Андрюшкиноҕа модульнай дизельнэй электростанция тутуллуоҕа

31.08.2018
Бөлөххө киир:

«Сахаэнерго» тэрилтэ («Якутскэнергоҕа» киирсэр) анал киинин үлэһиттэрэ Аллараа Халыма улууһун Андрюшкино бөһүөлэгэр саҥа модульнай дизельнэй электростанция булуоктарын уонна уматыгы хаһаанарга аналлаах  иһиттэри ыыттылар.

edersaas.ru

Бу бөһүөлэккэ 2019 сыллаахха энергетическай хампаанньа инвестиционнай бырагырааматынан  олохтоохтору уотунан хааччыйар саҥа электростанция тутуллуохтаах. Манна даҕатан эттэххэ, электростанцияны уонна уматыгы хаһаанар иһиттэри Андрюшкиноҕа эһиил биирдэ тиэрдиэхтэрэ. Бастаан өрүс суолунан  Черскэйгэ, онтон кыһын суол турдаҕына  массыынанан илдьиэхтэрэ. Энергетиктар саҥа электростанцияны 2019 сылга холбууллара былааннанар.

Модульнай булуоктарга  оператордар олорор, уматыгы бэлэмниир, носуос турар  уонна өрөмүөннүүр мастарыскыай баар буолуоҕа. Ону таһынан,  1070 кВт кыамталаах 5 дизель-генераторнай установка турар анал булуоктара  бааллар.

«Уһук хоту улуустарга баар энергетическай эбийиэктэри саҥардар сыаллаах-соруктаах Андрюшкиноҕа дизельнэй станция «Сахаэнерго» инвестиционнай бырагырааматын чэрчитинэн тутуллар», — диир «Якутскэнерго» ПАУо генеральнай дириэктэрэ Александр Слоик.

«Сахаэнерго» пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0