Сахабыт сиригэр «АНСАТ» аныгы сэттэ бөртөлүөт кэлиэҕэ

21.05.2019
Бөлөххө киир:

Сотору кэминэн «Полярнай авиалиниялар» көтөр аалларын «АНСАТ» сэттэ саҥа бөртөлүөтүнэн хаҥатыахтара. Тиэхиньикэнэн хааччыйыы туһунан сөбүлэһиини авиахампаанньа генеральнай дириэктэрэ Семен Винокуров уонна «Арассыыйа бөртөлүөттэрэ» холдинг салайааччыта Андрей Богинскай «HeliRussia-2019» бөртөлүөт индустриятын XII аан дойдутааҕы быыстапкатыгар ааспыт нэдиэлэҕэ Москва куоракка түһэристилэр.  

«Кэнники икки сылга бөртөлүөттэр пааркаларыгар Уһук хоту иҥнибэккэ көтөр биэс Ми-8 МТВ эбиллибитэ. Аны билигин «АНСАТ» сэттэ бөртөлүөт кэлиэҕэ. Биһиги авиахампаанньабыт салгыы сайдар стратегиятын быһыытынан, дойду иһинээҕи авиационнай бырамыысыланнаһы кытта үлэлэһэбит», — диэн эттэ полярниктар салайааччылара Семен Винокуров.

«АНСАТ» бөртөлүөт хоту дойду тоһуттар тымныытыгар, силлиэ буурҕаҕа мууһурбатын, сылаас ангаарга наадыйбатын уонна ыраах көтөрүн туһугар тиэхиньикэни саҥардарга 2018 сылга эрэгийиэн этии киллэрбитэ. Бу боппуруостары  Ил Дархан Айсен Николаев РФ бырамыысыланнаска уонна атыыга-эргиэҥҥэ миниистирэ Денис Мантуров Дьокуускайга кэлэ сырыттаҕына дьүүллэспитэ. Ол туһунан «Полярнай авиалиниялар» авиахампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

еdersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0