Саха сиригэр сынньана, ыалдьыттыы кэлэр дьон ахсаана сыл аайы улаатан иһэр. Дьиҥнээх тымныыны этинэн-хаанынан тургута, тыытыллыбатах айылҕаны көрө, улахан балыгы тута Арассыыйаттан эрэ буолбакка, омук дойдуларыттан үгүс дьон кыһыннары, сайыннары кэлэллэр.
Ол эрэн, баҕа өттүнэн кэлээһин олох аҕыйах кэм анараа өттүгэр дэҥ кэриэтэ этэ диэххэ сөп. “Күлүүһэ суох хаайыы” аата иҥэригэр олохсуйбут үгэс хас эмэ үйэ тухары баара. Оннооҕор кыраайы салайар бойобуода тойоттор үгүстэрэ “буруйу боруостуу” кэлэр эбит буоллахтарына, атын дьону этэ да барбат буоллахпыт. Дэҥ кэриэтэ, атыыһыт, чинчийээччи кэлэн олохсуйара, сороҕор уруутун көһөрөрө.
Өрөбүлүүссүйэ кэнниттэн ыраахтааҕы хаайыытын күлүүһэ төлөрүйбүтүн туһунан биллэриллибитэ эрээри, балаһыанньа олоччу уларыйбыта диир кырдьыктан атын буолуо. Өймөкөөҥҥө Куйдуһун балыыһатыгар санитардыы олорон “Халыма кэпсээннэрин” суруйбут Варлам Шаламов бэйэтин ахтыыларыгар, сэбиэскэй былаас хайдахтаах курдук тыйыс усулуобуйаҕа “норуот өстөөхтөрүн” олордубутун туоһулуур. Киниттэн атын тыһыынчанан киһи эрэпириэссийэ сиэртибэтэ буолан, биһиги дойдубутугар өйдөбүнньүгэ суох көмүллүбүтэ.
Сахаров уонна Твердохлебов. Кимнээхтэрий?
Бүгүҥҥү кэпсээҥҥэ быдан сымнаһыар кэмнэр хоһуллаллар. Сэбиэскэй былаас кинини утары барааччылары хаатыргаҕа өлөрөртөн аккаастанан (олоччу да буолбатар), сыылкаҕа ыытыы үгэһин сөргүппүт кэмэ. Сойуолаһар дьонун аны “норуот өстөөҕүнэн” ааттаабат, “диссидент” диэн аат иҥэриллэр. Андрей Твердохлебов – диссидент хамсааһынын биир бэлиэ киһитэ. Кини биир санаалаахтарын дьарыктарын биир сүрүн бэлиэтэ – сокуону тутуһуу туһугар үлэ. “Подпольщик, революционер” курдук буолбакка, сокуон буукубатын тутуһууну туруорсар киһи этэ. Конституция, ССРС уонна норуоттар икки ардыларыгар ылыллыбыт сокуоннары судаарыстыба тутуһарыгар модьуйар үлэтин иһин, кинини “сэбиэскэй былааһы утары бырапагаандаҕа” буруйдаан, Саха сиригэр кыракый Ньурбачаан нэһилиэгэр икки сылга көскө ыыппыттара.
Андрей Сахаровы билбэт киһи аҕыйаҕа буолуо эрээри, билиибитин сөргүтэ таарыйа, аҕыйах тылы суруйуум. Кинини 2000 сыллаахха ыытыллыбыт ыйытык түмүгүнэн Арассыыйаҕа XX үйэ 10 улуу киһитин иһигэр ааттаабыттара, Ленини, Гагарины, Жуковы, Высоцкайы кытта тэҥҥэ. Ядернай физиканы чинчийэр учуонай, Сэбиэскэй Сойуус үс төгүллээх Үлэ Дьоруойа, Сталин, Ленин бириэмийэлэрин лауреата, “термоядернай бомба аҕата”. 60-с сыллар саҕаланыыларыттан быраабы көмүскүүр хамсааһын көхтөөх кыттааччыта. 1975 сыл Нобелевскай бириэмийэ Эйэ иһин номинациятын лауреата. 1980 сыллаахха Афганистаҥҥа киириини утары этиилэрин иһин Горькай куоракка сыылкаҕа ыытыллыбыта. Кэнники, уларыта тутуу кэмигэр Михаил Горбачев бэйэтэ төлөпүөнүнэн эрийэн кэпсэтэн, Москваҕа төннөрүгэр көҥүл биэрбитэ.
Үс диссидент Ньурбаҕа хайдах көрсүбүттэрин туһунан сэһэн
Андрей Твердохлебов Ньурбаҕа көскө олордоҕуна, Андрей Сахаров кэргэнэ Елена Боннэры (быраабы көмүскүүр хамсааһын биллиилээх кыттааччыта) кытта кинини көрсө кэлэ сылдьыбыттара Сойуус иһигэр тыас таһаарбыт, өр кэпсэнэр үһүйээн буолбута. Санаан да көрдөххө, буруйданан сыылкаҕа кэлбит киһиэхэ ыалдьыттыы кэлии хорсун быһыы эрэ буолбатах, уустук тэрээһин этэ. Былаас бобуон баҕардаҕына, утары туруорар ньыма ол кэмнэргэ соччо элбэҕэ суоҕа. Бу туһунан Андрей Дмитриевич ахтыытыгар маннык суруйбут:
«Андрей төрөппүттэригэр тиийэ сылдьан, Саха сириттэн ыыппыт хаартыскатын көрбүппүт — дьүһүнүгэр санааҕа баттаппыта өтө көстөр этэ. Онуоха ойоҕум: “Бара сылдьыахха, киниэхэ билэр дьонун көрсөрө олус көдьүүстээх буолсу”, — диэбитэ. Ити тылларын кини суругунан тиэрдибитэ — кэпсэтиибитин “уорганнар” истэ сылдьалларын саарбахтаабат этибит.
КГБ мэһэйдээбэтин курдук, эмискэ айанныырга быһаарыммыппыт. Улахан хомунуута суох даачаттан баксаалга тиийбиппит, онтон такси тутан аэродромҥа айаннаабыппыт. Онно “дьоруой” киниискэтин туһанан, быһалыы Мииринэй куоракка билиэт атыыласпыппыт”.
Ньурбаттан 600 килэмиэтир ыраах сытар куоракка тиийэн баран биир хонук рейс күүтэн, Мииринэй аэропордун тула күүлэйдээбиттэрин туһунан кэпсиир. Алмаас хостуурга көтөҕүллүбүт халлаан күөхтүҥү буору хоһуйар, бэйдиэ сылдьар үгүс “бичтэр” тустарынан кэпсиир. “Ыарахан үлэҕэ илии тиийбэт буолан, бу курдук докумуона, дьиэ кэргэнэ суох дьону судаарыстыба тулуйан илдьэ сырыттаҕа” диэн бэлиэтээбит.
Сарсыҥҥы күнүгэр көппүттэр, онно тиийэн баран Ньурбачааҥҥа барар рейсовай оптуобус бу күн барбатын билэллэр. Маны кинилэр тиийбиттэрин билбит КГБ мэһэйдэһиитинэн ааҕаллар. Кырдьык, оннук да буолуон сөп курдук — олохтоох суоппар кинилэргэ “мантан чугас милииссийэ дьоно тураллар, эһигини олордору боболлор” диэн кэпсээбит. Кэмниэ кэнэҕэс кинилэргэ милииссийэ массыыната кэлэн тохтообут уонна туох да быһаарыыта суох отделениеҕа илдьибит. Онно кинилэр кимнээх буолалларын билэллэр эбит, олус эйэҕэстик “Андрей Дмитриевич”, “Елена Георгиевна” диэн ааттарынан ыҥырбыттар, ол эрэн, “массыына суох” диэн ааттаан, Ньурбачааҥҥа тиэрдэртэн аккаастаммыттара диэн суруйбут. (Дьиҥэр, баара эбитэ да буоллар, оройуон милииссийэтэ тоҕо кинилэри 25 килэмиэтирдээх бөһүөлэккэ илдьиэхтээх эбитэ буолла?) “Матасыыкылынан илдьиҥ, таһырдьа тураллар” диэн көрдөспүттэригэр, “Андрей Дмитриевич, тымныйыаххытын сөп” диэн аккаастаабыттар, ол иһин сатыы барарга санаммыттар.
Ньурбачааҥҥа көрсүһүү
Ити кэмҥэ Сахаров уонна Боннэр 50 саастарын ааспыт, сэнэх туруктаах дьон, онон сатыы барбыттарыгар улахан соһуйуу суох. Олохтоох “уорганнарга” итинник түгэҥҥэ хайдах буолалларын туһунан сиһилии ыйаах кэлбэтэх быһыылаах, кэргэнниилэр Ньурбачааҥҥа диэри түүннэри хааман тиийбиттэр. Үрүксээк сүгүүлээх борук-сорукка туруммуттар, сынньана-сынньана айаннаан, сарсыарда 5 чааска тиийбиттэр. “Эрдэ да буоллар, сорох ыаллар уһуктаҕас этилэр этэ” диэн суруйар Сахаров, “ол эрэн, сыылынай ханна олорорун ким даҕаны эппэтэҕэ, бары олус куттаммыттара көстөрө. Андрей дьиэтин хаартыскаҕа көстөр олбуорга турар массыына көлүөһэтинэн оҥоһуллубут оһоҕунан сирдэтэн булбуппут”.
Көрсө тиийбит киһилэрэ олус соһуйбут, тохтоло суох “ну и ну!” диэн хатылаа да, хатылаа буолбут.. Хайдах суут ааспытын туһунан кэпсээбит, Саха сиригэр олох-дьаһах туһунан кэтээн көрүүлэрин кытта үллэстибит. Андрей Дмитриевич сахалар сүрүн сиир эттэрэ сылгы этэ буоларын дьиктиргии истибит, саха сылгыта кыыл кэриэтэ сылдьарын туһунан, кыһыннары аһаҕас халлаан анныгар хаалалларын кэпсээн суруйбут.
Сахаров Саха сирин туһунан
Төттөрү көтөн иһэн бараммат тайҕаны сөҕө-махтайа көрбүтүн кэпсээн суруйбут: “Хотугу-Илини Солженицын кэлэр кэмнээҕи нуучча норуота тэнийэр сирин курдук ааҕар эрээри, бу куталаах тайҕаны сыһытарга үтүмэн элбэх кэм, кыах барыан наада. Эбэтэр бу сир сайдарыгар Сталин курдук, мөлүйүөнүнэн олоҕу толук уурдахха эрэ сатаныан сөп”.
“Мииринэй үрдүнэн көтөн иһэн алмаас хостуур карьеры көрдүбүт — киһи умнубат дьикти, киһи аймах кыаҕын туоһулуур көстүү. Бу дойдуга алмаас хостооһун курдук барыстаах тэрээһин эрэ толуйар үтүмэн үлэ. Ол эрэн, чугас кэмҥэ оҥоһуллар алмаастар оруоллара улаатара туох да саарбаҕа суох”. Алмаас оҥорууга атомнай дэлби тэбиини туһаныы туһунан санааларын суруйар. Бөдөҥ кээмэйдээх кристаллары үөскэтэр уһун кэмнээх улахан баттааһын уонна температура үөскээһинин сир анныгар оҥоһуллар ядернай дэлби тэбиинэн ситиһиэххэ сөп диир. “Ол эрэн, билигин ити фантастика эйгэтигэр киирэр” диэн эбэн суруйар.
Түмүккэ
Аҕыйах ый анараа өттүгэр 71 саастаах Андрей Твердохлебов АХШ Пенсильвания штатыгар өлбүтэ. Кини, Андрей Сахаров, Елена Боннэр Арассыыйаҕа судаарыстыба киһи быраабын кэспэтин туһугар элбэх үлэни ыыппыттара. Хомойуох иһин, Саха сирэ кинилэргэ дьикти айылҕалаах, киһи баҕаран кэлэр сирдэрэ буолбатаҕа. Арай билиҥҥи кэм эбитэ буоллар, кинилэр Өймөкөөҥҥө муҥутуур тымныыны тургута, Дьааҥыга Киһилээх хонууну көрө, теплоходунан Өлүөнэ очуостарын одуулуу кэлиэхтэрин сөп этэ. Андрей Дмитриевич билгэлээбит сайдыыта ханнык даҕаны “сталин” дьаһайыыта суох, бэйэтин кэмигэр кэлэн иһиэ диэн эрэнэ саныаҕыҥ…
Егор Карпов
Хаартыскалар:
Сүрүн сирэйгэ: Андрей Сахаров и Елена Боннэр. / Фото: www.hro.org
1 Андрей Твердохлебов, 1976 — 1977 / Фото: www.svoboda.org
2 Андрей Твердохлебовы сыылкаттан кэлбитигэр көрсүһүү / фото: foto-memorial.org