Андрей Борисов хампа күөх кытылыгар

01.12.2021
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 1990-2014 сылларга култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ, Саха тыйаатырын режиссера, РФ норуодунай артыыһа, ССРС уонна РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата, СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ Андрей Борисов айар үлэтигэр аналлаах «Желанные берега Андрея Борисова…» айар декада ыытылла турар.

Бу күннэргэ көрөөччүлэр уонна ыраахтан-чугастан тоҕуоруһа мустубут ыҥырыылаах ыалдьыттар уһулуччулаах режиссер туруорууларын Саха тыйаатырын, Олонхо Тыйаатырын, Опера уонна балет тыйаатырын сыаналарыгар сөҕөр-махтайар, ахтар-саныыр кыахтаннылар. Ол иһигэр, аан бастаан Татарстаҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэригэр Казань куоракка сүрэхтэммит «Алитет хайаларга барар» испэктээгэ аны саха көрөөччүтүн дьүүлүгэр тахсыаҕа.
Андрей Саввич үөрүүтүн үллэстэ дойду араас эрэгийиэниттэн кини биир идэлээхтэрэ, доҕотторо, үөрэнээччилэрэ, Бурятия, Алтай, Хакасия, Тыва, Калмыкия национальнай тыйаатырдарын бэрэстэбиитэллэрэ, Лев Гумилев Евразийскай киинин, Евразия норуоттарын ансамблеятын салайааччылара кэллилэр.
Айар декада кэмигэр Андрей Борисовка уонна Саха тыйаатырын кэлэктиибигэр элбэх үтүө тыллар, баҕа санаалар ананнылар.
Режиссер айар үлэтин декадатын үөрүүлээхтик арыйыы кэмигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев кытынна.
Ил Дархан: «Андрей Саввич туһунан олус элбэҕи этиэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, уһулуччу элбэх кырыылаах киһи. Саха тыйаатыра эрэ уонна Андрей Борисов туруоруулара тыйаатыр ханнык баҕарар режиссерун үйэлэргэ өлбөт үйэлиир кыахтаахтар…
Андрей Борисов улахан өҥөтүнэн биһиги норуоппут өйүн-санаатын култуура уонна духуобунас атын таһымыгар таһаарары ситиспитэ буолар. Ити олус суолталаах. Суоллары, оскуолалары, култуура дыбарыастарын, собуоттары тутуохха сөп. Ол гынан баран, норуот өйө-санаата бу уларыйыыларга сөп түбэспэт буоллаҕына, инникигэ хардыы оҥоһуллубат. Андрей Саввич инникини өтө көрөр үлэтинэн биһиги култуурабыт сайдыытыгар ууруллубут тэтим элбэх омуктаах норуоппут иннин диэки эрэллээхтик көрөрүгэр көмөлөһөр», -– диэн эҕэрдэтин тириэртэ.
Айсен Николаев Андрей Борисовка «Норуоттар доҕордоһууларын уонна эйэни бөҕөргөтүүгэ» СӨ Бочуоттаах бэлиэтин туттарда.

ххх


Иван Белеков, Алтай Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын сүбэһитэ, суруйааччы:
«Биһиги, алтайдар, алтай норуотун улуукан уола Григорий Чорос-Гуркин сценическэй уобараһын айбытыгар муҥура суох махтанабыт. Кини бу испэктээккэ Алтай география өйдөбүлэ эрэ буолбатаҕын, биһиэхэ духуобунай-цивилизованнай турук буоларын көрдөрдө…»

Юрий Куприянов, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ:


«… ХХ үйэ кытаанах репрессиятыгар түбэспит саха норуотун улуу уолаттарын ааттарын төннөрөргө эн өҥөҥ мөккүөрэ суох. Эн кинилэр ааттарынан уонна төлөннөөх тылларынан саха норуотун дьоруойдуу олоҕун, ол аата итэҕэли төнүннэрдиҥ. Бэйэҕин харыстаммат үлэҥ сылларыгар ураты харизмаҕынан, ыһыктыбат тэтимҥинэн, Олоҥхо тыйаатырын тэрийэр толкуйгар бэриниилээххинэн биһиги култуурабытын уонна ускуустубабытын аан дойду таһымыгар таһаардыҥ. Эн -– биһиги элбэх омуктаах норуоппут култуурунай сайдыытын сирэйдээн көрдөрөөччү буолаҕын».

Лена КЕРЕМЯСОВА, «Саха» НКиК ыытааччыта:
«Сахам тыйаатырыгар Олонхо тыйаатыра туруоруутугар «Ойуун түүлэ» испиэктээги көрөн астынан кэллим.
Андрей Борисов саха хараҕын, дууһатын арыйбыт, сахалар сайдыылаах норуот буоларбытын аан дойдуга арыйан көрдөрбүт Улуу киһибитинэн буолар».

Василий Гоголев-Уйулҕан, суруйааччы:


«Мин 1989 сыллаахха олохпор улахан тургутууну ааспытым. Тымныйан ыалдьан, сыл аҥаара балыыһа киһитэ буолбутум. Саас Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа торокальнай отделениетыгар эппэрээссийэ оҥорор буолбуттара. Отделениеҕа Бүлүү бөлөх улууһун кырдьаҕастара элбэх этилэр. Арааһа, сир анныгар эспит 17 ядернай дэлби тэптэриилэриттэн, экология да содулуттан элбэхтэрин кэлин сэрэйбитим. Санаа-оноо оонньооһуна ханна барыай? Арай, ол кэмҥэ Саха тыйаатырын режиссера Андрей Борисов Чингиз Айтматов «Хаарыан хампа күөх кытылым» диэн испэктээгин көрдөрөр сураҕын истэн, көҥүллэтэн көрө барбытым. Андрей Саввич туруорбут бу айымньытын олус биһирээбитим. Ол курдук, киһи кутун курдаттыы кууһан, ыраах муора байҕалыгар илдьэ барара. Кирискэ уолу Ефим Степанов бэркэ да оонньообута. Кирискэ уол олоххо дьулуура миэхэ санаабар санаа салҕаабыта, күүспэр күүс эппитэ. Испэктээк туруоруллуута, артыыстар оонньуулара, уобарастарын арыйыылара олус үрдүк таһымҥа барбыта. Алексей Рыбников муусуката театральнай дыраама түгэннэрин, киһи уйулҕатын хамсатан, этин-сааһын дьырылатан олус да күүһүрдэрэ. Оттон сценическэй киэргэтиитин оҥорбут Геннадий Сотников, сыана театральнай худуоһунньугун быһыытынан үлэтэ таһыччытын онно көрөн сөхпүтүм. Тыы өрө балкыйар муора долгуннарын үрдүнэн бу көтөн тахсара хайдахтаах курдук сүдү көстүүнүй?!

Андрей Саввич уһулуччулаах үлэтинэн Саха тыйаатырын аан дойдуга ааттаппыта. Онон, мин тус олохпор кини туруорбут айымньыта айар эйгэ аанын аспыта диэхпин сөп. Ол курдук, 1989 с. ити испэктээги көрөн баран суруйбут хоһооммуттан быһа тардан бэчээттиирбин көҥүллээҥ. Оччолорго хоһооҥҥо саҥа холоммутум.

«Уйулҕаны хамсатар муусука
Сүрэхпэр кутуллар курас иэйиитэ,
Үөрүнньэҥ Кирис уолчаан омуна
Айылгылаах Арҕаан оҕонньор алгыһа.
Уораан туман тыыннаах муора
Сөҕүмэр күүһэ, көстүбэт дуола,
Эрэйи эллэһэн, эриэн ыты көрдөөн
Олоххо модун күүс күрэстэһэр.
Кыһалҕалаах кэм кырык кыына
Кыпчыйар тирии тыыны ыга,
Былаҕай былдьыыр толук тыына
Таммах уу өлбөт мэҥэ күндүтэ.
Харахпар көмүскэм уута туолан
Хараастан саҥата суох баран,
Сүрэхпэр сөҥөн сыппыт иэйии уһуктар
Сөҕүү сөҕөрүйбэт сүүрээнигэр.
Балыыһа үрүҥ тунал санаабын тууйар
Кирис курдук эрэл кыыма сүрэхпэр,
Курутуйбут күммэр күүспэр күүс эбэр
Саппаҕырбыт кэммэр санаабын салгыыр…».

Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0