«Чолбон» уус-уран сурунаал олунньутааҕы саҥа нүөмэрэ бу күннэргэ саха ыалын аанын сэргэх сэһэннээх, кэрэ кэпсээннээх тэлэйэн киириэҕэ.
Бу нүөмэр уратыта, саҥа ааптардар айымньылара бэчээттэниитигэр сытар.
Сунтаартан төрүттээх милиция полковнига Иннокентий Иванов «Чуумпу Бүлүү» романыттан быһа тардыы бэчээттэнэр. Суоппар идэлээх Мотос Охонооһойоп сааһыран баран айар үлэҕэ холонор. «Тулаайаҕы муннарбыт хонуктар», «Ыраас таптал» кэпсээннэрэ ааҕааччылар болҕомтолорун тардыаҕа.
Суруксут дьону кытта суксуруһан айар үлэҕэ сыстыан саныыр Ньургуйаана Скрябина-Сайдыына «Дьахтар да араастаах буолар эбит…» диэн кэпсээнэ, кэм аастаҕын аайы урукку муҥкук, килбик саха дьахтарын сиэрэ-майгыта тэҥҥэ уларыйарын уоллаах аҕа олохторугар сыһыаран ойуулуур.
Хоһоон хонуутугар поэт Григорий Дохунаев ураты куолаһын, ойуулуур маастарыстыбатын сэргиэххит. Абый сирин талааннаах поэта хомойуох иһин биһиги ортобутугар суох, олохтон эдэр сааһыгар туораабыта.
Маны тэҥэ саҥа суруйан эрэр Василина Попова сонун тыыннаах хоһоонноро ураты тыынынан илгийиэ.
«Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 385 сылын көрсө» Афанасий Мигалкин «Лөгөй Тойон» бөдөҥ матырыйаала, Гаврил Филиппов Сэмэн Новгородов 125 сылынан ыстатыйата бэчээттэннэ.