Андрей Турчак: «Бастыҥ үлэлээх маҥнайгы сүһүөх тэрилтэлэрбитин сыаналыыбыт»

Ааптар: 
16.11.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускайга “Биир ньыгыл Арассыыйа” политическай баартыйа салалтата баартыйа Уһук Илин федеральнай уокурук эрэгийиэннэригэр  баар салааларын уонна ситэриилээх кэмитиэттэрин салайааччыларын кытары икки күннээх сабыылаах мунньаҕа саҕаланна.

edersaas.ru

Күнүс 2 чаастан саҕаламмыт сабыылаах сүбэ мунньаҕы “Биир ньыгыл Арассыыйа” политическай баартыйа Генеральнай сэбиэтин сэкирэтээрин э.т. Андрей Турчак салайан ыытта.

– Баартыйа салайар уорганнарыгар эрэгийиэннэр бэрэстэбиитэллэрэ хото киириэхтээхтэр. Ону сэргэ үбүлээһин улаатыннарыллан, эрэгийиэннээҕи  салаалар үлэлэрэ күүһүрдүллүөхтээх, бастыҥ үлэлээх маҥнайгы сүһүөх тэрилтэлэр куоластара иһиллиэхтээх. Билигин эрэгийиэннэр  икки ардыларынааҕы сүрүннүүр сэбиэттэр (МКС) быыбардыыр уокуруктарга баайылла сылдьалларын уларытан, урукку ситими сөргүтэн, федеральнай уокуруктарга сыһыарыахпыт. Баартыйа бырайыактарын сааһылыыр уолдьаста, онон Саҥа дьылга диэри аудит ыытыллыаҕа. Ол түмүгэр күн бүгүн баар 25 бырайыактан төһөтө ордуоҕун этэр уустук. Саамай тыын суолталаахтар хаалыахтара, сорох бырайыактар хайысхаларынан көрөн холбонон, бөҕөргөтүллэн биэриэхтэрэ. Баартыйа ис платформалара үлэни-хамнаһы эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы таһымынан тэрийэллэригэр уонна эрэгийиэннэртэн  тахсар идиэйэлэри, көҕүлээһиннэри хамсатар күүс буолалларыгар ирдэбил туруоҕа, – диэтэ Андрей Турчак.

Мунньах кэнниттэн Андрей Турчак өрөспүүбүлүкэ Баһылыга Егор Афанасьевич Борисовы кытары көрүстэ. Ити кэмҥэ атын эрэгийиэннэртэн  кэлбит дэлэгээссийэлэр мусуойга сырыттылар, өрөспүүбүлүкэ үлэтин-хамнаһын билистилэр. Былаас баартыйатын салайааччытын э.т. Андрей Турчак эрэгийиэннэргэ  баартыйа салааларын билсэр, актыыптарын кытары көрсөр, ыытыллар үлэни-хамнаһы ырытан-ырыҥалаан, бастыҥ үгэстэри түмэр, тарҕатар итиэннэ туох наадатын чопчулаан, үөскүүр боппуруостары федеральнай таһымынан быһаарар сыаллаах сылдьар. Кини Уһук Илиҥҥэ сырыытын Саха сириттэн саҕалаабытын баартыйа олохтоох салаатын үлэтин куһаҕана суохтук сыаналааһын быһыытынан ылынар тоҕоостоох. 

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0