Антон Васильев “384 үтүө дьыалата”

Ааптар: 
08.02.2019
Бөлөххө киир:

Антон Васильев диэн кимий? Кини Бүтүн Арассыыйатааҕы “Мин гражданиммын” бириэмийэ номинана, биллэр уопсастыбанньык.

edersaas.ru

Дьокуускай куоракка олорор, 34 саастаах эдэр киһи бэйэтин үтүө көҥүлүнэн күннэтэ бөх хомуйар, элбэх оҕолоох, кыаммат ыалларга көмөлөһөр, араас аһымал бырайыактары тэрийэн үлэлэтэр. Бэйэтин холобурунан соҕотох да киһи элбэҕи оҥоруон сөбүн көрдөрөр. Олунньу 1 күнүгэр ыытыллыбыт «Саха сирин киэн туттуута – 2019» норуот бириэмийэтигэр «Доброволец-эколог» номинациянан кыайыылаахтары быһаарыы бастакы түһүмэҕэр үтүө киһи үтүө дьыалатын өйөөн, 2654 киһи куоластаата.
—Антон, эн тоҕо олоххун дьоҥҥо үтүөнү оҥоруу дьыалатыгар аныырга санаммыккыный?

— Оҕо эрдэхпиттэн да амарах оҕо этим. Төрөппүттэрим оннук ииппиттэрэ. Уон сыл­лааҕыта улаханнык эчэйэн, ыйы быһа өйө суох, комаҕа сыппытым. Мэйиибин эпэрээссийэлээбиттэрэ. Саҥа олорон эрэр эдэр уол орон-тэллэх киһитэ буолан баран, улаханнык санааҕа ылларбытым. Олох олоруохпун да баҕарбат түгэннэрим бааллара. Ол сытан, барытын ырытан көрөн баран, олох суолтатын, хас биирдии киһи онно оруолун өйдөөбүтүм. Олох диэн киһиэхэ аһыырга-таҥнарга эрэ диэн, мээнэҕэ бэриллибэтэх ээ. Мин бэйэм миэстэбин, тугу гыныахтаахпын өйдөөбүтүм. Саҥаттан хаамарга, аһыырга, бэйэбин хааччынарга үөрэммитим. Ол кэннэ Мохсоҕоллоохтооҕу Оҕо дьиэтигэр көмөлөһөн барбытым. Бастаан кимиэхэ да биллэрбэккэ, кистээн көмөлөһөрүм. Билигин интэриниэккэ барытын таһааран иһэбин, тоҕо диэтэххэ, үтүө дьыаланы дьон билиэхтээх, үтүктүөхтээх.
— Эн дьиэ кэргэниҥ бары горняктар диэн истибитим…
— Оннук. Ийэм Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт кылаабынай бы­­рааһа, аҕам онно куттал суох буолуутун сулууспатыгар үлэлээбитэ. Аймахтарбар, бииргэ төрөөбүттэрбэр горняктар, инженердэр элбэхтэр. Биһиги – үс игирэбит, бииргэ төрөөбүттэр сэттиэбит. Мин эмиэ СГУ горнай факультетын бүтэрбитим. Хайа инженеринэн Удачнайга үс сыл үлэлээбитим. Ол кэннэ бу миэнэ буолбатах эбит диэн өйдөөбүтүм. Турдум да, тугу барытын быраҕан, Дьокуускайга кэлбитим.
— Дьонуҥ ону утарсыбатахтара дуо?
— Бастаан этэн көрөн баран, быһаарыныым кытаанаҕын көрөн, миигин өйдөөбүттэрэ. Уопсайынан, бу дьыалабар миигин өйүүллэр. Мин бу дьыалабын хаһан да быраҕыам суоҕа. Күн аайы кэриэтэ тахсан бөх хому­йабын. Сөтүөлүүр сир, Күөх Хонуу диэкинэн күн аайы сүүрэбин. Ол кэнниттэн түөрт-­биэс куул бөҕү хомуйабын. Мунньуллубутун, биэс уонча буолбутун кэннэ, массыына ыҥыран тиэйтэрэбин.
— Эн кэннигиттэн кэлэн киртитэ турдахтара дии, ону «таах-сибиэ» дии са­­наабаккын дуо?
— Суох, киһи сыаллаах ­буоллаҕына, санаатын кыраттан түһэриэ, кэннинэн чугуруҥнуо суохтаах. Оҥорбутун оҥоро туруохтаах.
— Эйигин батыһааччылар төһө элбэхтэрий?
— Сүүрбэччэ киһи мин холобурбун батыһан, «384 үтүө дьыала» диэн быра­йыакпын салҕыыллар. Ааспыт сыл балаҕан ыйыттан саҕа­лаан, Дьокуускай куорат үбүлүө­йүн көрсө, 384 үтүө дьыаланы оҥорон саҕалаабытым. Билигин 153 дьыала буолла. Бу да кэннэ бырайыак салҕаныа. Батсаабынан кэпсэтэ, билсэ турабыт.
— Эдэр дьоҥҥо тугу баҕарыаҥ этэй?
— Туохтан да толлубакка, бэйэҕэ эрэлгитин күүһүрдүҥ. Олоххо саамай сыана­лаах – бириэмэ. Онон бириэмэни халтайга ыыппакка, сатаан туһанар буолуҥ. Олоххо аналгытын булан, күүскүтүн-уоххутун онно анааҥ. Чэ уонна, арыгылаан, табахтаан мэйиигитин өлөрүмэҥ диэн этиэм этэ.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0