Андрей Ноговицын: История сылыгар анаммыт сырыы

21.12.2017
Бөлөххө киир:

Быйыл Чурапчы улууһа История сылын биллэрбитэ. Онно актыыбынайдык кыттыбыт дьон улуус дэлэгээссийэтигэр киирэн, Москваҕа, Санкт-Петербурга буолан ааспыт Саха сирин күннэригэр кыттыыны ыллылар. Бу туһунан улуус баһылыга Андрей Ноговицын кэпсиир.

— Быйыл улууспутугар История сылын биллэрбиппит. Ол чэрчитинэн, сыл устата араас тэрээһин ыытылынна. Онно актыыбынайдык кыттыбыт дьоммутун Саха сирин күннэригэр илдьэ бара сырыттыбыт. Ол курдук үөрэх управлениетыттан, оскуолалартан, оҕо саадтарыттан дириэктэрдэр, сэбиэдиссэйдэр, учууталлар кыттыыны ыллылар. Быйыл саха суругун-бичигин төрүттээбит киһибит Семен Новгородов төрөөбүтэ 125 сылын көрсө, кини олоҕун толору сырдатар документальнай киинэ устубуппут. Онон дэлэгээссийэҕэ өссө киинэ устааччыларбыт, Болтоҥо нэһилиэгин баһылыга киирдилэр. Үгэс курдук, “Чурапчы” ТХПК тиийэн бэйэтин бородууксуйатын атыылаата, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт института уопут атастаһан кэллэ.
Биһиги дэлэгээссийэбит Саха сирин күннэрин чэрчитинэн, Санкт-Петербурга Семен Новгородов киинэтин уонна Москваҕа саха биир биллиилээх судаарыстыбаннай деятелэ Иван Винокуров кинигэтин сүрэхтэниилэригэр кытынна. Саха чулуу уолаттара олорон, үлэлээн ааспыт уонна көмүс уҥуохтара харалла сытар сирдэригэр Санкт-Петербурга, Москваҕа кинилэр ааттарын үйэтитиигэ туһуламмыт тэрээһиннэр буолан ааспыттара, мин санаабар, ураты суолталаах историческай түгэн.
Ону сэргэ, Москваҕа икки улахан үөрэх кыһатыгар сылдьан уопут атастастыбыт. Холобур, Россияҕа биир бастакылар кэккэлэригэр сылдьар «Умная школа» электроннай үөрэхтээһини тарҕатар оскуолаҕа сылдьан, оҕону идэҕэ хайдах уһуйалларын көрдүбүт-иһиттибит. Электроннай оскуола ситимигэр Москваҕа барыта 6 оскуола, 10 оҕо саада баар эбит. Онон биһигиттэн элбэх педагог баран, эт хараҕынан көрбүтэ-истибитэ олус туһалаах буолла.
Тус бэйэм Россия парламенын Тыа хаһаайыстыбатыгар сис кэмитиэтин мунньаҕар “Тыа сирин сайыннарыы” бырагыраама туһунан дакылаат оҥордум. Дакылааппар нэһилиэктэри сайыннарыыны сэргэ, кулууптары тутуу боппуруоһун көтөхтүм. Маны таһынан, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыыппыт “төгүрүк остуолугар” кытынныбыт. Мин санаабар, бу маннык командировка, улахан куораттарга тиийэн уопут атастаһыы үлэһиттэри көҕүлээһиҥҥэ үчүгэй хамсааһын. Дэлэгээссийэ кыттыылаахтара бу көрсүһүүлэртэн тугу сүһэн ылбыттарын дьонноругар-сэргэлэригэр тиийэн кэпсиэхтэрэ, иһитиннэриэхтэрэ.

Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0