Андрей Борисов: «Хас биирдиибит саха тыла сайдарыгар бэйэтин эйгэтигэр үлэлэһиэхтээх!»
Духуобунас академията саха тылын хайдах көмүскүүгүт диэн ыйытыыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннай сүбэһитэ, духуобунас академиятын чилиэнэ Андрей Борисов маннык хоруйдаата.
—Биһиги нуучча тылын билэр буоламмыт, сахабыт тылын көмүскүүбүт. Нуучча тылын билбэт буоллахпытына, биһиги кыһалҕабытын, сыалбытын, сорукпутун хайдах быһаарсыахпыт, хайдах дакаастыахпыт этэй. Иккис өртүнэн, хас биирдии киһи бэйэтин эйгэтигэр эмиэ үлэлэһиэхтээх.
Холобур, мин саха тыйаатырыгар уһуннук үлэлээтим. Олоҥхо тыйаатырын тэрийдим. Ити, Олоҥхо тыйаатырыттан ордук сахалыы тыллаах тэрилтэ баарын өссө билбэккэ сылдьабын. Онон хас биирдии киһи бэйэтин үлэлиир үлэтигэр, олоҕор, дьиэтигэр-уотугар сахатын тылын сайыннарар туһугар болҕомтотун ууруохтаах.
Уус-уран айымньылар нууччалыы тылбаастананнар, биһиги аан дойдуга биллэбит. Маны сэргэ, биһиги нуучча литературатын сахалыы тылбаастаабыттарын уонна салгыы тылбаастыыр туһунан кэпсэтэбит. Холобур, Амма Аччыгыйа бэйэтин бириэмэтигэр Лев Толстой “Анна Каренина” романын сахалыы саҥардыбыта. Ону ыйыттахтарына:“Мин саха тыла сайдыан баҕарабын” диир эбит. Итинтэн сиэттэрэн, мин хас биирдии киһи саха тыла сайдарыгар бэйэтин эйгэтигэр үлэлэһиэхтээх диибин. Саха тыла судаарыстыбыннай тыл диэн сокуоммутугар киирэ сылдьар.