Анна Саввина: “Авиация эйгэтигэр бэйэм кылааппын киллэриэхпин баҕарабын”
Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт “Туйаарыма Куо-2008” (Москва), “Хомус Куо-2009” (Дьокуускай), “Уһук Илин уокурук былаһааккаларын Кэрэ Куота-2017” (Владивосток) куонкурустар кыайыылаахтара, “Мисс Студенчества” (Москва) куонкурус кыттыылааҕа, “Якутия” авиа хампаанньа салаатын начаалынньыга, Дьокуускайдааҕы Гражданскай авиация техническэй училищетын преподавателэ, техническэй наука хандьыдаата – Анна Саввина.
Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах…
– Киһи кэпсэтэн, ынах маҥыраһан билсэр диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ чахчы. Анна, бэйэҥ тускунан кэпсии түс эрэ.
– Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах кыыс оҕото кэлэн турар эбит диэтэргин… Дьоллоох Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм. Ийэм Татьяна Васильевна Саввина Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа буҕаалтыр, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх. Аҕам – Михаил Валентинович Егоров Хотугу сир физико-техническэй проблемаларын институтугар инженер-токарь, Тааттаттан төрүттээх. Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрбитим. Москватааҕы Гражданскай авиация судаарыстыбаннай техническэй университетын бүтэрбитим. Программист-инженер идэлээхпин. Ити сыл тута, уталыппакка аспирантураҕа туттарсыбытым. Былырыын “Управление процессом восстановления авиационной техники в условиях авиа ремонтного производства” диэн тиэмэҕэ үлэбин көмүскээн, техническэй наука хандьыдаата буолбутум. Күн бүгүн сөбүлүүр идэбинэн үлэлии сылдьабын.
Оскуолатааҕы сыллар
– Хомуһу оскуола эрдэхтэн тардаҕын дуо?
– Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан көхтөөхпүн, араас тэрээһиннэргэ кыттабын. Фольклор өттүнэн “Хотугу сулус” телерадиоакадемия биэс төгүллээх лауреатабын. Фольклор көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ хаста даҕаны миэстэлэһэн турабын. Кыра эрдэхпиттэн күрэхтэһэбин. Итиннэ эбээм Раиса Афанасьевна Саввина өҥөтө сүҥкэн. Сүрүн үлэтэ ити эйгэттэн букатын ыраах да буоллар, ыллыырын-туойарын сөбүлүүрэ. Дьокуускайдааҕы Оҕо искусствотын оскуолатыгар З.Н.Кычкина салайар фольклор уонна хомус кылааһыгар үөрэнэ киирбитим. Аан маҥнай, хомуһу нуотанан тардарга кини уһуйбута. Биир күрэхтэһии кэмигэр, виртуоз-хомусчут Ф.С.Гоголева хомуска тардарын сэргии истэн, букатын туруорсан туран, Дьокуускай куораттааҕы Оҕо муусука оскуолатыгар хомус уонна домбра салааларыгар көспүтүм. Кини үөрэппит сыыйа тардыытынан хомуһу тардабын. Сыыйа тардыы киһини уоскутар, өйү-санааны сааһылыыр, бөҕөргөтөр дии саныыбын. Билигин даҕаны хомуска тардыы ити ньыматын ордоробун. Кыра кылааска үөрэнэр сылларбыттан хомуһунан үлүһүйэбин.
–Тоҕо техническэй идэни талбыккыный?
– Сэттис кылааска диэри гуманитарнай хайысхалаах кылааска үөрэммитим. Онтон ахсыс кылаастан хайысхаларынан арааралларыгар, физиканы, математиканы талбытым. Оскуолабын бүтэрэн баран, бастакы үөрэҕим хайаан даҕаны техническэй буолуохтаах диэн сыал-сорук туруоруммутум. Экэнэмиичэскэй, гуманитарнай үөрэхтэри кэлин даҕаны баһылыахпын сөп дии санаабытым. 21-с үйэ – тиэхиньикэ уонна көмпүүтэр үйэтэ. Онон Москватааҕы Гражданскай авиация судаарыстыбаннай техническэй университетын талбытым. Дьоммун, соҕуруу үөрэнэ барыам диэн эрдэттэн сыыйа-баайа бэлэмнээбитим. Авиация салаатын сөбүлээн, үлэлии-хамсыы сылдьабын.
Устудьуоннуур сыллар
– Киин куоракка үөрэнэр төһө уустугуй?
– Үөрэххэ киирбитим кэннэ ийэм барсан, уопсайбын булларан биэрбитэ. Хоспутун өрөмүөннүүргэ көмөлөспүтэ. Дьиҥэр, кууруспутугар сахалартан төрдүө буолан киирбиппит эрээри, иккиэ эрэ бүтэрбиппит. Оттон университет үрдүнэн түөрт уонча этибит, сорохторбут сыыйыллыбыттара.
Сахалыы кэпсэтэ үөрүйэх оҕо, нуучча эйгэтигэр киирэн, бастакы сылбар сахалыы өйдөөбүппүн нууччалыы тылбаастаан баран хоруйдуурум. Сыыйа сайыннаран-сайыннаран иккис куурустан быдан судургутуйбута.
Дьонум кыра эрдэхпиттэн фольклорга сыһыаран, хастыы даҕаны илиистээх олоҥхо тылларын үөрэтэн, өйгө тутар, харахпынан көрөн ылынар дьоҕурум сайдыбыт. Ити үөрэххэ олус туһалаах эбит. Ол иһин ийэбэр этэбин ээ, махталым муҥура суох диэн. Ыал соҕотох оҕото буолан, олус улахан эппиэтинэһи сүгэрбин өйдүүрүм. Үөрэхпэр олус кыһалларым. Кыһыл дипломунан бүтэрбитим.
“Туйаарыма Куоттан” сүрэхтэнэн…
–Кырасыабай кыргыттар куонкурустарыгар кыттыы эйиэхэ тугу биэрэрий?
– Сыанаҕа тахсан хомустаатахпына дьон сэргиириттэн, санаабар, күүс-күдэх эбинэр курдукпун, дууһам үөрүүнэн туолар. Көмпүүтэри кытта сибээстээх үлэлээх буолан, биир үксүн, үлэбиттэн да сынньанар курдукпун. Оттон кырасаабыссалар куонкурустарыгар кыттыым сыала – төрөөбүт Сахам сирин дьоһуннаахтык көрдөрүү. Ханнык баҕарар куонкуруска саҥа дьону кытта билсэҕин, саҥаны, сонуну арыйаҕын.
Бастакы кууруска үөрэнэр сылбар, “Туйаарыма Куоҕа” кытын диэбиттэрэ эрээри, үөрэххэ умса түспүт кыыс бибилэтиэкэттэн быыс булбатым. Эһиилигэр кыттан бастаабытым. Бирииһим – биир ый устата Англияҕа үөрэнэр путевка этэ. Ити куонкурус кэнниттэн араас тэрээһиннэргэ ыҥырылларым үксээбитэ. “ЭПЛ Даймонд” курдук биллэр фирмалар бэйэлэрин оҥоһуктарын көрдөрүүгэ ыҥыраллара. Германияҕа ыытыллыбыт Саха сирин бэстибээлигэр сылдьыбыттаахпын. 2010 сыллаахха И.Е.Алексеев-Хомус Уйбаан, Н.С.Шишигин буолан Японияҕа букатын даҕаны толору кэнсиэр көрдөрбүппүт.
“Уһук Илин форум былаһааккатын Кэрэ Куота”
– Уһук Илин уокурук куонкуруһугар ким ыҥырыытынан кыттыбыккыный?
– Хомус түмэлин дириэктэрэ Н.С.Шишигин биир күн төлөпүөннээн: “Владивостокка барарбытыгар маастар-кылаас көрдөрүөҥ этэ уонна тылбаасчыт наада”, –диэн көрдөспүтэ. Мин балаҕан ыйыгар уоппускалаах буолан, үөрүүнэн сөбүлэспитим. СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэлэрэ ону истэн, куонкуруска кытын диэн этии көтөхпүттэрэ, балаһыанньатын ыыппыттара. Түөрт түһүмэхтэн турара: бэйэни билиһиннэрии, талааны көрдөрүү, өй куонкуруһа (интеллектуальнай), киэһээҥҥи таҥаһы кэтэн көрдөрүү.
Бастакы түһүмэххэ модельер Августина Филиппова тикпит сахалыы таҥаһын кэтэн тахсыбытым. Бэйэм кэпсиэм дии санаабытым да, ыытааччыбэйэтэ билиһиннэрбитэ. Иккис түһүмэххэ хомустаабытым уонна туойбутум. Уруккуттан билэр операторым Николай Петров көмөтүнэн Саха сирин кэмнэрин көрдөрбүтүм. Тохсунньу томороон тымныытын ойуулуурбар тойук туойбутум. Сандал сааһы уруйдуу Дьөһөгөй оҕолорун арыйарбар, хомуспун тарпытым. Саха сайыны көрсөр Ыһыаҕын хомуһунан оһуохайы таһааран билиһиннэрбитим. Хас биирдии кэм видеонан көрдөрүүлээх буолан, ордук ситэрэн-хоторон биэрбитэ. Өй куонкуруһугар сыанаҕа тахсыахпыт иннинэ экология тиэмэтигэр ыйытыы биэрэллэрин туһунан эппиттэрэ. Биһиги үс уһун кыыс бастакы тахсыбыппыт. Мин бастакынан хоруйдаабытым. Төрдүс түһүмэххэ эмиэ Августина Филиппова тикпит олус кэрэ саҕатын кэппитим итиэннэ “Киэргэ” фирма бриллианнаах кыһыл көмүс оҥоһуктарын иилиммитим. Букатын, кыбартыыра сыанатыгар тэҥнээх киэргэли иилинэрбиттэн, испэр, сэрэхэдийэ санаабытым. Ити курдук, хас биирдии түһүмэххэ саха тарбаҕар талааннаах маастардардаах, Сахабыт сирэ ураты кэрэ айылҕалаах, муусукалаах, дьүрүскэн тыастаах үстүрүмүөннээх, сиртэн хостонор баайбытын бу курдук кэрэтик чочуйар талааннаах ювелирдардаах диэн көрдөрөргө дьулуспутум. Мин санаабар, көрөөччүлэр өйдөөбүттэрэ уонна сыаналаабыттара. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ, бастакы миэстэни туох даҕаны саарбаҕа суох Саха сирэ ылар диэн эппиттэрэ. Уһук Илин уокурук хас биирдии эрэгийиэниттэн иккилии буолан кыттыахтаах этибит да, Саха сириттэн соҕотох этим. Иккис-үһүс миэстэлэри Камчатка, Хабаровскай кыргыттара үллэстибиттэрэ.
Интэриэһинэй аат
– Куонкуруһу тоҕо “Краса улиц Дальнего Востока” диэн ааттаабыттарый? Интэриниэккэ соччото суох ис хоһоонноох санаалар этиллибиттэр этэ. Бука, аахпытыҥ буолуо. Тус бэйэҥ итини хайдах ылынныҥ?
– Куонкурус Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум чэрчитинэн ыытыллыбыта. Оттон форум Уһук Илин федеральнай университекка барбыта. Университет киэҥ-куоҥ, уһун уулуссаҕа турар. Бу уулуссаҕа тоҕус эрэгийиэн барыта павильон арыйбыта. Ол тоҕус эрэгийиэни барыларын түмэр уулусса Кэрэ Куота диэн өйдөбүллээх.
Куонкурус туһунан дьон санаатын аахпытым. Сорох түгэннэргэ хомойон ылбытым, сорохторго олус күлбүтүм. Ол гынан баран, чугастык уонна бэйэбэр ылымматаҕым. Биллэн турар, атын соҕустук ааттыахтарын сөп эбитэ буолуо…
Артыыс оруолугар холонуу
– Киинэҕэ уһуллуоххун, сыанаҕа оонньоон көрүөххүн баҕарбаккын дуо?
– Устудьуоннуур кэммэр, 2010 сыллаахха “Ёлки” диэн нуучча киинэтигэр элбэх дьону хабыыга (маассовкаҕа) оонньоон көрбүтүм. Бортпроводница кыыс оруолун толорбутум.
Нуучча киинэлэрэ хайдах уһуллалларын, сүрүн оруолу толорор биллэр артыыстар хайдах оонньуулларын интэриэһиргээн тиийбитим. Кастины ааспытым. Актер буолар уустук эбит. Аҕыйах түгэни устаары, хара сарсыардаттан саҕалаан баран, түүн үөһүгэр биирдэ бүппүппүт.
Кыра эрдэхпиттэн дьон иннигэр ыллыы-туойа үөрүйэҕим өтөн дуу, камераны букатын атыҥырыы көрбөтөҕүм, оруола даҕаны кыра этэ. Саҥа, сонун саҕалааһыннарга үөрүүнэн ылсабын. Дьиҥэр, киинэ эйгэтин арыйан көрүөхпүн баҕарабын.
Наукаҕа ылсыы
– Кандидатскай үлэҥ ис хоһооно тугуй?
– Москватааҕы Гражданскакй авиация судаарыстыбаннай техническэй университетыгар “Салгын тырааныспарын эксплуатациялааһын” идэтигэр киирбитим. Авиационнай тиэхиньикэни өрөмүөннүүргэ, чөлүгэр түһэрэргэ бэйэм бырагыраама айбытым. Хас биирдии тиэхиньик араас элбэх документациялаах, формулалаах. Ол формулатын барытын бырагыраамаҕа киллэрэн, холобура, хайдыы төһө дириҥин, улаханын ыйан киллэрдэххэ, бырагыраама барытын ааҕар-суоттуур уонна чөлүгэр түһэриигэ ханнык ньыманы туттуохха сөбүн көрдөрөр. Биллэн турар, мин иннибинэ үгүс учуонайдар ити тиэмэҕэ ылсан үлэлээбиттэрэ, суруйбуттара. Кинилэр теорияларын хомуйан, быраактыкаҕа киллэрбитим. Маҥнай Москваҕа бөртөлүөт өрөмүөннүүр собуокка туһанан көрбүтүм. Билигин “Якутия” хампаанньаҕа, түгэн төһө көстөрүнэн, тиэхиньиктэр туһаналлар.
– Салгыы сайыннаран дуоктар истиэпэнин көмүскүөххүн баҕарбаккын дуо?
– Хас биирдии көмпүүтэр бырагырааматын курдук, кэмиттэн-кэмигэр саҥардан биэрэр ирдэнэр эбит. Үлэм таһынан көрөн, кыралаан саҥарда сатыыбын. Улахана суох авиационнай-техническэй базалаахпыт. Кэллиэгэлэрим миэстэтигэр көрө-билэ сылдьан дуоктарскайгын суруй дииллэр. Оҥорооһуна судургу эрээри, кумааҕы үлэтэ олус элбэх бириэмэни эрэйэр, сылаалаах даҕаны диэххэ сөп. Онон кыратык тыын ыла түһэн баран ылсар санаалаахпын.
Баҕа санаа
– Анна, инникитин туох былааннааххыный?
– Идэбин сөпкө талбыт эбиппин. Чопчу авиация салаатыгар хаалар санаалаахпын. Сиэннэрим, хос сиэннэрим киэн тутталларын туһугар, авиация эйгэтигэр, түөн саҕа да буоллар, бэйэм кылааппын киллэриэхпин, суол-иис хаалларыахпын баҕарабын.
– Бэрт сэргэх сэһэргэһии таҕыста. Махтал!
Олоҕун олуктара
1989 с. олунньу 6 күнүгэр төрөөбүтэ;
2006 с. оскуоланы бүтэрбитэ;
2006-2011 сс. Москватааҕы Гражданскай авиация судаарыстыбаннай техническэй авиация университетыгар үөрэммитэ;
2010-2012 сс. “Алмаз-Амтей” байыаннай конструкторскай бюроҕа үлэлээбитэ;
2012-2015 сс. вэб-бырайыактары оҥорууга менеджердээбитэ;
2011-2015 сс. аспирантураҕа үөрэммитэ;
2016 с. кандидатскай үлэтин көмүскээбитэ;
2015 с. күн бүгүҥҥэ диэри “Якутия” авиа хампаанньа салаатыгар начаалынньыктыыр. Итини сэргэ, ааспыт сылтан Дьокуускайдааҕы Гражданскай авиация техническэй училищетыгар преподавателлиир.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru