Андрей Находкин: “Ил Дархан өссө үс сыллааҕыта олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччынар соругу туруорбута”
Арҕааҥы дойдулар Арассыыйаны утары киллэрбит сааҥсыйаларынан сылтаан, бу быыһык кэми хайдах этэҥҥэ аһарабыт диэн боппуруос үгүстэри долгутар буолуохтаах. Бүгүн СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) норуодунай дьокутаата, тыа сирин уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Михайлович Находкин бу тиэмэҕэ санаатын үллэһиннэ:
— Уопсайынан ыллахха, ханнык да балаһыанньаттан тутулуга суох аһынан-үөлүнэн хааччыллан олоробут. Онон барыта билигин суох буолан хаалыа диэн боппуруос турбат. Саха киһитэ, тыаҕа үлэлээччи-хамсааччы, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччы киһи бэйэтин кыаҕыттан көрөн, былааннанан олорор. Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев улахан ырытыы таһааран баран, 2021 с. тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн саҥа хайысхаларын олоххо киллэрбитэ. Кини салайааччы быһыытынан өтө көрөн, саха генофонднай сүөһүтүн ахсаана аччаабыт диэн, “Якутский скот” тэрилтэни тэрийбитэ. Инникитин бу сүөһү этэ элбээтэҕинэ, мраморнай эт быһыытынан сыаналаныа турдаҕа. Тыа сиригэр үп-харчы үһүс сирэйэ суох (посредниктара) быһаччы үлэлии-хамныы сылдьар киһиэхэ тиийэр буолла. Холобура, урут аҥаардас 2 млрд 800 тыһ солк. үүт харчыта эрэ барар буоллаҕына, билигин 4 млрд 300 мөл солк. сүөһүлээх дьоҥҥо, улуустарга тиийэр буолла. Бу ньыма (механизм) иккис түһүмэҕэ 2022 сылтан салгыы ыытыллар. Сүөһү иитэр комплекстары, сылгы, таба иитэр базалары, сайылыктары тутуохтаахпыт.
Нэһилиэктэр баһылыктара ылыстылар
Иккис хайысханан сири кытта үлэ буолар. Билиҥҥитэ 1,5 тыһ эрэ тахса гектар иэннээх сир бааһыналарга, ходуһаларга сири кэҥэтии былааҥҥа турар курдук. Ол инникитин лаппа улаатыахтаах. Холобура, оттуур сири, туорахтаах култуура, хортуоппуй, оҕуруот аһын ыһыллыахтаах сирин кэҥэппэтэхпитинэ, оннунан хаалар буоллаҕа. Мелиоративнай сири оҥорор үлэ олох инники күөҥҥэ туруохтаах. Үбүлээһин былырыыҥҥытааҕар быйыл үрдээтэ, онон сири нүөлсүтүүгэ, оҥорууга болҕомто ууруллуохтаах. Киһи үөрэрэ диэн улуустар баһылыктара бэйэлэрэ былаан ылынан эрэллэр, онон сопхуос саҕанааҕы сирдэри дулҕаттан эҥин ыраастыыллар. Арҕааҥы дойдулар сааҥсыйалара бүрүүкээбит кэмигэр толкуйдаан, бэйэбит хас биирдиибит үлэлиир миэстэбитигэр сыһыаммыт уларыйыахтаах. Бырабыыталыстыба, министиэристибэлэр тугу гынар эбиттэр диэн кэтээн олорбокко, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга быйыл ханнык тэпилииссэбитин кэҥэтэбит, сылгыбытын ханнык сиргэ таһаарабыт эҥин диэн олохтоохтук толкуйдуохтаах. Нэһилиэктэр баһылыктара бу хайысхаҕа ылсыбыттара хайҕаллаах.
Улахан хаһаайыстыбалар күүскэ үлэлиэхтээхтэр, эппиэтинэстэрин өйдүөхтээхтэр. Тоҕо диэтэххэ, кинилэргэ үгүөрү үп көрүллэ турар, судаарыстыба көмөтүн 70-80 бырыһыанын кинилэр ылан олороллор. Онон эти, үүтү дэлэтиигэ, бурдук бааһынатын кэҥэтиигэ улахан хаһаайыстыбалар хаһааҥҥытааҕар даҕаны кыахтаахтык үлэлиэхтээхтэр. Онон саамай бастакы сорук тэрээһиннээх улахан хаһаайыстыбаларга туруохтаах, оттон кэтэх хаһаайыстыбалар бэйэлэрин дьиэ кэргэттэрин, аймахтарын, чугас дьонун этинэн, үүтүнэн, хортуоппуйунан хааччыйыахтаахтар. Дьиэ кэргэн тиэргэнин иһиттэн саҕалаан Ил Дархаҥҥа диэри бу боппуруоска хайдах дьарыктанабыт, тугу гынабыт диэн сыалы туруорунан үлэлиибит.
Ороһулар, бэдьимэлэр курдук
Дьиҥэ, бэйэбитин хааччынар кыах баар. Үлэлиэххэ эрэ наада. Үтүө холобурдар тулабытыгар элбэхтэр. Хас биирдии нэһилиэккэ, улууска. Оҕолору сылаас аһынан хааччыйар туһуттан хортуоппуйу, оҕуруот аһын ыһар кыра кэтэх хаһаайыстыбалары тэринэр туһунан үөрэх миниистирин таһымыгар кэпсэтии бара турар. Бородууксуйаны элбэтиигэ өрөспүүбүлүкэ иһигэр баар 100-чэ ахсааннаах бырамыысыланнас хампаанньалара эмиэ олохтоох бородууксуйаны атыылаһыахтаахтар. Кинилэр үп биэрдэхтэринэ, сакаас оҥордохторуна, бородууксуйа элбиэҕэ.
Ону тэҥэ нэһилиэктэр истэригэр дьоҕус переработкалыыр хаһаайыстыбалары тэриниэххэ сөп. Холобура, Ороһуга (Үөһээ Бүлүү), Бэдьимэҕэ (Мэҥэ Хаҥалас) итинник тэрилтэлэр бааллар. Олору үтүктэн, кэтэх ыаллартан ордор үүтү, отону эҥин тутууга үлэлэһии көдьүүстээх буолуоҕа.
Өссө 2018 сыллаахха ахсынньыга өрөспүүбүлүкэбит баһылыга Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан ыйааҕы таһааран, нэһилиэнньэни олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччыйыы соругун туруорбута. Ити ыйаахтан саҕалааммыт күн бүгүн үлэлии-хамныы олоробут. Бу инникибитин өтө көрбүт ыйаах буолар.
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Василий Кононов хаартыската