Андрюшкиноҕа суол аhыллыбатаҕына, уматыгы Орто Халыматтан аҕалыахтара

25.01.2017
Бөлөххө киир:

Аллараа Халымаҕа хаһааҥҥытааҕар даҕаны сылаас кыһын туран, Черскэй – Андрюшкино хайысхатынан кыһыҥҥы суол кэмигэр аһыллыбакка, олохтоохтору ыксаталыы сырытта. Уматыгы кэмчилиир сыалтан, электричество уотунан туһаныыны хааччахтааһын олохтоно сылдьыбыта.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

«Сахаэнерго» хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, энергетиктэр тохсунньу 21 күнүттэн хааччахтааһыны көтүрэр туһунан быһаарыммыттар. Онон Андрюшкино олохтоохторо суукканы эргиччи электричество уотунан хааччыллан олороллор.

Бүгүҥҥү туругунан, Андрюшкинотааҕы дизельнэй станцияҕа 66 тонна уматык харалла сытар. Станция күҥҥэ ортотунан 2,374 т уматыгы ороскуоттуур. Онон олунньу ортотугар диэри тиийэр саппаастаахтар.

Өскөтүн Черскэй – Андрюшкино хайысхатынан суол хойутаан аһыллар түгэнигэр, таһаҕаһы Орто Халыматтан Арҕахтаахха диэри аҕалар соруктаахтар. Салгыы  буочукаларга кутан, вездеходунан тиэйиэхтэрэ.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0