«Куруһаалаҕа» ыытыллыбыт быыстапкаҕа сылдьан, муоһунан чочуллан оҥоһуллубут Сахабыт сирин аарыма кыылларын, бултаах сир-дойду ойууламмыт кэрэтин тыыннааҕымсыта көрбүтүм. Дьон оҥорор да буолар эбит диэн наһаа сөхпүтүм.
Бу ураты сахалыы тыыннаах, субу хамсаан кэлиэх курдук тайах, тыатааҕы, киис о.д.а кыыллардаах оҥоһуктары барытын Сунтаар улууһуттан төрүттээх Андрей Тимофеев диэн уус, муосчут эдэр киһи оҥорор эбит. Ол кэмтэн Андрейдыын билсэн, бодоруһан, устунан доҕордуу буолбуппут. Кини уран оҥоһуктара, ураты көрүүлээх мындыр толкуйун муоска түһэрэн, туспа олоҕу, булт араас кэмин тилиннэрэр талаана бүтүн Арассыыйа куораттарыгар тиийэ тарҕаммыттара.
Саха эр киһитэ барыта булчут. Хара тыаны кэтэр айылгылаах эр дьон, куорат да сиригэр олордохторуна, айылҕаларыгар, бултуур ыырдарыгар тардыһалларын манна өйдөөбүтүм. Бүгүн Андрей Тимофеевтыын кэпсэтиибин билиһиннэрэбин.
БУЛТ АБЫЛАҤА
Мин киһини өйдүүр буолуохпуттан бултуубун диэххэ сөп. Аҕабын, убайдарбын уонна кыра сааспар эһээбин кытта булка куруук сылдьар этим. Инньэ гынан тыаҕа, айылҕаҕа талаһыы саха киһитигэр хааныгар кутулла сылдьар быһыылаах.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан аҕабын, бииргэ төрөөбүт убайдарбын, бырааппын кытта кустуу сылдьан, биир күөл оҕотун төгүрүйэн, кустар баар сибикилэрин билэн үөмэн киирдибит. Дьэ, доҕоор, эмискэ кустар кынаттарын тыаһын кытта саалар тыастара өрө биэрдилэр. Арай хантайан көрбүтүм, үрдүбүнэн чыккымайдар (чөккөөкү ) көтөн иһэллэр эбит, мин өр кыҥыы барбакка, ытан саайдым. Биир чыккымай төбөтүн оройунан аллараа сурулаата. Ханан түспүтүн көрө охсоот, ол диэки сүүрдүм. Арай сүүрэн тиийбитим, куһум суох. Күөлбүт кытыыта улахан ото, дулҕата суох сир. Ханна бардаҕай дии саныы турдахпына, үрдүбэр мас мутуга тыаһыыр, хантайан көрбүтүм, арай куһум хатыҥ лабааларыттан лабааҕа охсулла-охсулла саҥардыы түһэн эрэр эбит. Дьэ, онон оҕо сылдьан омуммар куспун да ситэ түһэрбэккэ сүүрэн тиийэн көрдүүрбүн хойукка диэри дьонум аах күлсэн кэпсэтэллэрэ.
Урут куобах элбэх эрдэҕинэ, Дьааҥыга куобахтыы барарым. Оччолорго Остуолба диэн нэһилиэккэ күтүөппэр Николай Гороховка наар тиийэрим. Хомойуох иһин, күтүөтүм барахсан аҕыйах сыллааҕыта олохтон туораабыта. Ол да буоллар, бултаах-алтаах Дьааҥыга аймахтарбар тиийэбин. Саас, күһүн куруук бултуур идэлээхпин. Оҕо сааспар саамай улахан булдум – хара тыа маанылаах кыыла – тайах этэ. Ити ахсыс кылааска сылдьан аҕам бииргэ төрөөбүт быраата Болуодьаны кытта бултаан турардаахпын. Убайым миигин булка уһуйбута, булт абылаҥын, ураты айылгытын мин сүрэхпэр иҥэрбитэ.
УОЛ ОҔОНУ ИИТИИ
Үс уол оҕолоохпун. Кэргэним Мотрена бэйэм биир дойдулааҕым. Оҕолорум оскуола оҕолоро. Айуран, Уйгун, Сахайаан диэн ааттаахтар. 2002 сыллаахха Казань куоракка уопут атастаһа диэн сылдьыбытым. Онно татаардар миигиттэн, сахалар тоҕо бары нууччалыы ааттааххытый диэн ыйыппыттара өйбөр хатанан хаалбыта. Ол да иһин буолуо, ыал буоллахпына, оҕолорбун олох сахалыы ааттыаҕым диэн тыл бэриммитим. Оҕолорум төһө да куоракка төрөөбүттэрин, олороллорун иһин, тыа уолаттарын курдук иитэ сатыыбын. Сыл аайы Горнай улууһугар ийэм өттүнэн таайбар сайылата ыытабын. Онно тиийэн оттоон-мастаан, бары үлэҕэ эриллэн улаатан эрэллэр. Тыа оҕото сатыыр үлэтин барытын сатыыллар диэн аҕа быһыытынан астына саныыбын. Ону сэргэ, булка эмиэ тэҥҥэ илдьэ сылдьабын. Аҕа быһыытынан ирдэбиллээхпин. Оҕо иитиитин аҥаардас оскуолаҕа сэлээннээн кэбиспэппин. Оҕоҕо кыра да наада. Онуоха уол оҕону иитиигэ аҕа оруола улаханын умнубаппын. Тэҥҥэ кэпсэтэбин, бииргэ алтыһабын. Аҕа хайдаҕын көрө сылдьан уол оҕо оннук улаатар.
ИДЭБИН ОҔО СЫЛДЬАН ТАЛБЫТЫМ
Аҕам аҕата, эһээм уһанар киһи этэ. Мас ууһа диэххэ сөп. Уус идэтин таларбар уһуннук толкуйдуу барбатаҕым. Оскуола сыллартан үлэ уонна уруһуй уруогун ордук сөбүлүүрүм. Уһанарбын, умсугуйан туран уруһуйдуурбун астынарым. Оскуоланы бүтэрэрбэр мас ууһа (резчик по дереву) диэн идэни ылбытым. Ыраах улуустан кэлбит тыа оҕото 2000 сыллаахтан ювелирынан “Сардаана” фабрикаҕа үлэлээн саҕалаабытым. Онно үлэлии сылдьан муосчуттар оҥоһуктарын көрөн испэр олус ымсыырарым. Наһаа ураннык оҥорбут буолаллара. Маастарым Татьяна Дмитриевна Маркова көрөн ыҥыран ылан, муоһунан уһанар, чочуйар буолуоххун баҕараҕын дуо, кэллиэскэ муосчут идэтэ аһыллыбыт диэн сырдаппыта. Мин тута сөбүлэспитим уонна Технология уонна дизайн кэллиэһигэр муоһунан уһанар үөрэххэ (косторез) туттарсан киирбитим. Инньэ гынан, үс сыл устудьуоннуурум тухары үөрэнэ-үөрэнэ муосчут быһыытынан үлэлээн барбытым.
УҺАНЫЫ – СИН БИИР АЙАР ҮЛЭ
Дьокуускайга ыытыллар быыстапкалары көтүппэккэ кыттааччыбыт. Куруһаалаҕа, Кулаковскай аатынан култуура киинигэр араас быыстапкалар буолааччылар. Быыстапка диэн айар-оҥорор киһиэхэ наһаа туһалаах. Бэйэҥ курдук уһанар, чочуйар дьон оҥоһуктарын көрөн-билэн, уопут, санаа атастаһаҕын. Мин саныахпар, айар-тутар киһиэхэ маннык тэрээһиннэргэ сылдьыы наһаа наадалаах. 2015 сыллаахха «Молодое дарование” диэн Москваҕа ыытыллыбыт быыстапкаҕа бастакы миэстэ буолбутум. Хабаровскайга Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска эмиэ кыттыбытым. Сыл ахсын Дьокуускайга ыытыллар муус оҥоһук оҥоруутугар доҕорум Иннокентий Эляковтыын кыттааччыбыт. Хаста да араас аакка тиксэн турардаахпыт.
МУОСЧУТ УОННА БИЛИҤҤИ КЭМ
Билигин муосчуттарга уустук кэм. Дьоммутун, дьиэ кэргэммитин иитэр туһуттан бытархай оҥоһуктары оҥоробут. Айар үлэҕэ умсугуйан үлэлииргэ уһун унньуктаах бириэмэ наада. Билигин наар бириэмэни сырсыы буолан, айар үлэ арыый хаалан турар. Сэлии муоһа 2004-2005, 2014-2015 сылларга сыаната наһаа үрдүү сылдьыбыта. Ити сылларга кытайдар кэлэн ыарахан сыанаҕа атыылаһаллара. Билигин түстэ.
“Сардаана” фабрикаҕа үлэлээбитим 21 сыл буолбут. Кэлэктииппит дьиэ кэргэн курдук. Ыалдьан хаалбыт ыарахан кэммэр улаханнык өйөөн, үлэ миэстэтэ таһааран үлэлэтэ сылдьалларыгар махтанабын. Улаханнык ноҕуруускаламмат гына туспа кыраапыгынан үлэлиибин. Фабрикабыт үлэтэ-хамнаһа инникилээх дии саныыбын. 2000 сыллар саҥаларыгар балаһыанньа чахчы уустук этэ. 2004 сыллаахха Варвара Семеновна Андреева диэн саҥа дириэктэр кэлэн, фабриканы атаҕар туруорда диэххэ сөп. Сон, этэрбэс тигиитигэр күүстээхтик ылсан, бэркэ сайынна.
Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан.