Андрей Борисов РФ Конституциятын уларытыы туһунан санаатын эттэ

Ааптар: 
05.03.2020
Бөлөххө киир:

Нуучча тылын судаарыстыбаннай статуһун РФ Конституциятыгар уларытыыны киллэрии тыл суолтатын уонна норуоттары түмэр оруоллааҕын бэлиэтиэҕэ диэн СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов санаатын этэр. Бу туһунан РИА иһитиннэрэр.

Оптуорунньукка Госдуума судаарыстыбаннай тутуу уонна сокуону таһаарар кэмитиэтэ бэрэсидьиэн РФ Конституциятыгар нуучча тылын статуһун уонна Арассыыйа норуоттарын төрүт тылларын үөрэтэр бырааптарын туһунан уларытыытын өйөөбүтэ. Уларытыыга «РФ территориятыгар нуучча тыла РФ биир бырааптаах норуоттар сойуустарын иһигэр киирэр судаарыстыбаҕа олорор норуот тыла буолар» диэн суруллубут.

Андрей Борисов: «190 норуот нуучча тылынан бэйэ-бэйэтин кытта кэпсэтэр, биир тылы булар дойдутугар олоробут. Бу тыл улуу цивилицазионнай култуурунай нэһилиэстибэ сорҕотунан буолар. Арассыыйаҕа баар хас биирдии норуот бэйэтин култууратын уонна үгэстэрин илдьэ сылдьар. Бу биһиги уратыбыт. Конституцияҕа уларытыыны кииллэрии Арассыыйа норуоттарын уратыларын харыстааһыҥҥа уонна сайдыыга улахан хамсааһын буолуоҕа», — диир.

РИА.

СИА хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0