Антон Сафронов: «Өймөкөөн туризм киининэн буолуоҕа»

Ааптар: 
02.04.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ Туризм дэкээдэтэ түмүктэннэ. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, тэрээһин киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна.

 Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Туризм нэдиэлэтин чэрчитинэн «Тымныы полюһугар айан» диэн кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр Өймөкөөн улууһугар СӨ Инвестиция уонна предпринимательство сайдыытын миниистирэ Антон Сафронов кытынна. Миниистир атахтарыгар бигэтик турбут урбаанньыттар үлэлиир усулуобуйаларын көрдө-иһиттэ. Ол кэнниттэн инфраструктураны сайыннарыыга туһуламмыт олохтоох кэпсэтии буолла.

Ахсыс сылын бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлии сылдьар предприниматель Иван Заболоцкай миниистиргэ 18 миэстэлээх тутуллан бүтэн эрэр гараастаах, кафелаах гостиницатын, оҕо сынньанар комплексын уонна тутуу пилораматын көрдөрдө.

Билигин дьаһалта баһылыгынан үлэлии сылдьар Никифор Протопопов дьоҕус бизнеһин уоллаах кыыһа илиилэригэр ылан сайыннаран эрэллэр. Протопоповтар дьиэ кэргэннэрэ килиэп буһарар аныгылыы тэриллээх бэкээринэлэрин, маҕаһыыннарын, кафеларын уонна убаһа, таба этин ыыһыыр сыахтарын көрдөрдүлэр.

Оттон быйыл 15-с сылын 50-тан тахса омук дойдутун туристарын көрсөр Тамара Васильева үлэлиир усулуобуйатын миниистир Өймөкөөн нэһилиэгэр анаан бэйэтинэн тиийэн көрдө-иһиттэ. Быйылгы сыл үс бастакы ыйыгар бу нэһилиэккэ сүүстэн тахса омук туриһа кэлэн барда.

Учуутал идэлээх предпринимателлэр Евдокия уонна Александр Харитоновтар “Көмүс күрүө” туристическай этнокомплексы сөргүтэр былааннаахтар. Сыл саҥатыгар “Өймөкөөн туура” диэн туристическай порталы аспыт предприниматель Максим Егоров хас да бырайыагын, Өймөкөөн нэһилиэгин предпринимателэ Семен Сивцев саха ыалын олоҕун-дьаһаҕын билиһиннэрэр этническэй уһаайбатын, Үчүгэй уонна Сордонноох баһылыктара нэһилиэктэригэр булчут-туристары сынньатар бырайыактарын кытта билсэн баран: “Өрөспүүбүлүкэҕэ туризм киининэн Өймөкөөн буолуоҕа”, – диэн түмүк санаатын тиэртэ.

Саха сиригэр туризм сайдыытыгар икки эрэ улахан бырайыакка болҕомтобутун ууруохпут. Ол онтон биирэ — “Өймөкөөн – Тымныы полюһа” буолуоҕа. Манна үс сулустаах гостиница тутуутун боппуруоһун көрүөхпүт. Билигин үлэлии турар туристскай бырайыактар бэйэлэрин хайысхаларынан сайдыахтара. Ол онтон биир сүрүнүн талан, урбаанньыттар ол бырайыак тула түмсүөхтэрэ, — диэн миниистир Антон Сафронов урбаанньыттары кытта көрсүһүүтүгэр бэлиэтээтэ.

Өймөкөөн урбаанньыттара Инвестиция уонна предпринимательство сайдыытын миниистирин кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэн баран, кэнники биэс сылы быһа ыытыллыбыт “төгүрүк остуолларга” кэпсэппит боппуруостара дьэ оннуттан хамсыырыгар эрэл санаалаах тарҕастылар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0