1968 с. сайына. Сиэйэ нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ ыһыах чугаһаан,сүргэлэрэ көтөҕүллэн сылдьар. Оннук да буолумуна,отделение 7 ыйдаах кыһыны сүөһүгэ да, сылгыга да сүтүгэ суох туораан, кыстыгы «Элгээйи» совхозка биир үчүгэй көрдөрүүлээх туораата. Онон ыһыахха улуус кииниттэн уонна совхоз салалтатыттан делегациялар күүтүллэллэр. Итинэн сибээстээн ыһыахха өлөрүллүөхтээх сылгыны бу күннэргэ туттахха табыллар. Кымыстыыр биригээдэ отделение булууһугар хас да уһааты киллэрэн укпуун туһунан бэҕэһээ управляющай иһитиннэрбитэ. Эти, кымыһы таһынан, быйылгы ыһыахха бастыҥ ыанньыксыттары бириэмийэлииргэ олохтоох сельпону кытта кэпсэтии ыытан,үчүгэй соҕус табаары тоҕо тардан аҕалан атыылаттардахха сатанар. Дьон-сэргэ астыныа этэ.
Дьэ, совхоз отделениетын хонтуоратыгар ыһыахха бэлэмнэнэн итинник сүүрүү-көтүү буолбута номнуо нэдиэлэ ааста. Дьиҥэр, кинилэр эрэ буолуо дуо,нэһилиэк маҕаһыынын саҥа,сонун табаарынан толорууга анаан,сельпо салалтата улуус киинигэр табаар туруорса киирэн бүтүн үс хонон таҕыста. Син табаар кэлиэх курдук. Онон,кэпсэтии итиитигэр диэн ааттаан,бүгүн сарсыарда лааппы атыыһыта Киргиэлэйэп Дьэкиим улуус киинигэр Сунтаарга киирбитэ. Ол киһи райпо ыскылааттарыгар сылдьан табаар көрүөхтээх,итиэннэ бухгалтерияҕа сылдьан счет — фактура оҥоруохтаах.
Быйыл табаар кэлиитэ үчүгэй эбит. Итиччэ табаар баарын кэннэ,нэһилиэккэ ылан үчүгэй соҕустук атыылаатахха сатанар. Дьон да үөрүө,маҕаһыын да үлэтэ үчүгэйинэн сыаналаныа этэ» дии саныы — саныы,Сиэйэ лааппытын атыыһыта,Киргиэлэйэп Дьэкиим,нэһилиэгэр тиэтэйэ истэ. Сарсыарда отделение биригэдьиирин матассыыкылыгар олорсон улуус киинигэр киирсибитэ. Киэһэ төннөрүгэр,киһитэ Сунтаарга хонор буолан,туос сатыы буолан хаалбыта. Хата,киһитэ почта массыыната баар диэн эппитигэр почтаҕа массыынаны баттаһа тиийэн,Элгээйигэ диэри кэлистэ. Совхоз киинигэр баҕас хоно сыппат. Урут бииргэ үөрэммит уолун дьиэтигэр тиийэн,кининнэн бу нэһилиэккэ киирэр аартыкка диэри бырахтарда. Уола төннө охсоору тиэтэйэрэ сордээх,оннук да буолумуна,сир — сир ахсын ыһыах тэрээһинин айдаана үгэннээн турар.
Уолун матассыыкылын тыаһа мастар быыстарынан иҥэн-сүтэн симэлийэрин кытта, Дьэкиим докумуоннаах паапкатын уҥа хонноҕор кыбынаат, сэлиэнньэ диэки хаамта. Төһө да киэһэрдэр бэс ыйа буолан сып — сырдык. Кини бүгүҥҥү сырыытыттан сүрдээҕин астына иһэр.» Лааппыга ол табаар киирбит,бу табаар киирбит» диэн дьиэ — дьиэ ахсын кэпсэтии,сүпсүлгэн үөскүүрэ,кэлии — барыы хойдоро лааппыга үлэлиир киһиэхэ хайа да өттүгэр саныахха үчүгэйэ сүр.
— Бэйи эрэ… — диэн иһигэр ботугураата, Дьэкиим хаамыытын бытаартар бытаарта. Сарсын лааппыны көрө сельпоттан тахсаллар. Остуорас биэ ыаһа барсан,бэҕэһээ — бүгүн лааппы хомуллубатаҕа. Хата,онон эргийэн кыратык өрө тарда түһэн дьиэлииһикпин» дии саныы-саныы, сэлиэнньэҕэ киирэн кэллэ.
Кини 40 — гар чугаһаабыт эдэрчи киһи. Кэргэнэ оҕо саадыгар үлэлиир, кыыһа быйыл 9 — ска үөрэнэ киириэхтээх. Быһата, Дьэкиим бу күн сирин анныгар төрөөн, киһи-хара буолан,таптыыр ойох хоонньо диэн тугун билэн, оҕолонон, бэйэтэ ой — бото дьоллоох киһинэн ааҕынар. Эдэр киһи өйүгэр араас ыра, былаан үгүс. Ол курдук, саҥа дьиэ туттуута, оҕотун оскуолатын үчүгэйдик бүтэртэрии, лааппытыгар итэҕэс — быһаҕас таһаарбакка үлэлээһин…
Итинник санаан иһигэр үөрэ-үөрэ Дьэкиим үлэлиир сиригэр тиийэн кэллэ. Остуорас быстах кэмҥэ атын үлэҕэ барбыт буолан,кини маҕаһыын инники,кэннэки ааннарын күлүүстэрин бэйэтэ илдьэ сылдьар буолбута. Лааппыны эргийэ барыан кэрэйэн,чугастыы маҕаһыын сирэй өттүнэн киирээри,инники аан күлүүһүн аһан,боробуойун аргыый аҕай сиргэ түһэрдэ. Халыҥ ааны,ытыстан хааларын иһин,күүскэ тардан аһан,боруогу атыллаан киирэн икки — үс хардыыны оҥороот,тохтуу биэрдэ. Кини хараҕар,маарыын сарсыарда прилавок үрдүгэр хаалларбыт ахсаан тардар суота куруутун уурар сириттэн атын сиргэ сыҕарытыллыбыт курдук. Атыыһыт күҥҥэ сүүстэ,онтон ордукта да буолуо,илиитин араарбакка туттар тэрилин хайдах,ханна уурарын биэс тарбаҕын курдук өйдүүр.» Остуорас киирбит буоллаҕа дуу? Эс,ол эрэн кини күлүүһэ суох эбээт. Аны бэйэм лааппым кэннэки аанын хатаабакка аһаҕас хаалларан барбыт бэйэм дуу? Ол эрэн хатыырга дылы гыммытым ээ…Хайдах хайдаҕый?! » диэн санаан ылаат, Дьэкиим прилавок үөһэннэн тиэрэ тардыллан аһыллар иэччэхтээх аанын арыйа тарта.
2 ЧААҺА
— Доҕоттоор,иэдээн! Киргиэлэйэп Дьэкиим лааппытын иһигэр өлө сытар! Бүүс — бүтүннүү кыа — хаан! Оо,алдьархайын — иэдээнин! — отделение хонтуоратыгар управляющай хоһугар кутулла түспүт дьахталлар биир тыынынан кутаат,долгуйбуттара бэрт буолан аан ыксатыгар өрө тыына — тыына биир сиргэ тэпсэҥнэһэ турдулар.
Сарсыарда 8 чааһы саҥа ааһан эрэрэ. Отделение управляющайа,биригэдьиир,ферма сэбиэдиссэйэ,сылгыһыттар наставниктара буолан саҥа кэлэн үлэлэрин былааннаһан эрэллэрэ.
— Туох диигин ити? Ким өлбүт диэтигит?! — управляющай түргэн үлүгэрдик оннуттан ойон тураат,соһуччута бэрдиттэн өмүттэн хаалан,мээнэ үрүт — үөһэ ыйытаат,олоппоһугар төттөрү » лах» гына олоро түстэ. Кинини тула олорооччулар,истибэтэхтэрин истэн,эмиэ дьахталлары тобулу одуулаабытынан олорон хааллылар.
— Иэдээн! Лааппыга киирбиппит,Дьэкиим өлө сытар эбит! Улуус киинигэр тыллыы тардыҥ! — диэт,дьахталлартан биирдэстэрэ,уоскуйаары,кыра сыыҥ соттор былааттааҕынан сапсын да сапсын буолла.
— Ха — хайдах өлбүт?! Тугу да буккуйбаккыт дуо?! — управляющай,өмүттүбүтэ ааспакка,үрүт — үөһэ ыйыта эрэ олордо.
Киирбит дьахталлартан биирдэстэрэ өрүһүспүттүү кэпсээн барда:
— Сарсыарда эрдэ ынахпын ыан таһааран баран,бу Бороскуобуйаны хотонун таһыгар сылдьарын көрөн,ону — маны баллыгыраһаары киниэхэ тиийбитим. Ол — бу буолары — буолбаты кэпсэтэ турдахпытына,бу Өкүлүүн ааһан иһэн: » Лааппы аһыылаах турар. Бачча эрдэ тоҕо аһылыннаҕай,саҥа табаар аҕаллахтара дуу?», — диэн эттэ. Кырдьык лааппыны көрө түспүппүт,боробуойа сиргэ түһэн турар эбит. Таһыгар ким да суох. Биһиги дьон муста илигэр түбэһиннэрэн,туох ханнык табаар кэлбитин билээри онно бардыбыт. Киирбиппит,ким да суох,уу чуумпу. Атыыһыт түгэх хоско буоллаҕа дии санаан,прилавокка кэллибит. Уой даа,онно көрбүппүт,арай Дьэкиим тиэрэ түһэн сытар…Сирэйэ бүтүннүү хаан! Олус соһуйан,ханна да барыах — кэлиэх сирбитин билбэт буола олус уолуйан хааллыбыт,сонно куотар кэриэтэ таһырдьаны былдьастыбыт. Уой даа,дьэ иэдээн!
Субу наҕыл баҕайытык кэпсэтэ,күйгүөрэ олорбут хонтуора иһинээҕилэр сирэйдэрэ — харахтара уларыйан,бары биир тэҥник тура эккирээтилэр.
— Ча — чахчы өлбүт дуо? Хайа,баҕар алҕаһыыргыт буолаарай? — диэн ким эрэ хонтуора иһинээҕилэртэн,мэктиэтигэр тардыалата — тардыалата,туоһуласпыта буолла. Ити ыйытыыга дьахталлартан ким да хардарбата,үһүөн бэйэ — бэйэлэрин сирэйдэрин көрсөн эрэ кэбистилэр.
Киһи өлбүтүн туһунан тыллабыр киириитэ дьулаан дьыала. Управляющай,баҕар түһүүрүм буолаарай диэбиттии сирэйин — хараҕын ньухханаат: » Бары баран көрүөҕүҥ…» — диэн үһүөйэх эрэ тылы ыган таһаарда,тахсар аан диэки баадыйалаата. Управляющай бастаан,кини кэнниттэн хонтуора иһинээҕилэр,онтон тыллаабыт дьахталлар буолан хонтуораттан тахсан лааппы диэки субустулар.
Таһырдьа сүрдээх итии,бэргэһэ да саҕа былыта суох ып — ыраас,халлааннаах ылааҥы сарсыарда сатыылаан турара. Ыраах трактор ньирилиирэ,ханна эрэ ынах маҥырыыра иһиллэн ылара. Хонтуораттан лааппыга диэри үс сүүсчэкэ хаамыы сир. Дьон лааппыга бэркэ сэрэммиттии туттан тиийдилэр.
Лааппы аанын таһыгар тиийээт,тулатын эргим — ургум көрөөт,эр хаанын ылынар чинчилэнэн дириҥник үөһэ тыынаат,управляющай ааны күүскэ аһа тарта. Киһилэрин кэнниттэн чугуруҥнаһа — чугуруҥнаһа бары лааппыга киирэн кэллилэр. Харахтарын прилавоктан араарбакка эрэ сэрэнэн үктэнэн ыкса тиийдилэр. Ыһыллыбыт кумааҕы,кэнсиэрбэлэр,дьааһыктар быыстарыгар илиитин бүк — тах быраҕан,атаҕын тыыллыы тэбэн,балай хаан ортотугар атыыһыт Дьэкиим сытара.
3 ЧААҺА
Нэһилиэк маннык иэдээни өтөрүнэн көрө илигэ. Ыал — ыал ахсын маҕаһыын иһигэр тахсыбыт алдьархай туһунан кэпсэтии,сураһыы,таайан көрүү оргуйан олороро.
Оройуон судьуйата,прокурор,милииссийэ начаальыга силиэстийэлиир бөлөҕү илдьэ тахсан үлэлээбиттэрэ икки хонно. Өлүү тахсыбыт сиригэр чинчийэн көрүүннэн маннык барыл — түмүк оҥоһулунна: өлүү туораттан дьайыы түмүгэр киэһэ 9 — 10 чаас икки ардыгар тахсыбыт. Бастакы сабаҕалааһын быһыытынан,өлүөхсүт ыарахан эттигинэн төбөтүгэр күүстээх охсууну ылан дөйбүтэ сабаҕаланар. Охсуу соһуччу оҥоһуллубут буолуон сөп. Өлүөхсүт бастакы охсуу кэнниттэн дөйүөрбүт турукка киирбит эрээри,хонтуруолун бүтэһиктээхтик сүтэрбэтэх,утарсыбыт. Ол — тутуһуу буолбут сиригэр ыһыллыбыт малтан — салтан,дэлби тэпсиллибит кумааҕылартан көстөр. Өлүөхсүт,бастакы барыллаан экспертиза көрдөрөрүнэн,мэйиитигэр хаан туруулаах,төбөтүн уҥуоҕа хас да сиринэн хомуллубут,харахтара хаанынан бүрүллүбүттэр. Ити дьайыылар өлүөхсүт,бастакы охсууттан күүһэ төһө да өһүллүбүтүн үрдүнэн,күүскэ утарыласпытын,өссө 7 — 8 охсуу оҥоһуллубутун көрдөрөллөр уонна онтон сылтаан өлбүтүн этэллэр. Өлөрүүгэ туһаныллыбыт буолуохтарын сөптөөх ыйааһын киирэлэрэ сиргэ ыһылла сыталлар. Барыта 9 устуука: 10 кг ыйааһыны баттыыр — 1 устуука,8 кг ыйааһыннаах — 1 устуука,5 кг — 1 устуука,3 кг ыйааһыннаах — 1 устуука,1 кг ыйааһыннаах — 1 устуука,500 грамнаах — 1 устуука,100 грамнаах — 1 устуука,50 грамнаах — 1 устуука уонна саамай кыра 10 грамнаах киирэ — 1 устуука. Бу киирэлэр дакаастабыл быһыытынан экспертизаҕа ыытылыннылар. Өлүөхсүт илиититтэн быһыта тардыллыбыт саппыйаан кур кырадаһыннара булулуннулар.
Маҕаһыын иһин чинчийэн көрүүгэ,атыылыыр хостон ураты хостор ис барааннара уларыйбатах. Ыһыллыы — тоҕуллуу чахчылара суох. Атыылыыр хостон төһө суумалаах табаар сүппүтэ биллибэт,манна ревизиялыыр бөлөх түмүгэ күүтүллэр. Омос көрүүгэ ,табаары соһуспут,көһөрбүт,таһаарбыт быһыы — майгы суох. Ааннар күлүүстэрэ бүтүннэр. Өлүөхсүт көстүүмүн сиэбиттэн икки күлүүс көһүннэ. Холоон көрүү быһыытынан,өлүөхсүт маҕаһыын инники аанын күлүүһүнэн аһан киирбит буолуон сөп диэн сабаҕалааһын үөскээтэ.
4 ЧААҺА
Маҕаһыын атыылыыр хоһун аанын уҥа эркинигэр 500×500 мм иэннээх чуолҕаннаах. Чахчылар көрдөрөллөрүнэн,чуолҕан 2 см халыҥнаах хаптаһынынан оҥоһуллубут хаппаҕа иһирдьэ анньыллыбыт. Боруобалаан экспертиза түмүгэр,хаспах тастан дьайыыттан алдьанан аһыллыбыта көһүннэ. Онон,бастакы барыл силиэстийэ өлөрүөхсүт чуолҕанынан киирбит буолуон сөп диэн быһаарар.
Дьэ,итинник. Ыһыах эрэ,туох эрэ,сельсовет председателэ,отделение управляющайа,сельпо салалтата нэһилиэккэ тахсыбыт иэдээнтэн сүөм түстүлэр,харыс хааллылар
Киргиэлэйэп Дьэкиим дьон ортотугар көрсүө — сэмэй олохтоох киһиннэн биллэрэ. Арыгыны эккирэтэн испэтэ. Дьиэ кэргэнигэр,үлэтигэр кыһамньылааҕа. Лааппыга атыыһыттаабытын устатыгар үлэтигэр күтүмэхтик сыһыаннаспыта,үлэтин күнүн көтүппүтэ суоҕа. Быһата,дьон — сэргэ ытыктабылын ылара. Сельпо председателэ силиэстийэлиир бөлөххө итинник ис хоһоонноох характеристиканы биэрдэ.
Оройуон кииниттэн кэлбит силиэстийэлиир бөлөх күнү — түүнү араарбакка тигинэччи үлэлиир. Өлүөхсүт хаанын састаабыттан ылан экспертизаҕа Мииринэй куоракка ыыппыттара түмүгэ күүттэрбэккэ кэллэ. Анализ дьэҥкэ,өлүөхсүт арыгы испэккэ сылдьыбыт. Оннук да буолухтааҕа биллэр этэ.
Силиэстийэлиир бөлөх лааппы чуолҕанын иҥэн — тоҥон көрөр. Чуолҕан кырыытыгар хаалбыт таҥас сабын утахтара,атах таҥаһыттан хаалбыт буолуон сөптөөх кир барыта экспертизаҕа ылылынна. Дьон кэрэһэлииринэн,өлүөхсүт сөбүгэр күүстээх киһи эбит. Тустара да,гиря анньыытынан дьарыгырара,бэйэтин саастыылаахтарын кытта мас тардыһара диэн ыйытыллыбыт дьон бигэргэттилэр.
Силиэстийэҕэ,бастаан утаа,утаа чуолҕанынан оскуолаҕа үөрэнэр саастаах оҕо киирбит буолуон сөп диэн барыллааһын үөрэтиллэ сылдьыбыта. Ол эрэн,ити олоҕо суоҕа көһүннэ. Атыыһыт,төһө да соһуччу түбэстэр,оҕоҕо кыайтарыан табыллыбат. Онон улахан киһи буоларыгар тахсар.
Силиэстийэ манна биири тоһоҕолоон бэлиэтиир: маҕаһыыҥҥа киирээччи тугу да ылбатах. Ону табаары ревизиялаабыт комиссия толору этэр. Ол аата өлөрүөхсүт атыыһыт өлбүтүттэн чаҕыйан куоппут буолуон сөп. Аны,өлөрүөхсүт атыыһыты соруйан өлөрөөрү тоһуйбут диэн барыл — санаа эмиэ киэҥник үөрэтилиннэ. Нэһилиэк дьоно атыыһыт кимиэхэ да өһө суоҕун кэпсииллэр. Онон соруйан ирдээн кэлэн өлөрүү эмиэ саарбахтанна.
Чуолҕанынан киирээччи ортону аннынан уҥуохтаах,хатыҥыр быһыылаах — таһаалаах киһи буолара сабаҕаланар.
Билигин өлүөхсүт илиититтэн көстүбүт саппыйаан кур кырадаһыннарынан сирдэтэн ирдээһин оҥоһуллар. Бу чахчы билигин сүрүн дакаастабыл быһыытынан ылыныллар.
Бэҕэһээ Дьокуускайтан Ис дьыала министерствотыттан анал бэрэбиэркэлиир бөлөх кэлэн силиэстийэ хаамыытын, экспертизалар түмүктэрин кытта билсибитэ. Билиҥҥитэ, ирдээһиҥҥэ сөптөөх хайысха тутуһуллубута бэлиэтэннэ. Кэлэр нэдиэлэҕэ Республика прокуратуратыгар киэҥ ыҥырыылаах ырытыы буолара болдьоммут.
Бэҕэһээ бокуонньугу тиһэх суолугар атаардылар. Нэһилиэк дьоно үксэ кэриэтэ кэлбит. Өссө улуус кииниттэн,Элгээйиттэн,Дьокуускайтан кытта бааллар. Өлүөхсүт былаҕыйга былдьатыар диэри олорбут олоҕун бар дьон бэрт истиҥник аҕынна. Аҕатын хоруобун аттыгар турар кыыһа Роза,оскуола оҕотун курдук буолбакка,олох улахан,сиппит киһилии тыл эттэ.
— Аҕалаатар аҕам, — диэтэ кини, — бу быралыйар быдан дьылларга арахсар күннэргэр мин,эн оҕоҥ, эйиэхэ эрэннэрэбин. Эйигин суорума суоллаабыт өлөрүөхсүт хайаан да булуллуо диэн. Өскөтө,саһан симэлийэн хаалар күннээх да буоллаҕына,мин бэйэм ылсыам. Оскуолам кэннэ хайаан да милииссийэ үлэһитэ буолуом. Төһөлөөх да өр кэм аастын,син биир,бу дьыаланы көтөҕөн ылсыам. Онон,буруй арыллыа,өлөрүгхсүт сөптөөх эппиэти ылыа диэн эрэннэрэбин!
Кыыс сирэйэ — хараҕа уларыйбыта,кытааппыта сүрдээх.
Үгүс киһи кыыс этиитин сүрдээҕин сөхтүлэр,кинини аһыннылар.
5 ЧААҺА
Бүгүн силиэстийэ оскуола оҕолорун кытта үлэлиир. Оҕо санаата сиэркилэ. Онон,кинилэртэн ыйыталаһыы туһаттан атыны аҕалыа суоҕа. Силиэстийэлээччилэр өлүөхсүт илиититтэн кур кырадаһыннара көстүбүтүн киэҥ билиигэ таһаара иликтэр. Билиҥҥитэ ити кистэлэҥ. Ити силиэстийэ хаамыытыгар сырдыгы киллэрэригэр ким да саарбахтаабат.
Нэһилиэк оскуолата 153 оҕолоох. От ыйын саҥата буолан Дьокуускайга уонна киин үөрэх кыһатыгар үөрэх туттарса барбыт аҕыйах оҕоттон уратылар бары нэһилиэккэ бааллар. Барыта 95 оҕо муһунна. Кинилэртэн 23 оҕо быйыл 10 — с кылааска киирэр.
Старшай следователь Петров,көмөлөһөөччүтэ Игнатьев уонна участковай Максимов кылаастарынан стройдаан турар оҕолору кэрийэ хаамаат,бэлэмнээн кэлбит ыйытыыларын,атын соҕус ис хоһоонноон ыйытан бардылар.
— Ыччаттар,ким дьонугар маннык кур баарый? Баҕар аҕаларгытыттан,убайдаргытыттан курдарын уларсан иилинэ сылдьыбыккыт эҥин буолуо…Баһаалыста этиҥ! Маннык куру Кытайга эрэ оҥороллор. Сүрүннээн саллааттар илдьэ сылдьаллар. Ону төһө бөҕө гына оҥороллорун бэрэбиэркэлиибит.
Оҕолор дьиктини истэн сэргэҕэлии түстүлэр. Аан бастакыннан Саввинов Юра диэн оҕо итинник кур аҕатыгар баарын эттэ. Кини кэнниттэн 12 оҕо утуу — субуу дьонноро итинник курдаахтарын иһитиннэрдилэр. Оскуолаҕа участковайы хаалларан,старшай следователь көмөлөһөөччүтүнээн дьоммут курдаахтар диэн эппит 13 оҕону батыһыннаран сэбиэт хонтуоратыгар кэллилэр.
Салгыы ырытыы маннык хартыынаны көрдөрдө: Спиридонов,Платонов,Егоров диэн уолаттар аҕалара ыам ыйыттан улуус киинигэр дьиэ тутуутугар үлэлии сылдьаллара быһаарылынна. Саамай бүтэһигин бэс ыйын саҥатыгар нэһилиэктэригэр тахса сылдьыбыттар. Өлөрүү таһаарыллыбыт күнүгэр кинилэр Сунтаарга эбиттэр. Өссө үс уол аҕата,биир уол убайа Дьокуускайдаабыттара чуолкайданна. Биир уол аҕата атаҕынан босхоҥ буолан дьиэтиттэн тахсыбата быһаарылынна. Хаалбыт алта оҕо дьонноро билигин нэһилиэккэ бааллара быһаарылынна.
Уолаттары дьиэлэригэр ыыталаан баран,силиэстийэлиир бөлөх испииһэктэммит 13 киһи олоҕун — дьаһаҕын үөрэтиигэ киирэр. Инбэлиит киһи сонно туоратылынна. Сунтаарга дьиэ тута сылдьар дьон даҕаны,ол күн манна суохтарын быһыытынан,уорбаттан таһаарылыннылар. Хаалбыт 9 киһиттэн Иннокентьев,Бечехов,Игнатьев отделение бастыҥ үлэһиттэрэ буолаллар. Арыгыны да испэттэр,дьиэлэригэр — уоттарыгар да,кыһамньылаах,бэрээдэктээх дьонунан биллэллэр. Бу дьон оҕолорун кытта куораттаабыттарын сельсовет председателэ үлэһиттэртэн сураһан биллэ.
Дьэ,онон силиэстийэ ыытааччыларга хаалбыт 6 киһини ыйан — хайан көрөр сорук турар. Кинилэр саппыйаан курдаахтара билиннэ. Билигин ол курдара баар дуо? Суох буоллаҕына ханна гыммыттарый? Өлөрүү тахсыбыт күнүгэр кинилэр ханна эбиттэрий?
Быһата,чуолкайдыыр өрүт үгүс. Участковай Максимов оскуолаттан кэлээтин кытта,кылгас сүбэлэһии түмүгүнэн,киэһээҥҥэ диэри биирдии бэйэлэрэ иккилии киһини ыйыталаһарга быһаарыннылар. Киэһэ 8 чааска сэбиэт хоһугар мустарга сүбэлэстилэр. Сарсыҥҥы үлэлэрин былаанын оҥоруохтара.
Лоп курдук 8 чааска сэбиэт хоһугар киирэн кэллилэр. Ыйыталаһыы тугу көрдөрдө? 6 киһиттэн биэстэрэ курдарын аҕалан көрдөрбүттэр. Өлүү тахсыбыт күнүгэр 2 киһи сылгы базатыгар сылдьыбыттар,хоммуттара бэйэлэрэ да этэллэринэн,оннооҕу да туоһулар тылларынан толору чуолкайдаммыт. Атын үс киһи ол күн киэһэтигэр нэһилиэк кулуубугар киинэҕэ сылдьыбыттар. Үгүс киһи кэрэһэлииринэн,кинилэр чахчы кулуупка сылдьыбыттар. Дьэ,алтыс киһи Федоров Кирилл диэн 17 саастаах уол,ол күн ханна сылдьыбыта биллибэт. Бэйэтин тылынан,ол күн дьиэтигэр үлэлээбит,ханна да барбатах — кэлбэтэх. Кур туһунан ыйытыыга сүтэрбитим диэн хардарбыт. Ийэтэ улуус киинин балыыһатыгар көрдөрө киирбит кэмэ эбит. Уол дьиэтигэр соҕотох. Уол ортону аннынан уҥуохтаах,синньигэс,дьоҥҥо бэрт бүтэҥи олохтоох киһиннэн биллэр. Совхоз отделениетыгар рабочайынан үлэлиир. Үлэтигэр сирдэрбэт эбит. Арыгыны эккирэтэн испитэ суох. Атаҕар сөбүгэр кыанар,оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан уһун сүүрүүннэн дьарыктана сылдьыбыт. Үөрэҕэр ортотук үөрэммит. Аҕата уол кыратыгар ыалдьан өлбүт. Дьэ,онон чахчылар да көрдөрөллөрүнэн,силиэстийэлиир бөлөх Кирилл Федоровы бэлиэҕэ ылар.
Силиэстийэлиир бөлөх салайааччыта Петров сарсын улуус киинигэр киирэр буолла.
6 ЧААҺА
Сунтаар сэлиэнньэтэ. Оройуон прокурора,ис дьыала отделын начальнига,Сиэйэ быһылаанын силиэстийэлиир бөлөх салайааччыта буоланнар сүбэлэһэ олороллор. Өйүүн республика прокуратуратыгар киэҥ ыҥырыылаах коллегия буолар. Онно Сунтаар оройуонугар тахсыбыт быһылаан ырытыллара чахчы.
Бэҕэһээ кур бысталаммыт кырадаһыннарын экспертизаҕа ыыппыттарын түмүгэ кэлбитэ. Кур кырадаһыннарыгар хаан,кир — хох дэлби былааһан өлүөхсүт илиитин суолуттан атын суол кыайан быһаарыллыбатах. Лааппы чуолҕаныттан ылыллыбыт кир кумах,кии былаастаах буор эбит. Ити чахчы билиҥҥитэ тугу да эппэт.
Сарсын участковай Максимовка Федоров Кириллы ис дьыала отделыгар аҕаларыгар бэбиэскэ ыытылынна. Билиҥҥитэ, уолу уорбалыырга ханнык төрүөттэр баалларый? Прокурор төрүөттэр суохтарын чорботон бэлиэтээтэ. Уол быһылаан тахсар күнүгэр ханна эбитин чуолкайдааһын бастакы нүөмэрдээх соругунан буолар. Ол күн,нэһилиэккэ киинэ буолбут. Нэһилиэк лааппыта кулууптан чугас. Онон ким эмит лааппы таһыгар киһи сылдьарын көрбүт буолуон сөп. Онон дьону кытта үлэни күүһүрдүү иккис соругунан буолар. Үсүһүнэн,уол бэйэтин курун ханна гыммытый? Сүтэрбит буоллаҕына,ханна,хаһан? Хайдах быһыыга — майгыга сүтэрбитий?
Быһата,чуолкайданыахтаах чахчы үгүс. Сарсын Федоров киирдэҕинэ холоон көрөн ыйытыллар ыйытыктар бааллар. Бигээн көрүү кэнниттэн дьэ,дьиҥнээх сүрүн чахчылары туруоруу силиэстийэ сүрүн соруга буолар.
Сарсыарда начальник хоһугар сууккатааҕы үлэ түмүгүн ырытыы саҕаланна. Сиэйэ быһылаанын силиэстийэлиир бөлөх салайааччытын көмөлөһөөччүтэ Игнатьев страшай следователь Петров аатыгар ыыппыт саппыыскатын дьүүллэһии буолла. Быһата,быһылаан тахсар кэмигэр лааппы таһыгар Кирилл Федоров сылдьарын көрбүт туоһу көстүбүт. Туоһу,киэһэ 9 чаас саҕана,дьон үксэ киинэҕэ олорор кэмигэр,дьиэтиттэн балаҕаныгар баран иһэн лааппы олбуорун таһыгар Кирилл Федоров турарын көрбүт. Соҕотоҕо үһү. Туоһу итинтэн ордук тугу да эппэтэх. Балаҕантан солуур ылан дьиэтигэр киирбит.
Силиэстийэлиир бөлөх дьонун бу көрдөрүү үгүс толкуйга түһэрдэ. Туоһу сыыспатах буоллаҕына,Федоров киэһэни быһа дьиэбэр олорбутум диэн эппитэ куотунуу буолан тахсар. Бу чахчы бэлиэҕэ ылыллан үөрэтилиннэҕинэ сатанар. Бүгүн күнүс 2 чаастан старшай следователь Петров Федоровы кытта бэсиэдэлэһиэхтээх. Силиэстийэ хаамыыта уорбаланааччыны кытта аан бастакыттан хайдах кэпсэтэртэн үгүстүк тутулуктанар. Онон следователь бигээн көрөр,иитэр,холуур суолталаах ыйытыылары эрдэттэн бэлэмниэхтээх.
Следователь Петров эбиэттээн кэлэн кабинетыгар бэҕэһээҥҥи үлэ матырыйаалларын көрөн,наардаан баран көмөлөһөөччүтүнэн прокурор көрүүтүгэр ыытаатын кытта,дьуһуурунай уорбаланааччы Федоров Сиэйэттэн аҕалыллыбытын туһунан дакылааттаата.
7 ЧААҺА
Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону ыллыҥ да доппуруостаан киирэн барбаккын. Буолаары буолан прокуратураҕа. Бары докумуоннарын сааһылаан,ленточнай » Сибирь» магнитофонун бэлэмнээн баран,Петров көмөлөһөөччүтүгэр Сиэйэттэн кэлбит дьону киллэртииргэ эттэ.
Хачаайы уҥуохтаах,муҥкук быһыылаах,сир диэки көрө сылдьар Федоров,кини кэнниттэн отделение управляющайа Егоров,участковай инспектор Максимов киирдилэр.
— Здравия желаю,товарищ старший лейтнант! — диэн байыаннайдыы чиэс биэрээт,илии тутуһан баран,участковай Максимов следовательга ойоҕолуу олорунан кэбистэ. Федоров следовательга утары,кини аттыгар Егоров олордулар.
— Чэ,гражданин Федоров,18 — с сааскын туола илигиҥ быһыытынан,эйигин кытта үлэлиир тэрилтэҥ салайааччыта кэлистэ. Кини баарына кэпсэтии ыытыллар. Билиҥҥитэ кэпсэтии эрэ,доппуруос буолбатах. Тоҕо эйигин манна бэбиэскэннэн ыҥырбыппытын сэрэйэр буолуохтааххын. Ол гынан баран,син биир,чуолкайын быһааран биэрэбит. Эн бэс ыйын 17 күнүгэр Сиэйэ нэһилиэгэр лааппы атыыһытын өлөрүүгэ ыйытыллаҕын. Чэ,билигин быһа ыйытыыга киириэххэ. Эн бэс ыйын 17 күнүгэр ханна сылдьыбыккын,тугунан дьарыктаммыккын кэпсээн кулу. Саас — сааһынан,өйдөнүмтүөтүк…
Федоров следователь иннигэр саҥата суох биир сири одуулаан олордо. Сорох силиэстийэлэнээччилэр курдук,хараҕын кистээн,ону — маны одууласпыта буолан сүүрэлэппэт. Эбэтэр: » Дьэ,хайыыр эбиккин,көрүллүө! » диирдик чобуотук утары көрөн олорбот. Оҕо буоларын быһыытынан,кэтэҕин суураланан — сууралана,муҥкук — таҥкык туттубат…
— Мин бэс ыйын 17 күнүгэр ханна да сылдьыбатаҕым…
— Ол аата,олох дьиэҕиттэн тахсыбатах буоллаҕыҥ дии? Күнү быһа дьиэҕэр олордуҥ?
— Оннук.
— Онтон,гражданин Федоров,эйигин ол күн,ыраах Ходуһалаах эргин көрбүппүт диир дьон бааллар дии…Өссө ол эргин хоммут курдук этэллэр. Ону тоҕо кистиигин? Кырдьык сылдьыбыт,хоммут буоллаххына,эн ол күн сэлиэнньэҕэ суоххар тахсар…
— Суох,ханна да сылдьыбатаҕым…Дьиэбэр баарым.
Следователь,өссө үчүгэйдик чинчилиирдии уолу одуулаан олордо. Уол эрдэттэн бэлэмнэммит хонтуруолнай ыйытыыга киирэн биэрбэтэ. Өскөтө,чопчу буруйдаах буоллаҕына,ити этиини иилэ хабан ылыахтаах этэ….Итинник бигээн көрөр угаайы ыйытыыларга,уорбаланааччылар үгүстэрэ киирэн биэрээччилэр. Бу уол оннук буолбата…Итинник түбэлтэҕэ силиэстийэ үксүгэр сахалыы,оҕуһу муоһуттан ылар ньыманы туттааччы. Следователь Петров ити суолу туттарга быһаарынна.
— Гражданин Федоров,аны ол киэһэ,атыыһыты өлөрүү таһаарыллыбыт кэмигэр,эйигин маҕаһыын аттыгар сылдьаргын көрбүт,бүтүн үс туоһу баар. Эн буоллаҕына ол күн дьиэбиттэн ханна да быкпатаҕым диэн көрдөрө олороҕун. Онон сымыйалыыргар тахсар. Итиэннэ илиигин туохха бааһырды’ыккыный? Чэ,дьиҥ кырдьыгынан эт!
— Билбэппин,мин ханна да сылдьыбатаҕым. Илиибин ыһыахха сылдьан дэҥнээбитим, — уол куолаһын кыратык да титирэстээбэккэ,сирэйин хаана ыгыллан көрбөккө лоп бааччы хардарда.
— Чэ,сөп,Федоров. Бүгүн кэпсэтиини манан түмүктүүбүт. Сүрүн уорбаланааччы буоларыҥ быһыытынан,эйигин 72 чаас тутар бырааптаахпыт. Прокурор көҥүлэ бу баар…Бу боротокуолу сиһилии аах уонна анныгар илиигин баттаа. Бүгүн түүн үчүгэйдик толкуйдан,барытын ыараҥнатан көр. Силиэстийэ, син биир,төрдүн — төбөтүн быһаарыа. Онон эрдэтинэ буруйуҥ ыарыы илигинэ билинэриҥ ордук буолуо. Мин этэрим итинник. Дьуһуурунай! Камераҕа илт!
Дьуһуурунай Федорову таһаарбытын кэннэ следователь,участковай,отделение управляющайа буолан төбөлөрүн холбоон сүбэлэһэн бардылар. Уол ымыттыбат сирэйэ,биир тэҥник туттуута,холку быһыыта үһүөннэрин сөхтөрдө. Итинник холкутук олох буруйа суох,эбэтэр синигэр түспүт киһи туттуон сөп….Силиэстийэ практикатыгар буруйу оҥорбуттарыттан ис дууһаларыгар олус эрэйдэнэр,ол гынан баран,ол быһыыларын хара күүстэринэн истэригэр бүк баттаан кистиир дьон дөрүн — дөрүн көстөөччүлэр. Ону арыйыы — силиэстийэ тулахадыйбат сорҕото буолар. Федоров туттунуутугар билиҥҥитҥ практическай сыанабылы оҥорор эрдэ. Уголовнай — процессуальнай дьайыылары түмэргэ матырыйаал суоҕун кэриэтэ.
8 ЧААҺА
Бүгүҥҥү күн эмиэ силиэстийэ хаамыытыгар күттүөннээх түмүгү биэрбэтэ. Сиэйэттэн бэбиэскэннэн кэлбит туоһуну ыйытыы,уорбаланааччыны дьон быһыыга — майгыга чугаһатар курдук ханнык да обьективнай чахчыны көрдөрбөтө. 72 саастаах кырдьаҕас оҕонньор » харахпынан мөлтөхпүн,онон маҕаһыын таһыгар сылдьааччыны чопчу Федоров этэ диир кыаҕым суох,көннөрү саба быраҕан таайан эппитим» диэнинэн муҥурданна. Саба быраҕан сэрэйии — дакаастабыл буолбатах.
Ити күн буолбут суһал дьүүл мунньаҕар,оперативнай дааннайдары булгуччу үксэтэргэ лиэн этилиннэ. Бэҕэһээ прокурар Дьокуускайга коллегия мунньаҕар көппүтэ. Бука сэрэйдэххэ,силиэстийэ уутун — хаарын ыгыы кытаанаҕа буола турдаҕа. Бүгүҥҥү күн обьективнай дааннайдары үөрэтииннэн бүттэ. Бэҕэһээ киэһэ Федоров дьиэтигэр дьэгдьиир туох да түмүгү биэрбэтэ. Үс паара атах таҥаһа бүгүн кспертизаҕа ыытылынна. Лааппы чуолҕаныттан кыһыллыбыт кир,атах таҥастарыттан тоороммут буор тэҥнээн көрүүнү ( идентификацияны) ааһыахтара. Онтон тросологическай эксперт түмүк таһаарыаҕа.
Сарсыҥҥы күн саппараҥ ардахтаах буолла. Силиэстийэлиир бөлөх аатыгар Дьокуускайтан телефонограмма кэлбитин аахтылар.
ТЕЛЕФОНОГРАММА:
Сунтаар прокурора.
Саха АССР прокурора туруорсуутунан,Забайкальскай байыаннай уокуруктан.( Чита.к.) ирдиир ыттаах анал кинологическай бөлөх,Дьокуускайга кэлэр. Бөлөх кэллэ да,эһиги оройуоҥҥутугар аһарыахпыт.095/07 ньүөмэрдээх холуобунай дьыала хаамыытыгар көмөлөһүннэриҥ.
Саха АССР прокурорун солбуйааччы Попов.
Телефонограммаҕа этиллэринэн,кинологическай бөлөх бүгүн Дьокуускайга,сарсын манна кэлэр. Следователь Петров оҥоһуллубут биологическай,о.д.а.экспертизалар түмүктэрин чөкөтөн бэлэмнээтэ. Кур кырадаһыннара,ыйааһын киирэлэрэ,бүргэс,Федоров илиитин бааһын эриммит өрбөҕө,атын да дакаастабыл мал быһыытынан лааппыттан ылыллыбыт араас предмет отделга мунньулунна. Быһата, кинологическай эксперимеҥҥа ох курдук оҥоһуннулар.
Сарсыныгар следователь Петров оройуон прокурора арыаллаан илдьэ кэлэр кинологическай бөлөҕүн көрсөөрү бэлэмнэннэ. Аэропорт диспетчерскай сулууспата эппит кэмигэр,самолет түһүөхтээх чааһын арыый иннинэ,портка киирдилэр. Порт Сунтаар сэлиэнньэтин кытыытыгар,өрүс кытылыттан чугас нэлэһийэр хонууга,баар.
Кэлэр кэмин аһарбакка дьоҕус ИЛ — 14 самолет портка түһээтин кытта,көрсөөччүлэр самолекка ыга анньан тиийдилэр. Оройуон прокурора бастаан,кини кэнниттэн гражданскай таҥастаах икки киһи,сүүнэ улахан овчарканы ортолоругар уктан,траптан түстүлэр. Овчарка муннугар курдуу тирии хаалаах ( намордниктаах) да буоллар,дьону чинчилиирдии өйдөөх харахтарынан кэрийэ көрүтэлээтэ.» Жульберт,а — ну,поздоровайся с товарищами! Дай лапу! » диэн иччилэрэ соруйдулар.
9 ЧААҺА
Сиэйэҕэ от үлэтин ортото. Уулуссаҕа таах хаама сылдьар киһини көрбөккүн. Отделение управляющайа уонна биригэдьиир итииргээн көлөһүннэрин соттор былааттарынан ньухханан ыла — ыла,итииннэн илгийэр отделение хонтуоратыгар олороллор. Управляющай субу — субу таһырдьа тахсан иһиллээн көрөр,киирэр. Онтон отделение биригэдьиирэ бириэмэни аһара сатаан,кумааҕыны сыымайдаабыта буолар.
Кэмниэ — кэнэҕэс,улуус прокурорун эргэ газига уулусса буорун өрүкүппүтүнэн аргыый аҕай кэлэн хонтуора иннигэр кэлэн тохтоото. Газик инники олбоҕуттан уһун уҥуохтаах,сааһын ортотугар сылдьар нуучча аргыый адаарыҥнаан таҕыста. Массыынаны ыытан кэлбит оройуон прокурара Данилов түһэн,көһүтэн турааччыларга кэҕис гынан хардараат,суһал баҕайытык,массыынаны иннинэн эргийэн уҥа ааҥҥа тиийдэ. Сонно эдэрчи нуучча овчарка ыты сиэппитинэн түстэ онтон старшай следователь Петров уонна участковай инспектор Максимов Федоровы икки ардыларыгар кутан таҕыстылар. Прокурор көһүтэн турааччыларга хайыһан туран эттэ:
— Билсэн кэбиһиҥ,Читаттан кэлбит следователь Прибылых уонна старшай кинолог Черных. Манна эһиэхэ тахсыбыт быһылааҥҥа кинологическай экспермент ыыта кэллилэр. Итинник этээт онно кэлбит ыалдьыттарга туһаайан дьиэлээхтэр ааттарын — суолларын,ханна үлэлииллэрин билсиһиннэрдэ.
Билсиһии кэнниттэн управляющайы батыһан бары хонтуораҕа киирдилэр. Иһирдьэ салгын,таһырдьаттан итэҕэһэ суох,итии. Ону ол диэбэккэ,управляющай хоһугар ааһан,остуолу кыйа олордулар. Ирдээччи ыт ким да ыйытыыта суох,түгэх муннукка тиийэн ким да ыйытыыта суох,олорунан кэбистэ. Атын көннөрү ыттар курдук кутуругун куймаҥната — куймаҥната,муннугу — ханныгы сытырҕалаан барбата…
— Эксперимент ыытарга барыны — бары бэлэмнээтигит дуо? — оройуон прокурора атыҥҥа халыйбакка быһаччы дьыалаҕа киирдэ.
— Соннук. Бэбиэскэннэн ыҥырыллыбыт биэс киһи кэлэн күүтэн олороллор. Лааппы сэбиэдиссэйэ антах миэстэтигэр кэтэһэр. Эксперимент туоһуларынан буолуохтаах дьон сэрэтиллибиттэрэ. Онон билэллэр,лааппыга тиийиэхтэрэ., — диэн управляющай кылгастык быһааран эттэ.
— Үчүгэй. Чэ,оччоҕо бастаан эбиэттиэхпит. Следователь Петров,участковай Максимовтыыын уорбаланааччыны илдьэ отделение бригэдьиирин дьиэтигэр барыҥ. Лоп курдук 2 чааска манна мустан баран лааппыга барыахпыт.
Управляющай кабинетын чаһыыта 1 чааһы көрдөрөн турара.
10 ЧААҺА
Сэлиэнньэ лааппыта бэҕэһээ — бүгүн үлэлээбэт. Онон,дьон киириитэ — тахсыыта суох. Төһө да от үлэтин үгэнэ буоллар,урукку өттүгэр маҕаһыыҥҥа кэтэһээччи — манаһааччы син баар буолара.
Лоп курдук 2 чааһы биэс мүнүүтэ ааһыыта эксперимент ыытааччылар маҕаһыыҥҥа киирдилэр. Кинилэр кэннилэриттэн сонно даҕаспытынан бэбиэскэннэн ыҥырыллыбыт биэс киһи,онтон утуу — субуу туоһулар кэллилэр.
Кинолог Черных ытын кытта атын хоско киирдэ. Кинилэр лааппы атыыны — тутууну ыытар өттүгэр,эксперимент барар сиригэр сылдьаллара сатаммат. Следователь Петров боротокуол кумааҕытын сааһылыы тутан прилавокка тэлгэтэ уурда,туоһуларыгар туһаайан быһааран эттэ:
— Табаарыстар,эһиги бүгүн,ол аата от ыйын 21 күнүгэр Сиэйэ нэһилиэгэр бэс ыйын 17 күнүгэр таһаарыллыбыт лааппы атыыһытын өлөрүү дьыалатыгар ыытыллар анал кинологическай экспертизаҕа туоһу быһыытынан кыттаҕыт. Экспертиза боротокуолланар,онно түмүккэ илии баттыаххыт. Чэйиҥ,экспертизаны саҕалыыбыт.
— Табаарыстар,баһаалыста прилавок ыксатыгар кэккэлэччи туруҥ эрэ, — диэн участковай инспектор Максимов кулууптан киирбит биэс киһиэхэ эттэ,илиитинэн ханан туруохтаахтарын көрдөрөн биэрдэ. Бары эмдэй — сэмдэй ортону аннынан уҥуохтаах эрээри саастарынан уратылаһар,кирик — хорук туттубут биэс киһи кэккэлэччи турдулар.
— Федоров,эн манан тур, — следователь Петров Федоровы кэккэлээн турааччылар ортолоругар киллэрэн туруорда.
— Табаарыс Прибылых,баһаалыста кинологы ыҥыр.
Саала иһигэр уу — чуумпу бүрүүкээтэ. Арай,сайыҥҥы өҥүрүк куйаас арахсыспат аргыстара,күүгэстэр,лааппы түннүгэр дыыгынаһаллара иһиллэр. Лааппы атыылыыр саалатыгар киирэр ис аан аһыллаатын кытта кинолог Черных ытын быатыттан тутан иннигэр уктан киирдэ. Следователь Петров эксперимеҥҥа туһанарга анаан вещественнай дакаастабыл быһыытынан аҕалыллыбыт кур кырадаһыннарын,ыйааһын киирэлэрин анал мөһөөччүктэн оротолоон,муостаҕа кумааҕы тэлгэтэн ол үрдүгэр уурталаата. Тула бары турааччылар болҕомтолорун ыт уонна сиргэ ууруллубут мал диэки туһаайдылар. Уу — чуумпу бүрүүкээтэ.
Кинолог Черных,аргыый аҕай ытын муостаҕа ууруллубут мал аттыгар сиэтэн аҕалан,чиҥ — чаҥ куолаһынан хамандыыр кэриэтэ быһыта баттаан эттэ:
— А — ну,Жульберт,нюхай эти вещи! Нюхай! Вот молодец! Еще раз нюхай…Вот так,вот. А теперь,пойдем сюда…Возьми след…
Ыт кэккэлээн турар алта киһиэхэ кэлэн кэрийэ хаамта тыбыырбахтаата,төбөтүн булкуйар курдук буолла,,уҥа атаҕынан хараҕын — муннун ньухханар курдук тутунна. Онтон тэлгэтиллэн сытар малга тиийэн хаттаан сытырҕалыыр курдук буолла,итиэннэ кэккэлээн турааччыларга тиийэн илиилэрин,тобуктарын сытырҕалаан муннунан анньыалаата. Хаҥастан үһүс турар Федоров иннигэр тохтоото уонна үрэн баргыйда.
11 ЧААҺА
Ыты төттөрү таһаардылар. Кэккэлээн турааччы дьону миэстэлэрин атастаһыннардылар. Ыт киирээт,чопчу Федоровка тиийэн үрэн лоҥкунатта. Итинник үс төгүл хатылаатылар. Ыт син биир Федоровка тиийэ турар. Түмүк боротокуол толоруллан илии баттанна. Эксперимеҥҥа кыттыспыт биэс киһи тарҕаста. Федоров ыгылыйбыта,ыксаабыта көстүбэт. Мааҕыын массынаттан түһэригэр хайдах этэй да оннук. Дьон итини,оҕото бэрт буолан,суолта бэриммэт диэн таайаллар.
Лааппыны хатаан,күлүүһү харабылга туттаран бараннар,отделение хонтуоратыгар субустулар. Бары киирэн орун — оннугар олороотторун кытта,следователь Петров уорбаланааччы Федоровка ыйытыы биэрдэ:
— Чэ,гражданин Федоров,ити кэннэ тугу диигин? Ыт эйигин билэн түһэ турар дии?
— Атыыһыты мин өлөрбөтөҕүм,ити ыт сыыста.
— Хайдах сыыһыай,гражданин Федоров? Анал үөрэҕи барбыт,маннааҕар буолуох дьыаланы арыйыыга көмөлөспүт сүрдээх эрэллээх ыт…Онон мэлдьэһэн бэйэҕэр куһаҕаны оҥостума,билинэн кэбис.
— Билбэппин,мин өлөрбөтөҕүм.
— Хайдах эн наар биири кэлиилии кэбэҕин. Мэлдьэһэммин буруйтан куотуом дии саныыгын дуо?
Федоров хардары тугу да саҥарбата,саннын эрэ ыгдах гыннаран кэбистэ.
— Чэйиҥ,Сунтаардыаҕыҥ, — диэн прокурор Данилов этээтин кытта бары тура эккирээн,тахсар аан диэки бардылар. Отделение управляющайа саамай бүтэһик тахсан иһэн,участковай Максимовтан аны силиэстийэ хайдах быһыылаахтык барыан ыйытта. Участковай эксперимент түмүгэр олоҕуран, прокурор дьаһалынан Федоров тутуурга хааларын,салгыы Дьокуускайга этаптанарын сибис гынан иһитиннэрдэ.
Эксперимент түмүгэ дьэҥкэ. Прокуратураҕа буолбут 095/07 — нүөмэрдээх холуобунай дьыаланы ырытыы сүбэ мунньаҕа итинник сыанабыл оҥордо. Ити үрдүнэн Федоров » Мин өлөрбөтөҕүм. Ол күн дьиэбиттэн ханна да тахсыбатаҕым» диэн кэлиилии кэбэр. Бүгүн кинологическай бөлөҕү кытта следователь Петров уорбаланааччы Федоровы илдьэ Дьокуускайдыыр. Куоракка Федоров судебнай — психиатрическай комиссияны ( СПЭК) барыа.
Сиэйэҕэ быйыл дьогдьоот күһүн. Былырыын » Элгээйи» совхоз,тэриллибитэ 10 сылынан сибээстээн,производствоҕа үрдүк көрдөрүүтүн иһин,Ленин орденынан наҕараадаламмыта. Үрдүк наҕарааданы обком бастакы секретара Г.И.Чиряев уонна САССР ҮрдүкүСэбиэтин Президиумун председателя А.Я.Овчинникова арыаллааһыннарынан,РСФСР Министирдэрин Советын председателэ М.С.Соломенцев бэйэтинэн кэлэн туттарбыта. » Элгээйи» совхоз итинник үрдэлгэ тахсыытыгар Сиэйэ отделениетын үлэһиттэрин сэмэй кылааттара эмиэ баар.
Быйыл нэһилиэккэ төһө да киһи өлүүлээх быһылаан таҕыстар,отделение 3 — с кварталлааҕы былаанын кэккэ ситиһиилэрдээх түмүктээтэ. Оройуон киинигэр буолбут конференцияҕа,Сиэйэ сельпота эмиэ бастыҥнар кэккэлэригэр киирбит.
Лааппы атыыһыта,Киргиэлэйэп Дьэкиими,өлөрүүгэ Кирилл Федоров уорбаланан,Дьокуускайга силиэстийэҕэ ыытыллыбыта икки ый буолла. Ити кэм устатыгар араас сурах — садьык нэһилиэк ыалларыгар тарҕанар. Биир өттүнэн,уол барытын билиммит,онон ыраах хаайыыга утаарыллыбыт үһү диэн буолар. Иккис өттүнэн,буруйа суоҕа быһаарыллыбыт,онон олох да босхоломмут диэн кэпсииллэр. Хайата кырдьыгын ким да билбэт.
Сурах сураҕынан. Балаҕан ыйын 11 күнүгэр уорбаланааччы Федоров буруйун толору билинэн,икки харабыллаах оройуоҥҥа суукка аҕалыллыбыта чуолкайданна. Отделение управляющайын,сельпо председателин,нэһилиэктэн өссө үс киһини бу ый 27 күнүгэр болдьоммут суукка бэбиэскэ тигинээн тиийэн кэллэ.
12 ЧААҺА
Балаҕан ыйын 27 күнэ,Сунтаар нэһилиэгэ. Бэс ыйын 17 күнүгэр Сиэйэ нэһилиэгэр лааппы атыыһытын өлөрүү дьыалатыгар ыытыллыбыт силиэстийэ түмүгүн судьуйа Ефимов председателлээһинэн икки сэтээтэл,прокурор Данилов,сууттанааччы адвоката Скрябина кыттыылаах суут буола турар. Сууттанааччы Федоров сайабылыанньа оҥордо. Кинини,Дьокуускайга силиэстийэ кэмигэр,силиэстийэлээччиоэр күүс өттүнэн ыкпыттар. Билиннэрэр сыалтан,сокуонунан көҥүллэммэт араас ньыма туттуллубут. Холобур,аччыктатан моруу гыныы,хастыы да хонук устата уу иһэрпэккэ сырытыннарыы,суол — иис биллибэтин курдук,бүөргэ — быарга охсуолааһын…Быһата,уорбаланааччы,араастаан эрэйдээһинтэн ыксаан сымыйаннан билиммитим диэн бэлиэтээн эттэ.
Уорбаланааччы адвоката, аҕамсыйан эрэр дьахтар,Федоров сайабылыанньатын өйөөтө.
— Гражданин судьуйа,,гражданнар,народнай сэтээтэллэр! — диэн адвокат Скрябина этиитин саҕалыыр. — Эһиги иннигитигэр мин маннык көстүүлэри аҕалан туруортаан биэриим. Сокуоннай сааһын ситэ илик Федоров Дьокуускайга балтараа ый устата силиэстийэлиир изоляторга олорор. Бу олорор кэмигэр араас быһыыны — майгыны көрсөр. Ол иһигэр,сокуон өттүнэн көҥүллэммэт ньыманнан билиннэрэ сатааһыны. Холобур,өр кэм устата аччыктатан,онон күһэйэн билиннэрии,бу — Сэбиэскэй сокуону толоостук кэһии буолар. Бу иһин холуобунай ирдэбил көрүллэр. Дьэ,эһиги этиҥ эрэ,арай эһигини балтараа ый устата сүгүн аһаппакка,утуппакка » Билигин да сабаас! » дии — дии доппуруостаатыннар. Эһиги билигин сүрүн дакаастабыл быһыытынан Федоров » Лааппы иһигэр чуолҕанынан уорар сыаллаах киирбитим» диэн билиниитин куоһур туттаҕыт. Эһиги балтараа ый устата эрэйдээһин кэнниттэн,чуолҕанынан киирбитим диэхтээҕэр,» Иннэ үүтүнэн батан киирбитим» диэн этиэххит. Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо киһи өйө — санаата муунтуйан,ыгыллан сымыйаннан билинэргэ күһэллибит. Аны,силиэстийэ бэс ыйын 17 күнүгэр киэһэ,Федоров лааппы таһыгар турарын көрбүтүм» диэн көрдөрбүт туоһу этиитин биир сүрүн чахчы быһыытынан ылбыт. Оттон,от ыйын 3 күнүгэр хаттаан көрдөрүүтүгэр уонна от ыйын 9 күнүгэр прокуратураҕа буолбут сирэй көрсүһүннэриигэ бу туоһу » Хараҕым мөлтөх буолан чуолкайдык билбэтэҕим,көннөрү Федоров быһыылаах диэн сэрэйэ санаабытым» диэн эппитин силиэстийэ болҕомтоҕо ылбатах. Иккиһинэн дакаастабыл быһыытынан ылыллыбыт кур кырадаһыннарыгар,ыйааөын киирэлэригэр,бүргэскэ биологическай экспэртиза уорбаланааччы Федоров тарбаҕын суолун булбатах. Ити,биллэн туран,маллар лааппы муостатыгар,буорга — сыыска төкүнүҋбүттэрин,үнтү тэпсиллибиттэрин быһаараллар. Онон,ити көстөн турар чахчылары утары баран » Федоров өлөрбүт» диир кыахтааххыт дуо? Суох, өссө төгүл суох! Оттон сэрэх хоту 17 саастаах оҕо киһини маннык ыарахан киһини өлөрүү туһунан буруйга түбэһиннэрии букатын сыыһа!
Суут,уорбаланааччы Федоровка буруйа дакаастамматаҕынан,босхолуурга уураахтыыр…
13 ЧААҺА
Оройуон олохтоохторо суут бу уурааҕын араастаан ылыннылар. Сиэйэ нэһилиэгэр араастаан тойоннооһун,куолулааһын үксүүр. Суут уурааҕа тахсаатын кытта,өлүөхсүт Киргиэлэйэп кэргэнэ кыыһынаан Сиэйэттэн Дьокуускайга көһөн бараллар. Ити дьыала сабыллыбыт курдук буолар.
Сыллар илим хотоҕоһунуу,субуллан ааһаллар…Лааппыга буолбут киһи өлөрүүлээх быһылаан сыыйа умнуллан барар. Хаһан эмит ыаллар эргиэн,атыы — тутуу туһунан кэпсэттэхтэринэ,Дьэкиим Киргиэлэйэп туһунан ахтан — санаан ааһаллар. Кинини өлөрүүгэ уорбалана сылдьыбыт Федоров совхоз столярнай сыаҕар үлэлиир. Ол быһылаан кэнниттэн уол атын буруйга эриллэн онтугар аҕыйах сылы ылан болдьоҕун толору олорон тахсыбыта….Онтон өлүөхсүт кэргэнэ,кыыһа Дьокуускай куоракка көһүөхтэриттэн биллэ иликтэр. Кыыһа Роза милииссийэҕэ үлэлиир диэн сурах баар.
Сиэйэ нэһилиэгэ сылтан — сыл улаатар,кэҥиир. Отделение да олоҕо биир сиргэ турбат,араастаан уларыйар — тэлэрийэр. Сорох сыл социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа буолан Кыһыл Знамя ылаллар,сорох дьыл үүт былаанын толорбокко,төрүөҕү кыайан ылбакка мөҕүллэн — этиллэн хаалаллар.
1980 сыл үүнэр. Дойду тэбэр сүрэҕэ Москваҕа аны сайын ыытыллар Олимпийскай оонньууларга ыытыллар бэлэмнэнии дойду муннуктарыгар барытыгар оргуйар. Олимпийскай сылга анаан ыытыллар араас хамсааһыннарга Сиэйэ ыччата хаалсыбакка кыттар. Ол эрэн,совхозка хаһан үлэ үмүрүйэ түспүтэ баарай,куруутун ол — бу кыайтарбатаҕын,кэмигэр бүппэтэҕин айдаана түбүлээн иһэр. Быйыл кыһын от кэмчи буолан ол аймалҕана. Онон эбии үлэһит киһи тиийбэтин эбэн кэбис.
» Дьол хараҕа суох» дииллэринии, быйыл кыс ортото нэһилиэккэ олохсуйан үлэлии икки эдэр уол кэллэ. Интелигент көрүҥэ кинилэргэ сыстыбатах эрээри,күрүү сылдьар күрүөйэххэ,куота сылдьар ороспуойга эмиэ маарыннаабаттар. Ол иһин буолуо,совхоз салалтата уолаттары Сиэйэ отделениетыгар анаабыта.
Бүдүрүйбүт наар бүдүрүйэр. Отделение кыстыгы олус ыараханнык туораата. Быйылгы кыһын курдук,Сиэйэҕэ сүөһү маассабай ырыганнааһына өтөр наар таһаарылла илигэ. Өр күүппүт сайыннара аны олус кураайытык ааста. Онон эмиэ кыһалҕалаах кыстык түбүлүүрэ чахчы буолла. Саатар,үлэһит илии тиийбэтэ биир туспа муҥ. Билигин ыччат тыаҕа тохтообот,куоракка талаһар идэлэннэ. Хаалааччылар да урукку көлүөнэ курдук үлэлиэхтэрэ баара дуо, аатыгар эрэ,соруур күүһүнэн сүөдэҥнииллэр. Атын сиртэн кэлэн үлэлээччи тарбахха баттанар аҕыйах. Ону да туох аанньа дьон кэлиэхтэрэй,наар иһээччи,хаамаайы буолан биэрэллэр. Холобур,бу саас кэлбит Афанасьевтаах Дьяконовтаах курдук.
Бу икки эдэрчи дьон отделениеҕа үлэлии кэлбиттэригэр » Икки эдэр үлэһитинэн эбилиннибит,үлэ — хамнас дьэ кудуххайдык бараа ини» , — диэн отделение салалтатыгар үөрбүттэрэ. Онтулара ханна баарый,дьонноро арыгылыыртан,оройуон киинигэр киирэн хастыы да хонугу быһа сүтэн хаалалларыттан орпоттор. Өссө икки төгүл милииссийэҕэ хоммуттара билиннэ. Төһө да үлэһит илии тиийбэтин иһин,отделение салалтата,үлэһиттэрэ маннык үүнэ — тэһиинэ суох барыыларын бобустаҕына сатанар буолла. Киһилии сэмэни — суҥханы өйдөөбөт,салгыы арыгыны — күүлэйи өрө тутар буоллахтарына,үлэлэриттэн ууратарга тиийиллэр. Сатаатар киһилии көрсүөтүк аһаабаттар,столярнай сыахха,гаражка тиийэн уолаттары көҕүтэллэр,айдаараллар.
Отделение хонтуоратыгар,управляющай Егоров хоһугар ЫБСЛКС райкомун бэрэстэбиитэлэ Н.Харитонов кыттыылаах отделение салалтатын суһал ыҥырыылаах мунньаҕа буола турар. Мунньах биир боппуруоһу отделение үлэһиттэрэ Афанасьевтаах Дьяконов үлэлэригэр бэрээдэги кэһиилэрин туһунан көрөр. Управляющай Егоров куолаһа быһыта баттаабыт курдук чиҥ — чаҥ.
— Дьэ,онон Афанасьев Дьяконов өскөтө көннөрүнүөххүтүн,инникитин арыгылыахпыт суоҕа диэн эрэннэрэр буоллаххытына,эппиэккэ тардыбакка үлэҕитигэр хаалларыахпытын сөп. Туох аатай доҕор,бииргит 26 иккискит 27 саастаах сиппит — хоппут,олоҕу билбит — көрбүт дьон буолан баран,үлэттэн куота сылдьаҕыт. Көрөргүт курдук отделение кыстыгы олус кыһалҕалаахтык туораата. Аны,сайыммыт да уот кураан буолан кэлэр кыстыгы эмиэ хайдах туоруурбут биллибэт. Онно көмөлөһөргүт,өйөбүл — тирэх буоларгыт оннугар отделение үлэһиттэрин арыгылатаҕыт. Онон,бу бүтэһик сэрэтиибит буоллун! Аныгыскы өттүгэр салгыы маннык буолар буоллаххытына,дьэ быраһаайдаһарбытыгар тиийэбит.
— Бачча күөгэйэр күннэригэр сылдьар дьон өйдөнөө инилэр,хайа туох аатай… — диэн райком бэрэстэбиитэлэ Харитонов аргыый аҕай бигээн саҥаран унаарытта.
— Чэ,бүгүн манан бүттүбүт,баран үлэлээбитинэн барыҥ! — управляющай быһа — бааччы түмүктээтэ.
Таһырдьа балаҕан ыйынааҕы силбик күн турар. Афанасьев хонтуораттан тахсаат,табаҕын уматта — уматта,киһитигэр туһаайан эттэ:
— Доҕор,чэ олорор уопсайбытыгар баран сүбэлэһиэххэ. Манна кэлбиппит номнуо сыл аҥарыттан орто. Сорукпутун тиһэҕэр тиэрдэргэ болдьохпут бутэрэ бу кэллэ. Бүгүн хасыһый? Хайы — үйэ балаҕан ыйын 5 күнэ. Бу күннэргэ мин столяркаҕа Кириллыын хайдах былааннахтык кэпсэтэрбитин аттарыах. Итиэннэ,кииҥҥэ иһитиннэриибитин толкуйдуох.
Уолаттар олорор уопсайдарыгар хаамса турдулар.
14 ЧААҺА
Докуускай. Ис дьыала министерствота. » Холуобунай ирдэбил силиэстийэлиир отделын начальнигын солбуйааччы старшай лейтнант Р.Е.Григорьева» диэн кыһыл өҥнөөх тааска маҥан буукубаларынан дьэрэлэччи суруллубут суруктаах хоско аҕамсыйа барбыт үскэл киһи кэлэн киирдэ.
— Розалия Ефимовна,били,ис дьыала архыыбыттан көрдөтөн ылбыт 1968 сыллааҕы дьыалабытын өссө төгүл көрөр наада үөскээтэ. Онуоха төрүөттэр дьэ баар буолуох курдуктар.
— Ноо,үчүгэй сонуну иһитиннэрдиҥ,Семен Павлович! — диэн хос хаһаайына,милиция старшай лейтнана формалаах эдэр кыыс — дьахтар эгди буолбут көрүҥнэннэ уонна бэрт имигэстик ойон туран,эркиҥҥэ сыста турар тимир сейфаны аһан халыгыратта. » Дело» диэн суруктаах халыҥ паапканы ороон таһааран остуога уурда.
— Хайа,били уолаттар кэннэки тугу биллэрдилэр?
— Уолаттар былааннаабыппыт курдук, совхозтарыгар үлэлии сылдьаллар. Олохтоохтор өттүлэриттэн сэрэйии уорбалааһын тахсыбата. Бэҕэһээ,балаҕан ыйын 9 күнүгэр » Операцияны түмүктүүр стадияҕа кэллибит» диэн иһитиннэриини ыллыбыт.
Дьэ,Розалия Ефимовна,12 сыл устата санаа аалыыта оҥостубут дьыалаҥ быһаарыллар буолбутунан эҕэрдэлиибин!
Киһи кыыс илиитин бобо тутан илигирэтээт,остуолтан паапканы эһэ охсон ылла.
— Кэбис,Семен Павлович,эҕэрдэлиир арыый эрдэ буолара дуу…Операция өссө түмүктэнэ илик ээ…
— Мунаарыыгын,мунчаарыыгын киэр кыйдаа,Розалия Ефимовна! 4 — с отдел ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдибэтэҕэ диэн суох. Онон эрэн!
— Оннук эрэ буоллун. Оччоҕо аҕам хоруобун аттыгар туран биэрбит андаҕарбын толордум диэн уоскуйуом этэ…
Сиэйэ сэлиэнньэтин уулуссалара сайын устата куура хаппыттара сыта да суох буола бадараанынан көрдүлэр. Балаҕан ыйын бастакы күннэриттэн ардыы турар. Бүгүн,хайыы үйэ ый 10 — с күнэ үүннэ да,халлаан ырааһырыах чинчитэ суох. Сайын курааннаабытын ситиһэн эрдэҕэ.
Гараж столярнай сыаҕар үлэһиттэр мустан арыгылааһыннара тохтуу быһыытыйбыта хас да хонно. Онно отделение хонтуоратыгар буолбут кытаанах кэпсэтии сүрүн оруолламмыта чуолкай. Бүгүн Кирилл Федоров үлэтигэр соҕотох. Хата,ким да суоҕунан туһанан шатун алдьаммытын уларытыа,үлэ тахсаа ини.
Саҥа оннун — тойун булунан,дьэ үлэлиир киэбин ылынан эрдэҕинэ,аан аргыый аһыллан Афанасьев киирэн кэллэ. Сирэйэ дэлби салбаҕырбыт,мөлтөөбүт — ахсаабыт көрүҥнээх. » Түүнү быһа испит быһыылаах…Хата,кыратык эмэтик күөмэйи дуйдууру аҕалбыта дуу,суоҕа дуу?» диэн санаа Кирилэ төбөтүгэр ырылыс гынан ааста. Онтун биллэрбэт буола сатаан,атыны ыйыппыта буолла.
— Хайа бу,тугу гына сылдьаҕын? Дьяконовтыын сылгы базатыгар барыахтаах этигит буолбат дуо?
Афанасьев сыахха өр буолар киэбинэн, уруккуттан олорор сиригэр түннүк аныгар турар олох маска акыҥнаан тиийэн » лах» гына олорунан кэбистэ. Хоонньуттан биир бытыылка үрүҥү хостоон » лис» гына уураат,остуол тардарыттан лаахтара онон — манан хоҥнуталаабыт куруускалары ылаттаата. Кирилэ,» Тугу көрдүм бу?» диэбиттии остуолга сулбу хааман тиийэн,араас кумааҕы,бөх — сах быыһыттан киитийэн эрэр килиэби хотоон таһааран остуолга уураат,Афанасьевка ойоҕолуу олорунан кэбистэ. Киһитэ куруускаларга арыгы кутаттаан бычалытта.
— Аппанаас,хонтуораҕа буолбут мунньахтан кэһэйбэтэххин дуу? Өссө мин,хас да хонукка биллибэтэххэр,арыгыттан аккаастанан кэлбэт буоллаҕа дии санаабытым. Хата,киһиҥ бу тиийэн кэллэ. Маладыас! Кинилэр мунньахтаабыттара буолбуттарын аайы иннигин биэрэҥ дуо?! — Кирилэ киһитин киһиргэтэр сыалтан тэптэрэн биэрдэ.
— Оннук. Эн мин олорон кэлбит олохпун,туохха — туохха түбэһэ сылдьыбыппын истэриҥ буоллар дьулайыаҥ этэ….Оо,дууһа ыалдьара диэн баар эбит,туохтааҕар да куһаҕан ыарыы,оспот баас…
Афанасьев куруускалаах арыгытын биирдэ хантас гыннараат,мунчаарбыт,санаарҕаабыт быһыыннан сүүһүн ытыһыгар өйөөн бүк түһэн олордо. Кирилэ бэйэтин куруускатын кураанахтаат,ыйытааччы буолла.
— Ол туох айыылаахтан дууһаҥ моруу буолла,доҕор?- Кирилл,мин киһини өлөрбүт киһибин. 11 сыллааҕыта…Онтон олус муучу буолабын…Ону доҕорбор эйиэхэ эрэ этэбин. Аны кимиэхэ эмэ кэпсии сылдьаайаҕын?!
15 ЧААҺА
— Ноо! Ол туохтан сылтаан? — Кирилл сэҥээрбит быһыыннан куруускаларга арыгы кутуталаата, » Дьэ,истэби» диирдии киһитин өрө мыҥаата. Афанасьев куруускалаах арыгытын кыллырҕатан кэбиһээт,кытара оспут хараҕынан истээччитин көрөн олорбохтоото,кэпсээн испитин салҕаата.
— Барыта тапталтан…Дойдубар таптыыр кыыстаах этим. Мин харахпын хатыырбын сэрэйэр быһыылааҕа,тэйэ туттара. Кырдьыга да арыгыһыт киһини ким чугаһатыай…Наһаа билиҥҥи курдук олус чаастатык да буолбатар,син оччоттон иһэр этим. Сотору кыыһым саҥа кэлбит учуутал уолу кытта аргыстаһан сылдьарын субу — субу көрөр буолбутум. Кыһыйбытым иһин,тугум кэлиэй,кэннилэриттэн биллэрбэккэ кыбдьыгырана хааларым. Суолас,миигиттэн тугунан ордук буолан мин кыыспын кытта хаамсар диэн өстүйэрим. Ол санаам,кинилэри хас көрүстэҕим аайы улаатан испитэ. Хас холуочуйдаҕым аайы уолу кырбыах буолан бэйэм бэйэбэр андаҕайарым.
Уол тииһин хабырына — хабырына куруускаларга арыгы кутуталаата,кураанахтаммыт бытыылканы остуол анныгар элиттэ. Арыгытын хантас гыннараат,кэпсээнин саҕааччы буолла:
— Дьэ,оннук сылдьан биир күн киэһэ хараҥарыыта холуочуйан баран,кулуупка бардым. Атырдьах ыйын эргэтэ этэ. Тиийбитим,үҥкүү үгэнэ буола турара. Оччолорго үҥкүү кулууп иннигэр,имик — самык уот сырдыгар буолара. Дьонум бииргэ туралларын көрөөт,хааным оргуйа түстэ. Арай ол турдахпытына эмискэ этиҥ эппэт дуо,ардах курулаччы куппат дуо? Уота суох кулууп иөигэр симиллии буолла…Хабыс — хараҥаҕа ыгыта анньыһыы,ыһыы — хаһыы,мээнэ күлсүү…Төбөм дуомугар дьиикэй санаа көтөн түстэ. Маннык сылдьыах быатыгар буолуо…Хабыс — хараҥаҕа сэрэйэн көрөн,кинилэргэ чугаһыыр сыалтан,анньыһан — үтүөлэһэн чугаһыы сатыыбын. Тула эппитим курдук,ый — хай,ампаалыктаһыы,айдаан…Биллибэтинэн сыҕарыйдар — сыҕарыйан ыкса тиийэн,биир кыыс нөҥүө туран,уолум ойоҕоһо манан буолуо диэн,сэрэйэ былаан,бүк тутуллар быһахпынан анньыалаан кэбистим.
Афанасьев арыгыта төбөтүгэр тахсан итирэн,хараҕа кытара өһөҕүрэн остуолга бүк түһэн сыппахтаата. Онтон хонос гынан көнө түстэ,хоонньуттан иккис бытыылканы хостоон таһааран,бүөтүн тииһинэн аһаат,куруускаларга тобус — толору кутаттаан бычалытта. Охсуһуннарар быһыыннан куруускаларын харсыһыннарда,биир тыынынан иһэн киллиргэтэн кэбистэ. Кирилл да хаалсыбата,кураанахтаммыт куруускатын остуолга уурда.
— Тула айдаан — куйдаан этэ. Мин хайдах эрэ,киһини өлөрдүм быһыылаах диэн санаабыттан,эмискэ өйдөнө түһэргэ дылы буолбутум,баспыттан атахпар диэри уҥуохтарым кыйан ылбыттара,сүрдээҕин куттаммытым. Аргыый аҕай сыҕарыйан,тахсар аан манан буолаарай диэн үтүрүһэн тиийэн таҕыстым,сонно дьиэбэр буут биэрбитим.
— О — о — онтон хайдах буолбутай? — Кирилэ хайыы үйэ улаханнык холуочуйан тыла булдьуйа — булдьуйа ыйытта.
— Милииссийэҕэ үгүс да киһини таскайдаан биэрбиттэрэ. Өлөрбүт уолбар сыста турбут дьон таҥастара бүтүннүү балай хаан буолбут этэ. Онон сирдэтэн силиэстийэлии сатаабыттарын дьонтон истибитим. Миигин сураспатахтара даҕаны. Оо! Ол кэриэтин онно тутан ылан хаайыыга симпиттэрэ,эбэтэр ытан кэбиспиттэрэ буоллар,быдан чэпчэки буолуох этэ. Санаам оонньуура,дууһам ыалдьара бэрт. Ыксаан сорох ардыгар барытын билиниэххэ дуу диэн санаа киирэн кэлэр. Ээ,дьэ аны кэлэн…
16 ЧААҺА
— Онтон — н — н,к — кыыс — с ха — хайдах бу — бу — буолтай? — Кирилэ сөп — сөп ыйыта олордо.
— Кэбис,Кирилл,ону — маны ыйытан дууһабын моруулаама! Эн итинник алдьархайы билбэтэх киһи,саныыргар чэпчэки. Онтон миэхэ ыарахан — аан! Оо,үлүгэрин эбитин!..
— Аппанаас,мин да биир киһи эрэйдэнэрин эрэйдэммит,көрөрүн көрбүт киһибин, — Кирилэ төбөтүн икки ытыһыгар өйөөн,икки өттүнэн иэҕэҥнии — иэҕэҥнии булдьуруйбут куолаһынан саҥаран барда. — Киһини өлөрбүтүм диигин…Мин э- эмиэ ээ!
— Ээ,бар сымыйалаама! — Афанасьев илиитин таһынан сапсыйан кэбиһээт остуолга бүк түстэ.
— Итэҕэй — итэҕэйимэ…Ээ,итэҕэйэн абыраама! Чахчы өлөрбүтүм! Лааппыга,атыыһыты!
— Лааппылаах ээ! Бар,хата утуй! Итирбиккин!
— Кырдьыкпын этэбин. Акаарыбар тэптэрэн,уора киирбиппин тутан ылбыта…Оо,булан ылбытыгар куттанным да этэ…Түбэстим,тыллыа,буруйданыам диэн санааттан баттаҕым туруор дылы уолуйбутум. Ол иһин… Оо,билигин санаатахха акаары да эбиппин. Ыйааһын киирэтинэн төбөҕө охсубуппун өйдөөбөккө да хаалбытым. Өйүн сүтэрбэккэ илиитинэн уолукпуттан ылан тэйиччи тута сатаабыта. Ону харса суох охсуолаан охторон түһэрбитим. Ону олох күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн…Оо,дьэ,иэдээн. Онтон бэттэх ол күнү санаабатах,кинини түһээбэтэх түүнүм аҕыйах. Түһээн,хаан — билик төбөлөөх киһиттэн ааттаһа — көрдөһө сатыыбын…Бастаан утаа толору билинэр санаа баара…Куоракка илдьэн силиэстийэ кэмигэр » билин» дии — дии дэлби кырбаан,накаастаан сөппүн көрбүттэрэ. Ону хата адвокатым,өйдөөх баҕайы дьахтар,дьыалаҕа киллэрэн онон быыһаабыта. Ээ…быыһаан да диэн,онно хаайыыга барбытым эбитэ буоллар,дууһабар чэпчэки буолуох этэ…Эбэтэр атыыһыт тутаатын кытта,оннук дьаабыламматаҕым,өлөрбөтөҕүм буоллар, төһө да тыллаабытын,дьонум мөхпүттэрин иһин билигин киһилии олоруом этэ. Онто суох,ол түбэлтэттэн тэптэрэн чугас дьонум өллүлэр — сүттүлэр.
Кирилэ остуолга бүк түһэн,санна титрэстээн,ытаан барда. Афанасьев киһитин субу саҥа көрбүттүү,өйдөөх харахтарынан тобулу одуулаан олордо.
17 ЧААҺА
Афанасьев сүтэн хаалла. Дьон билэринэн,Кирилл Федоровка барбыт үһү уонна ол айыыта онон. Бастаан утаа оройуон киинигэр арыгылыы сырыттаҕа дии санаабыттара. Чугас доҕоро, Дьяконов,совхозтан уурайан барардыы барбыта уонча хонно. Федоров буоллаҕына киһитин туһунан туох да дуоннааҕы эппэт. Кини этэринэн,итирэн утуйа сыттаҕына,Афанасьев тахсан барбыт буолуохтааҕа үһү. Столярка иһигэр охсуһуу,араллаан буолбут сибикитэ суох.
Афанасьев сүппүтэ алтыс күнүгэр,Кирилл столяркаҕа чугаһаан иһэн киниэхэ утары икки киһи иһэрин көрдө. Таҥастарыттан — саптарыттан таайдахха,маннааҕы дьон буолбатахтар. Дьоннор Федоровка ыкса кэлэн иннигэр турунан кэбистилэр. Биирдэстэрэ хоонньуттан кыһыл өҥнөөх киниискэни таһааран Федоровка көрдөрөрдүү уунна.
— Гражданин Федоров,биһиги Государствоҕа куттала суох буолуутун комитэтыттан. Эн тутулуннуҥ!
Итини этээт,дьоннор Федоровы икки хонноҕуттан ылан суол уҥуор турар массыынаҕа дэллэриттилэр. Барыта чыпчылыйыах түгэнэ буолан Кирилл тугу да утары эппэккэ хаалла.
Ити күн ГКСБК ( КГБ) үлэһиттэрэ Кирилл Федоровы илдьэ куоракка көттүлэр.
18 ЧААҺА
Республика прокуратырата. Силиэстийэлиир — надзордуур отдел начальнига С.П.Горохов кабинетыгар иккиэйэхтэр. Сунтаартан аҕалыллыбыт Кирилл Федоров хос ортотугар турар олоппоско уку — сакы туттан олорор.
— Гражданин Федоров,12 сыллааҕыта дакаастабыл суоҕунан быстах кэмҥэ тохтотуллубут 095/07 ньүөмэрдээх холуобунай дьыала,саҥа чахчылар көстүбүттэринэн прокурор илии баттааһыннаах хат сөргүтүлүннэ. Эн 1968 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр Сунтаар оройуонун Сиэйэ нэһилиэгин олохтооҕун Ефим Григорьевы өлөрүүгэ буруйданан тутуллаҕын.
Горохов селекторынан кими эрэ киирэригэр көрдөстө. Утаакы буолан баран,аан аргыый аҕай аһыллаатын кытта,көннөрү таҥастаах эдэр киһи киирэн кэллэ. Киирбит киһини көрөөт,Федоров харахтара кэҥии түстүлэр,бэйэтэ олоппоһуттан мөхсө түстэ.
— Аппанаас! Эн дуо?
— Дорообо,гражданин Федоров! Аны Аппанаас суох! Баар — оперативнай үлэһит,лейтнант Прокопьев. Гражданин Федоров,бу билэр саҥаҥ дуо? — диэтэ Прокопьев уҥа сиэбиттэн диктофону хостоон остуолга уура — уура. Сонно саҥа иһилиннэ: » Аппанаас,мин да биир киһи эрэйдэнэрин эрэйдэммит,көрөрүн көрбүт киһибин. Киһини өлөрбүтүм диигин. Мин э — эмиэ ээ! Федоров бэйэлээх бэйэтин саҥатын истэн олорбутунан бүк түстэр түһэн барда…
— Розалия Ефимовна,Горохов саҥарабын. Федоров көрдөрүүтүн кытта билсэҕин дуо? Кэлэн көрөр буоллаххына,кабинеппар кэтэһиэм.
— Сөп,Семен Павлович. Эбиэт иннинэ тиийиэм.
— Үчүгэй,кэтэһиэм.
Телефон туруупкатын уураат,Розалия Ефимовна остуолга тоҕонохтоон,ытыһыгар сүүһүн өйөөн өр олордо. Өйүгэр,аҕатын өлөрбүттэрин туһунан дьулаан сураҕы ийэтинээн истибит күннэрэ,ытабыл — соҥобул аргыстаах оччотооҕу хонуктар субу баардыы тиллэн кэллилэр. Оччотооҕуга оҕотук санаатыгар,аҕатын өлүүтүгэр ким буруйдааҕа дьэҥкэ курдуга. Кыараҕас тыа сирин сэлиэнньэтигэр ким тугу гыммыта,тугунан тыынара дьоҥҥо тута биллэн иһэрэ. Ол сиэринэн,аҕатын дууһатагар турбут киһи ким буоларын дьон — сэргэ тута таайбыта. Силиэстийэ да Федоровы уорбалаан буруйга тардан барбыта.
Ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии,уорбаланааччы суутунан босхоломмутугар нэһилиэк бүтүннүү аймаммыта.
Кини ийэтинээн куоракка көһүүлэрин биир төрүөтүнэн суут уурааҕа буолбута.
Куоракка киирэн ийэтинээн хас да сыл ыалга кыбыллан олоруулара,аҕата суох тулаайах ыал быһыытынан араас кыһалҕалары көрсүүлэрэ субу баардыы өйүгэр элэҥнэстилэр.
Ийэтэ Федора,ол быһылаантан сылтаан эрдэ ыарытыйбыта. Бэйэтэ,милиция үлэтигэр чугас сылдьар инниттэн,милиция отделениетыгар остуораһынан киирбитэ. Үлэлии — үлэлии тохсус — онус кылаастары киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэммитэ.
Милиция отделениетыгар остуораһынан үлэлээбитэ таах хаалбатаҕа, үлэтигэр кыһамньылаах, барыга-барытыгар интириэстээх кыыһы анал суруктаан Хабаровскайга милииссийэ үрдүк оскуолатыгар ыыппыттара. Үөрэҕэр үчүгэй буолан, соччо ыарырҕаппакка эрэ бары экзаменнарын ааһан курсант буолбута.
Түөрт сыл ааһа охсон, кынат үүннэриммит Дьокуускайыгар «лейтнант» кыыс буолан эргиллибтэ… Уопут мунньунар сыалтан, араас отделениеларга үлэлээбитэ, ханна ыыталлар да, онно баран иһэрэ. Ийэтэ өлбүтүн кэннэ, тус олоҕун үлэтигэр эрэ анаабыта. Аҕатын дьыалатын архивтан ылларан, сирийэн үөрэппитэ. Бүтэһиктээх быһаарыыны ыларга уолдьаста диэн түмүккэ кэлбитэ.
Государствоҕа куттал суох буолуутун комитетын сотрудниктарын, ИДьМ 4-с отделын үлэһиттэрин кытта сүбэлэһэн баран, «АНДАҔАР» операцияны толкуйдаан таһаарбыттара.
Биир ыйынан суут буолбута. Федоров буруйун толору билиммитэ. Бириигэбэр ааҕыллар кэмигэр өлүөхсүт кыыһа, милииссийэ старшай лейтнана, Р.Е.Григорьева уоһун иһигэр «АҔАА, ЭЙИЭХЭ БИЭРБИТ АНДАҔАРБЫН ТОЛОРДУМ. УОЛ КЭМСИММИТ, ЧАХЧЫ ЭРЭЙДЭММИТ КӨРҮҤНЭЭХ. ТӨҺӨ ДА ЭЙИГИН ӨЛӨРБҮТҮН ИҺИН, ОЛ ДОЙДУТТАН ЭТЭҤҤЭ ЭРГИЛЛЭН КИҺИЛИИ ОЛОҔУ ОЛОРОРУГАР БАҔАРАБЫН…» — диэн сибигинэбитин, аттыгар турааччылартан ким да истибэккэ хаалла.
КИҺИ БИИРДЭ ОЛОРОР,ЧИЭСКИН ЭДЭРГИТТЭН ХАРЫСТАА.
Дмитрий Филиппов (Кэпсээн батсаап ситимин бөлөҕүттэн ылылынна, ааптар арпагырааппыйата уларытыллыбата)