Дьоһун сааһыгар үктэнэн туран, ааспыт олоҕун эргитэ санаан көрдөҕүнэ, Анатолий Денисович маннык этэригэр толору кыахтаах эбит. Үтүө төрүттээх-уустаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн, оскуолаҕа саха барыта киэн туттар учууталларыгар үөрэнэн, бэйэтин көлүөнэтин уолаттара бары ыраланар идэлэрин баһылаан, сааһын тухары сөбүлүүр үлэтигэр үлэлээн, дьон-сэргэ ортотугар, олох өрүкүйэр үөһүгэр сылдьан.
edersaas.ru
Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах?
Сахалар киһини көрсө түһээт, кини төрдүн-ууһун ырытар үгэстэринэн эттэххэ, Анатолий төрөппүттэрэ кэрэ-мааны айылҕалаах Сунтаар сириттэн төрүттээхтэр. Аҕата Денис Кривошапкин Элгээйи церковнай-приходской оскуолатын бүтэрбит, бэйэтин кэмин биир сайдыылаах киһитэ. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 17 саастаах уол айхаллыы көрсүбүт, Сэбиэт былааһа олохтоноругар көхтөөхтүк үлэлээбит, судьуйалаабыт, эргиэн тэрилтэлэрин салайбыт. Бүлүү эҥээр оройуоннартан дэлэгээтинэн талыллан, 1924-1926 сс. райпотребсойуустар Бүтүн Саха сиринээҕи үһүс уонна төрдүс сийиэстэригэр кыттыбыт. Ол кэмнэр туоһулара, сийиэс дэлэгээттэрэ Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов курдук өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ салайааччыларын кытары бииргэ түспүт хаартыскалара, билигин дьиэ кэргэн киэн туттуута буолар. Денис Иннокентьевич кэнники кэргэнин Федора Иванованы, дьоҥҥо-сэргэҕэ «Куола учуутал» диэн аатынан биллибит САССР үтүөлээх учуутала Н.И.Иванов бииргэ төрөөбүт эдьиийин, 1938 с. кэргэн ылан аҕыс оҕоломмут.
Аҕалара үлэҕэ ананан, Кривошапкиннар Үөһээ Бүлүүгэ 1941 с. күһүнүгэр көһөн кэлбиттэр. Дьэ бу кэмтэн ыла Үөһээ Бүлүүнү дойду оҥостон олорбуттар. Анатолий 1944 с. тохсунньу томороон тымныытын саҕана күн сирин көрбүт.
Бүөтүр Тобуруокап уонна Михаил Алексеев
Үөһээ Бүлүүгэ борокуруорунан, райсэбиэт солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн, онтон соҕотуопка боломуочунайынан үлэлээбит аҕалара 1956 с. биэнсийэҕэ тахсан, Намнааҕы МТС кылаабынай буҕаалтырынан ананан, Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгиттэн Намҥа көһөн тахсыбыттар.
— Бары олус иллээх-эйэлээх, үлэҕэ да, спорка да көхтөөх этибит, — диир Анатолий Денисович. — Кыра сааспытыттан ирээт үлэлээх буоларбыт, эдьиийдэр дьиэни-уоту көрөр буоллахтарына, уолаттар маһы хайытан кыстыыбыт, мууһу киллэрэрбит, хаар күрдьэрбит. Сүөһүлээх буоламмыт, сайын оттуурбут. Элбэх оҕолоох ыал оҕолоро ити курдук, туох үлэ көстөрүнэн түсүһэн истэхпитинэ сатанара. Бөһүөлэк ыаллара Кырбыһааҥкыннар оҕолоро үлэһиттэр диэн хайгыыллара уонна холобур оҥостоллоро. Нам оскуолатыгар саха тылыгар Петр Николаевич Тобуруокап үөрэппитэ. Улаатан эрэр оҕо өйө-санаата сайдарыгар, Ийэ дойдуга, төрөөбүт тылга бастакы интэриэһэ уһуктарыгар айар куттаах фронтовик-учуутал сабыдыала улахан этэ.
Толя Кривошапкин дьылҕатын түстэспит иккис киһинэн саха норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев буолбута. Уол Нам сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, Үөһээ Бүлүү орто оскуолатыгар киирэр кэмигэр, кини дьолугар, Михаил Андреевич Далыртан кэлэн, бу оскуолаҕа үлэлээн эрэрэ. Физиканы үөрэтэрэ уонна автодьыала куруһуогун тэрийэн, элбэх оҕону массыынаны ыытарга үөрэппитэ. Саха сирин сайдар хайысхаларынан идэҕэ туһаайар үлэтин саҕалаабыта, дьоҕус авиация кэскиллээх диэн, икки доҕордуулары, Толяны уонна Коля Константиновы, Выборгдааҕы авиатэхиньиичэскэй училищеҕа ыйан ыыппыта. Уолаттар үөрэхтэрин бүтэрэн, 1965 с. Маҕаннааҕы авиаэтэрээккэ үлэлии кэлбиттэрэ, бастакы көлүөнэ саха авиатордарын кэккэтин хаҥаппыттара.
Авиацияттан – бэлиитикэҕэ
Маҕаннааҕы этэрээккэ Анатолий 15 сыл үлэлээбитэ, авиатехниктан ыстаарсай инженергэ тиийэ үүммүтэ. Бу идэтинэн өссө да таһаарыылаахтык үлэлиэ эбитэ буолуо. Ол эрээри, хоһуун үлэһит, дьону-сэргэни түмэр дьоҕурдаах эдэр киһини Маҕан олохтоохторо бөһүөлэк сэбиэтин дьокутаатынан, онтон сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн талан кэбиһэннэр, кини үлэтин хайысхата тосту уларыйбыта. Сэбиэскэй былаас саҕана быыбарга хомуньуус баартыйа хандьыдаата утарсааччыта суох туруоруллан, 100 % куолаһы ылара. Уларыта тутуу сылларыгар балаһыанньа уларыйан, дьокутаакка хас да хандьыдаат туруоруллара ирдэммитэ. Анатолий Кривошапкин 1987 с. Дьокуускай куорат Ярославскай оройуонунааҕы (1984-1987 сс. куорат икки оройуоҥҥа арахсара) райисполкомун отделыгар сэбиэдиссэйдии олорон, Залогтан туруоруллан, быыбар иннинээҕи аҕытаассыйатын дарбааннаахтык ыыппыт утарсааччытын баһыйар куолаһынан хотон, дьокутаат буолбута. Төһө даҕаны хандьыдаат турдар быыбардааччылар кинилэр кыһалҕаларын чугастык ылынар, дьиҥнээхтик үлэлиир киһини талалларын илэ көрөн итэҕэйбитэ.
Быыбардааччыларын итэҕэлин ылан, хас да болдьоххо араас таһымынан дьокутааттаабыт, ол быыһыгар бастакы ыҥырыылаах Ил Түмэн тэрийэр салаатыгар икки сыл үлэлээбит уопуттаах киһи быһыытынан сыаналанан, Анатолий Денисович 1995 с. өрөспүүбүлүкэ Киин быыбардыыр хамыыһыйатыгар үлэҕэ ылыллыбыта. Манна үйэ чиэппэрин кэриҥэ, ол иһигэр уон түөрт сыл бэрэссэдээтэлинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Быыбар тэрээһинэ хандьыдааттары регистрациялааһынтан саҕалаан, кинилэр быыбар иннинээҕи аҕытаассыйаларын жеребьевкатын тэрийиигэ, үөскүүр мөккүөрдэри суутунан быһаарсыыга тиийэ хамыыһыйа үлэтэ билигин барыта дьэҥкэтик өйдөнөр. Оттон бу ырычааҕы олохтуурга уустуга элбэх этэ. Ити быыһыгар көрүдьүөс да соҕус түгэн ханна барыай? Быыбар бүлүтүөнэ кытаанахтык отчуоттанар докумуон буолар. Ханната этиллибэт, быыбар хамыыһыйатын биир үлэһитэ сүтэн хаалыа диэн ол бүлүтүөннэри дьиэтигэр илдьэн баран, “бырааһынньыктыы” сылдьан, ыһан-тоҕон кэбиһэн итиигэ-буһууга киирбитэ. Хата, дьон чиэһинэйэ бэрт буолан, барыта хомуллан айдаан тахсыбатаҕа. Эбэтэр кыайбыт хандьыдаат куолаһын мыынара, хотторбут хандьыдаат балыйтарбыт курдук сананара, ол аайы хамыыһыйаны буруйдууллара ханна барыай? Хайа да диэки халыйбакка, үөһэттэн соҥнооһуну истибэккэ, сокуон быһыытынан үлэлээһин түмүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ быыбар хамыыһыйаларын тиһигэ идэтийбит таһымнаммытын Анатолий Денисович үлэтин үтүө түмүгүнэн ааҕар.
Түмүк тыл
Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, архыыбы хасыһан, төрдүн-ууһун төрүччүтүн оҥорон, аҕатын ууһун ыччаттарын түмэргэ үлэлэһэр. Күндү учууталларын, саха норуодунай бэйиэтэ Петр Тобуруокабы, ССРС норуодунай учуутала Михаил Алексеевы, үлэ үөрүйэхтэригэр уһуйбут аҕа табаарыстарын, араас кэмҥэ алтыһан үлэлээбит дьонун Иван Негенбляны, Павел, Семен Кырбасовтары, Николай Лепчиковы, Афанасий Илларионовы, Егор Ларионовы, Владимир Михайловы дириҥ махталынан ахтар.
Ыспыраапка
А.Д.Кривошапкин 1944 с. тохсунньу 27 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүтэ. 1965 с. Выбордааҕы авиатэхиньиичэскэй училищены, 1974 с. Киевтээҕи Гражданскай авиация институтун, 1998 с. Россиятааҕы госсулууспа Академиятын бүтэрбитэ. 1965-1980 сс. Маҕаннааҕы авиаэтэрээккэ, 1980-1994 сс. Маҕаннааҕы олохтоох сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, Дьокуускайдааҕы горисполком сэкирэтээринэн, тэрийэр отдел сэбиэдиссэйинэн, Ил Түмэн тэрийэр үлэҕэ отделын сэбиэдиссэйинэн, 1995–2017 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын сэкирэтээринэн, бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, кэлиҥҥи уон үс сыл устата бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru