатта. Валентина Лемешева биэнсийэҕэ барыаҕыттан, билигин бэрэссэдээтэлгин.

– Өрөспүүбүлүкэтээҕи Энергетическэй кэмитиэт тэриллиитигэр, докумуоннарын бэлэмнээһинигэр үлэлэспитим. Ол сылдьан бу саҥа тэриллэн эрэр кэмитиэккэ үлэлии киириэхпин баҕарбытым. Үлэлэрин хайысхата чуолкай этэ. Сыана, тарыып олохтонуутунан дьарыктаналлар. Мин бу иннинэ улууска сыана боппуруостарынан дьарыктаннаҕым дии. Валентина Ивановна саҥа кэмитиэккэ үлэҕэ кэл диэн ыҥырбытыгар, тута сөбүлэспитим. Ити 2000 сыллаахха этэ. Валентина Ивановнаны кытары 1993 сылтан билсэбин. Миэхэ куруук сүбэлээн-амалаан, ийэлии истиҥ сыһыаннаах этэ. Күүстээх, дэгиттэр салайааччы быһыытынан сыаналыыбын. Элбэххэ үөрэттэ, такайда.

 – Антонина Борисовна, түгэнинэн туһанан, «Саха сирэ» хаһыат кэлэктиибин аатыттан кэрэ аҥаардар күннэринэн эҕэрдэлиибит!

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

 ———————————————————————————————————————

                                                           Сэмсэ тыл

Валентина Лемешева, РФ уонна СӨ үтүөлээх экэнэмииһэ:

— Кини төрөөбүт дойдутугар уонна норуотугар уостубат күүстээх таптала үлэтигэр, ырыаларыгар, доҕотторугар уонна бииргэ үлэлиир дьонугар сыһыаныттан ырылыччы көстөр. Бу көстүбэт күүһэ кини интэриэһинэйдик, чиэһинэйдик, бары талаанын арыйан үлэлииригэр көмөлөһөр. Дьахтар быһыытынан сымнаҕас, тулуурдаах майгытын судаарыстыбаннай салайааччы кытаанаҕын, ирдэбилин кытта сөпкө дьүөрэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0