Андаҕар туолуута  

08.04.2018
Бөлөххө киир:

… Оскуолабыт үбүлүөйэ буолаары турар буолан, ыал аайы киирии-тахсыы, ыалдьыт кэлиитэ, кимнээх кэлбиттэрин туоһулаһыы аймалҕана. 

ЕЛЕНА ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

Нэһилиэкпит да бэйэтэ 300-кэ киһилээх дьоҕус кытыы сир буолан буолуо, ким кэлбитэ-барбыта аҕыйах мүнүүтэ иһигэр иһиллэ охсор. Эбиэккэ чэйдии олордохпутуна таһынааҕы ыалбыт Охоноос:

— Бөкчөгөр Миитэрэй оҕолоро алтыан орто кыыс иномаркатынан оскуола үбүлүөйүгэр ыалдьыттыы иһэллэр үһү. Даайыс, эн олох дьүөгэҥ этэ дии, кылааһынан көрсөргүт буолуо. Бу дойдуттан көспүттэрэ отучча сыл буолла. Бары тойон-хаан буолтар үһү дииллэр, — диэбитигэр, ийэм: “Эрэйдээхтэр көһөн барыахтарыттан ыла төрөөбүт дойдуларыгар биирдэ да сылдьа иликтэр”, — диэн хоруйдаата.

Мин оччону истибит киһи испэр олус үөрдүм: “Тыый, ол аата Галя иһэр буоллаҕа. Аата үчүгэйиин, кылааспытынан бары мустан көрсүүһүбүт!”. Ол эрээри: “Тоҕо эрэйдээхтэр?” – диэн санаа охсуллан ааста да, улаханнык аахайбатым. Сарсыныгар кулууп иһэ туолан, хайдах эрэ сэбиэскэй саҕанааҕы кэми санатта. Бу курдук элбэх киһи Өктөөп бырааһынньыгын саҕана мустааччы. Эр дьон өрүү маҥан ырбаахы, хара көстүүм, дьахталлар – үрүҥ куопта уонна хара дьууппа кэтээччилэр. Бары түөстэригэр кыһыл таҥаһынан оҥоһуллубут гвоздиканы иилиммит буолааччылар. Мин, оччолорго олох кыра киһи, Өктөөп бырааһынньыгар хайаан да маннык таҥныахтаахтарын курдук саныыр этим. Кэлин толкуйдаатахпына, кэнсиэргэ бастакы нүөмэрдэрэ хор буолан, дьахтардыын эр киһилиин онно бэлэм сылдьаллар эбит. Оскуола үбүлүөйүгэр кэлбит дьон тоҕо эрэ ол кэми санатан, өссө долгутуулаах буолла. Мин харахпынан Галяны көрдүүбүн.

Биһиги 7-с кылааска диэри уу тэстибэт доҕордуу этибит. Үөрэхпитигэр иккиэн бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьарбыт, агитбиригээдэлэр биһигинэ суох ааспаттара, үҥкүү буоллун, хоһоон буоллун, өрүү сиэттиспитинэн көхтөөхтүк кыттарбыт. Дьиктитэ баар, иккиэн история уонна география уруоктарыгар бэйэ-бэйэбит инники олохпутун уруһуйдаан тахсарбыт. “Эн устудьуоннуу сылдьан маннык буолуоҥ, маннык уолу кытта билсиэҥ. Кэргэниҥ инник буолуо, бачча оҕолонуоҥ”, — диэн ыраланар этибит. Бу санаатахха, тыа сирин оҕолоро инники олохпут хайаан да олус сырдык, кэрэ буолуоҕа диэн санаабыт, ол уруһуйбутугар бэриллибит эбит. Галялаах бииргэ төрөөбүттэр алтыа этилэрэ. Ийэлээх аҕалара иккиэн иһээччи буолан, олус дьадаҥытык, кырыымчыктык олороллоро. Сүөһү ииттэр буолан, төһө да оскуола оҕолоро буоллаллар, Галя киниттэн икки сыл аҕа эдьиийин кытта хотонтон ордубат этилэр. Гаврильевтар улахан кыыстара Төҥүлүгэ СПТУ-ну бүтэрэн баран, Мэҥэ Хаҥалас ханнык эрэ нэһилиэгэр үлэлии хаалбыт үһү дииллэрэ. Икки кыра быраата, мэник баҕайы уолаттар, өрүү Галя көрүүтүгэр-истиитигэр сылдьаллара. Улахан убайдара аармыйаттан кэлээт, аҕатын кытта суулаһа сылдьан арыгылыыр буолан, дьүөгэм “эмиэ утуппатылар” диэн, улахан перемена быыһыгар нухарыйан ылара. Мин кылаас аанын сабан баран, ким да киирбэтин диэн харабыллыырым.

Дьүөгэлиилэр иккиэн биир дьикти кыдьыктаах этибит — ким элбэх “5” сыананы ыларыгар куоталаһарбыт. Кини химияҕа, физикаҕа, алгебраҕа күүстээх буолан, үксүгэр ол предметтэргэ күннүүрэ. Мин тыл предметтэригэр иннибин биэрбэт этим. Этиһиибит сүрүн төрүөтэ ол буолара. Кини өрүү: “Эн кыахтаах ыал оҕотоҕун. Ол иһин учууталлар эйиэхэ “5”-һи туруораллар диирэ”. Ол мин библиотекарь ийэлээх, сылгыһыт аҕалаах киһи туох улахан кыахтаах ыал оҕото буолуохпунуй? Арай киниэхэ холоотоххо, дьонум испэттэр, аспыт-таҥаспыт өрүү баар. Кырдьык, соҕотох кыыстарын (икки убайдаахпын) дьонум таҥыннараллар этэ. Ону да дьон сиэринэн. Ол эрээри билигин кэлэн, Галяҕа махтана саныыбын. Кини миигин итинник күрэстэһиннэрэн, мин үөрэхпэр кыһаллар аҕай этим. Дьүөгэм ахсыһы бүтэрээтин кытта, Галя дьиэ кэргэнин Мэҥэ Хаҥаласка олорор эдьиийдэрэ кэлэн көһөрөн илдьэ барбыта. Ол онно тиийэн, Гаврильевтар олохторо чыҥха уларыйбыт үһү диэн истибитим. Биһиги Галябынаан олох да сүтэрсэн кэбиспиппит. Ити кэмтэн номнуо отучча сыл ааспыт…

Кэпсээтэххэ уһунун иһин, оҕо сааһым өйдөбүлэ киинэ лиэнтэтинии, ити курдук күлүм гынан ааста. Кэнсиэр иннинэ бэрт уруккуттан көрсүбэтэх дьон быһыытынан онно-манна күлүү-салыы, эҕэрдэлэһии, ол быыһыгар: “Хайа, доҕоор, бэлиэр тараҕай буоллуҥ дуу? Э, эн да халсыбатаххын, баттаҕыҥ маҥхайбыт…”, — дэһии. Онтон эмискэ:

— Оо, Галя-аа, атын сиргэ көрсүбүтүм буоллар, олох да билиэ суоҕа эбиппин. Хотун-хаан буолан, киһи билбэт киһитэ буолбуккун! – диэн кылааһынньыкпыт Болуодьа уол хаһыытыы түспүтүгэр көрбүтүм, фойеҕа сыаналаах баҕайы үрүҥ нуорка сонноох, киис бэргэһэлээх, үп-үрүҥ унтуулаах, куорат дьахтара киирэн турар эбит. Мэктиэтигэр кыараҕас кулууппут сырдыы түстэ. Галя миигин көрбүтүнэн кэлэн кууһан ылла: “Дьүөгээ, олох уларыйбатаххын! Эн тускунан сураһан истэ-билэ сылдьабын. Дьэ, маладьыас, оҕо-уруу бөҕө үһүгүн дии!”. Мин эмиэ кинини көрөн, сөхпүппүн-махтайбыппын эттим. Сүрдээх истиҥ кэнсиэри көрөн баран, бары оскуолабытыгар кылаас чаастарын мунньаҕар бардыбыт. Өр көрсүбэтэх дьон, оҕобутугар түһэн хааллыбыт. 70-с сыллардааҕы көлүөнэни бииргэ муспуттар. Биллэн турар, бары харахпытын Галяттан араарбаппыт. Учууталларбыт да, уһаппатылар, тылы тута ыраахтан кэлбит ыалдьыппытыгар биэрдилэр. Галябыт бииргэ төрөөбүттэрин туһунан кэпсээтэ. Бары бииргэ өйөһөн олороллорун истэн үөрдүбүт аҕай. Бэйэ-бэйэлэригэр уочаратынан иккилии мэндиэмэннээх дьиэлэри тутан биэрбиттэр. “Билигин мин уочаратым кэлэн, бары күүһү миэхэ уурдулар. Бүтэһик буолан буолуо, баҕа санаам үгүс. Ону ол диэбэккэ, бырааттарым теплицабын кытта ититэр систиэмэлээх оҥорор былааннаахтар”, — диэтэ. Үөлээннээхпит түмүктүүр тыла дьикти буолла: “Сэбиэскэй кэм буолан эбитэ буолуо, иһэр-аһыыр дьонноох, кыаммат ыал оҕолоро диэн, бииргэ үөрэнэр үөлээннээхтэрбит биһигиттэн тэйэ туттубат этилэр. Ол иһин билигин кинилэргэ наһаа махтанабын. Ол эрээри маннык олохтоох оҕолорго сорох учууталлар өттүлэриттэн хаҕыс сыһыан баара. Суох, ким да биһигини атаҕастаабат, туора туппат этэ. Ол эрээри биир түгэн мин олохпун уларыта туппута. Обургу сааспар бу оскуолаҕа “Артек” лааҕырга барарга биир путевка кэлбитэ. Онно үөрэхтэригэр чаҕылхай оҕолор хас да этибит. “Эн барарыҥ буолуо, Галя. Барыбытыттан кыахтааххын”, — диэн үөлээннээхтэрим санаабын олуһун көтөхпүттэрэ. Дьиҥэр, барбатахпына да хомойуом суоҕа этэ.

Онтон педсовет ким барарын мунньахтаан эрэр үһү диэни истээт, оҕолору кытта ол кылаас аанын кэтээтибит. Дьоллоох оҕо аатын истээри. Син балайда өр буолан баран, кылааһым салайааччыта тахсан баран, оҕолор бары истэн турдахтарына: “Галя, эн кыаммат ыал оҕото буоларыҥ быһыытынан, үгүспүт эйиэхэ куоластаатыбыт. Аны хаһан, ханна ким эйиигин ыытыаҕай? Баран таҥаскын хомун. Икки хонугунан бараҕын”, — диэн эттэ. Мин тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буола түспүтүм: “Ол аата мин үөрэхпэр үчүгэйбинэн буолбакка, кыаммат ыал оҕото буоларым инники күөҥҥэ тутуллубут эбит дии?!”. Ытаабытынан дьиэбэр сүүрэн кэлэн, бэйэм бэйэбэр андаҕайбытым: “Мин ити Артеккытыгар хайаан да баран кэлиэм уонна эһиэхэ дакаастыам, кыаммат ыал оҕото хайдах ситиһиилэнэрин! Мин атыттартан туох да атыным суох. Тоҕо миигин дьадаҥы ыал оҕотун курдук көрөллөрүй? Хайаан да үөрэхтээх киһи буолан төннүөм уонна бары истэллэригэр: “Мин олохпор барытын ситистим!” – диэн кэпсиэм.

Дьэ, төрөөбүт түөлбэбэр отучча сыл буолан баран эргиллэн кэллим. Оскуолам үбүлүөйүгэр анаан андаҕарбын толорбуппун этээри. Мин оччолорго хомойбут учууталбар билигин махтанар эрэ буоллаҕым: “Өскө оччолорго эн миэхэ, олоххо кэрэни, сырдыгы эрэ ыраланар оҕоҕо, олус ыарыылаахтык үөрүүлээх сонуну тиэрдибэтэҕиҥ буоллар, арааһа, итинник андаҕары бэйэбэр биэриэ этим дуо? Бииргэ төрөөбүттэрбэр өрүү этэрим: “Биһигини кыаммат дьон оҕолоро диэн сирэй-харах анньыбаттарын туһугар бэйэбит олохпутунан дакаастыахтаахпыт – биһиги кыахтаахпыт!”. Мин итинэн тугу этээри гынабыный? Учуутал сыччах биир тыла оҕо дьылҕатын тосту уларытыан сөптөөҕүн билиҥҥи көлүөнэ учууталлар өйдүөххүтүн наада. Кыахтаах курдугун иһин, биһиги олорбут сэбиэскэй кэммитинээҕэр олус уустук кэм кэлэн турар. Эһиги хас биирдии тылгытын ханнык баҕар оҕо ырыҥалаан көрөр. Сөптөөх диэтэҕинэ ылыныа, өһүргэннэҕинэ: ”Мин эйиэхэ өссө да дакаастыам”, — диэҕэ. Оттон мөлтөх өттө олох да ыһыктынан кэбиһиэҕэ. Ол баар куттала. Мин бүгүн бу сыллар тухары санаабыт санаабын эһиэхэ тиэрдэн, хайдах эрэ чэпчээбит курдук буоллум…”

Сарсыныгар Галя үбүлүөйгэ эппит этиитин ыал аайы тиэрдэ охсубуттара. Урут нэһилиэккэ кыаммат ыал дэнэр Гаврильевтар оҕолоро, билигин бары чыыннаах-хааннаах дьон, отучча сыллааҕыта тэйбит түөлбэлэригэр ахтылҕаннарын дуоһуйа таһаарбыттара: оҕо сылдьан дьоннорун кытта оттообут Туобуйаларын, ахтар-саныыр Элгээн эбэлэрин алаадьынан аһаппыттара, ийэлээх аҕаларын үөлээннэхтэригэр, бииргэ үөрэммит оҕолоругар дьиэлэринэн сылдьан өр да өр оҕо саастарын ахтыспыттара. Оттон оҕолор олохторун тосту уларыппыт учуутал биһиги нэһилиэкпититтэн көспүтэ ыраатта. Ким да кини аатын билигин өйдөөн ахтыбат буолбута быданнаата.

ТӨРҮТ АЙГЫЫНАТА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0