«Эллэй суолунан. Геокултуурунай уобарастар» мультимедийнэй экспозиция «Арассыыйа – мин устуоруйам» түмэлгэ өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн арылынна. Быыстапка үүнэр көлүөнэҕэ дойдуга бэриниилээх буолууну, тапталы иҥэрэр соруктаах тэрилиннэ.
Быыстапка уус-уран салайааччыта ,РФ норуодунай артыыһа, РФ үтүөлээх деятелэ Андрей Саввич Борисов санаатын үллэһиннэ:
— Мультимедийнэй экспозициябытын «Эллэй эһэбит саҕаттан» диэн ааттаан туруордубут. Манна саха норуотун олоҕо-дьаһаҕа Эллэй саҕаттан хайдах саҕаланан күн бүгүнүгэр диэри олохпутун түмэн көрдөрдүбүт. Биһиги тоҕо Эллэйи итинник көрдөрдүбүт диэтэххэ, саха норуотун култуурата, олоҕо-дьаһаҕа, ыһыаҕа, ураһата барыта устуоруйаҕа олоҕурарын өссө дириҥэтэн, суолталаан көрдөрөр сыалтан түҥ былыргыттан саҕалаатыбыт. Өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар уонна Арасыыйа састаабыгар киирбиппит 390 сылыгар анаан оҥордубут. Билиҥҥи үйэҕэ урукку устуоруйа уонна саҥа технология холбоһон, ол түмүгэр саҥа символлар, уобарастар үөскүүллэр. Бу хайысха өссө сайдыаҕа, тупсуоҕа диэн эрэллээхпит.
Ульяна ЗАХАРОВА.