Миниистир Анатолий Семенов: «Сыл бүтэһигэр диэри цифровой тэлэбиидэнньэҕэ 20 ханаал көстүөхтээх»
Соторутааҕыта Саха сиригэр РФ цифровой сибээһин уонна маассабай коммуникация сайдыытын миниистирэ Константин Носков кэлэн барда. Федеральнай миниистир өрөспүүбүлүкэтээҕи информационнай сибээс кииннэригэр сибээс технологиятын сайдыытын кытта ыкса билистэ. Бу туһунан СӨ инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология миниистирэ Анатолий Семеновы кытта кэпсэттибит.
Мультиплекс – кэм ирдэбилэ
— Анатолий Аскалонович, Арассыыйа таһымнаах улахан сололоох салайааччы соторутааҕыта миниистиринэн ананаат, оробуочай сырыытын Саха сириттэн саҕалаабыта интэриэһинэй. Тоҕо бастакынан чуолаан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитин талбыта буолуой?
— Кырдьык, Константин Носков б.дь. ыам ыйыгар сибээс миниистиринэн анаммыта. Кини салайар салаатын ис туругун, балаһыанньатын билсиини Саха сириттэн саҕалаабыт эрэ буолбакка, сырыытын икки аҥаар хонук устата олохтоохтук былааннаан, үлэбитин-хамнаспытын, кэскиллээх тосхоллорбутун ымпыгар-чымпыгар тиийэ үөрэтэн барда. Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ, инфомационнай технологическай кииннэр үлэлэрин ис хоһоонун билсэр кэмигэр сибээс аныгы технологията сайдыытыгар туһуламмыт тирээн турар кыһалҕабытын быһаарыстыбыт, былааннарбытын, бырайыактарбытын ырыттыбыт.
— Холобура, ол ханнык боппуруостарый?
— Бастатан туран, цифровой тэлэбиидэнньэни олоххо киллэрии. 2019 с. тохсунньу 1 күнүттэн Федеральнай бырагыраамаҕа олоҕуран, дойду үрдүнэн цифровой ханааллар үлэлиэхтээхтэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин олохтоохторо цифровой тэлэбиидэнньэ 1-тан 10-ка диэри цифровой тэлэбиидэнньэ босхо ханаалларын көрөллөр (урукку сылларга үс ханаалы эрэ көрөллөрө). Сыл бүтэһигэр диэри цифровой тэлэбиидэнньэҕэ 20 ханаал көстүөхтээх. Ол эбэтэр бастакы уонна иккис мультиплекстары биһиги хаачыстыбалаах тэлэбиисэргэ көрөр буолуохпут.
— «Мультиплекс» диэн тиэрмини быһаардахха…
— Тэлэбиидэнньэ ханааллара биир кэлим цифровой бакыакка холбоһуулара «мультиплекс» дэнэр. Ол эбэтэр бастакы мультиплекска: «Бастакы ханаал», «Россия 1», «Россия 2», «Матч ТВ», «НТВ», «Пятый канал», «Культура», «Россия 24», «Карусель», «ОТР», «ТВЦ» ханааллар киирэллэр. Иккискэ — «РЕН ТВ», «СПАС», «СТС», «Домашний», «ТВ3», «Пятница», «Звезда», «Мир», «ТНТ», «Муз-ТВ». Бу бырагыраамалары цифровой тэлэбиисэргэ эбэтэр билигин көрө олорор тэлэбиисэргитигэр анал приставканы атыыластаххытына көстүөҕэ.
— Приставкалары хантан ылабытый?
— Бытовой тиэхиньикэ маҕаһыыннарыгар билигин да атыылаhыахха сөп. Былырыыҥҥыттан улуустарга «Арассыыйа почтата» ФГУП почтовай отделениеларыгар приставкалары атыылыыллар. Биһиги федеральнай миниистиртэн «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньата үһүс мультиплекска киирсэрин туруорустубут. «Саха» НКИХ бүгүҥҥү күҥҥэ эбии ус ханааллаах: «Саха» НКИХ, «Якутия 24», «Мамонт». Бу боппуруоhу 2019 сыл кэннэ быhаарсыахпыт.
Оптоволоконнай сибээскэ нэһилиэктэри хабыы
— Саха сирин улуустарыгар оптоволоконнай сибээһи тардыы кэм ирдэбилинэн буолла. Бу боппуруоска туох быһаарыы ылынныгыт?
– Бу федеральнай боломуочуйалаах үлэ. Биэс сыл иһигэр олус улахан үлэ ыытылынна – 6 тыһ. км оптоволоконнай лиинийэ тардылынна. Ол эбэтэр нэһилиэнньэ 69%-на үрдүк күүрүүлээх түргэн интэриниэтинэн туһана олорор. Оптика Саха сирин соҕуруу өттүгэр: Нерюнгри, Алдан, Өлүөхүмэ, Мирнэй, Ленскэй, Айхал уонна Удачнай туһаайыытынан барда. Бу күннэргэ «Ростелеком» оптика утаҕа Сунтаарга тиийдэ.
— Оттон сорох улуустарга, холобура, Өймөкөөҥҥө федеральнай провайдердар (ВОЛС лиинийэтин тардар бэдэрээтчит) үлэлииллэр дии. Уус Ньара олохтоохторо оптоволоконнай ситим тардыллыаҕыттан сибээһэ суох олус эрэйи көрдүлэр.
– Саха сиригэр хас да провайдер баар. Сокуоҥҥа олоҕуран Арассыыйа хайа баҕарар эрэгийиэниттэн кэлэн анал утаҕы хампаанньалар оптоволоконнай лиинийэни тардыахтарын сөп. Уус Ньараҕа Пермь куоракка баазаланан олорор «НПО Импульс» хампаанньа оптиканы бэйэтин 1 млрд солк. тахса кэриҥэ үбүнэн тарда сылдьар. Манна үбүлээһин боппуруоһугар Саха сирэ кыттыспат. Оптоволокнону уонна суотабай сибээс ыстаансыйаларын киллэрэргэ биһиги 13 млрд солк. инвестицияны бэйэбитигэр тартыбыт. 2024 сылга 249 нэһилиэнньэлээх пууну, ол эбэтэр нэһилиэнньэ 84%-нын оптиканан хааччыйыахтаахпыт. Бу улахан көрдөрүү. Онно 3,5 млрд солк. эбии угуоллуоҕа.
— Оптика өрөспүүбүлүкэ улуустарын кииннэригэр эрэ тиийэ тардылла турар дии. Оттон нэһилиэктэри хабыыга бу боппуруос хайдах быһаарылларый?
— Мин соторутааҕыта Аллараа Бэстээххэ сылдьан кэллим. Онно биир чаҕылхай холобуру арыйдым— Мэҥэ Хаҥалас 31 нэһилиэктээҕиттэн 22-гэр оптика сибээһэ баар. Бу боппуруоһу мин болҕомтоҕо ыллым. Киин улуус уопутун үөрэтэн баран, олоххо туттуохха баар эбит. Ол курдук, улуус салалтата биир чопчу провайдеры булан баран, онно нэһилиэктэринэн социальнай эбийиэктэри барытын холбууллар эбит. Ылан көрүөҕүҥ, улуус кииниттэн 100 км ыраах сиргэ турар 200-чэкэ нэһилиэнньэлээх дьоҕус нэһилиэги. Биллэн турар, биир нэһилиэги хабар утаҕы тардыы бэдэрээччиккэ ночооттоох. Оттон хас да бэйэ-бэйэлэригэр ыаллыы сытар нэһилиэктэр эбийиэктэрин бииргэ түмтэхтэринэ, провайдер барыстанар. Бэдэрээтчит билигин үбүн уган баран, кэлин мантан харчыланар буоллаҕа. Онон провайдер хас да нэһилиэги түмэргэ интэриэстээх.
«Цифровой нэһилиэк» – миниистир бырайыага
— Бу боппуруоһу таарыйбычча, сыыйа эн «Цифровой нэһилиэк» диэн бэрт кэскиллээх бырайыаккар көһүөххэ.
— Кырдьык, ити мин тус идиэйэм. Миниистиринэн анаммыт бастакы нэдиэлэбэр буолбут мунньахха мин оптоволокно сибээһин сүрүннээн улуус кииннэригэр эрэ тарда сылдьалларын туһунан истибитим. Туох да диэбит иһин, тыа сирин олоҕун тупсарар кэм кэллэ. Нэһилиэктэргэ, төһө да киин сиртэн ыраах буоллаллар, сайдыы улаханнык бара турар. Холобур, Миирнэйтэн Сунтаарга диэри оптоволоконнай сибээс ыраах соҕус сытар нэhилиэктэргэ эмиэ түргэн интэриниэт киирэрин түгэнигэр сибээс оператордарын, федеральнай миниистир, улуус баһылыктарын болҕомтолоругар этии киллэрбитим. «Почта Банк» ПАУо кытта кэпсэтэн, 500 нэһилиэккэ пост-терминаллары туруорарга сүбэлэспиппит. Оччотугар дьон почтаҕа кэлэн харчыларын карточкаттан устан ылыа этилэр. Бу үлэ барыта «Цифровой нэһилиэк» бырайыак нөҥүө оҥоһуллар. Салгыы биһиги мусуойдары сыыппара сибээһигэр киллэриэхпит, судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорууга туттуллуоҕа. Бырайыак үлэтин көрүҥэ сыыйа кэҥээн иһиэҕэ.
… Ити курдук, СӨ Инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология миниистирэ Анатолий Семеновы кытта сибээс аныгы көрүҥэ сайдыытын туһунан бэрт өр кэпсэттибит. IT-технология сайдыытын туһунан кэпсэтиибит туспа «Эдэр саас» саайтка тахсыаҕа. Бүгүн тыа сиригэр сыһыаннаах тиэмэ тула кэпсэттибит. Эдэр кэскиллээх салайааччы дьыалатын билэрэ бэрт буолан, бэрт ыарахан тиэрминнэри илдьиритэн кэпсээн, сибээс үлэтин ымпыгын-чымпыгын дириҥник хорута өйдөтөрүн сөхтүм. Сибээс миниистирэ тыа сирин сайдыытыгар болҕомтону уурара үөртэ. Онон сайдар саҕах, тосхол кэҥээн иһииһи.
Елена Потоцкая, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru