Андрей Васильев: «Бастыҥ көрдөрүүбэр тиийбэтим»

Бөлөххө киир:

«Манчаары оонньууларыгар» Таатта ыччата Андрей Васильев атах оонньуутугар үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситистэ.

Андрей ааспыт ыйга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр куобахтаан ыстаныыга 43 м 16 см ойон, Саха сирин рекордун олохтообута. Бу да сырыыга бэйэтин көрүҥэр иннин кимиэхэ да биэрбэтэ, ол эрээри ол көрдөрүүтүгэр сэттэ см-нан тиийбэтэ.

«Күрэхтэһии этэҥҥэ ааста, сырабын барытын ууран кииристим. Миэхэ саамай сүрүнэ — муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар киирсиигэ иккис буоллум. Бастыҥ көрдөрүүбэр — рекордпар сэттэ см-нан тиийбэтим. Маныаха тымныы күн туран, ардах түһэн, эбиитин утары тыаллаах буолан мэһэйдээтэ. Үөһээ Бүлүүтээҕи «Манчаарыга» эмиэ куобахха бастаабытым. Быйыл биир үксүн уопсай зачекка сырабын ууран бэлэмнэнним, үлэлээтим», — диэн Андрей Васильев санаатын эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0