Андрей Ноговицын: «Сымыйа сурах үлэбин харгыстыыр»

12.12.2016
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Интернет ситимигэр «Чурапчы улууһун баһылыга үлэтиттэн тохтуо үһү, эһиил улуус баһылыгын быыбара буолуох курдук» диэн сурах тарҕанна.  Бу туһунан v-yakutia.ru сайт суруйан турар. Улуус баһылыга Андрей Ноговицын бу сураҕы туос сымыйа диэн эттэ.

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

«Бэҕэһээ бу сураҕы истэн олус соһуйдум. Ити туһунан санаабакка да сылдьыбытым. Хата, төттөрүтүн, дьэ, хонноҕум аһыллан, үлэбэр-хамнаспар күүскэ түһүннүм.

Ил Дархан уонна РФ президенин быйылгы Анал этиилэриттэн, чуолаан тыа хаһаайыстыбатыгар болҕомтону хатаабыттарыттан, тэптэн улахан бырайыак суруйдубут. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуус баһылыга, ону таһынан бэйэм бу эйгэҕэ олохпун анаабыт киһи буоларым быһыытынан, икки салайааччыбыт кооперацияҕа санааларын уурбуттарыттан өрө көтөҕүлүннүм. Мин санаабар, тыа сирэ кооперация нөҥүө аҥаардас хаһаайыстыбатын эрэ буолбакка, социальнай эйгэтин, инфраструктуратын барытын сайыннарыахтаах. Бу бырайыакпыт туһунан кэлин өссө иһитиннэриэҕим.

Сыл түмүгүнэн улууспутугар үгүс тэрээһин буола турар. Бу нэдиэлэттэн нэһилиэктэрбин барытын кэрийэн сыллааҕы отчуоппун саҕалыахтаахпын. Ону таһынан эһиил Үөһээ Бүлүүгэ буолуохтаах «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнии үлэтин саҕалаатыбыт. Ити курдук үлэбит-хамнаспыт күүскэ бара турар. Онон этиэм этэ, үлэбиттэн тохтуур санаам суох, былааннаабыт үлэбин олоххо киллэрэр санаалаахпын. Бу маннык сымыйа сурахтар киһи үлэтин харгыстыыллар. Бэҕэһээҥҥиттэн төлөпүөнүм өрө оргуйан олорор, доҕотторум, бииргэ үлэлиир дьонум, нэһилиэнньэм долгуйан ыйыталлар, бары да соһуйбуттар», — диэн иһитиннэрэр Андрей Тимофеевич.

Ыспыраапка: Андрей Ноговицын 2013 с. улуус баһылыгынан талыллыбыта. 1997 с. өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан тыа хаһаайыстыбатын кооперативын тэрийбитэ. Саха сирин, Россия тыатын хаһаайыстыбаларын үтүөлээх үлэһитэ, Ю.Н.Прокопьев аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0