Кыайыы бырааһынньыга — хас биирдиибитин долгутар харах уулаах бырааһынньык.
Аҕа дойду сэриитэ ааспыта төһө да ырааппытын иһин, алдьархайдаах сэрии дуораана сүтэн-оһон биэрбэт. Ол да иһин, сүрэх кыланыыта, дууһа муунтуйуута (айар-тутар идэтиттэн тутулуга суох) хоһооннорго хоһуллар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
ХИФУ медицина институтун бэтэрээн-преподавателэ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна Анна Николаева—Анна Лэгэнт аҕатын оҕо сылдьан хайдах өйдөөн хаалбытын маннык хоһуйар:
«Аҕабын өйдүүбүн оҕо сылдьан:
Аҥаар атаҕар баттыктаах иһэрин
Ыраахтан көрөммүн утары сүүрэрим киниэхэ.
Итиэннэ бу акаарычаан кыысчаан
Аҥаар атахпар кылыйсан,
Кэлсэрим тайахтан тайансан.
Оо, аҕам барахсан!
Уоттаах сэрии ханнык толоонугар
Хааҥҥын тоҕон, сэймэктэнэн,
Аҥаар атаххын толук ууран,
Мас тайахтанан кэлбиккиний?
Аҕабын олуһун таптыырым.
Саамай таптыыр, атаахтатар
Орто кыыһа мин этим.
Олус эрдэ сарсыарда
Тэҥҥэ турар үһүбүн.
Өйдүүбүн ээ мин ону:
Оһох иннин, сылаас суоһун,
Көтөҕөн олорон таҥыннарарын,
Иэдэһин, бытыгын хатыытын
Кырачаан илиибинэн имэрийэрбин.
Аһынарым аҕабын олуһун,
Арыый улаатан иһэн.
Аҕыйах саҥалаах, көнө майгылаах
Өйдүүбүн ээ, мүчүк гынан үөрэн ыларын.
Ити кэннэ аргыыйдык
Баттаҕа суох, тараҕай төбөтүн
Ытыһынан имэринэн ыларын.
Оо, аҕам барахсан!
Ааспыт сэрии ыар тыына
Кэбирэппит эбит эн үйэҕин,
Ол иһин, олохтон эрдэлээн
Барбыккын эбит эн биһигиттэн.
Анна Лэгэнт бу хоһоонун лиирик-бэйиэт Николай Чуор үбүлүөйүгэр аахпытын норуодунай бэйиэт Сэмэн Руфов: «Хоһоонуҥ киһи дууһатын таарыйар», – диэбит. Улахан бэйиэт хайҕалын ылан, Анна Иннокентьевна бу хоһоонун кылааһын оҕолорун кытары көрсүһүүлэргэ, үбүлүөйдэргэ ааҕар буолбут.
«2000 c. кыайыы 55 сылыгар анаммыт «Өйдөбүнньүк» кинигэҕэ аҕам киирбэтэҕин билэн наһаа хомойбутум, аҕам иннигэр буруйдаах курдук санаммытым. Санаам наһаа түһэн, сүрэҕим кыланыытын түмүгэр итинник хоһоон тахсан кэлбитэ», – диэн Анна Лэгэнт кэпсиир.
«Өлбөт үйэлээх полк»
Буҕаалтыр идэлээх, суруйар талааннаах Суруйдаана аҕыйах сылтан бэттэх киэҥ хамсааһыны таһаарбыт «Өлбөт үйэлээх полк» туһунан суруйбакка буолар кыаҕа суоҕун этэр:
«Улуу Ванга эппитэ дьэ, кэллэ:
Аан дойду үрдүнэн тилиннилэр
Сэрии уотугар умсубуттарбыт,
Кыайыы туһугар охтубуттарбыт-
Хааннарын-сииннэрин сотуннулар,
Буордарын-сыыстарын тэбэннилэр,
Биир кэккэнэн сэлэлии хаамтылар
Аҕалбыт Кыайыыларын күнүгэр.
Оҕолорун, дьоннорун көрөннөр,
Сайдыылаах олохпутун сөҕөннөр,
Дуоһуйдаҕа толук дууһалара,
Туоллаҕа итэҕэс санаалара…
Бүгүн тахсыҥ бары болуоссакка!!!
Хаамсыаҕыҥ биир кэккэнэн иһийэн-
Улуукан Кыайыыны уруйдаһа,
Уоттаах сэриини бопсо-утарса,
Дьоллоох, иллээх олоҕу түстэһэ
Иһэллэр биһигинниин… кинилэр!»
Ыам ыйын 9 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Өлбөт үйэлээх полк» хаамыытыгар 30 тыһыынчаттан тахса киһи кытынна. Кинилэр бары кыргыһыы хонуутугар өлбүт, сураҕа суох сүппүт, олохторун толук уурбут чугас дьонноругар сүгүрүйэн, өйдөөн-санаан аастылар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru