2016 сыллааҕы сыыппаралар туоһулуулларынан, орто үөрэҕи бүтэрбит дьонтон быһа холоон аҥаардара эрэ талан ылбыт идэлэринэн үлэлииллэр эбит. Биллэн турар, ити — хобдох көрдөрүү. Балаһыанньаны тупсарар инниттэн былырыыҥҥыттан букатын саҥа идэлэри арыйталаан эрэллэр. Ол туһунан СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Андрей Поповтуун сэһэргэстибит.
Орто үөрэҕи – тосту уларытыы
— Андрей Анатольевич, өрөспүүбүлүкэҕэ төһө элбэх орто үөрэх тэрилтэтэ баарый?
— Саха сирин үрдүнэн уопсайа 49 орто үөрэх тэрилтэтэ баар. Күн бүгүн үлэ ырыынагар бырамыысыланнас уонна тутуу эйгэтигэр үлэһит илии тиийбэтэ көстөр. Ол иһин Саха сирин соҕуруу оройуоннарыгар – Нерюнгрига, Ленскэйгэ, Мирнэйгэ быйыл саҥа идэлэри арыйан үлэлэтэн эрэбит. Урут Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын уонна механизация техникумун хайысхатын уларытан, промышленнай идэлэри киллэрдибит. Ханнык баҕарар колледж эбэтэр техникум 60 бырыһыана биир хайысхалаах буоллаҕына, хайысхатын уларытабыт.
Тутуу идэлэригэр ордук Дьокуускайга үөрэх миэстэтин таһааран эрэбит. Дьокуускайдааҕы коммунальнай-строительнай техникум быйыл миэстэтин 500-нэн эбэр былааннаах. Тустаах үөрэх тэрилтэтэ оҥорон таһаарар база тэринэн, устудьуоннары үөрэтэр бэртээхэй бырайыактаах. Итини таһынан, 2013 сылтан саҕалаан биэс хайысханан кластердар үлэлииллэр.
Дуальнай үөрэхтээһин
— Уһуннук кэпсэммит дуальнай үөрэхтээһин Саха сиригэр төһө бэркэ киирдэ?
— Бастатан туран, ааспыт сылтан дуальнай үөрэхтээһиҥҥэ күүскэ ылыстыбыт. Хас биирдии орто үөрэх тэрилтэтигэр ирдэбил туруордубут. Балаҕан ыйыттан 9 орто үөрэх тэрилтэтэ дуальнай үөрэхтээһини саҕалаабыта. Ол курдук, орто үөрэх устудьуоннара үөрэхтэрин улахан аҥаарын быраактыкаҕа атаарыахтаахтар. Онтон хаалбыт кэмнэрин остуолга олорон үөрэниэхтээхтэр. Ол эбэтэр теоретическай чааһын лаппа аҕыйатыахтаахпыт.
Иккиһинэн, дойду Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ 2020 сылга диэри үөрэх тэрилтэлэрин региональнай таһымҥа көһөрөргө ирдэбил туруорбута. Ол чэрчитинэн, Таатта улууһун Харбалаах нэһилиэгэр баар Хаандыгатааҕы хайа-геологическай техникум филиала уонна Харбалаах оскуолата холбостулар. Онон Саха сиригэр аан бастакынан Харбалаахтааҕы үөрэх комплекса тэрилиннэ. Үчүгэйэ диэн, комплекска үөрэнэр оҕо оскуоланы бүтэрэригэр аттестатын таһынан, орто анал үөрэх сибидиэтэлистибэтин эбэтэр дипломун ылар кыахтанар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, уопсайа, уонтан тахса комплексы тэрийиэхтээхпит. Ити региональнай таһымҥа көһүү бастакы холобура буолар.
10 тарбах иһинэн
— Саха сирэ Арассыыйаҕа көрдөрүүбүт хайдаҕый?
— Оробуочай идэлэргэ ыччаты сыһыарар инниттэн Арассыыйаҕа 2012 сылтан саҕалаан, WorldSkills Russia хамсааһын ыытыллар. Куонкуруска аан дойду таһымнаах эспиэрдэр үлэлииллэр. Ити көрдөрүүнэн, Саха сирэ ааспыт сыл түмүгүнэн, Уһук Илин уокурукка маҥнайгы миэстэҕэ таҕыста. Оттон Арассыыйаҕа 85 субъектан онус миэстэҕэ сылдьабыт. Устудьуоннар оробуочай идэлэр куонкурустарыгар төһө миэстэлэһэллэриттэн көрөн быһаараллар. Биллэн турар, инники күөҥҥэ Санкт-Петербург, Москва курдук улахан куораттар сылдьаллар. Ааспыт сыл түмүгүнэн WorldSkills Russia куонкуруска биһиги устудьуоннарбыт “сыбаарка”, “ювелирнай дьыала”, “эрэстэрээн сервиһэ”, “кондитер” компетенцияларга кыттан, 5 мэтээли ылары ситиспиттэрэ. Уонна саамай улахан көрдөрүүнэн, Абу-Даби куоракка ыытыллыбыт аан дойдутааҕы финалга Дьокуускайдааҕы торговай-экономическэй колледжка үөрэммит, билигин Санкт-Петербурдааҕы кэллиэс устудьуона Степан Кириллин “кондитер” компетенцияҕа медальон ылар чиэскэ тиксибитэ буолар.
Орто үөрэххэ – 26 саҥа идэ
— Орто үөрэх тэрилтэлэригэр букатын түһээн да баттаппатах, саҥа идэлэрбит киирэн эрэллэр диэн истибитим.
— Ааспыт сылга 15 саҥа идэни арыйбыппыт. Быйылгы үөрэх дьылыгар эбии 11 идэни былаанныыбыт. Хас биирдии идэни арыйыы улахан сыранан ситиһиллэр, каадыр боппуруоһуттан саҕалаан, оҕо үөрэнэр тэрилигэр, олорор усулуобуйатыгар тиийэ барыта быһаарыллар. Эппитим курдук, үксэ бырамыысыланнаска сыһыаннаах идэлэр, холобура, “монтажник газопроводов”, “многоканальные телекоммуникационные системы”, “мастер по обслуживанию магистральных трубопроводов”, “сооружение и эксплуатация газонефтехранилищ” (Саха сиригэр букатын саҥа арыллар), “автоматизация технологических процессов производств”, “машинист технологических компрессоров насосов”, “эксплуатация внутренних водных путей”, о.д.а. арыллыахтара. Өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэ ырыынагар ханнык идэлэр тиийбэттэрин көрөн, онтон аттаран таһаардыбыт. Урукку сылларга ити идэлэргэ оҕолору Саха сирин тас өттүгэр анаан-минээн ыытан үөрэттэрэр этибит. Билигин бэйэбит бэлэмниир кыахтанныбыт.
Күн бүгүн 6700 бүддьүөт миэстэтэ көрүллэр. Ити сыыппараны 2020 сылга 10 тыһ. тиэрдиэхтээхпит. Инникитин Нерюнгри, Алдан курдук техникумнар улахан нэһилиэнньэлээх пууннарга филиалларын арыйар былааннаахпыт. Саха ыччата өйдүүн-санаалыын үлэлииргэ бэлэм буолуон наада.
2018 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ Дьарыктаах буолууну көҕүлээһин сылынан биллэрилиннэ. Ити биһиэхэ быһаччы сыһыаннаах. Оскуоланы бүтэрбит оҕолор олохторун сөпкө оҥостоллоругар, талан ылбыт идэлэрэ үлэ ырыынагар ирдэнэр буолуохтаах. Былырыыҥҥыттан ыла улахан уларыта тутуу саҕаланна. Куоракка дьиэ-уот ардах кэнниттэн тэллэй тахсарын кэриэтэ элбэх тутуллар. Көрөҕүт, үксэ кэлии дьон үлэлиир. Дьиҥэр, итиннэ олохтоох ыччат хото ылсыахтаах этэ. Биллэн турар, урут да тутуу эйгэтигэр бэлэмнииллэрэ эрээри, син биир үлэһит илии тиийбэт. Онон бырамыысылыннаска, тутууга үлэһиттэри маассабайдык үөрэтэн таһаарыахтаахпыт.
Эксперт санаата
Идэ аатылаһын көрүҥ
Михаил Черосов, ХИФУ биологияҕа институтун лабораториятын сэбиэдиссэйэ, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин Уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— Саҥа сүүрээннэри олох уларыйыытын хаамыытын батыһан киллэрэллэр. Министиэристибэлэр, Дьарыктаах буолуу кэмитиэтэ, тэрилтэлэр туох үлэһиккэ наадыйалларын кэтээн көрөллөр. Оскуолаҕа үөрэнэ эбэтэр бүтэрээри сылдьар оҕолор болҕомтолорун кэскиллээх идэлэр аатыластарыгар хатыахтарын наада. Тоҕо диэтэххэ, чугастааҕы 5-15 сылынан ол идэлэр олоххо саамай ирдэнэр идэлэр буолуохтара.
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru