Емельян Ярославскай аатынан хотугу сир норуоттарын историяларын, култуураларын түмэлин иһинэн үлэлиир Лев Гумилев аатынан кулууп уочараттаах көрсүһүүтүгэр история билимин доктора, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет профессора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын вице-бэрэсидьиэнэ Анатолий Игнатьевич Гоголев ыалдьыттаата, мустубут дьон ыйытыыларыгар хоруйдаата.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Саха балаҕаныгар көмүлүөк сылааһыгар бигэнэн, итии үүттээх чэйдээх, алаадьылаах сандалы тула олорон барбыт исиҥ сэһэргэһиини кулууп салайааччыта, устуоруйа билимин хандьыдаата, түмэл дириэктэрэ Егор Шишигин иилээн-саҕалаан ыытта.
Саха этногенеһин боппуруостарыгар
Саха норуота кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын, силистээҕин-мутуктааҕын үөрэтии XVII үйэттэн саҕаламмыта. Олортон олохтоохторунан, бүгүҥҥү күҥҥэ киэҥник биллэринэн Гаврил Васильевич Ксенофонтов концепцията буолар. Кини “Урааҥхай сахалар (Очерки древней истории якутов)” диэн үлэтэ Иркутскайга 1937 сыллаахха туспа кинигэнэн бэчээттэммитэ. Бу саха омук үөскээһинин үөрэтиигэ биир дьоһун үлэнэн буолар. Кэнники сылларга бу тиэмэҕэ Гаврил Васильевич үөрэнээччитэ, коллегата (биир кэмҥэ Иркутскайдааҕы университекка үлэлии сылдьыбыттара), кэлин ССРС Наукатын академиятын академигынан буолбут Алексей Павлович Окладников ылсан үлэлэспитэ. Кини сүрүннээн Ксенофонтов көрүүтүн тутуспута. Ону таһынан Байкал таһыгар, Өлүөнэ баһыгар итиэннэ сахалар омук быһыытынан үөскээбит сирдэригэр – Саха сирин киин оройуоннарыгар, булбут археология матырыйаалларыгар олоҕуран бу тиэмэни арыйыыга тус бэйэтин улахан кылаатын киллэрбитэ.
Кэлин саха хантан хаааннааҕар, быһыыта, сүрэҕэ эрэ суох бэйэтин санаатын этиммэтэ быһыылаах. Чуолаан, ааспыт үйэ 90-с сылларыгар, бары барыта бас баттах барбыт, көҥүл буолбут кэмигэр, ханнык да чахчыга олоҕурбатах араас көрүүлэр күөрэйбиттэрэ.
Билигин саха хантан төрүттээҕэр араас сабаҕалааһын, концепция баар. Оттон ис иһигэр киирдэххэ, бу олус уустук боппуруос. Итиэннэ чинчийээччиттэн эппиэтинэстээх буолууну ирдиир. Ити ахтан ааспыт 90-с сыллардааҕы уонна XXI үйэ саҕаланыыта кэм чинчийээччилэрэ үгүстэрэ история наукатыттан тэйиччи, атын эйгэ дьоно. Онон буолуо, норуот үөскээһинин боппуруоһугар киһи үөйбэтэҕин этэн таһаараллар. Олортон аҕыйах холобуру аҕаллахха, биһиги өбүгэлэрбит өрдөөҕүтэ Сахараҕа (кинилэр этэллэринэн, Сахара — “Саха аара” үһү) олоро сылдьыбыттар. Онтон сыыйа-баайа хоту сыҕарыйан, билиҥҥи Сирия (“Сир ийэ”) сиригэр кэлбиттэр диэн буолар…
Ис сэрии өрүттэрэ
Саха сиригэр ис сэрии 1921 сыл балаҕан ыйыттан, олохтоох нэһилиэнньэ сэбиэскэй былааһы утары күргүөмнээхтик турунуутуттан, саҕаламмыта. Ол кэмҥэ Чурапчыга кииннээх ВЯОНУ (Бүттүүн Саха уобалаһын быстах кэмнээҕи салалтата) тэриллибитэ. Итиэннэ 1922 сыл кыһыары күһүнүгэр диэри салҕанан барбыта. Ити сыл бэс ыйыгар Иркутскайтан баржалаах борохуоттарынан элбэх кыһыл сэриитэ кэлбитэ, олор истэригэр Петроградтааҕы 226-с полка. Ол кэм дьоруойунан Иван Строд буолар. Кини Бүлүү уокуругар сэбиэт былааһын төнүннэрэр. Ити сыл кыһыныгар хотугу улуустарга былааһы бассабыыктар ылаллар.
Онон, Саха сиригэр гражданскай сэрии 1918 сыл бэс ыйыттан саҕаламмыта уонна, хотугу улуустарга буолбут сабыытыйалары учуоттаан туран, 1922 сыл алтынньытын эргэтигэр түмүктэммитэ диирбит сөбө буолуо. Маныаха уустуга баар, сэбиэскэй былааһы утары олохтоох нэһилиэнньэ барыта кэриэтэ утары турбута. Мээнэттэн маннааҕы бассабыыктар чөмчөкөлөрө соҕуруу баар салалталарыгар олохтоох нэһилиэнньэни бүтүннүүтүн кыртахха эрэ бандьыыттааһыны эһиэххэ сөп диэн тэлэгирээмэ охсуохтара дуо.
1922 сыл кэнниттэн быстах өрө туруулар буола сылдьыбыттарын, илинтэн генерал-лейтенант Пепеляев сэриитэ кимэн киириитин билэбит. Саха сирин аатыттан икки-үс киһилээх дэлэгээссийэ (онно кимнээх сылдьыбыттара чопчу биллибэт) Харбиҥҥа тиийэн генерал Пепеляевы кытта көрсүбүтэ, бассабыыктары утары охсуһууну салайарга көрдөспүтэ. Ону Анатолий Николаевич, эдэрэ өтөн эбитэ дуу, Саха сирин усулуобуйатын, маннааҕы быһыыны-майгыны ыраҥалыы, учуоттуу барбакка ылыммыта. Ол туох содулламмытын бүгүн бары бэркэ диэн билэбит.
Манна даҕатан эттэххэ, Анатолий Николаевич бэйэтин кэмигэр адмирал Колчак чугас киһитэ этэ. Отут сааһыгар кылаабынай командующайынан анаммыта, генерал-лейтенант чыыннаммыта. Кинини сүрдээх таҥараһыт, киһи быһыытынан сымнаҕас этэ дииллэр. Ол да иһин буолуо, Арҕаа Сибииргэ билиэн түбэспит уон тыһыынчаттан тахса кыһылы, үрүҥнэри утары сааны-саадаҕы аны илиибитигэр ылыахпыт суоҕа диэн тылларын ылан баран, дьиэлэригэр ыыталаабыта диэн буолар…
Пепеляев сэриититтэн бысталанан куота-саһа сылдьыбыт этэрээттэр 1924-1925 сыллардаахха “Тоҥустар өрө туруулара” дэммит хамсааһыҥҥа кыттыспыттара. Бастаанньаһыттар биир салайааччыларынан Михаил Артемьев буолбута. Кини дьикти дьылҕалаах киһи: бастаан утаа кыһылларга сулууспалаабыта, онтон үрүҥнэргэ холбоспута; Строду кытта чугастык билсэрэ… Итини гражданскай сэрии биир өрүтүнэн ааттыахха сөбө буолуо.
Тоҥустар сэбилэниилээх бастаанньалара өрүттэр тыл тылга киирсэн, эйэ дэмнээхтик түмүктэммит буоллаҕына, Саха сирин сойууһунай өрөспүүбүлүкэ оҥорору, элбэх баартыйаланыыны туруорсубут 1927-1928 сыллардааҕы Павел Ксенофонтов баһылыктаах конфедералистар хамсааһыннара уонна 1929 сыллааҕы булуҥнар өрө туруулара хааннаахтык хам баттаммыттара.
Аал луук мас — Аал кудук мас
Саха мифологиятыгар олоҕурдахха, Аал кудук мас (священное дерево изобилия) диирбит сөп. Кудук диэн төрүт түүр тыла, холуодьас, уйгу, быйаҥ диэн өйдөбүллээх. Ону нууччалыы тартаран, Аал луук (дууп) мас дииллэр. Саастаах дьон өйдүүллэрэ буолуо, ааспыт үйэ 80-с сылларыгар “Уч кудук” (Үс холуодьас) диэн ырыа киэҥник ыллана сылдьыбытын.
Холбооһун диирбит оруннаах
Саха сирин Арассыыйаҕа холбообуттара дуу, баҕа өттүнэн холбоспута дуу диэн боппуруоска дискуссия намыраан ыла-ыла күөдьүйэр. Маныаха холбооһун диирбит оруннаах. Тоҕо диэтэххэ, күүһүлэҥнээх дьайыы баара. Хайа да норуот бэйэтин сирин-уотун туора судаарыстыбаҕа баҕа өттүнэн туран биэрбэтэҕэ. Арай XVIII үйэҕэ, Иран, Турция ыгааһыннарын тулуйумуна, грузиннар, армяннар уонна азербайджаннар Арассыыйа империятын састаабыгар киирэргэ бэйэлэрэ тыл көтөхпүттэрэ.
Онон “баҕа өттүнэн холбоһуу” диэн оччотооҕу идеология ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн үөскээбит өйдөбүл буолар. Ону сэргэ, Сибиири холбооһуну аан дойдуга XV үйэттэн саҕаламмыт улуу географическай арыйыылар салгыыларын быһыытынан ылыныахтаахпыт.
Түмэл иитэр оруоллаах
История киһини гражданин оҥорор дииллэр, онон түмэл классическай төрүккэ олоҕуран устуоруйабыт кырдьыктаах, ону сэргэ үтүө өрүтүн тыктаран көрдөрүөхтээх диэн санааны кытта сөпсөһөбүн. Оттон, бары билэрбит курдук, хайа баҕарар норуот, дойду устуоруйатыгар атааннаһыы куруутун баара. Ол эрээри норуот, регион сайдыытыгар быһаарар суолтаны ылбатах, тосту уларыйыыны аҕалбатах бытархай, кыра хайдыһыыны аахсыбат буолар сөп этэ.
Саха булкаас норуот
Тыл үөрэхтээхтэрэ сабаҕалыылларынан, Саха сирин аан бастаан сүөһү иитэр монгол тыллаах уустар баһылаабыттар. Сылгылаах түүрдэр кэлин кэлбиттэр. Ону сылгы иитиитигэр тиэрминнэрбит баһыйар үксүлэрэ түүр, оттон ынах иитиитин киэннэрэ монгол тылын кытта ситимнээхтэрэ кэрэһилиир. Онон сахалар хас да омуктан үөскээбит норуот буолаллар. Аны туран генетиктэр кэлиҥҥи чинчийиилэринэн, сахалар арийдартан хаан тардаллара билиннэ. Итиннэ эбии курдук эттэххэ, саха тылын лексикатыгар 200-чэкэ индо-иранскай төрүттээх тыл баар. Онон саха хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин бу диэн этэр уустук.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru