Анна Филиппова: «Поле чудес» бириистэрин аҕалбатым (ЭКСКЛЮЗИВ)

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ киэһэ хойут көстүбүт «Поле чудес» федеральнай телевизионнай биэрии кыайыылааҕа Анна Филиппова Еdersaas.ru сайтка эксклюзивнай интервью биэрэргэ сөбүлэстэ.

Прокопий Бубякин, https://edersaas.ru

— Анна, бэҕэһээ киэһэ эн кыайыыгын «Маҥнайгы» ханаалга саха дьоно астына көрдүбүт. Хайдах талыллан бардыҥ?
— Оҕом төрөөбүт күнүн ылаары түбүгүрэ сырыттахпытына, Дьокуускайтан СӨ ИДьМ Куултурунай киинин начальнига Юта Асекритова соһуччу эрийбитэ. Иллэрээ сыл «Краса полиции» куонкуруска кыттыыбар хомустуурбун өйдөөн көрбүт. «Кыттаҕын дуо? Биэс мүнүүтэ толкуйдан», — диэбитэ. Хомуска оонньуур киһини көрдөөбүттэр, биир кыыс аккаастаммыт этэ. Кэргэммэр төлөпүөннээн ыйыппытым, кини соһуйбута а5ай, итэ5эйбэтэ5э уонна «бачча үчүгэй түгэҥҥэ бардахха табыллар» диэбитэ. Асекритоваҕа төлөпүөннээн сөбүлэҥмин биэрбитим. Икки хонугунан куоракка киирэрбэр соруйбута. Кэргэним Николай Филиппов эмиэ полиция офицера, ГИБДД отделын инспектора.

Ыарахан барабаан

— «Поле чудес» барабаана, көрдөххө,  ыарахан баҕайы курдук…
— Чахчы олус улахан, эргитэргэ ыарахан эбит. Долгуйуу да баара.

— Якубовичка Эһээ Дьыл көстүүмэ бэлэҕи биэрэри ким толкуйдаабытай, хайдах бэлэмнэммиккитий?
— Култуурунай киин барытын толкуйдаабыта. Эһээ Дьыл көстүүмүн булбут этэ. Мин Амматтан «Кыыс Амма» статуэтканы, дьэдьэн барыанньатын, хомуһу, кинигэни аҕалбытым. Статуэтканы, хомуһу, дьэдьэни Амматаа5ы ис дьыала отделениетын коллектива кыттыһан ылан ыыппыта.

Табыллан испитэ

— Тыллары таайар төһө ыарахан этэй?
— Тыллар бэйэлэрэ төбөбөр киирэн, табыллан испиттэрэ. Аттынааҕы дьонум сыыһа этэн эҥин, кыах биэрбиттэрэ…
— Биир кыттааччы кыыс массыына сүүйэн ылбыта дии, төһө үөрдэ?
—  Түһүмэҕи кыайбыттар салгыы финалга, студия иһигэр хаалбыппыт. Кини оонньоон бүтэн, гримернайга барбыта. Онон, кинини кэлин көрбөтөҕүм.

— Телевизорга студия сорох өттө көстүбэт. Ол өрүт хайдаҕый — кыараҕас, хараҥа дуо?
— Студия иһэ, биллэн турар, декорация — көстөр өттө сырдык, камера турар өттө хараҥа.

3-4 чаас уһуннаах

— Камера иннигэр толкуйдуу сатыыр, санааны түмэр уустук буолуо…

— Эфиргэ тыл таайарбар өйбүн түмэ сатаабытым. Кэннибэр баар дьон көстүбэттэр, иннибэр туох да көстүбэт, барыта лаампа уота этэ. Хайдах эрэ туман курдук иһигэр, бэйэм-бэйэбэр баарым. толкуйдуурбар ол көмөлөспүтэ. Студия туһунан кэпсиир буоллахха, «Останкиноҕа» вышкаҕа баар. Биэриини, уопсайа, үс-түөрт чаас устубуттара, 12.00 саҕалаан баран 16.00 саҕана тахсыбыппыт. Норуотум иннигэр эппиэтинэс баара — норуоппун түһэн биэрбэт санаалааҕым.

Улахан маастар

— Якубовиһы хайдах киһи дии санаатыҥ?
— Олус ытыктаатым, дьиҥнээх профессионал, маастар эбит. Дьону бэркэ саҥардар. Бэйэтэ күллэрэн, кэпсэтиннэрэн иһэр талааннаах.

Фольклорга үөрэммитим туһалаата

— Балай эмэ хомустуур эбиккин дии, хомуска ханна оонньуу үөрэммиккиний?
— Аммаҕа орто оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаммын, улуустааҕы Оҕо музыкальнай оскуолатын фольклорной отделениетын бүтэрбитим. Учууталым Федорова Анфиса Алексеевна үөрэппитэ.

«Бэйэтэ кыайбыт курдук үөрдэ»

— Кэргэниҥ кыайыыгын хайдах ылынна?

— Николай олус үөрдэ. «Бэйэм кыайбыт курдук буоллум. Мин кыайбыт курдук, эҕэрдэ бөҕө туттум» диэн күлэр.
— Бу күннэргэ эн хаартыскаҥ, аатыҥ батсаабынан хойуутук тарҕанна. Хайдах ону ылынныҥ?
—  Чахчы наһаа элбэх киһи эҕэрдэлиир, дьон хоһоон кытта  айбыт… Оннукка үөрэммэтэхпин. Хайдах эрэ табыгаһа суохтук сананабын. Сахам сиригэр кыайыыны аҕалбыппыттан үөрэбин.  Саамай кылаабынайа ол. Дойдубун түһэн биэрбэтим.
— Юта Асекритова бэркэ ыллыыр эбит дии. Урут ыллааччы дуо?
— Культурнай киини салайар киһи, култуураҕа сыһыаннаах киһи. Наһаа эйэҕэс кыыс.

Бириистэрим Москваҕа хааллылар

Бугул саҕа элбэх бириис сүүйбүтүҥ. Олору аҕаллыҥ дуу хааллардыҥ дуу?
— Бирииһим барыта хаалбыта. Самолекка кыайан батарбаккын. Бииргэ төрөөбүт убайдарым Москваҕа бааллар, кэлин поеһынан манна тиэрдиэхтэрэ. Ютаҕа уонна бүттүүн ИДьМ-ҥа миигин талан ыыппыттарыгар, чугас дьонум өйөөбүттэригэр, куруук миэхэ көмөһөлөр учууталбар Анфиса Алексеевнаҕа «Эдэр саас» нөҥүө махталбын тиэрдэбин.

«Саҥа күҥҥэ» тахсыа

Манна даҕатан эттэххэ, кыргыттар бэнидиэнньиккэ телевидениеҕэ «Саҥа күн» биэрии эфиригэр тахсыахтара. Онно эмиэ көрөөрүҥ.

Дьон астыммыт

Социальнай ситимнэргэ тарҕаммыт комментарийдары көрдөххө, дьон бу кыайыыттан сүрдээҕин үөрдэ. Эриэккэс түгэн — биир да куһаҕан ис хоһооннооҕу түбэһэн көрбөтүм.

Прокопий Бубякин кэпсэттэ, https://edersaas.ru

ХОҺООН

Улуукан Москуба куоракка
«Дьиктилээх хонуу» оонньууга
Россия дьоннорун сөхтөрөн
Сахабыт кыысчаана таҕыста.

Таҕыста сахалыы тылынан
Ырыатын чоргуччу ыллаата
Этигэн хомуһун таһааран
Оонньоото кэрэтик киэн тутта.

Якубович ыйыппыт тылларын
Барытын табатык ааттаата
Биир тэҥҥэ киирсибит дьоннорун
Дьиҥ чахчы баһыйа тутунна.

Түмүгэр кыайыыны ситиһэн
Өрөгөй үөрүүтэ кынаттаах
Саха диэн ким хайа буоларын
Бар дьоҥҥо сиһилии көрдөрдө…

Дьүкээбил.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0