Биир дойдулаахтарбыт араас дойдуларга тарҕанан олороллор. Кинилэр ситиһиилэрэ үөрдэр, үрдүккэ кынаттыыр.
Юлия Иннокентьева АХШ Колумбия куоратыгар олорор, Миссури университетыгар докторантураҕа биоинформатик идэтигэр үөрэнэр уонна профессор көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир. Кини “инстаграмҥа” уонна “ютуб” ханаалыгар Америкаҕа олох, үөрэх туһунан киэҥник сырдатан суруйар.
Кини Алексеева оскуолатын, Губкин аатынан Россиятааҕы ньиэп-гаас университетын инженер-эколог идэлээх бүтэрбитэ. Дьокуускайга кэлэн баран, ХИФУ экономическай институтугар инновационнай менеджмент идэтигэр үөрэммитэ. Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ киинигэр үлэлиир кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан электроннай регистратура уонна “Бырааһы ыҥырыы” мобильнай сыһыарыы олоххо киирэригэр үлэлээбитэ.
Соһуччу быһаарыныы
— Америкаҕа барар туһунан эрдэттэн сыал-сорук оҥостубутуҥ дуо?
— Оннук өй-санаа суоҕа. 2015 сыллаахха дьүөгэлэрбин кытары Саҥа дьылы Нью-Йорк куоракка көрсөргө быһаарыммыппыт. Таарыйа Орландоҕа, Майамига сылдьар былааннаах этибит. Барыта онтон саҕаламмыта диэххэ сөп.
Нью-Йорка сылдьан Колумбийскай университет кампуһугар алҕас тиийэн хаалбытым. Тиэтэйбэккэ хаама сылдьан дьиэлэрин-уоттарын, устудьуоннар, профессордар кэлэллэрин-баралларын көрбүтүм-истибитим. Хайдах эрэ киинэҕэ киирэн хаалбыт курдук этим. Университет символын – хахайы имэрийэн баран, Дьокуускайбытыгар төннүбүппүт…
Биирдэ үлэлиир хоспор бадарааннаах уулуссаны, курас эйгэни көрө олорон, ол университекка, куруук чаҕылхай күннээх, чээл күөх кампуска, мичээрдии сылдьар профессордар, бэһиэлэй устудьуоннар ортолоругар баар буолан хаалыахпын олус баҕарбытым…
Уһата барбакка, “гуглга” “USA grants for international students” диэн суруйбутум. Аан бастакынан аан дойдуга аатырар “Фулбрайт” саайтын булан, киирэн көрбүтүм: сайаапканы ылан бүтэллэрэ икки эрэ нэдиэлэ хаалбыт!
Дьэ, дьиэбэр сүүрэн кэлээт, “алдьархайдаах” эссе суруйан бардым, сайаапканы толордум, рекомендациялары хомуйдум. Докумуоннарым тутан бүтэллэрэ биир хонук иннинэ Москватааҕы офистарыгар этэҥҥэ тиийбит.
Ыра санаа туолуута
— Дьэ, граны хайдах ылыахха с6п эбитий?
— “Фулбрайт” гранын ыларга куонкурус түөрт түһүмэхтээх этэ, сылы быһа ыытыллыбыта. Кырдьыга, түһүмэҕи ааһыам диэн күүппэтэҕим даҕаны диэххэ сөп. Эрэл кыыма кыламныыра эрээри, итэҕэйиэхтээҕэр, ол туһунан кэпсэтиэхтээҕэр буолуох, саныахпын да куттанар этим.
2015 сыл бэс ыйын 30 күнүн олус чуолкайдык өйдүүбүн. “Эҕэрдэлиибит, иккис турга аастыҥ!” диэн суруйбуттар этэ. 600-тэн тахса киһиттэн 150 киһини талбыттар!
Уоскуйа түһэн баран, хос аахпытым, “от ыйын 11 күнүгэр TOEFL эксээмэни туттарыахтааххын” диэн суруллубутун көрөн баран, устуулбуттан суулла сыспытым. Дьон бу английскай тыл эксээмэнигэр сылы-сылынан бэлэмнэнэллэр. Оттон мин уон күнүнэн туттарыахтаахпын, бу алдьархайы! Хайыахпыный, уоппуска ылан баран, дьиэбэр хатанан олорон, күнүстэри-түүннэри үөрэппитим, тестэри толорбутум.
Эксээмэн уустук этэ, Москваҕа туппуттара. “Фулбрайт” эксээмэн сыанатын (300 доллар) тута төлөөбүтэ. Ол кэнниттэн эмиэ кэтэһии, туох да биллибэт… Атырдьах ыйын бүтэһигэр биллэриэхпит диэбиттэрэ. Дьэ, бу манна мин долгуйан, ньиэрбинэйдээн барбытым.
Ол эрээри 91 баалга туттарбыт этим, ол TOEFL эксээмэнигэр үрдүк баал. Атырдьах ыйыгар бу түһүмэҕи ааспытым туһунан сурук кэлбитэ. Аны балаҕан ыйыгар GRE эксээмэнин туттарыахтаахпын уонна Россияҕа “Фулбрайт” салалтатыгар кэпсэтиинэн тургутугу ааһыахтаахпын. Эмиэ үөрүү уонна долгуйуу!
GRE диэн – американскай магистратураҕа киирэргэ биир кэлим эксээмэн, бэл, английскай тыллаах дьон бэйэлэрэ судургута суоҕунан ааҕаллар. Иккис чааһа – математикаҕа орто оскуола таһымнаах эксээмэн. Үһүс чааһа – икки уһун-киэҥ эссе.
Дьэ, “Фулбрайт” гостиницаҕа олорорбун, эксээмэн уонна айаным ороскуотун төлөөтө, онон Москваҕа көттүм. Уопсайа ол сыл Москваҕа түөрт төгүл бара сылдьыбытым. Билэр дьонум ханна, тоҕо барарбын ыйыталаһаллара да, дьиҥнээх биричиинэтин эппэт этим.
Сарсыныгар “Фулбрайт” салалтатын кытта кэпсэтиигэ бардым. Хамыыһыйаҕа мин эссебин тутан олорон, английскай тылынан араас ыйытыылары биэрбиттэрэ. Бэйэм да соһуйуом иһин, английскайдыы олус бэркэ кэпсэппитим, күлэн-оонньоон, дьээбэлэнэн да ылбытым. Кэлин билбитим, кэпсэтии түмүгүнэн “бэрт чаҕылхай, бэйэтигэр эрэллээх кыыс, санаатын сааһылаан этэр” диэн суруйбуттар этэ.
Эмиэ уһуун-уһун кэтэһиилээх ыйдар сыылан испиттэрэ.
Дьэ, муус устар ый бүтэһигэр, поликлиникаҕа үлэлии сылдьан, кэтэһиилээх сурукпун туттум ээ! Миссури университетыгар уопсастыбаннай доруобуйа харыстабылын бырагырааматын дириэктэрэ эҕэрдэлээбит уонна Колумбия куоракка кэтэһэллэрин суруйбут этэ.
Грант дуогабарын ааҕан баран, мөлүйүөнүнэн солкуобайы сүүйбүппүн өйдөөбүтүм: Америкаҕа үөрэнии, стипендия, страховка, океаны уҥуордаан көтүү олус ыарахан буолар эбит! Холобур, университекка 2 сыл үөрэнии сыаната – 5 мөлүйүөн солкуобай. Дьылҕам дьоһун бэлэҕин ууммутун өйдөөбүтүм уонна мүлчү туппатаҕым.
Омук сиригэр олоруу уратыта
— Биллэн турар, атын дойдуга көһөн барыы чэпчэки буолбатах, ордук бастакы ыйдарга. Бастакы семестрга мин үөрэхпин ситиһэрбэр бибилэтиэкэҕэ баран, сарсыарда 8-тан киэһэ 8 чааска диэри олорон үөрэтэрим, ааҕарым. Америкаҕа преподавателлэр биһиэхэ курдук кэпсээн, илдьиритэн биэрбэттэр, үксүн бэйэҥ үөрэтиэхтээххин.
— Омук сиригэр үөрэниэн баҕарар оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Америка университетыгар үөрэнэ киирии – туолар ыра санаа диэм этэ. Онно үрдүк үөрэх хаачыстыбата аан дойду үрдүнэн бастыҥ. Американскай дипломнаах киһи ханнык баҕарар дойдуга баран үлэлиэн сөп. Саамай сүрүнэ, английскай тылы үчүгэйдик билиэххэ, көҥүллүк суруйуохха, кэпсэтиэххэ наада. Английскай тыл эһиэхэ аан дойду аанын арыйыа. Дьиҥэ, АХШ-ка үөрэнэри төлүүр граннар элбэхтэр. Ону тэҥэ, грана да суох магистратураҕа, эбэтэр докторантураҕа босхо үөрэниэххэ сөп. Ол туһунан мин @juliana_ko страницабар уонна “ютуб” ханаалбар кэпсиибин.
— Олоҕуҥ, үөрэҕиҥ, научнай үлэҥ туһунан кылгастык…
— Билигин Миссури университетыгар «Биоинформатика» хайысханан докторантураҕа үөрэнэбин. Көмпүүтэр технологияларын уонна улахан дааннайдар технологияларын туһанан, искэн ыарыыларын чинчийиинэн дьарыктанабын. Бу олус интэриэһинэй тиэмэни билигин аан дойдуга олус сэргииллэр.
Эндрю диэн олохтоох уоллуун билсэн, таптаһан, бииргэ олоробут. Пандемия бүттэҕинэ, сыбаайбалыахпыт. Кини былырыын Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыта. Ыттаахпыт, айанныырбытын сөбүлүүбүт. Өрөбүллэргэ бэлэсипиэтинэн кэрийэ барааччыбыт, киинэ бэстибээллэригэр уонна кэнсиэртэргэ сылдьабыт.
— Эйигин билигин туох үөрдэрий, долгутарый?
— Пандемия барыбыт олохпутугар күүскэ дьайда, үгүстэр курдук, интэриниэтинэн үөрэнэбит. Ол эрээри дьиэҕэ олоруу эмиэ да туһалаах. Эндрюну кытта английскай тылынан холкутук кэпсэтэргэ үөрэтэр онлайн-кууруһу арыйдыбыт, онно ким баҕарар үөрэниэн, кэпсэтэр тылын сайыннарыан сөп.
Билигин сүрүн болҕомтобун чинчийиибэр уурабын. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, чинчийэр хайысхабынан Сахам сиригэр туһалыам диэн бигэ эрэллээхпин. Араас дойду учуонайдара, быраастара, инженердэрэ бииргэ өйдөһөн, көмөлөсүһэн үлэлээтэхтэринэ эрэ искэн курдук уустук ыарыыны булууну уонна эмтээһинин кыайыахха сөп.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: суруйуу дьоруойун архыыбыттан.