«Эбиэт кэмигэр хаҥкылыы кэлэбин» – диэн санаатын үллэстэр 75 саастаах Анна Готовцева.
Дьокуускайга Ленин болуоссатыгар оҥоһуллубут хаҥкылыыр сиргэ оҕо-аймах хото мустар. Арай эбиэт кэмигэр салгын сии сылдьан көрдөхпүнэ, аҕам саастаах кэрэ аҥаар хаҥкылыы сылдьар. Хайа эрэ сиэнин кытта кэлбит эбээ кыралаан дьарыктанар буоллаҕа дии санаан, кэпсэтэргэ соруннум.
—— Мин аатым Анна Ивановна Готовцева диэн, сааһым — 75-им. Куорат дьаһалтатын дьиэтигэр атыылыыр киоскаҕа үлэлиибин. Эбиэтим кэмигэр сааскы сибиэһэй салгынынан тыына таарыйа, хаҥкылыы кэлэбин. Бэйэм биэс оҕолоохпун, сиэннэрдээхпин.
Анна Ивановна биһигини кытта кэпсэтэ турдаҕына, кырачаан кыыс хаҥкылыы-хаҥкылыы элээрдэн кэлэн сиэтэр, онуоха мин: “Сиэниҥ дуо?” – диэн ыйытабын, онуоха кыысчаан: «Суох, эбээм буолбатах, бииргэ хаҥкылыыр дьүөгэм», — диэн бэрт чобуотук эппиэттээтэ. Кинилэр салгыы хаҥкылыы бардылар.
«Сааскы салгын сибиэһэйин иҥэринэн салгыы үлэлиир сэниэни хаҥкылаан булуохха сөп эбит» диэн мин кэннилэриттэн ыраастык ымсыыра хааллым.
Сааскы сибиэһэй салгыҥҥа бүтэй салгыннаах кэбиниэккэ хаайтарбакка, хаары баттаһа тахсан хаҥкылааҥ, дуоһуйа сынньаныҥ.
Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru
Айтана АММОСОВА хаартыскаҕа түһэриитэ.