СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Андрей Тарасенко Жатайдааҕы судоверфь эбийиэктэрин тутууларын сыаналаата. Бу туһунан бэрэссэдээтэл эбээһинэһин толорооччу твиттерга иһитиннэрдэ.
“Икки нэдиэлэ буола-буола эбийиэги бэрэбиэркэлиибит – хамсааһын баар. Мин маҥнай, атырдьах ыйын 9 күнүгэр сылдьыбыппынааҕар оробуочай ахсаана икки төгүл эбилиннэ эрээри, үлэ бытааннык барар. Билигин бэдэрээтчиттэр бетоннааһын үлэтигэр уонна металлоконструкциятын таҥыыга тэтимирэллэрэ ирдэнэр”, — диэн Андрей Тарасенко бэлиэтиир.
Санатан эттэххэ, атырдьах ыйын 5 күнүгэр Жатайдааҕы судоверфь боппуруоһунан ыытыллыбыт мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев, эрэгийиэн бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччуга тутуу кыраапыктан хаалыытын туоратарга уонна бырайыагы тус хонтуруолга ыларыгар сорудахтаабыта.
Судоверфь тутуута «Развитие судостроения и морской техники для освоения шельфовых месторождений» РФ судаарыстыбаннай бырагырааматын иитинэн үбүлэнэр. Бастакы түһүмэҕин тутуута 2021 сылга үмүрүтүллэр болдьохтоох.
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.