Бүгүн Өймөкөөн улууһугар «Өймөкөөн — Тымныы полюһа» кыһыҥҥы туризм бэстибээлин 20 сыллаах үбүлүөйүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко, АГАТУ, АГИКИ, ЧИФКиС ректордара кэллилэр.
Бу күннэргэ Томтор нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан, дойду киин эригийиэннэриттэн 200-кэ турист тоҕуоруһа муһунна. Быйылгы үбүлүөйдээх тэрээһин бары санитарнай-эпидемиологическай ирдэбили тутуһан ыытыллар буолан, кыһыҥҥы туризм үбүлүөйдээх бэстибээлин арыйыы сиэрэ-туома, бары тэрээһиннэр «Алыһардаах» күөлгэ ыытылыннылар.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1