Андрей Караулов: Егор Борисов — уһулуччулаах судаарыстыбанньык, салайааччы
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов дуоһунаһыттан баҕа өттүнэн уурайыыта социальнай ситимнэргэ элбэх кэпсэтиини таһаарда. Дойду биллэр политологтара, суруналыыстара санааларын, тус көрүүлэрин үллэһиннилэр.
edersaas.ru
Биллиилээх суруналыыс, “Момент истины” таһаарыы ааптара, ыытааччыта Андрей Караулов бэйэтин сайтыгар “Саха сирин баһылыга Егор Борисов уурайыыта миигин соһутта”, диэн суруйда.
Андрей Караулов Саха сирэ бигэ туруктааҕын, тыа хаһаайыстыбатыгар, бырамыысыланнаска көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥи уокурукка инники күөҥҥэ сылдьарын эттэ. М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка аан дойду түөрт уон судаарыстыбатыттан сүүһүнэн устудьуон үөрэнэрин, кинилэр үөрэхтэрин төлөбүрэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киирэрэ бу чахчы уһулуччулаах ситиһии буоларын ыйда, манна Борисов үтүөтэ улаханын бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана оҥорбутуттан саамай сүрүнүнэн, кини тус көрүүтүгэр, үгүс улуустарга арыгы атыыта бобуллубута буоларын ыйан туран, “Уһулуччулаах судаарыстыбанньык. Уһулуччулаах салайааччы” диэн сыана быста.
“Михаил Николаев, Вячеслав Штыров уонна Егор Борисов ааттара саха норуотун устуоруйатыгар үйэ-саас тухары киирдилэр” диэтэ, Егор Афанасьевичка үлэтин иһин махтанна, уһун үйэни баҕарда.
Роман Попов, edersaas.ru