Соторутааҕыта Москва куоракка “Арассыыйа лиидэрдэрэ-2020” куонкурус полуфинала буолла. Кыттааччылар икки күн устата финалга тахсар туһугар кииристилэр. Саха сириттэн Дьокуускай куораттааҕы Мэдиссиинэ киинин куорат таһынааҕы нэһилиэктэр отделениеларын сэбиэдиссэйэ, мэдиссиинискэй наука хандьыдаата, ХИФУ дассыана Иван Луцкан уонна экэнэмиис Анна Алексеева кытыннылар. Полуфинал түмүгүнэн, кинилэр куонкурус 100 бастыҥ кыттааччытын састаабыгар киирэн, финалга таҕыстылар.
edersaas.ru
Кинилэр иһитиннэрбиттэринэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы киэҥ хабааннаах куонкурус полуфинала толору ис хоһоонноохтук уонна тыҥааһыннаахтык барда. Ол курдук, сиэссийэлэр, дьыалабыай оонньуулар, кейстэри таайыы буоллулар. Кыттааччылар дойдуларыгар доруобуйа харыстабылын сайдыытыгар туһуламмыт санааларын, көрүүлэрин билиһиннэрдилэр. Куонкурус кыттыылааҕа Анна Степановна Алексееваны кытта кэпсэттибит.
“ДОРУОБУЙА ХАРЫСТАБЫЛА” САЛАА ЭБИЛИННЭ
— «Арассыыйа лиидэрдэрэ-2020” бырайыак куонкуруһа номнуо үһүс сылын ыытыллар. Куонкуруска 35-тэн үөһээ саастаах уонна салайар үлэҕэ үөрүйэхтээх ким баҕарар кыттыан сөп. Национальнай мэдиссиинискэй балаата бэрэсидьиэнэ, оҕо педиатра, хирург уонна бэрэпиэссэр Леонид Рошаль көҕүлээһининэн сүрүн куонкуруска “Доруобуйа харыстабыла” салаа эбиллэн биэрбитэ. Ити салааҕа икки буолан кытынныбыт. Арассыыйа үрдүнэн 9 745 сайаапка киирбититтэн, ыраахтан ыытыллыбыт түһүмэҕи 332 кыттааччы ааспыт.
Биһиги ити түһүмэххэ ылбыт баалларбытын бигэргэтэн, олунньу 29 күнүгэр Москваҕа баран, көмпүүтэргэ хонтуруолунай тест ааспыппыт. Ол кэнниттэн, полуфиналга дойду 54 эрэгийиэниттэн 237 кыттааччы (ол иһигэр, Уһук Илинтэн – 7 киһи) киирэр буолбута.
КҮҮСТЭЭХТЭН КҮҮСТЭЭХТЭР КЭЛБИТТЭР
— Полуфинал аһыллыытын сиэригэр-туомугар РФ доруобуйатын харыстабылын миниистирэ, “Арассыыйа лиидэрдэрэ-2020” куонкурус “Доруобуйа харыстабыла” салааҕа сүбэһитэ Михаил Мурашко, “Арассыыйа лиидэрдэрэ” куонкурус салайааччыта, “Россия – страна возможностей” кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Алексей Комиссаров, оҕо суһал хирургиятын уонна травматология научнай-чинчийэр институтун бэрэсидьиэнэ, “Арассыыйа лиидэрдэрэ-2020” куонкурус Кэтээн көрөр сэбиэтин чилиэнэ, “Доруобуйа харыстабыла” салаа сүбэһитэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы Норуот фронун киин штабын хос бэрэссэдээтэлэ Леонид Рошаль кытыннылар.
Кыттааччылар тустарынан этэр буоллахха, куонкуруска сытыы өйдөөх, идэлэрин сөбүлүүр, күүстээх уонна доруобуйа харыстабылыгар саҥаны киллэрэргэ бэлэм салайааччылар кэлбиттэр. Чахчыта да, куонкуруска бэйэ-бэйэбитин кытары күрэхтэһэ буолбакка, кыһалҕалаах боппуруостары быһаарарга бииргэ үлэлии кэлбит курдук буоллубут. Ол да иһин, куонкурус сыаналыыр сорудахтара баар чахчыларга олоҕураллар: мэдиссиинискэй тэрилтэлэр эмтэнээччигэ хайысхаларын үрдэтиигэ этиилэри киллэрии, быраас алҕаһыыр балаһыанньатын быһаарыы, “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагы хамсатарга волонтердары интэриэһиргэтии уо.д.а.
Кыттааччылар ортолоругар эдэрдэр олус элбэхтэр. Полуфиналга тахсыбыттар ортолоругар 87 кыттааччы – 26-34, 73 кыттааччы — 41-50 саастаахтар, үгүс үөрүйэхтээхтэр. Саамай эдэр кыттааччы, 19 саастаах Милана Гаджимурадова Махачкалаттан кэлбит. Омук сириттэн кыттыбыт, Киргизияттан кэлбит Сергей Грошев – наука хандьыдаата, фармацевтика эйгэтигэр үлэлиир.
РФ доруобуйатын харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко куонкурус кыттыылаахтарыгар туһаайан тыл этэригэр, саҥа ыҥырыыларга толору эппиэттэһэр кыахтаах лиидэрдэр наадаларын бэлиэтээтэ.
“Биир өттүнэн көрдөххө, мэдиссиинэ киһи туһунан уонна доруобуйатын үөрэтэр үгэс буолбут наука. Ол гынан баран, билигин биһиги урут билбэтэх даҕаны ньымаларбыт олоххо киирдилэр. Биһиги ыарыыттан өлүүнү, инбэлииккэ тахсыыны аҕыйатар саҥа кирбиилэргэ тахсабыт. Онуоха сүҥкэн технологиялар – генетическэй чинчийиилэр, визуализация саҥа ньымалара уо.д.а. көмөлөһөллөр. Оттон атын өттүнэн көрдөххө, доруобуйа харыстабылын инфраструктуратын хаачыстыбатыттан астыммат эмтэнээччилэри кытары алтыһарга бэйэбит көрүүбүтүн уларытыахтаахпыт буолаарай? Ханнык технологиялары уонна үлэ ньымаларын туһаныахтаахпытый? Биллэн турар, маны барытын мэдиссиинэ үлэһиттэрин уонна эмтэнээччилэри кытары баар кыһалҕалары дьүүллэһэн эрэ баран, быһаарыахха сөп. Биһиги “лабораторнай” ньыматтан эмтэнээччилэр дьиҥнээх кыһалҕаларын быһаарар үлэ ньыматыгар көһүөхтээхпит. Эминэн хааччыйыы технологияларын, эмтиир тэриллэринэн хааччыйыыны, эмтэр туһаларын сыаналааһыны сабаҕалааһыҥҥа көмөлөһүөхтээх улахан чахчылары туһаныахтаахпыт. Онуоха тэрийэр, салайар үөрүйэх, түмүгү сабаҕалыыр уонна ситиһэр дьоҕур наада. Куонкуруска үйэни уһатар, нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарар, ону сэргэ, эмтэнээччилэргэ сөптөөх болҕомтону уурар кыахтаах доруобуйа харыстабылын салаатын бастыҥ исписэлиистэрэ муһуннулар. Кинилэр чугастааҕы сылларга салааны уларытар лиидэрдэр буолуохтаахтар. Куонкурус түмүгүнэн мэдиссиинискэй тэрилтэлэр каадырдарын уопсай резервэтэ тэриллиэ”, —— диэтэ Леонид Рошаль.
БИЛИИНИ БАЙЫТААРЫ
— Куонкурус кэмигэр сынньалаҥҥа биир идэлээхтэрбитин кытары чугастык билистибит, атын эрэгийиэннэргэ уонна куораттарга доруобуйа харыстабыла хайдах тэриллибитин туһунан элбэҕи биллибит.
Мин Москва уонна Москва уобалаһын, Санкт-Петербург, Красноярскай, Хабаровскай, Чувашия уонна Башкортостан Өрөспүүбүлүкэлэрин, Пермь кыраайын уонна Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук уо.д.а. эрэгийиэннэр кылаабынай быраастарын уонна мэдиссиинискэй институттарын салайааччыларын кытары кэпсэттим.
Миигин Уһук Илиҥҥэ РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин солбуйааччы Георгий Куранов ыыппыт стратегическай сиэссийэтэ олус интэриэһиргэттэ. Сиэссийэ тиэмэтэ — географическай өттүнэн ураты килиимэттээх сирдэргэ табыгастаах мэдиссиинискэй көмөнү оҥоруу. Амбулатория, сытар балыыһа, чааһынай тэрилтэлэр көмөлөрө хайдах буолуохтаахтарый? Үп хааччахтанар усулуобуйатыгар үп-харчы чопчу туохха бэриллиэхтээҕий? Оройуон кииниттэн 300 килэмиэтир ыраах тайаан сытар, тырааныспар сырыыта суох кыра сэлиэнньэлэргэ күрэстэһии сокуоннара дьайбаттарын, онно чааһынайдар үлэлии кэлбэттэрин биир идэлээхтэрбэр итэҕэтэргэ тиийдим, барытын хайдах баарынан кэпсээтим. Георгий Куранов биһиги хамаандабыт этиилэрин: теле-мэдиссиинэ, ыраахтан оҥоһуллар сыыппаралаах лабораторнай диагностика, булгуччулаах мэдиссиинискэй страховкалааһын үбүн тыырыыга уларыйыылар уо.д.а. тустарынан боппуруостарга этиилэрбитин “үчүгэйинэн” сыаналаата.
КУОНКУРУСТАН ХАННЫК ҮӨРҮЙЭҔИ ЫЛЛЫМ?
-Куонкурус мин олохпор барытын сөпкө оҥорорбун бигэргэттэ диэхпин сөп. Олоххо туох барыта баайынан уонна албан аатынан кээмэйдэнэр буолбатах. Миэхэ олох ханнык сыаннастара уонна ханнык көрүүлэр дьоһун суолталаахтарый? Кылаабынайа – саҥаны ылынар буолуохха, духуобунай уонна өй-санаа өттүнэн сайдыахха наада. Билиини-көрүүнү саҥардыахха наада, олох биһиэхэ мэлдьи саҥаттан-саҥа соруктары туруорар, онон, бэйэ билиитин систиэмэлээхтик саҥардыы улахан суолталаах. Интэриниэт биһиэхэ элбэх кыаҕы биэрэр, саҥаны киллэрииттэн куттанымыахха эрэ наада. Эдэрдэр бэйэҕит билиигитин хаҥатыныҥ, федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи куонкурустарга кыттан иһиҥ, олох үөһүгэр сылдьарга кыһаллыҥ уонна билиигитин, сатабылгытын уонна үөрүйэххитин куруук үрдэтиниҥ.
Иккиһинэн, ханнык баҕарар үлэҕэ дириҥ өйдөбүллээхтик сыһыаннаһыахха наада. Тоҕо диэтэххэ, “хайдах оҥорору” билии эрэ буолбакка, “туохха оҥоһулларын” өйдүүр олус суолталаах.
Үсүһүнэн, киһи итэҕэйэр киһитэ буолуохха. Бу сорук миэхэ ылыммыт эбэһээтэлистибэбин толоруу, көмөҕө наадыйар дьоҥҥо көмөлөһүү, чиэһинэй, бэрээдэктээх буолуу, бэйэни кыатана туттуу, атын дьоҥҥо ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыы, эппиэтинэс, тулуурдаах буолуу уонна түмүктээх үлэни ситиһии курдук сыаннастары түмэр.
ИДЭБИН ЭҺЭЭБИТТЭН УТУМНААБЫТЫМ
— Мин бэйэм Уус Маайа оройуонугар көмүһү хостооччулар бөһүөлэктэригэр Ааллаах Үүҥҥэ күн сирин көрбүтүм. Ийэм олохтоох биэлсэр-акушер пуунун биэлсэрэ, аҕам хайа инженерэ этилэр. Төрөппүттэрим ыарахан үлэлээх буоланнар, саха ыалыгар мэлдьи да буоларын курдук, миигин эбээм уонна аҕам эдьиийэ көрбүттэрэ-истибиттэрэ. Ол да иһин, эдьиийбин иккис ийэбинэн ааттыыбын. Саастаах дьон мындыр өйдөрүнэн уонна өйөбүллэринэн, бииргэ төрөөбүт убайбын уонна эдьиийбин кытары сибээспин хаһан да быспатаҕым. Ийэм мин быраас, оттон аҕам үп-харчы үлэһитэ буоларбар баҕарбыттара. Миэхэ үп-харчы үлэһитэ идэлээх эһээм туһунан олус элбэҕи кэпсииллэрэ, онон ити идэҕэ ытыктабылым кыра эрдэхпиттэн үөскээбитэ.
Эһээм Василий Протодьяконов Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр САССР үбүн наркома этэ. Эһээбин кытары төһө да элбэхтик уонна чугастык алтыспатаҕым иһин, төрөппүттэрим куруук кинини холобур туттан кэпсииллэрэ. Василий Андреевич үлэтэ-хамнаһа сэрии ыарахан сылларыгар ааспыта. Ол кэмҥэ даҕаны үп-харчы эргийиитэ тохтооботоҕо, судаарыстыба хааһыната Саха сиригэр хостонор көмүһүнэн, балыгынан, түүлээҕинэн толорулла турбута. Уопсайынан, үп-харчы үлэһитин идэтэ миэхэ утумунан бэриллибитэ диэн этиэхпин сөп.
Дьокуускайга үп-экэниэмикэ кэллиэһин бүтэрэн баран, үлэбин 1993 сылтан 1 категориялаах исписэлиистэн саҕалаабытым. Онтон 2010-2017 сылларга СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин экэниэмикэ боппуруостарыгар солбуйааччынан үлэлээбитим.
Бу кэмнэргэ салайар үлэҕэ ылбыт үөрүйэҕим уонна доруобуйа харыстабылын систиэмэтигэр салайар үлэ боппуруостарыгар Москваҕа, Германияҕа стажировкаҕа сылдьыым төрөөбүт Сахам сирин чиэстээхтик көрдөрөргө уонна куонкурус финалыгар тахсарбар көмөлөстө.
СОЦИАЛЬНАЙ БЫРАЙЫАК ТУҺУНАН
-Салайааччылар куонкурустарын чэрчитинэн, гражданскай көҕүлээһиммин — “Аллергия, тохтоо!” социальнай бырайыагы олоххо киллэриини саҕалаабытым.
Бырайыак сыала-соруга – нэһилиэнньэни уонна тэрилтэлэри баҕа өттүнэн үлэҕэ тардыы, аллергиктар уонна кинилэр чугас дьоннорун олохторун хаачыстыбатын тупсарыы, анал мэдиссиинискэй көмөҕө наадыйааччылары булуу, аллергиктар кыһалҕаларыгар уопсастыбаннас болҕомтотун туһаайыы.
Мин тоҕо чопчу бу хайысханы талбыппыный? Мин бэйэм аллергикпын уонна маннык ыарыылаах дьон туох ыарахаттары көрсөллөрүн олус үчүгэйдик билэбин. Аныгы кэмҥэ аллергияттан нэһилиэнньэ 40 бырыһыанын кэриҥэ эмсэҕэлиир. Аллергия төрүөттэринэн тымныйыы, куоппас, олоххо-дьаһахха туттуллар химия, эмтээх препараттар, килиимэт уонна экология уратылара уо.д.а. буолуохтарын сөп. Аллергия ыарыылара үгүс киһи олоҕун хаачыстыбатын мөлтөтөллөр, эмтэнэн үтүөрүү кыаллыбатын кэриэтэ.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр аллерголог-быраастар тарбахха баттанар ахсааннаахтар. Кинилэр бары Дьокуускай куоракка эрэ үлэлииллэр. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, ордук кыра оҕолоохтор, ыарыыны билиигэ уонна сэрэтиигэ анаммыт иһитиннэриилэргэ наадыйаллар. Билиҥҥитэ “Аллергия, тохтоо!” бырайыакка куораттар бастакы сүһүөх эмтиир тэрилтэлэрэ, иккис таһымнаах мэдиссиинискэй көмө оройуоннааҕы тэрилтэлэрэ интэриэстиэхтэрин биллэрдилэр. Бырайыак нэһилиэнньэҕэ анал көмөнү оҥорор эбии кыахтары биэриэн сөп. Бырайыакка кытталларын Дьокуускайдааҕы Мэдиссиинэ киинэ, 3 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһа, Уус Маайа, Өлүөхүмэ улуустарын Киин балыыһалара, Дьокуускай куорат үөрэхтээһиҥҥэ управлениета бигэргэттилэр. Дьокуускайга эмоциональнай интеллеги сайыннарар оскуоланы кытары 5-6 кылаас оҕолоругар анаан сайдыы бырагырааматын оҥоруохпут. Бырайыагы олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара уонна атын тэрилтэлэр өйүүүллэригэр олус эрэнэбин.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан.