100 саастаах Анна Жиркова: «Бачча сааспар кэлбиппиттэн бэйэм да сөҕөбүн»
Бу дьыл сэтинньи 16 күнүгэр Жиркова Анна Николаевна, тыыл уонна педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Учууталлар учууталлара 100 сааһын туолла.
Уһун үйэлэнии кистэлэҥэ элбэх буолуохтаах, ону тэҥэ, киһиттэн бэйэтиттэн быһа тутулуктааҕа чуолкай. Уһун үйэлээх эдьиийбит Анна Николаевна барахсан үтүө-мааны майгылаах, киэҥ көҕүстээх, иирсэр-айдаарсар диэни билбэтэх, намыын-холку, ис духуобунай култууралаах буолан, бачча Ытык сааһыгар кэллэҕэ.
— Киһи кырдьан олорон оҕо-эдэр сааһын араас түгэннэрин ордук күндүтүк өйдөөн кэлэр эбит. Билигин кырдьан, соҕотох хаалан баран, урукку олохпун наһаа үчүгэйдик саныыбын. Биһиги көлүөнэ дьон бэйэбит кэммитигэр олус интэриэһинэй кэмҥэ олорон, үлэлээн ааспыт эбиппит. Мин 1920 сыллаахха Дүпсүн улууһугар Өспөх нэһилиэгэр Ампаардаах диэн сиргэ төрөөбүтүм. Ийэлээх аҕам дириҥ толкуйдаах, киэҥ көҕүстээх, улаханнык ытыктанар дьон этилэр.
АҔАМ АЛАМПАЛЫЫН ДОҔОРДОҺОРО
Аҕам Николай Николаевич Жирков 1892 сыллаахха I Өспөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дүпсүн оскуолатыгар иккис кылааһы бүтэрбитэ уонна Дьокуускай куоракка сэминээрийэҕэ үөрэнэ сылдьыбыта. Нууччалыы кэпсэтэрэ, суруйара. Саха уус-уран литературатын классига, суруйааччы Анемподист Иванович Софронов-Алампа чугас доҕоро эбит. Кини сэбиэскэй былаас сылларыгар балык бырамыысыланнаһыгар “Туус балык” диэн тэрилтэҕэ дириэктэринэн үлэлээбитэ. Сэрии сылларыгар хоту Эдьигээҥҥэ, балык биригээдэлэрин тэрийэн сэрии бүтүөр диэри балык собуотун үлэлэппитэ. Кэлин “Рыбтрескэ” дириэктэринэн, дириэктэри солбуйааччынан үлэлии олорон биэнсийэҕэ тахсыбыта. Биһигини кытта бииргэ олорон, 1972 сыллаахха 80 сааһыгар аҕыйах ый тиийбэккэ, ыалдьан өлбүтэ.
АЛАМПА ИЙЭБЭР СҮӨГЭЙ ИИРДЭР ТЭРИЛИ БЭЛЭХТЭЭБИТЭ
Ийэм Анна Федоровна Афанасьева 1894 сыллаахха төрөөбүтэ. Дүпсүн улууһун сис ыалын, баай Ф.Ф. Афанасьев кыыһа, аатырбыт Афанасьевтар аҕа уустарын сыдьаана. Аны В.В.Никифоров-Күлүмнүүр күтүөтэ Уйбаан суруксут ийэм бииргэ төрөөбүт убайа буолар. Биир убайа Сүөдэр — сахалартан бастакы этнопедагог, педагогика наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр Виктор Федорович Афанасьев аҕата. Ийэм тас көрүҥүнэн кыраһыабай, кинилэр аймаҕынан бары сүрдээх өйдөөх, үөрэхтээх, майгы-сигили өттүнэн сытыары-сымнаҕас дьоннор этилэр. Кинилэри сэбиэскэй былааска кулаактаабыттар. Онон ийэм куттанан, төрдүн-ууһун улаханнык кэпсээбэт этэ.
Аҕалаах ийэм холбоһон, ыал буолан 45 сыл эйэ-дэмнээхтик олорбуттара. Ийэм, 22-тэ оҕоломмутум, өссө икки игирэ баара диирэ. Ол оҕолортон биһиги үһүө эрэ буолан тыыннаах хаалан, олох олорон кэллэхпит. Эдьиийим Надежда Николаевна миигиттэн алта сыл аҕа этэ, оттон быраатым Николай Николаевич алта сыл балыс этэ. Биһиги иллээх дьиэ кэргэҥҥэ улааппыппыт. Билигин мин улахан дьиэ кэргэнтэн соҕотох хаалан сылдьар кырдьаҕаспын.
Төһө да куорат ыаллара буолбуппутун иһин, саха ыалын сиэринэн сыл аайы Дүпсүн сиригэр Киэҥ Сыһыы, Ампаардаах диэн алааска сайылыырбыт. Тээтэм сайын аайы балыкка үлэлии барар этэ. Онон ийэм тыаҕа, сүөһүтүн-аһын бэйэтэ көрөрө, от оттуура, бурдук ыһара. Үлэ бөҕөнү үлэлээхтээбит эбит. Сотору-сотору куоракка тээтэбэр киирэр буолан, Алампаны, кини кэргэнин Дуняны кытары бэркэ билсибит, Дунялыын дьүөгэлии буолбуттар. Биирдэ ийэм куоракка киирбитигэр, Алампа киниттэн хайдах-туох олорорун, үлэлиирин-хамсыырын сураһан билэн баран, сотору буолаат:
— Аана, бу эн сүөһүлээх-ынахтаах киһигин, үлэҥ олус түбүктээх, ыарахан эбит, сүөгэйгин илиигинэн иирдэриҥ наһаа эрэйдээх, онон бу сүөгэй иирдэр малы бэлэхтиибин, — диэн, омуктуу суруктаах маслобойканы туттаран кэбиспит. Маннык тэрил былыр, өрөбөлүүссүйэ иннинэ, олус күндү, сэдэх, сыаналаах даҕаны, бэрт аҕыйах, кыанар эрэ ыалга баар буолара. Ону Алампа бэйэтин чугас дьонугар, бииргэ олорбут уонна үлэлээбит доҕорун Н.Н.Жирков кэргэнигэр, мин ийэбэр Анна Федоровна Жирковаҕа (Афанасьеваҕа) бэлэхтээбит. Ийэм сүөгэй иирдэрин олус күндүтүк тутар, харыстыыр этэ, өлүөр диэри Алампаны истиҥ-иһирэх тылынан ахтара. Мин бу сыаналаах малы — маслобойканы П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай мусуойга саха уус-уран литературата төрүттэммитэ 100 сылынан сибээстээн, бэлэхтээн турардаахпын. Мусуой биир күндү экспонатынан буолан дьон-сэргэ киэҥ көрүүтүгэр турар. Мин саха талааннаах суруйааччыта Алампа Софроновы илэ харахпынан көрбүппүн, дьоммор үтүө сыһыанын умнубаппын, олоҕум биир бэлиэ түгэнинэн ааҕабын.
УЧУУТАЛ БУОЛАР ДЬОЛЛОММУТУМ
Аны санаатахха, миигин эдэр эрдэхпиттэн тулалыыр дьоннорум бары таптыыллара, “Ааныска” диэн ааттыыллара, үчүгэйдик үөрэммит буоламмын, дьонум ситэри үөрэниэ диэн бары усулуобуйаны тэрийбиттэр эбит. Хойут өйдөөтөххө, оҕо, эдэр сааһым чахчы көҥүллүк, дьоллоохтук ааспыт. Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх оскуоланы бүтэрэн баран, сэрии кэмнэригэр пединститукка естественнэй факультекка үөрэнэн идэ ылбытым. Дьокуускайдааҕы культпросвет оскуолаҕа, онтон Уус Алдан улууһугар Мүрү орто оскуолатыгар химия, биология учууталынан өр сылларга үлэлээбитим. Учуутал буолан үлэлээн, үгүс ыччаты билиигэ-көрүүгэ үөрэппитим, онтон дьоллонон сылдьабын. Үөрэппит оҕолорум элбэхтэр, куруук билсэ-көрсө сылдьаллар, күүс-көмө буолаллар.
АБАҔАМ ИВАН НИКОЛАЕВИЧ ЖИРКОВ ҮӨРЭХ НАРКОМА ЭТЭ
Аҕам бииргэ төрөөбүт быраата Иван Николаевич Жирков өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй олоҕор көхтөөх кыттыыны ылбыта. Саха сиригэр норуот үөрэҕириитин сайыннарыыга уонна култуурунай өрөбөлүүссүйэни ыытыыга уһулуччу кылааты киллэрбит киһи. Кинини, баара суоҕа 24 саастаах киһини, 1931 сыллаахха биир саамай эппиэттээх дуоһунаска — Саха АССР үөрэҕин норуодунай комиссарынан (наркомунан), билиҥҥитэ үөрэх миниистиринэн анаабыттар. Кини Саха сиригэр бүттүүн алын сүһүөх үөрэхтээһин сокуонун олоххо киллэрбитэ. Иван Николаевич Жиркову дэгиттэр билиилээҕин, тэрийэр дьоҕурдааҕын иһин Платон Алексеевич Ойуунускай үрдүктүк сыаналыыра. Убайым 31 сааһыгар сылдьан 1938 сыл тохсунньу 27 күнүгэр сэллик ыарыыттан сырдык тыына быстыбыта. Кини өлбүтүн кэннэ “норуот өстөөҕө”, “дьоппуон үспүйүөнэ” диэн аатын-суолун хараардан сиргэ-буорга тэпсэ сатаабыттара. Убайым төрөөбүтэ 100 сыла туоларыгар “Бичик” кинигэ кыһатыгар “Өрөспүүбүлүкэ чулуу дьоно» сиэрийэнэн “Иван Жирков” диэн кини туһунан үчүгэй баҕайы кинигэ тахсабыта. Онон убайым аата өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар хааллаҕа.
40-ЧА СЫЛ ЫАЛ БУОЛАН, ДЬОЛЛООХТУК ОЛОРБУППУТ…
Мин 1958 сыллаахха Василий Гаврильевич Федоров (Мунду) диэн Уус Алдан киһитигэр кэргэн тахсан, уһун сылларга дьоллоохтук, эйэлээхтик, олус үчүгэйдик олорбуппут. Баһылайы кыра оҕо эрдэхпиттэн билэр этим. Биир дойдулааҕым, дьоннорбун, төрөппүттэрбин билэр этэ. Дьоннор, икки оҕолоох соҕотох хаалан эрэйдэнэн эрэр дииллэрин истэн, аһынан кэргэн тахсыбытым. Оҕолор Вася уонна Мила оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Биһиги наһаа тапсан эйэ-дэмнээхтик бииргэ 40-ча сыл ыал буолан олорбуппут. Олохпутугар табыллан бииргэ олорбут кэмнэрбин дьоллооҕунан ааҕабын…
Василий Гаврильевич Дьокуускайдааҕы педагогическай тиэхиньикуму бүтэрбит 21 саастаах уол Дүпсүҥҥэ оскуола дириэктэринэн үлэтин саҕалаабыт. Бу кэмнэргэ хас оройуон, нэһилиэк ахсын саҥа оскуолалары норуот күүһүнэн тутуу киэҥ хамсааһыннаахтык барбыта. Урукку Дүпсүн улууһун сэттэ нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан мунньахтаан, дьону өйдөтөн, баара-суоҕа биир сыл иһигэр 200 миэстэлээх икки этээстээх оскуола дьиэтин судаарыстыбаттан үбүлээһинэ суох тутан, 1934 сыллаахха Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ 17 сылын туолуутун көрсө үлэҕэ киллэрбиттэр. Онно оскуоланы аһыы үөрүүлээх мунньаҕар оскуолаҕа биир дойдулаахтара И.Н. Жирков аатын иҥэрэр туһунан уураахтаабыттара. Бу оскуола – үөрэх кырдьаҕас кыhата, күн бүгүн үлэлээн кэлбит үтүө үгэhин салгыыр.
Ыал буолан баран Бороҕоҥҥо көһөн тахсыбыппыт. 1960 сыллаахха саҥа улахан дьиэ туттан киирбиппит. “РТС” диэн тэрилтэҕэ өр кэмҥэ дириэктэрдээбитэ. Биэнсийэҕэ тахсан да баран, таах олорботоҕо. Дьоҥҥо-сэргэҕэ туох эрэ туһалааҕы, үйэлээҕи оҥордорбут диэн санаанан салайтаран, күн солото суох сылдьара. 1997 сыллаахха олохтон өлөн туораабыта.
БАСТЫҤ-ТАЛЫЫ МАЙГЫЛААХ, ДЬОҺУН-МААНЫ ДЬОН БУОЛУҤ!
Бачча сааспар кэлбиппиттэн бэйэм да сөҕөбүн. Биһиги аймахха маннык уһун үйэлээх суоҕа. Үйэм уһаабытыгар сибиэһэй аһы аһаабытым, арыгы испэтим, табаҕы тарпатым, бэйэбин харыстанан, төһө кыалларынан ичигэстик таҥнарым, хара сарсырдаттан үлэлии-хамныы сылдьарым көмөлөстө буолуо дии саныыбын. Учуонайдар этэллэринэн, аһааһын нуорматын, эрэсиими тутуһуу уһун үйэлэниини мэктиэлиир.
Киһи дьоло диэн, эйэлээх олох, таптыыр үлэттэн дуоһуйуу, доруобуйа, сиэннэр буолаллар. Оҕолорбор, аймахтарбар бастыҥ-талыы майгылаах, дьоһун-мааны дьон буолуҥ диэн алгыспын этэбин.
Анна Жиркова кэпсээниттэн бииргэ төрөөбүт эдьиийин кыыһа
Людмила Егоровна СЛЕПЦОВА суруйда.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru