Анна Тотонова дьоло (видео)

Бөлөххө киир:

«Үрдэл» национальнай бириэмийэ быйыл үһүс сылын ыытылынна. 30 ырыа киирбититтэн Анна Тотонова «Дьол» диэн ырыатынан көрөөччүлэр элбэх куоластарын ылан, Гран-при хаһаайкатынан буолла.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.r

— Анна Фомична, «Үрдэл» курдук номнуо көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыт улахан куонкуруска кыайаргар кыырпах да саҕа эрэл баар этэ дуо?

— Суох буоллаҕа. Кыттааччылар ортолоругар саха эстрадатын чаҕылхай сулустара, ааттаах-суоллаах ырыаһыттара үксүлэрэ бааллара дии.

— Түмүктэри таһаарыыга бэйэҥ ааккын истэн баран, аан бастаан ханнык иэйиигэ куустардыҥ, туох санаалар киирэн аастылар?

— Мин кыайбытым туһунан «Сонуннар» биэриигэ кэпсээбиттэрин туһунан аан бастаан батсаапка аймахтар бөлөхтөрүгэр суруйбуттарыгар олус соһуйбутум. Бука бары олус үөрбүттэрэ. Ол эрэн, сценаҕа эт кулгаахпынан иһиттэхпинэ, илэ харахпынан статуэтканы көрдөхпүнэ эрэ итэҕэйиэм диэбитим. Онтон үөрүүбүн мин айар үлэбэр көмөлөһөр күндү киһибэр – кэргэммэр, кыргыттарбар, дьүөгэбэр кэпсээбитим.

— Артыыс идэлээх, сценаҕа ыллыы сылдьар дьону кэннигэр хаалларбыт курдук буоллуҥ ээ.

— Наһаа оннук дии санаабаппын. Тоҕо диэтэххэ, «Үрдэл» артыыстар ааттарын күрэҕэ буолбакка, ырыа күрэҕэ буолар. Сахалыы ырыаны таптааччылар сөбүлээн истэр ырыаһыттара, элбэх ырыа ааптара,  олус талааннаах, идэтигэр бэриниилээх  Прокопий Федоров «Дьол» диэн ырыата  чэпчэки матыыптаах буолан, киһи тута өйдүүр, мэлдьи ыллыы сылдьаргын билбэккэ да хаалаҕын. Ол иһин, элбэх дьон сүрэҕэр киирэн, астынан ыллыыллар уонна куоластарын биэрдилэр дии саныыбын.

Ити ырыаҕын саха ыалын гииминэ, чуолаан эдэрдэргэ алгыс ырыа буолуон сөп диэн сыаналааччылар бааллар. Дьол диэн тугуй?

– Саха ыалын гииминэ буоллаҕына, бары да үөрүө этибит. Ханнык баҕарар киһи эйигин ахтар-саныыр кэргэннээх, күҥҥэ тэҥниир оҕолордоох, ыарахан үлэ кэнниттэн сынньанар сылаас дьиэлээх-уоттаах, таптыыр идэлээх, бырааһынньык курдук настарыанньалаах барар үлэлээх буоллаҕына, дьоллоохпун дэниэҕэ

— Эйигин дойдугар «Фомична» диэн убаастаан ааттыылларын истэбин. Оттон махталлаах истээччилэриҥ «Саха Анна Германа» дииллэрин хайдах ылынаҕын?

— Анна Герман курдук биллиилээх ырыаһыты кытары тэҥнииллэрэ соһуччу, долгутуулаах уонна үөрүүлээх. Таптыыр ырыаһытым ырыаларын сахалыы тыыннаан, көҥүл тылбааһынан ыллаабытым үһүс-төрдүс сылыгар барда.

— Үс кыыһы күн сирин көрдөрбүт Тотоновтар дьиэ кэргэттэригэр ыал аҕатынан дуу, ийэтинэн дуу? Ыал аҕа баһылыга түөрт кэрэ аҥаар ортотугар бэйэтин хайдах сананарый?

– Биһиэхэ ыал ийэтинэн даҕаны, аҕатынан даҕаны буолуон сөп. Ол гынан баран, туох баар кыһалҕаны, улахан боппуруостары бүтэһиктээҕин аҕабыт быһаарар. Кини кэнниттэн атын быһаарыы аахсыллыбатын кэриэтэ. Онон биһиги «ыал аҕатынан» диэн өйдөбүлүнэн олоробут диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Кэргэним, биллэн турар, уолланыан баҕарбыта. Ол гынан баран, күнэ-ыйа кэрэчээн кыргыттарыттан тахсарын билэбин. Кини биһиги ортобутугар ордук күүстээх, эппиэтинэстээх, дурда-хахха курдук сананар.

Олоххор таптаан туттар девиһиҥ ханныгый? Тоҕо?

– «Саҕалаа, ситэр, оҥор, ситис!». Тоҕо диэтэххэ, ылыммыт сыалбын-сорукпун үчүгэй түмүктээх тиһэҕэр тиэрдэрбин сөбүлүүбүн уонна онно дьулуһабын.

— Биллэр суруйааччылар тылларыгар ырыалардааххын дуо?

— СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин, «Дьол» диэн ырыам ааптара Сергей Васильев-Борогонскай, Наталья Михалева-Сайа, Ирина Колодезникова-Ымыы уонна батсаап нөҥүө киэҥник тарҕанан эрэр биир дойдулааҕым Олимпиада Спиридонова (20-тэн тахса хоһоонугар ыллыыбын) тылларыгар ырыалардаахпын.

— Таҥха, ыраастаныы кэмэ кэллэ. Билигин, чуолаан, «Үрдэл» кыайыылааҕын быһыытынан, болҕомто, санаа үллэстиитин ортотугар сылдьаҕын? Онтон сахалыы хайдах харыстанаҕын?

— Олохпор эппиэтинэстээх, долгутуулаах түгэннэр үүнүөхтэрин, улахан түһүлгэҕэ кыттыам уонна ыраах айанныам иннинэ хайаан даҕаны сахалыы-махалыы алаадьы астыыбын. Ол иһин, «Сахам алаадьыта» диэн ырыа үөскээбитэ. Онно эбии «Сахам алаадьыта» диэн ааттаах үҥкүү бөлөҕө тэриллибитэ.

Ырыаттан атын өссө туох дьарыктааххын?

– Дойдубар Кэмпэндээйигэ кулуупка дириэктэрдиибин. Онон бу сүрүн үлэм уонна ырыам таһынан бырааһынньыктарга, үбүлүөйдэргэ, уруу киэһэлэригэр тамадалыыбын.

Инники былааннарыҥ?

— Биир дойдулаахтарбар, Сунтаарга уонна Дьокуускайга иккиһин кэнсиэр тэрийэр санаалаахпын. Маны таһынан, Сахам сирин бары муннуктарыгар гастроллуохпун олус баҕарабын. Ол эрэн, сүрүн үлэбиттэн тутуллабын.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Олоҕун үктэллэрэ:

1988 с. — Бүлүүтэҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ;

2002 с. – СГУ-га культуролог идэтин ылбыта;

2003 с. – үөрэхтээһин менеджменин идэтигэр үөрэммитэ;

2011 с. – «СӨ култууратын туйгуна» ааты ылбыта;

2014-2016 сс. сүүрбэлии ырыалаах үс диискэтэ тахсыбыта.

2016 с. – бастакы сольнай кэнсиэрэ буолбута.

ВИДЕО:

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0