Оҕо сырыттахпына, эһэм оҕонньор “Ойуунускайы көрбүтүм, испиктээккэ оонньообуппар төбөбүттэн имэрийбитэ”, — диэн кэпсиирэ. Ону Ойуунускай хайдах киһи этэй диэн ыйыттахпына, “Тойон буоллаҕа дии, мааны таҥастааҕа, маҥан саал былааттааҕа”, — диэн кэпсиирэ.
Аны улуу дьоммутун көрбүт дьон бу орто дойдуга хаалбатахтара буолуо диэн саныырым. Алҕаһаабыт эбиппин, ону ааһан, биир тыыннаах туоһу ытык кырдьаҕас мэлдьи аттыгар сылдьыбыппын. Кини ийэлээх-аҕата Софроновтары кытта чугас доҕордуу эбиттэр. 97-с хаарыгар үктэммит Анна Николаевна Жиркова Алампаны тыыннааҕар көрбүтүн туһунан маннык кэпсиир.
Алампа ийэбэр биир биэдэрэ собо аҕалбыт
Мин аҕам Николай Жирков, Анемподист Ивановичтыын өрөбөлүүссүйэ инниттэн, Кирилл Спиридонов диэн баай, атыыһыт киһиэхэ үлэлэрин саҕалаабыттара. Ол иһин адьас кырабыттан ити ааты истэн улааппытым. Испирдиэнэп балыгынан эргинэр атыыһыт киһи этэ. Алампа үөрэхтээх, нууччалыы саҥарар буолан, Кирилл Давыдовичка суруксутунан, суоччутунан, оттон, мин аҕам балык тутааччынан сылдьыбыттар. Саас муус барда даҕаны, Булун оройуонугар балыктыы бараллар эбит. Балыктарын тууһаан, ыыһаан, дьуухалалаан баран, күһүн Дьокуускайга төннөн кииирэллэр эбит. Кэлин ыал да буолан баран, ойохторун илдьэ бараллара үһү.
Биирдэ ийэм эмиэ оҕото куоппутугар, тэһийбэккэ, сэргэхсийэ таарыйа барса сылдьыбыт. «Хаһан даҕаны төрөөбүт сирбиттэн тэлэһийбэтэх киһи, сотору буолаат дойдубар ахтылҕаным олус күүһүрбүтэ» диэн ийэм кэпсиирэ. Астара барыта балык буолан, эмиэ дэлби эрэйи көрөрүм диирэ. Биир күн балык ыраастыы туран: “Оо, бу балыктар саатар собо буолан хаалбаккыт ээ”, – диэн саҥа таһаараахтаабыт. Арай аҕыйах хонон баран, биир күн күөһүн өрөөрү сырыттаҕына, Алампа биир биэдэрэ соболоох тиийэн кэлбит. Баар дьон бары дьиктиргээбиттэр уонна соһуйбуттар. Чугаһынан собо балыктаах күөл баарын ким даҕаны истибэтэ үһү. Кэлин биллибитэ, ийэм ол бэйэтин иһигэр ботугураан саҥарбытын Алампа истибит уонна үс көстөөх сиргэ сытар күөлтэн баран балыктаан, ол биэдэрэтин итиччэ тэйиччи сири сыһаҕастаһан илдьэ кэлбит эбит. Алампа оннук болҕомтолоох, үтүө киһи этэ диэн, ийэм миэхэ бэйэтин итиччэ улуу киһиэхэ убаастабылын уонна тапталын иҥэрэн кэбиспитэ.
Маҥнайгы көрсүһүүм. Умайбыт суруктар
Алампаны, дьиҥэр, эрдэ көрбүтүм эбитэ буолуо эрээри, өйдөөбөппүн. Арай биир күн бытыктаах киһи дьиэбитигэр киирэн кэлбитэ. Таҥаһын-сабын эмиэ бу диэн өйдөөбөппүн. Ити күн дьиэбитигэр аҕабынаан иккиэйэх быһылаах этибит. Оччотооҕу кэмҥэ биһиэхэ ыалдьыт киһи бөҕө сылдьара. Мин аттыларыгар оонньуу сылдьан көрбүтүм, ол бытыктаах киһим нүксүччү туттан олороро, тугу эрэ ботугураан кэпсиирэ уонна ытыыра. Мин маҥнайгыбын эр киһи ытыырын дьиибэргээн, аҕабыттан тиийэн “бу киһи тоҕо ытыырый?” диэн ыйыппыппын, нөҥүө хоско таһааран кэбиспитэ. Оччолорго мин сэттэлээх-аҕыстаах эбитим буолуо. Өр буолбатаҕа, Алампаны хаайбыттар үһү диэн сурах кэлбитэ.
Бэркэ өйдүүбүн, долбуурга харалла, сааһылана сытар суруктары ийэм хомуйан ылан, остуол үрдүгэр төгүрүк киэҥ бүлүүһэ иһигэр, хайыта тыыта-тыыта уоттаабытын. Кэлин сураспытым — ол Алампа хотунан-соҕуруунан, араас киэҥ сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан, аҕабар бооччойбут суруктара үһү. Ити кэмҥэ, аҕам Рыбтрест тэрилтэтигэр дириэктэринэн үлэлиирэ. Алампа доҕоро буолан, аны ийэм төрүттэрэ Афанасьевтар диэн эмиэ сэниэ баай ыал буолан, кулаактар кыыстара аатыран, биһиги дьиэ-кэргэҥҥэ күлүк, кэтэбил-манабыл түһэ сылдьыбытын кыра да буолларбыт, эдьиийбинээн өйдөөн хаалбыппыт. Аҕабытын үлэтиттэн уурата сылдьыбыттара. Кэлин буруйа суоҕа дакаастанан буолуо, төттөрү сөргүппүттэрэ.
Биирдэ аҕам, үлэтин сүнньүнэн буолуо, Беломорканалга коммандировкаҕа бара сылдьыбыт. Анаан-минээн тиийэн доҕорун Алампаны көрсүбүтүн туһунан маннык сэһэргээбитэ:
– Көҥүл ылан, кэтэбиллээх сирдэрин иһигэр киирбитим. Кэннибиттэн биэс-алта миэтэрэ тэйиччи, санныгар карабинын сүкпүт арыалдьыттаахпын. Дьиэ-уот бөҕө. Саллааттарга майгынныыр дьон, эрээтинэн хаамаллар-сиимэллэр. Тыала-кууһа сүрдээх. Арай көрдөхпүнэ, биир сиппиирдээх киһи бараактар быыстарын минньиктии сылдьара. Көрөөт даҕаны, Алампаны тута билбитим. “Алампыа!”,- диэн ыҥырбытым да, киһим истибэтэ. Иккистээн доргуччу соҕус ыҥырдым. Киһим эргиллэ түстэ, балай эмэ одуулаан турда. Оттон “Ньукууска эн дуо?!” – диэн ыйытта, утары хааман кэллэ. Биһиги көрсүбэтэх дьон куустуһа түспэтибит. Биһигини хас хардыыбытын барытын кэтии сылдьар харабыллартан туттуннубут. Ол оннугар илиибитинэн ыга тутуһан, бэрт уһуннук дорооболостубут. Доҕорум күрүө кытыытыгар турар ыскамыайкаҕа илдьэн олорто, бэйэтэ аттыбар сэргэстэһэн кэбистэ. Бу олорон Алампа кимнээх, туох үлэһит буолбуттарын, байбыттарын, туох эмэ ыйдаҥардар сурахтар баалларын сураспыта. Ол кэпсэтиибитигэр, дойдутун хайдахтаах курдук күүскэ ахтыбытын туһунан үгүстүк ахтыбыта. Болдьох бириэмэбит бүтэн бараары турдахпына, оргууй соҕустук ыйыппыта: “Ньукуускаа, эн миэхэ бу тоҕо кэлэн бардыҥ? Оҕоҕун-уруугун ама санаабаккын дуо?” Ити курдук, быраһаайдаспыппыт. Доҕорум сайыспыт хараҕын төрүт умнубаппын,– диэт аҕам кэпсээнин түмүктээбитэ.
Алампа «Үрүҥ туллуга» — ийэм дьүөгэтэ
Мин ийэм Жиркова (Афанасьева) Анна диэн этэ. Кини үөрэҕэ, идэтэ суох буолан, хаһаайыстыбатын көрөн, дьиэтигэр олорбута. Алампа кэргэнинээн Дуунньалыын чугас дьүөгэлиилэрэ. Тиһэх күннэригэр диэри доҕордуу сыһыаннарын уураппатахтара, сибээстэрин быспатахтара.
Дуунньаны үгүс билбэт өттө, маҥан туллугунан ойуулаан уонна артыыс быһыытынан ылынан, кэрэ, үтүө киһи курдук саныыллар. Төрүт оннук буолбатах! Биир бэйэм Дуунньаны испэр саараама киллэрбэппин. Дьүһүнэ кэрэ диэччилэр да бааллар. Алампа дууһатын кини улаханнык аймаабыта. Көр эрэ, таҥнаран биэрдэҕин кыһыытын! Эдэр уолга иирэн барбыта абатын!
Алампалаах Дуунньа Москуобаҕа олоро сырыттахтарына, ол кэмҥэ дойдубут тэбэр сүрэҕэр баар сахалар бары Алампалаахха мусталлара. Төһө эрэ иһирэх кэпсэтиилээх, ыра санаалаах түмсүүлэр буолбуттара буолуой. Алампа барахсан саҥа үүнэн-тахсан эрэр саха ыччатын олус биһириирэ, доҕордоһоро. Ол кэлэр дьон быыстарыгар Степан Гоголев диэн суут-силиэстийэ идэтигэр үөрэнэ сылдьар эдэр устудьуон уол баара. Степан, биллэн турар, эмиэ Алампалаах доҕордоро этэ.
Чэ, ити курдук күн-дьыл турбат, бириэмэ суурайан, саҥа кэминэн солбуйан иһэр буоллаҕа. Москуобатааҕы кэмнэр ааспыттара. Алампалаах Дьокуускайга олорор кэмнэрэ этэ. Анемподист Иванович, туллугун Дуунньаны сүтэриитин, Егор Неймохов иккис кинигэтигэр суруллубутуттан ордук, ким кэпсиэ буоллаҕай:
“Ити кэмҥэ күүлэҕэ киһи атаҕын тыаһа эрчимнээхтик тигинии түстэ да, ааннара иэччэҕиттэн эһиллиэхтии тыастаахтык тэлэллэрин кытта Ыстапаан Күөгүлэп (ити кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ борокуруора) көтөн түстэ, кинилэргэ адьас кыһаллыбакка, соруктаах баҕайытык түгэх хоско ааһа турда. Миисэ соһуйуу бөҕөтүн соһуйан, айаҕын аппытынан батыһыннара көрөн хаалла уонна:
– Хайа, ити мин тойонум туохха… хайдах… – диэн бобуллаҥнаата.
Хоско өр буолбатылар, ытыар диэри киэргэммит Дуунньаны Ыстапаан хонноҕун анныттан ылан, аа-дьуо долгулдьута хаамтаран, кинилэр иннилэринэн кэлэн ааһан тахсан бардылар. Убайдыы быраат хайалара да саҥарбакка чочумча таалан олордулар, онтон Алампа кэмниэ-кэнэҕэс:
– Дьэ, Миисэ, миигин ол-бу диэн омнуолуу санаама, Дуняшабын хаһан да, тугунан да атаҕастаабытым суоҕа, бу туох аньыыбар-харабар… – ситэ саҥарбакка бөтөн хаалла уонна, хараҕын уута харса суох халыйан тахсарын сотто-сотто, ис-иһиттэн ынчыктаан эрэрдии, сирэйин саба туттан олорон ботугураата: – Оо, Дуунньам, Дуунньам эрэйдээх…”
Биир күн, ийэбин кытары Дуунньалаахха барса сылдьыбыппын саныыбын. Онно Алампалаах Дуунньа өссө да бииргэ олороллор быһылааҕа. Ийэм киирбитин көрөн Дуунньа: “Мааса туохха кэлбиккин билэбин, төрүт төттөрү сүбэлээмэ, эн тылын миэхэ кураанах дорҕоон буолан иһиллиэҕэ”, — диэн эппитин…
Хаһан даҕаны бырастыы гыммаппын Алампа өлөөрү сытан, тиһэх суолугар барар кэмигэр Дуунньатын көрүөн баҕаран ыҥыттарбытыгар, кэлбэтэҕин. “Барахсан көрүөн баҕарбат буоллаҕына, түннүк таһынан аастын, бүтэһикпин көрүөхпүн баҕарабын”,- диэн эппитин, кини ылымматаҕын…
Улуу киһи – тиһэх суола
Улахан кылааска үөрэнэ сырыттахпына, биир сайын аҕам миигин бэркэ билэр Белинскэй уулуссатыгар турар дьиэҕэ илдьэ барда. Дьиэ боруогун атыллаан баран көрбүтүм, киирэр аан хаҥас өттүгэр дэлби дьүдьэйэн хаалбыт бытыктаах киһи ороҥҥо сытара, мин киирэн эрэрбин көрөн, киэҥ хараҕа өссө кэҥии түспүтэ. Чараас бырастыына сабыытын бүрүнэ тардыбыта, миигин ондолуппакка көрбүтүттэн куттанан, мин аҕам кэннигэр түспүтүм. «Ньукуускаа, тоҕо бу эдэр оҕону манна аҕаллын?» диэбитин ылынан, аҕам миигин таһырдьа таһааран кэбиспитэ. Тэлгэһэҕэ тахсан мин аҕабын кэтэһэ таарыйа, кылаас (атах оонньуута) оонньообутум. Балай эмэ өр буолан баран, аҕам тахсыбыта, барбыппыт. Алампа баҕар онно кэриэс тылын эппитэ эбитэ буолуо. Туох диэн кэпсэппиттэрин ыйыппатахпыттан хоргута саныыбын. Ити кэннэ олус ытыктыыр, баар – суох киһибит Алампабыт уһаабатаҕа.
Дьиктиргиирим диэн, Алампаны көмөллөрүгэр, аҕам эдьиийбинээн биһигини атаарар күннэригэр илдьэ тахсыбыта. Өссө олус соһуйабын, ол кистииллэригэр халлаан лаппа хараҥа этэ. Ол иһин, дьон кыраһыын лаампатынан сырдатыналлара. Көмүүнү аҕам бииргэ төрөөбүт инитэ Иван Жирков – Саха АССР үөрэҕин наркома, салайан ыыпппыт курдук саныыбын. Мин кэлбиппин көрөн, хатыылаах хараҕынан кынчарыйбытыгар, аны эдьиийим кэннигэр түһэн, саспытым. Бу көмүүгэ баар дьонтон Платон Алексеевич Ойуунускайы эрэ өйдөөн хаалбыппын. Кини доҕорун, биир дойдулааҕын Алампаны тиһэх суолугар атааран тыл эппитэ, ис-хоһоонун эмиэ өйдөөбөппүн…
Түмүк
Анна Николаевна, 97-с хаарыгар үктэммит ытык кырдьаҕас буолар. Мин саҥабын төһө да истибэтин иһин, өйө-санаата чөллөркөй, саҥата-иҥэтэ хоп курдук. Төрөппүт соҕотох уола уон биир ыйдааҕар, быраастар сыыһа диагноз туруораннар, бу күн сириттэн бараахтаабыт. Таайын аатынан Ванюша диэн ааттаабыттар эбит. Ванюша бу кыра сааһыгар хайыы-үйэ саҥарар, киһи сиэттэҕинэ хаамара эбитэ үһү. Ытык кырдьаҕас олоҕун бу кэрчигин миэхэ наһаа аһа сатаабата. Кэлин биир кыыс оҕону иитэ ылбыппыт диэн кэпсээтэ. Ол кыыһа билигин бу олоххо эмиэ суох. Махтанара диэн, икки кыыс сиэни хаалларан бараахтаабыт. Кэргэнэ Василий Федоров эмиэ Уус-Алдантан төрүттээх партийнай үлэһит киһи эбит. Кини эмиэ 90-с сылларга олоҕо түмүктэммит. Эрин Василий Гаврильевиһы олус үтүө киһи быһыытынан ахтарын өйдөөтүм.
Анна Николаевна, бииргэ төрөөбүттэрэ эмиэ сир түгэҕин булбуттар. Кини бу орто дойдуга соҕотох хаалбытыттан улаханнык сонньуйарын, дьонун олус суохтуруун кистээбэт. Дьонун мэтириэттэрэ сырдык сыбахтаах истиэнэттэн оччотооҕу кэм хара-маҥан күлүктэрэ буолан, үөһэттэн одуулаан тураллар. Сүһүөхтэрэ уйбат, хаампат буолан, Анна Николаевна оронун төбөтүгэр чэйдии олорон мэлдьи дьоммун кытары кэпсэтэбин, кинилэр миигин сэмэлииллэр быһылаах диэхтиир.
Эбээм кэриэтэ киһи, уһун үйэтин хайдах ситиспитин быһаарбат. Арыгыны адьас испэтэҕим, табах диэни эмиэ үйэлээх-сааспар төрүт тардыбатаҕым диэн кэпсиир. Билиҥҥи ыччат үөрэҕэр кытааттын диэн бэйэтин алгыһын тириэрдэр. Киһи кырыйдаҕына, ааспыт олоҕун наар санаан тахсар эбит диэн, кэпсээнин түмүктүүр.
Бүгүҥҥү күннээххэ, улуу убайдарбытын, Анемподист Иванович Софроновы – Алампаны уонна Платон Алексеевич Слепцову – Ойуунускайы тыыннаахтарын көрбүт арааһа соҕотох киһибитигэр, баҕарарым диэн доруобуйаны, мэлдьи үтүө дьон аттыгар баар буолуохтарын, санаатын өссө да түһэрбэтин.
Оттон, Алампа олорон ааспыт олоҕо хайа киһини интэриэһиргэппэт, араас санааҕа түһэрбэт буолуоҕай?! Доҕоругар Дуунньаҕа анаан, ааттаһан, киһи кутун тутар, бөһүйбүтү уулларар, тылын саппааһын араастаан дьүөрэлээн кэчигирэтэн үгүс хоһоону суруйбут. Таптал диэни ким таайбыта баарай?! Сааскы маҥнайгы чыычаах санаата уларыйбатах. Билигин биһиги төһө даҕаны, сахабыт суругунан литературатын саҕалааччытын, талааннаах драматургпытын, поэппытын уонна прозаикпытын Алампабытын кытары оччотооҕу хомолтотун үллэстибиппитин, испитигэр абара санаабыппытын иһин, Дуунньа тэбэр сүрэхтээх, ураты халбаҥнаабат санаалаах киһи буоллаҕа. Букатын кэлин, ити быһыытын кэмсинэ санаабытын туһунан истэммин өрө тыынабын, кыратык да буоллар уоскуйабын…
Оҕо сааһым туһунан кылгастык
Мин, 1920 сыллаахха сэтинньи ый 16 күнүгэр Уус-Алдаҥҥа, маҥнайгы Өспөххө төрөөбүтүм. Биэс саастаахпар дьоммун кытары куоракка көһөн киирбиппит. Ол да буоллар, хас сайын ахсын Уус-Алдаҥҥа тахсарбыт. Хаһан даҕаны дойдубуттан тэйбит курдук санамматаҕым. Бииргэ төрөөбүттэр үһүө этибит. Бэйэбиттэн алта сыл аҕа Надежда диэн эдьиийдээҕим уонна алта сыл балыс аҕабыт аатынан Николай диэн бырааттааҕым. Уопсайа, ийэбит сүүрбэтэ оҕоломмутуттан, биһиги үс тыыннаах хаалбыппытын билэбин.
Дьонум кэпсээнинэн уонна кыратык бэйэм өйдүүрбүнэн ыйдаҥардан санаатахпына, куоракка маҥнай Романовтар диэн баай – сэниэ ыалга олорбуппут. Оччотооҕу кэмҥэ, баайдарга да үтүө, сымнаҕас майгылаах дьон баар буолаллар эбит этэ.
Дьокуускайга, уруккута 8-с нүөмэрдээх оскуолаҕа үөрэммитим. Оскуола кэннэ, пединститукка үөрэнэ киирбитим уонна 1945 сыллаахха, сэрии бүтэр сылыгар бүтэрбитим.
Учуутал уонна дьокутаат
Үөрэхпин бүтэрэн, идэ ылан баран, Уус-Алдан Найахытыгар биология, ботаника учууталынан үлэлии тахсыбытым. Маҥнай сахалыы, нууччалыы булкуйан саҥарарым. Үөрэтэр оҕолорум дэлби күлүү гыналлара. Хос аат да иҥэрэн турардаахтар. Эдэрим да бэрт буолан эбитэ дуу, үөрэнээччилэрбин кытары тэҥҥэ сүүрэрим – көтөрүм, күн киириэр диэри оонньуурбут. Сыыйа олус чугасыһан, сыһыаммыт наһаа истиҥ буолан барбыта.
Оччотооҕу кэмҥэ, ааҕар суруйар киһи ахсааннаах буолан, учууталлар нэһилиэк олоҕор, үлэтигэр быһаччы кыттарбыт. Ханнык даҕаны мунньах, тэрээһин биһигинэ суох барбата. Холхуоспут уонна сэбиэппит бэрэссэдээтэллэрэ иккиэн үөрэҕэ суох дьон этилэр. Итиинньэ гынан, эбии ноҕорууска бөҕө сүктэрбиттэрэ. Аны туран, депутатынан талыллыбытым. Депутат быһыытынан маҥнайгы сиэссийэбитин төрүт умнубаппын. Барыта тойоттор, дуоспуруннара диэн сүрдээх. Мин дэлби ол дьонтон саллан, күлүк курдук саҥата суох олорбутум. Арай көрдөхпүнэ, биир сытыы-хотуу дьахтар, ол тойоттортон куттаммакка, тэҥҥэ кэпсэтэр-ипсэтэр. Салла да, бэркиһии да санаабытым. Кэнники билбитим Андросова диэн судьуйа, Виталий Андросов ийэтэ эбит этэ. Оттон мин олорбут ыскамыайкабыттан турбатаҕым даҕаны. Дьэ, оннук киһини депутат оҥорон турардаахтар.
Ол сыл күһүнүгэр Бороҕон орто оскуолатыгар Анаапырап диэн олус улахан аптарытыаттаах учуутал оннугар анаары гыннылар. Ону мин төрүт буолумматым. Мин санаабын истиэхтэрэ баара дуо. Тахсаҕын да сабаас диэн модьуйдулар. Уһуну-киэҥи толкуйдуу барбатым. Күһүн куоракка үөрэхтэригэр киирэр оҕолорбун кытары, үлэм киниискэтин, открепительнай кумааҕыбын да ылбаккабын, күрээн Дьокуускайга кииристим. Ол күрээн эрэрбин салалта обургу истэ охсубут. Бороҕоҥҥо тиийбиппитин кэннэ, улахан аартыкка тахсар солооһуҥҥа миигин ыытымаары тоһуур туруорбуттарын туһунан сурах кэллэ. Мин дэлби санаам түһэн, хараҕым уута бычалыйан таҕыста. Арай оҕолорум тугу эрэ сүбэлэһэллэр. Онтукайым, хайдах тоһууру албынныыр туһунан быланнаабыттар эбит. Ол курдук, сыарҕалаах миҥэбит солооһун устун бара турда. Оттон миигин биир үөрэппит уолум сирдээн сүөһү ыллыгынан быһа түһэрэн, кэтэспит дьон быдан анаараа өттүнэн тахсан кэлбиппит. Ити курдук уопсайа икки сыл Найахыга учууталлаан баран, Дьокуускайга төннөн, күрээн киирбитим. Маннык быһыыламмыт эрдэ кимиэхэ да кэпсээбэт этим.
Утум Захаров, «Саха сирэ» хаһыаттан, 2016 сыл.