Анатолий Слепцов «Уһук Илин» литературнай бириэмийэ кыайыылааҕынан буолла

14.12.2019
Бөлөххө киир:

Саха суруйааччыта Анатолий Слепцов «Уһук Илин» диэн В.К. Арсеньев аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы литературнай бириэмийэ кыайыылааҕынан буолла диэн «Якутия 24» телеханаал иһитиннэрэр. Бириэмийэни Москваҕа буола турар Уһук Илин күннэригэр туттардылар. 

Анатолий Слепцов суруйбут «Быков мыс» кэпсээнэ «Кылгас проза» номинацияҕа бастыҥынан ааттанна. «Уһук Илин» бириэмийэҕэ Арассыыйа 17 эрэгийиэниттэн уонна биир тас дойдуттан 193 үлэ киирбититтэн, 79 айымньыны аахпытттар. «Уһун проза», «Кылгас проза», «Оҕо прозата» диэн үс номинациянан тоҕус айымньы шорт-лиискэ киирбитэ.

Хас биирдии номинация кыайыылааҕар 500 тыһ. солк. харчыны туттардылар.

«Уһук Илин» диэн В.К. Арсеньев аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы литературнай бириэмийэ Дойду бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин Юрий Трутнев көҕүлээһининэн туттарыллар. Бириэмийэни Уһук Илин туһунан суруйар ааптардар үлэлэрин киэҥник тарҕатар сыаллаах туттараллар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0