Анна Захаркина: “Саҥа  дьыл – бэлиэ бырааһынньык”

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Саҥа сыл”, “саҥа дьыл” диэн тылы иһиттибит даҕаны эгэлгэ оонньуурдарынан киэргэтиллибит, араас уотунан тырымныыр харыйа харахпытыгар көстө түһэр. Былыргы оонньуурдары кэлин ордук сыаналыыр, дьон кэллиэксийэлиир буолла. Бүгүн ааҕааччыларбытын Забайкальскай кыраайга олорор, муус чөмчүүктэри мунньар, аҕыйах сылтан бэттэх харыйа оонньуурдарын кэллиэксийэлиир биир дойдулаахпытын, эрэсиимнэй эбийиэккэ үлэлиир Анна Захаркинаны кытта билиһиннэрэбит.

edersaas.ru

 

Нам улууһуттан төрүттээх

Анна Гаврильевна Захаркина Нам улууһун Хамаҕаттатыттан төрүттээх. Ынах маҥыраһан, киһи кэпсэтэн билсэр дииллэринии, Забайкальскай кыраайга хайдах тиийэн хаалбытын туоһуласпыппар:

— Оскуола кэнниттэн Улан Удэ куоракка институкка устудьуоннуу сылдьан кэргэммин кытта билсэн ыал буолбуппут. Забайкальскай кыраайга олохсуйбуппут.  Уолбут — патриот. Оҕо сааһа сүрүннээн манна ааспыта эрээри, университеты бүтэрэн баран, дойдубар — Саха сиригэр олохсуйабын диэн онно көспүтэ, — диэн кэпсээнин саҕалыыр.

Саҥа дьыл – оҕо саастан силистээх

— Кыра эрдэхпиттэн эбээм Дарья Ивановна Касьянованы, эдьиийдэрим Александра Степановна Григорьеваны, Степанида Степановна Ларионованы кытта олорбутум. Харыйаны дьиэ кэргэнинэн бары сөбүлээн, түмсэ түһэн киэргэтэрбит. Оччолорго оонньуур да кэмчи, харчы даҕаны кырыымчык соҕус буолуо, таас оонньуурдарга эбии оҕолор илиинэн оонньуурдары оҥорорбут. Сыллата умнуллубат, көрүөхтэн эриэккэс харыйаны киэргэтэн таһаарааччыбыт. Саҥа сыл (дьыл) барыбытыгар даҕаны умнуллубат бырааһынньык буоллаҕа. Оннооҕор сайын ортото аҕыннахпына эдьиийбэр: “Харыйа оонньуурдаах хоруопканы таһааран биэр, мин көрүөхпүн баҕарабын”, — диэн көрдөһөн, илиибэр ылан тутан көрөр этим.

Саҥа сыллааҕы (дьыллааҕы) бэлэҕи төрөппүттэрбит даҕаны, оскуолаҕа да куруук биэрэллэрэ. Оскуола бэлэҕэр кэмпиэт, бэчиэнньэ, баахыла (вафля), дьаабылыка баар буолара. Мандарин, апельсин эҥин сиэбиппин соччо өйдөөбөппүн, оччолорго дэриэбинэҕэ суоҕа да быһыылааҕа. Күтүөм Егор Михайлович Ларионов Свердловскайга үөрэнэ сылдьан биһиэхэ – кыраларга хачыгырас кумааҕылаах, дьэрэкээн, минньигэс, букатын харахтаан көрбөтөх кэмпиэттэрдээх, кып-кыһыл дьаабылыкалардаах бэлэхтэри аҕалара. Саҥа дьылбыт өссө тупсара, кэрэтийэрэ.

Эдьиийим А.С. Григорьева Хамаҕатта бастыҥ иистэнньэҥэ этэ. Убайдарбар бухатыыр уонна миэхэ сарыабына маскарааттарын тигэттиирэ. Кэргэнин, күтүөбүн кытта Дьуоннуун (Ион Михайловичтыын) харыйа оонньуурдарын үлтүрүтэн блестка курдук силимнииллэрэ. Онон оскуола Харыйатыгар маскараат куонкуруһугар үгүстүк бастакы миэстэни ыларым.

“Биир күнү тэбэн туран киэргэтэбин”

Анна Гаврильевна оҕо сааһыттан бэриллибит үгэһи тутуһан итиэннэ саха буоларын быһыытынан, харыйатын ис дууһатыттан иэйэн, биир күнү анаан туран киэргэтэр эбит. Ону таһынан, былыргылыы баатаны ууран хаардаан биэрэр. Уонна урукку сыллардааҕы үрүллэн оҥоһуллубут оҕуруотун иилэр. Аныгы сүүрээни батыспатын бэлиэтиир. Ол иһин эбитэ дуу, тута сэбиэскэй кэм харыйатын санатар. Саҥа сыл сүрүн бэлиэтин Чысхаан, Тымныы Оҕонньор араҥаччыллыыллар. “Манна чугаһынан харыйа үүммэт, бэс эрэ баар. Быйыл икки миэтэрэттэн тахса үрдүктээҕи ыллыбыт, сыаната – 450 солк. Хаһан даҕаны кыра, оҥоһуу харыйаны туруорбаппын. Дьиэҕэ киирээти кытта Саҥа дьыл, мас сыта дыргыйарын ордоробун”, — диир.

Бастакы оонньуурдар

Бүгүҥҥү дьоруойбут бастакы оонньуурдарын өссө отучча сыллааҕыта Забайкальскай кыраайга көһөн тиийэн баран мунньан саҕалаабыт. Оччолорго анаан-минээн кэллиэксийэлээбэккэ, туох баарынан хоппоҕо уура сылдьыбыт. “Аан маҥнай хотунум ытыттарар оонньуурдары бэлэхтээбитэ. Онтон ыла саҕаламмыта”, — диэн билиһиннэрэр. Уонтан тахса сылтан бэттэх таас былыргы муус чөмчүүктэри мунньан барбыт.

Сүнньүнэн 1950-1960-с сыллардааҕы оонньуурдар баһыйаллар. Манна килэбэчигэс, өҥнөөх хортуонтан кырыллыбыт попугай, ытыртаран иилиллэр Хаарчаана, Тымныы Оҕонньор итиэннэ сабынан иилиллэр шардар, фрукта, корзина, о.д.а. оонньуурдар тута харахха быраҕыллаллар.

Кэллиэксийэни хаҥатыы

“Вайбер (Viber) бөлөҕөр быйыл саастаах дьахтар хортуон хоруопкаҕа уонтан тахса устуука оонньууру атыылыырыгар түбэһэн ыллым. Саамай сүрүнэ, оҕо сааһым эрдэҕинээҕи оонньуурдар. Инньэ гынан, атаҕым сири билбэт буола үөрэ сылдьабын”, — диэн санаатын үллэстэр. Манна кини оҕо сааһын харыйатыгар сыллата иилиллэр клоун төбөтүн, маягы көрөөт даҕаны толкуйдуу барбакка ылбыт. Атыыһыт, оонньуурдар оҥоһуллубут устуоруйаларын бэркэ билэр буолан, Анна Гаврильевнаҕа сырдатан ааспыт.

Куукулаларга – иккис тыын

Анна Захаркина итини таһынан дьарыга үгүс. Ол курдук, куукулаларга иккис тыыны биэрээри сууйан-тараан, саҥардан нуучча норуотун остуоруйаларыгар олоҕуран араас таҥастары тигэрин, оҕуруонан симиирин тэрийээччилэр бэлиэтии көрөн, 2014 сыллаахха Чита куораттааҕы хартыына галереятыгар тус быыстапкатын тэрийбиттэр. Уопсайынан, бэстибээллэргэ, быыстапкаларга ситимин быспакка кыттар. Куукулаларын сороҕун атыылыыр, сороҕун бэлэх быһыытынан биэртэлиир эбит.  “Забайкальскай кыраай холугар син биллэр үлэлэрдээхпин. Оттон Сахам сирин маастардарыгар диэри өссө даҕаны үүнүөххэ-сайдыахха наада”, — диэн билинэр. Кыралаан сакааһынан төбөҕө кэтэр киэргэллэри (кокошник), кулоннары, бастыҥалары тиһэр. Оҕуруонан тиһии Саха сиригэр курдук улаханнык сайда илик диэн этэр.

Аан дойду хайа баҕарар муннугар тиий – Анна Захаркина курдук биир дойдулаахтарбыт Саха сирин ааттата, атыттартан чорбойо, төрөөбүт тылларынан кэпсэтэ сылдьаллара истэргэ астык!

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0