Андрей Геласимов Дьокуускай дьыктаан ыытыллар киининэн буолуон баҕарар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ totaldict.ru саайтка Тотальнай дьыктааны ыытар киин куораты талыыга куоластааһын бара турар.

edersaas.ru

Дьокуускай куораты бу суолталаах тэрээһин киининэн оҥорор туһунан Арассыыйа суруйааччыта, 2020 сыллааҕы дьыктаан ааптара  Андрей Геласимов этии киллэрбитэ. СИА кэрэспэндьиэнэ Кристина Лизунова  суруйааччыттан Тотальнай дьыктаан киининэн буолуохтаах куорат ирдэбиллэрин ыйыталаста. Онуоха Сергей Геласимов интервьюга бэлиэтээбитинэн, «Тотальнай дьыктаан киинэ» буоларга, бу иннинээҕи ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ 1000 итэҕэһэ суох киһи кыттыбыт буолуохтаах. Куоластааһыҥҥа кыайбыт биэс бастакы куорат финалга киирсэн, анал экспердэр дьүүллэрин ааһар. Онно бэрэстэбиитэллэр бэйэлэрин куораттарын билиһиннэрэллэр. Холобура, былырыын Воронежтан, Узбекистантан тиийэ финалга тахсан, КВН пуорматынан 15-20 мүн. иһигэр бэйэлэрин куораттарын бэрт интэриэһинэйдик билиһиннэрбиттэрэ. Дьокуускай куорат саамай ааҕар куоратынан биллэр. Онно кыһын күнүс үс чаастан хараҥарар, онон ааҕарга бириэмэ үгүс, — диэн бэлиэтээтэ Андрей Геласимов. Кини Дьокуускай куоракка төрөөбүт буолан, дойдутун  ахта-саныы сылдьар эрэ буолбакка, ханна да сырыттар, өрүү инники күөҥҥэ тута сылдьар үтүө киһи. Саайтка куоластааһын сэтинньи 24 күнүгэр диэри ыытыллар. Бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир Дьокуускай  Тотальнай дьыктаан киининэн  буоларыгар бары кыһаллыаҕыҥ, куоласпытын тапталлаах куораппытыгар биэриэҕиҥ!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

Хаартыска: web.archive.org

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0