Бүгүн Бүөтүр орто дойдутааҕы олоҕо түмүктэннэ. Сүрдээх соһумардык уонна наһаа хомолтолоохтук. Бу сайыҥҥы чуумпу күн кини туһугар өлөр өлүү өмүтүннэрэн, үөйбэтэх өттүттэн ааҥнаата…
Кэбис, аньыыны санаамаҥ. Бүөтүрү ким да тарбаҕынан да таарыйбатах киһитэ. Кини бэйэтин нэһилиэгэр ураты ытыктанар киһи. Атаһа-доҕоро ыһар буор курдук үгүс буолбатах эрээри Сэмэннэр, Ыстапааннар, Ньукулайдар, Маасалар, Балбааралар, чэ, быһата, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ оҕолуун-дьахтардыын, эр дьоннуун бүүс бүтүннүү эрэнэр-итэҕэйэр киһилэрэ.
Суох, доҕор, ол кини баһылык дуу, туох дуу буолбатах. Үөһээттэн түспүт аанньал да буолбатах. Били этэргэ дылы, көннөрү киһи. Дьөгүөр уола Бүөтүр диэн. Сахалыы малтаччы эттэххэ, Дьөө Дьөгүөр уола Бүөкээн Бүөтүр. Ийэтэ эрэйдээх уолун таптаан: “Кучу-мучу куччугуйум, баарым-суоҕум баайым-дуолум, бөп-бөкүнүгүм Бүөкээнигим”, – диирэ үһү. Ол таптал аата олоҕун устата ааттанан кэллэҕэ. Иһиллэрдиин да үтүө ааттаах киһи этэ. Хайыахпытый, “этэ” диибит.
Кырдьык, Бүөтүр саҥата-иҥэтэ суох сылдьан, барыга бары баар буолан, түбэһэ түһэн иһэрэ. Өрүүтүн манаан сылдьар киһиэхэ дылы. Нэһилиэк күннээҕи олоҕо кинитэ суох сатаммат курдуга. Чэ, холобур, быйыл кыһын Уруй Уйбааннаах борооскулара халты тэбинэн дуу, сүөһүттэн куттанан дуу ойбоҥҥо түспүтүн, биһиги киһибит атын уулата сылдьан, түбэһэ түһэн, быыһаан турардаах. Өрүһүйбүт сүөһүтүн атынан эккирэтэн сүүрдэн, Уруйдар хотонноругар тиэрдэн биэрбит сурахтааҕа. Ол бачча тымныыга ууга сөтүөлээбит сүөһү өссө эбии тоҥмута-хаппыта буоллар иэдэйиэ эбитэ буолуо.
Аны сааһыары сылгыларын саҥа хаһыыга көһөрө сылдьан, Чыыбыс Ыстапаан биэтэ төрөөрү моһуогурбутун быыһаабыттаах. Соҕотох киһиэхэ кыайтарбат суолу киһитэ кини буолан сылгыны өрүһүйбүтэ. Атынан сылдьар киһи хаһан дьоҥҥо тиийэн тыллыар диэри өлөр өлүөх, быстарар быстыах этэ.
Бүөтүр ол сайын от үлэтэ үмүрүйүүтэ илимин үппүт күөлүгэр ааһан иһэн, ыала Ньоох Ньукулайдаах кыра уоллара кустуу киирэбин диэн тыыламмыта, алдьаммыт тэрил түбэһэн, ууга түһэн булумахтана сылдьарын быыһаабыта. Онон сыл аайы кини кими эмит өрүһүйбүтэ, харайбыта эрэ баар буолара. Арыт үлүйэн эрэр киһини булан, арыт умайан эрэр дьиэни түбэһэ түһэн, арыт муммут оҕолору көрсөн быыһаталыыра. Онон үрдүк үтүө айыыларбыт бу бүтүн нэһилиэги быыһата-харайтара ыыппыт киһилэрин курдук киһи этэ.
Дьиҥэ, аны санаатахха, Бүөкээн Бүөтүр өтө көрөр дуу, түһээн ким-туох буолуохтааҕын эрдэ сэрэйэр-биттэнэр дуу буолбатаҕа. Кини хара сарсыардаттан утуйуор диэри үлэлээн түбүгүрэн тахсар идэлээҕэ. Тохтуу түһэн табаахтыыр дуу, дьону кытта сэлэһэн олоро түһэр дуу, кыратык эмэ “кыһыллыы – үрүҥнүү” түһэр буоллаҕа дуу. Дьиҥнээх ис-хаан “сир быта” киһи этэ. Күнү быһа тугу эрэ дьаһайан, мөхсөн тахсаахтыыра.
Бүөкээн ийэлээх аҕата баар-суох соҕотох оҕолорун кыра эрдэҕиттэн батыһыннара сылдьан, түбүгүрэн биэрээхтииллэрэ. Дьэ, чахчы да үлэһит дьон үһүлэр.
Бүөкээн оскуола кэнниттэн хайа да диэки бара-кэлэ сатаабатаҕа. Арай сааһа туолан, аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитэ. Дьэ, уонна дьөрү ханна да быкпатах киһи.
Кини сүүрбэ сааһын ааһыыта олохтоох кыыһы кэргэн ылбыта. Ону да ийэлээх-аҕата “Кырдьан бүдүгүрэ иликпитинэ ыал-күүс буол”, – диэн ыххайбыттарыгар Өкүлүүн кыыһы ыйытан, кэргэннээх киһи буолбута. Оҕонньордоох эмээхсини үөрдэн сыры сыллата талбыт курдук уолаттар моторуспуттара, кыргыттар кылыыҥкайдаабыттара. Онон Бүөкээн ийэтэ-аҕата сиэн сытын ылан, эһэ-эбэ буолан, кэмнэрэ кэлэн, ол “дойдуга” утуу-субуу “барбыттара”.
Бүөкээннээх Өкүлүүн ыал буолан куһаҕана суох олорбуттара. Эр киһи ийэлээх аҕата сиэн оҕолор атахтарыгар туруохтарыгар диэри тэтиэнэх сылдьан, күүс-көмө, өйөбүл буолбут буоланнар, эдэр кэргэнниилэр улахан кыһалҕаны билбэтэхтэрэ. Өкүлүүн бэйэтэ төгүрүк тулаайах этэ, онон бэрт сэмэйэ, көрсүөтэ. Хайа уонна сааһын саҥа ситэн эрэр кыыс оҕо эрдэҕиттэн санаа ымыыта оҥостон, Бүөкээнин чахчы сүрэҕинэн сөбүлээн, кэргэн тахсыбыта. Кини эдэр эрдэҕиттэн ыарыһахтыҥы, кэргэн-оҕо диэни билбэтэх аҥардас эдьиийигэр иитиллибитэ. Эдьиийэ Даайыс балта дьоһуннаах киһиэхэ кэргэн тахсар буолбутугар үөрбүтэ-долгуйбута бэрдиттэн, бэл, ытамньыйан ылбыта.
Эдэр ыал эйэ дэмнээхтик олохторун саҕалаабыттара. Иккиэн көнө сүрүннээх дьон буолан, иирсэр диэни билбэтэхтэрэ. Хайа, уонна көҕүспүт курдук үлэһиттэрин бэрдэ сыттаҕа. Оҕолоро да кинилэр суолларыттан туора хаампатахтара. Бары этэҥҥэ бороохтуйан, “быылларын тэбэнэн”, сыр-мыр улаатан барбыттара. Этэҥҥэ олордоххо, күн-дьыл биллибэккэ ааһар.
Бүөкээннээх бэйэлэрэ эбэ-эһэ буолан олорор кэмнэрэ кэлбитэ. Сайын буолла да, дьиэлэрэ оҕонон туолара. Кыра саастаах көлүөнэ дьон чугас дьонноругар үөрүүнэн кэлэллэрэ. Хайа, манна үүт-сүөгэй үрдүгэр үҥкүрүһэллэрэ эбээт. Дьиэ иһинэн-таһынан элэгэлдьиһэн, мэниктии таарыйа, эти-хааны эрчийиэххэ тыа сирэ барахсан үтүө дойду.
Эр киһи кэргэнигэр сыһыана биир тэҥэ. Наһаа олус өрө мэҥийэн таптаабатар да, баччааҥҥа диэри тапсан олордохторо. Хас эмэ оҕолонон, сиэннэнэн, аҕыйах бэйэлэрэ элбээн, нэһилиэк сис ыалларыттан биирдэстэрэ буоллулар. Өкүлүүн олоҕун устата эрин өйөөн, аҥаар кынат буолан тиийэн кэллэ.
Бүөкээннээх ыаллыы олорбут Уйгуураптар диэн ырааҕынан уруулуу дьонноро бу аҕыйах сыллааҕыта куоракка көспүттэрэ. Дьиэлэрэ хас да сыл кураанах турбутун кэннэ былырыын сайын саҕана атын нэһилиэктэн Унаараптар диэн ыал көһөн кэлбиттэрэ. Хороох Уйбаан диэн куоҕалдьыйбыт, тылга тииспит бэйэлээх аҕалаахтар. Баара суоҕа биллибэт мэлдьи былаат бааныылаах ийэлээхтэр. Уоллаах кыыс оҕолоро оскуолаҕа үрдүкү кылааска үөрэнэллэр. Эр киһи барыга бары даҕаамах курдук эрээри, түптээн биир сиргэ үлэлээбэт. “Аһыырга-таҥнарга” өрүү да баар буола түһэр атастардаах, арыт хоно-өрүү сүтэн хаалар адьынаттаах бэрт саарбах киһи. Дьахтар эмиэ да оскуолаҕа остуорастыыр, эмиэ да харабыллыыр. Ол эрэн бу ыал кэм да киһи кэрэхсиирэ диэн сиэтэн илдьэ кэлбит сүөһүлээхтэр. Оҕолор ийэлэригэр бэркэ көмө-ньыма буолар бадахтаахтар. Бүөкээннээх кэлэ-бара сылдьан, уол ойбонтон уу баһарын, балбааҕын таскайдаан сааһылыырын көрөллөр. Кыыс сайын ынахтарын сылгылыы сылдьарын хаста да көрсүбүттэрэ. Оҕуруотугар уу кутарын көрөөччүлэр. Сир анаппыттарын ийэлэрэ оҕолорунаан сылдьан оттообуттара. Аҕалара улаханнык туһалаан эрэрэ көстүбэтэҕэ. Били этэргэ дылы, “тыла эрэ тыыннаах” киһи быһыылаах.
Ыаллыылар киирэ-тахса улаханнык билсибэккэ, алтыспакка олордулар. Оннук “эн – мин” дэсиһиэх түгэн да көстүбэтэ.
Арай биирдэ Бүөкээннээх утуйаары сырыттахтарына, ааны тоҥсуйар тыас иһилиннэ. Бачча түүн хайалара кэлиэн сөбө эбитэ буолла? Ханнык эбит “чэйдээбит” киһи “бытыга умайан” тоҥсуйуон иһин кинилэр испэт дьон хантан бытыылкалаах буолуохтарай, ону да “аһааччыларыҥ” бэркэ билэр буоллахтара, тоҕо тоҥсуйа турдахтарай? Аҕалара таҥнан таһырдьа тахсан, кимниин эрэ отур-ботур кэпсэтээт, төннөн киирдэ уонна “Чэ, эһиги утуйа туруҥ. Таһаараа ыалбыт сатамматахтар. Тахса сырыттахпына сатаныыһы”,— диэт, сып-сап хомуна охсон элэс гынна. Өкүлүүн таһырдьааҥы лаампа сырдыгар кыһарыйан түннүгүнэн көрдөҕүнэ, кэлии ыал уола аҕаларын сылгылаан илдьэ баран эрэр эбит. “Туох буоллахтарай? Кэм да биһиги аҕабыт түбүгүрдэҕинэ сатанар”, – дии саныы-саныы, кыра сиэнэ уһуктан ыҥырҕаабытын биэбэйдэһэ барда.
Ыаллара уол Бүөкээҥҥэ кэпсииринэн, ыкса киэһэ “Аҕаҕытын Салаҥ Бааскалаахтан сылгылыыр үһүгүт. Дьиэлээх киһилиин арыгылаабытын иһин таһырдьа анньан кэбиспиттэрэ уулусса ортотугар тыылла сытар. Тыыннаах эрэ, өлбүт эрэ. Үлүйэрэ буолуо”, – диэн илдьит кэлбит. Ийэлэрэ: “Оҕолор, эһиги утуйуҥ. Сарсыарда оскуолаҕытыгар барыа этигит”, – диэбит уонна аҕаларын сылгылыы барбыта барбытынан, баччааҥҥа диэри биллэ илик эбит. Оҕолор утуйбакка сытан, дьоннорун кэтэһэ сатаан баран тураннар, тыас иһиллээн көрбүттэр. Туох да биллибэт үһү. Дьөрү киһи саҥата да иһиллибэт үһү. Кыыс убайын соҕотоҕун ыытыан баҕарбатах. “Ыалбыт утуйа иликтэр, онно тахса сылдьыбаккын дуо?” – диэн ыйан ыыппытыгар уол кинилэргэ кэлэн тоҥсуйбут эбит.
Бүөкээн уолу дьиэтигэр ыытан баран сэлиэнньэ түгэх уһугар, аһыы утаҕы уора-кистии атыылыыр сирдэригэр, барарга сананна. Банаарын уматан, саҥа түспүт хаартан халты үктэнэ-үктэнэ баран иһэн көрдөҕүнэ, Ыстапаанаптар олбуордарын таһыгар дьон булумахтаһаллар. Чугаһаан баран көрбүтэ, ыала дьахтар эрин сосуһа сатыы сылдьар эбит. Бүөкээн сулбу-халбы хааман кэлэн, киһини хонноҕун анныттан ылан, бокуойа суох дьиэтин диэки дэллэриттэ. Киһитэ тугу эрэ бордурҕуу-бордурҕуу төттөрү өттүгэр тардыалаһар. Санаатыгар салгыы аһыы барыах киһини сылгылаһаллар быһыылаах. Үлүйүөм эҥин диэн толкуй суох киһитэ эбит.
Киһилэрин нэһиилэ сыһаҕастаһан дьиэтигэр аҕаллылар. Үтүлүгүн сүтэрбитэ ырааппыт быһыылаах. Илиилэрэ үлүйэ сыспыт. Атаҕар таба тирэнэр кыаҕа суох киһини дьиэ иһин нэһиилэ буллардылар…
Бу саҥа ыалларын ийэлэрэ бэрт көнө сүрүннээх дьахтар быһыылаах. Эн-мин дэһиспэтэх киһилэрин түүннэри түбүгүртүбүт диэн кыбыста саныыра таска көстө сылдьар. Барарыгар махтанан аҕай ыытаахтаата.
Бу өйдөөтөҕүнэ, Бүөкээн ыалын дьиэлэригэр киирээт, соһуйбута аҕай. Дьиэ иһэ сып сырдык этэ. Ол, баҕар, түннүктэр, ааннар сабыыларын өҥнөрүттэн, олоппостор дьэрэкээн оһуордаах олбохторуттан, истиэнэҕэ ыйаммыт дьикти кэрэ оҥоһуктартан буолуо. Кини арыгыһыт аҕалаах ыаллар уораҕайдара бэрт дьиппиэн, иһиллээбиккэ дылы ыарахан эйгэлээх буолааччы диэн билэр. Оттон бу ыал ханнык баҕарар киһи кута-сүрэ тохтуох дьиэлээхтэр эбит. Ити киһи итиччэ сымнаҕас кыһаллыгас майгылаах кэргэннээх, үчүгэйкээн уоллаах кыыс оҕолордоох эрээри тоҕо арыгыны батыспыт бэйэтэй?
Бүөкээн түһээтэҕинэ, кэм да ыалын аҕалара итирэн хаалбытын харайса сылдьар. Киһилэрин сыһан-соһон аҕалан оронугар сытыарбыттара өрө хаһыҥырыы – хаһыҥырыы утуйан баччыгынатан барда. Дьиэлээх дьахтар чэй тардан, кинилэр утарыта олорон, хаһааҥҥыттан эрэ билсибит дьоннуу сэлэһэ – сэлэһэ чэйдээтилэр. Маайыс баарыҥҥы тириппитин-хоруппутун курдук сирэйэ тэтэрэ кыыспыт. Былаатын быыһынан сырдык дьүһүннээх баттаҕын сүүмэҕэ быкпыт…
Сарсыныгар ыаллара киһи ыалдьыбытын улуус киинигэр киллэрдилэр. Киэһээттэн түүҥҥэ диэри хаарга буккуллубут, тымныыга чоочугураабыт киһи туох аанньа буолуой?! Бүөрэ аккаастыы сыһан балыыһаны булла. Өлө сыспыт киһи өйдөнөрө дуу, суоҕа дуу?
Биир күн Бүөкээн ыалыгар тахса сырытта. Ийэлэрэ бэйэтэ эрэ баар эбит. Оҕолор оскуолаҕа сырыттахтара. Дьахтар иистэнэ олорор. Үтүлүк, кээнчэ тигэн маҕаһыыҥҥа биэрдэҕинэ, тута атыыга барар үһү. Кэм даҕаны кыралаан эбии үп киирэр үһү. Дэҥҥэ нэһилиэк мааны дьахталлара бэйэ – бэйэлэриттэн истиһэ – истиһэ үтүлүк, бэргэһэ тиктэрэллэр, оһуордаталлар үһү.
Бүөкээн аҕаларын туругун ыйыталаста. Туохха эмэ көмөлөһүннэриэх кыһалҕалаахтарын сураһа киирбитин эттэ. Оннук айылаах улахан түбүк суох үһү. Отторун-мастарын тырахтарыыс Байбааскы эрдэ тиэйэн абыраабыт. Ол өҥөтүгэр кэргэнин Маҥан Марыына сахалыы таҥаһын оһуордаппыт үһү. Бүөкээн Маайыска туох эмэ түбүк кыайтарбатаҕына, кыбыстыбакка этэригэр сүбэлээтэ. Ыал киһи кыһалҕата элбэҕэ биллэр.
Ыалларын аҕалара балыыһаттан тахсаат, дьэ, өссө эбии тууһу салаабыт ынахха дылы, туругуран туран арыгылаата. “Өйдөммөт киһи өйдөммөт” диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Бэйэтэ да эрэйдэнэрин, ойоҕун-оҕолорун да сордуурун туохха да уурбат киһи эбит.
Уйбаан оннук дьаабылана сылдьан, сааһыары эмиэ балыыһаҕа киирэн хаалла…
Салгыыта бэчээттэниэ.
Валентина Дьячковская, Кутана, edersaas.ru