Былырыын Саха сирэ Россия үрдүнэн аан маҥнайгынан персонифицированнай үбүлээһин пилотнай бырайыагар киирбитэ. Дойду үрдүнэн Саха сирин сэргэ бу бырайыакка өссө 6 субъект хабыллыбыта. Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/
Бу соторутааҕыта буолан ааспыт эбии үөрэхтээһин научнай-практическай кэмпириэнсийэтигэр кэлэ сылдьыбыт соҕурууҥҥу экспертэр, Саха сиригэр эбии үөрэхтээһин үлэтэ үрдүк таһымҥа турарын бэлиэтээбиттэрэ. Тус бэйэм, ол бастатан туран, төлөбүрдээх оҕону сайыннарар кииннэр баалларыттан тутулуктаах дии саныыбын.
Олортон биирдэстэринэн АNT (Академия новых технологий) оҕону эбии сайыннарар киин буолар. Урутаан эттэххэ, бу киин баара-суоҕа сыл анараа өттүгэр тэриллибитэ эрээри, номнуо оҕолор интэриэстэрин тарта, төрөппүттэр махталларын ылла.
Күн бүгүн тустаах кииҥҥэ барыта 200-чэкэ оҕо сылдьар. Манна үстэриттэн 14-гэр диэри саастаах оҕолор кэлэн дьарыктаналлар. Оҕолору анал үрдүк үөрэхтээх, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах сэртипикээттээх исписэлиистэр уһуйаллар. Ол курдук, 3-5 саастаах оҕолор “LEGO Education” анал бырагырааманан уопсай сайдыыларын үрдэтэллэр. Төрөппүттэр атын хоско олорон, түннүк нөҥүө хайдах дьарыктаналларын кэтээн көрүөхтэрин сөп. Дьарык барыта оонньуу нөҥүө барар. Ол эбэтэр оҕолор көннөрү тулалыыр эйгэттэн саҕалаан, куйаарга тиийэ үөрэтэллэр. Маныаха педагогтар көннөрү иитээччи эрэ курдук буолбакка, тэҥнээх доҕор курдук, кини баҕатын учуоттаан, оонньуу нөҥүө үөрэтэллэр, салайан биэрэллэр, сайыннараллар. Атыннык эттэххэ, оҕо көрөн эрэ буолбакка, сайдыыта тарбах нөҥүө барарын ситиһэллэр.
Кистэл буолбатах, арыт, төрөппүттэр киэһэ үлэ кэнниттэн дьиэҕэ тиийэн оҕону кытта тэбис-тэҥҥэ оонньуур кыахпыт суох, кырачаан уунан оонньоору гыннаҕына ыһыма-тоҕума диэн бобуллар эбэтэр кумаҕынан оонньуур кыах оҕоҕо барытыгар кыаллыбат. Интэриэһинэйэ баар – бу кииҥҥэ оҕо ууга сылдьар эбэтэр кумахтаах сиргэ ханнык үөннэр-көйүүрдэр, кыыллар-сүөллэр үөскүүллэрин үөрэтэллэригэр, анаан-минээн уунан, кумаҕынан оонньотоллор. Инньэ гынан, оҕо бары өттүнэн эргиччи сайдарын ситиһэллэр.
Маны таһынан “LEGO” конструкторы сөптөөхтүк туһанан, тарбахтарын имиттэрэн, оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарар туспа логопедическай хайысхалаахтар. Маныаха уратыта диэн — логопед оонньуу араас ньымаларын туһанан үөрэтэр.
Төрөппүттэр бу аҥаардас дьарык эрэ буолбатаҕын, кэнэҕэһин техническэй идэлэри баһылыылларыгар олук уурарын өйдөөтүлэр. Оттон саҥа технологиялар академиялара робототехникаҕа дьарыктыыр туспа салааны арыйан үлэлэтэр. Манна 6-тан үөһээ саастаах оҕолор хабыллаллар. Маҥнай оҕолорго робот диэн тугун билиһиннэрэллэр, механизмын үөрэтэллэр. Итиэннэ 7 саастарын туолбут оҕолор робототехника бырагырааматын үөрэппитинэн бараллар. Онон оҕолор бириэмэни халтай атаарбакка, оскуолаҕа киирэр саастарын туоллулар даҕаны, робототехникаҕа сысталлар. Быһатын эттэххэ, тустаах киин оҕолору кэнэҕэс инженердэр буолан тахсалларыгар маҥнайгы үктэллэрин уурарга сүрүн база буолар.
Дьарык төлөбүрэ ыйга 2 тыһ. солк. үөһээ. Оттон өскөтүн оҕо персонифицированнай сэртипикээттээх, күн бүгүн атын ханнык баҕарар эбии дьарыкка сылдьар даҕаны буоллаҕына, сайабылыанньа суруйан ANT (аныгы технологиялар академияларыгар) көһүөн сөп. Эбэтэр сөбүлээбэтэҕинэ дуу, бириэмэтэ табыллыбатаҕына дуу, төттөрү барар кыахтаах. Маныаха туох даҕаны хааччах суох. Аныгы үйэҕэ элбэхтэн биири, бастыҥтан бастыҥы таларга кыах барыта баар.
Интэриэһиргээбит дьон Аныгы технологиялар академиялара (Академия новых технологий) оҕону эбии дьарыктыыр кииҥҥэ, Ларионов аатынан уул. 2 №-дээх дьиэтигэр, 3-с офиска тиийиэххитин эбэтэр 40-21-82 төлөпүөнүнэн билсиэххитин сөп.
Людмила Попова, “Саха сирэ”, https://edersaas.ru/