Анатолий ДОБРЯНЦЕВ: «Дойдубут баай устуоруйатынан киэн туттабыт!»

12.06.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүн биһиэхэ V ыҥырыылаах Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин I солбуйааччы, Арассыыйа табаһыттарын национальнай сойууһун бэрэсидьиэнэ, «Потомки государевых ямщиков» уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ,  СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Агропромышленнай комплексын уонна СӨ Айылҕа харыстабылын бочуоттаах үлэһитэ, Арассыыйа Норуоттарын ассамблеятын Кыһыл көмүс мэтээлин кавалера, экэнэмиичэскэй наука хандьыдаата, “Сахатранснефтегаз” АУо генеральнай дириэктэрин сүбэһитэ, Муома, Аллараа Халыма, Хаҥалас улуустарын Ытык киһитэ  Анатолий Анатольевич ДОБРЯНЦЕВ ыалдьыттыыр.

— Анатолий Анатольевич, бүгүн Арассыыйа күнүн бэлиэтиибит. Биһиги дойдубутугар тапталбытын, бука, хас биирдиибит тус бэйэбит олохпутугар сыһыары тутан, хайдах сатыырбытынан, араас-­араастык, уратытык биллэрэрбит буолуо…  Оттон Эйиэхэ, хаһан эрэ Күн судаар ыраахтааҕы анаан ыыппыт дьаамсыктарын удьуоругар, Арассыыйа күнэ туох суолталааҕый? 

— Бу —  Улуу, модун Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытын кэннэ, саҥа Арассыыйа үөскээһинин бырааһынньыга. Сэбиэскэй эпохаҕа төрөөбүт, олорбут дьон, ол кэми олус суохтууллар, тоҕо диэтэххэ, борос­туой киһиэхэ олоҕор туох да ураты кыһалҕа суоҕа – эн үөрэн уонна үлэлээ эрэ! Олоҕо ол курдук туруктааҕа. Биллэн турар, дойду төрөөбүт күннээх буолуохтаах. Биһиги Арассыыйабыт – араас элбэх омук олорор дойдута. Бу Күн, бу бырааһынньык бары норуоттары түмүөхтээх уонна дойдуга тапталы, пат­риоттуу санааны бөҕөргөтүөхтээх дии саныыбын. Биһиги бука бары бэйэбит дойдубут баай устуоруйатынан киэн туттуохтаахпыт.

Улуу дойдуну утумнааччы (правопреемник) быһыытынан, кини салалтатыттан норуот сөптөөх, сиэрдээх быһаарыылары эрэйэр —  ордук айылҕа ресурсаларын дьаһайыы, Киһи  хапытаалын сайыннарыы, олохтоох оҥорон таһаарааччылары уонна урбааны, о.д.а. өйөөһүн боппуруостарыгар.

Дьиҥэр, биһиги дойдубут айылҕатынан, сиртэн хостонор баайынан, устуоруйатынан, наукатынан кимиэхэ да тэҥэ суох баай-талым ээ, оччотугар, боростуой норуот тоҕо дьадайарый?!  Мин санаабар, нэһилиэнньэни сүрүннээн бу боппуруос долгутар, дьиксиннэрэр.

— Биһиги дойдубут дьоно-сэргэтэ, чуо­­лаан, хотугу өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, бу судургута суох кэмнэргэ, туох-ханнык сыаннастарбытыгар, бастатан туран,  ураты болҕомтобутун уурарбыт нааданый, Эн санааҕар?

— Биһиги билигин Арассыыйаҕа олорор хас биирдии норуот тылын, култууратын, духуобунай баайын араҥаччылаан-арчылаан, харыс­таан, салгыы сайыннарыахтаахпыт. Бу барыта биир түгэҥҥэ баар буола түспэтэҕэ эбээт – тыһыынчанан сыллар тухары үөскээн-үөдүйэн, тиийэн кэллэҕэ… Онон, устуоруйабытыгар, фольклорбутугар, айылҕабытыгар-айылгыбытыгар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһан, харыстаан илдьэ сылдьан, кэлэр көлүөнэлэрбитигэр тиэрдиэхтээхпит, иннибит диэки хардыылаан, сайыннаран иһиэхтээхпит. Туохха барытыгар утумнааһын баар буолуохтаах.

— Бэйэҥ төрүттэриҥ – төрөппүттэриҥ, бииргэ төрөөбүттэриҥ, аҕа көлүөнэ Добрянцевтартан олохтоммут дьиэ кэргэн үгэстэрин, ол аныгы көлүөнэҕитигэр туохха көстөрүн, хайдах утумнанарын туһунан, баһаалыста, кэпсии түс эрэ…

—  Мин төрүттэрим – 1770-1820 сыллардааҕы кэмнэргэ Иркутскай-Дьокуускай трагынан буостаны тиэрдиигэ анаан Арассыыйа киин күбүөрүнэлэриттэн ыытыллыбыт нуучча бааһынайдара буолаллар. Онтон ыла күн судаар ­дьаамсыктарын 9-11 көлүөнэ удьуордара-утумнара сириэди­йэн таҕыстылар. Чуолаан мин төрүттэрим сүрүннээн Дьураа уонна Ой-Мураан буоста ыстаансыйаларыгар төрөөн-ууһаан, үлэлээн-хамсаан олорбуттара. Сэрии кэнниттэн Дьураа, Кириэстээх, Кытыл, Ньургуну уонна Дьэкэмдэ холбоһоннор, Кытыл Дьураа сэлиэнньэтэ буолбуттара. Ой Мураан кэлин Үөдэй сэлиэнньэтигэр көһөрүллүбүтэ.

Бэйэм төрүччүбүн мин, биһиги ыстаансыйаларбытыгар аан бастаан көһөн кэлбит дьаамнартан саҕалаан, түөрт салаанан оҥорбутум быданнаата.

Төрөппүттэрим —  Анатолий Дмитриевич уонна Антонина Семеновна (кыыс арас­паанньата Емельянова)  Добрянцевтар иккиэн Хаҥалас улууһун Кытыл Дьураатыттан төрүттээх дьон, бастаан холкуоска, онтон сопхуоска үлэлээбиттэрэ. Ийэм 30 сыл ыанньыксыттаабыта. Кини Дьоруой Ийэ, Ийэҕэ Үрдүкү Махтал бэлиэ кавалера, билигин 82 саастаах, дойдутугар, төрөөбүт түөлбэтигэр олорор. Биһиги бииргэ төрөөбүт уоммут – 8 уол, 2 кыыс. Алта киһи Дьокуускайга олоробут, иккибит төрөөбүт түөлбэлэригэр уонна кыра бырааппыт Германияҕа олорбута 20-чэ сыл буолла.

Бэйэм дьиэ кэргэним туһунан эттэхпинэ, үс оҕолоохпут: икки улахаммыт манна Дьокуускайга үлэлииллэр, кыра кыыспыт Санкт-Петербурга устудьуонка. Кэргэним Светлана Васильевна (кыыс араспаанньата Березкина) кырдьаҕас Походскайтан, Халыма нуучча старожилларыттан  төрүттээх.

Биһиги эһээлэрбит-эбээлэрбит ­ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕа төрөөбүт дьон буоллахтара, православнай бырааһынньыктары барытын булгуччу бэлиэтииллэрэ эрээри, сахалыы үгэстэри, абыычайдары эмиэ күүскэ тутуһаллара. Бэйэлэрин икки ардыгар сахалыы кэпсэтэллэрэ, быыһыгар старославянскай уонна нууччалыы тыллары кыбыталлара. Кэлии дьону “тоҥ нуучча” дииллэрэ, олохтоохтору сахалар, бэйэлэрин дьаамнарбыт, дэ­­нэллэрэ.

Эһээлэрбит уонна мин аҕам булчут этилэрэ. Оттон ийэм аҕата Семен Михайлович Емельянов, хос аата Адам, 70-ча сыл устата каадырабай булчут, маны таһынан, норуот эмчитэ, көрбүөччү этэ. Дьиэ кэргэҥҥэ булт сиэрэ-туома толору тутуһуллара. Бу үгэстэри биһиги, олох букатын былыргылыы  да ­буолбатар, тутуһарга дьулуһабыт.

Дьаамнар уонна сахалар былыр-бы­лыргыттан бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар үчүгэй, ытыктабыллаах сыһыаннаахтар. Бу истиҥ доҕордоһуу туһунан суруйааччы, киэн туттар биир дойдулаахпыт Павел Харитонов-Ойуку “Хоболоох суол” арамааныгар бэрт үчүгэйдик, дириҥник, сиһилии суруйан турар.

— Эн «Потомки государевых ямщиков» уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччытын быһыытынан элбэх үлэни ыытаргын билэбит. Эспэдииссийэлэри тэрийбиккитин эмиэ истибитим.  Инники өттүгэр бу хайысханан тугу былаанныыгыт?

— Кырдьык, биһиги “Потомки государевых ямщиков”  уопсастыбаннай тэрилтэбит бэйэбит өбүгэлэрбит ураты, сэдэх култуураларын, устуоруйаларын араҥаччылыыр уонна сөргүтэр туһугар улахан үлэни ыытар. Ол курдук,  “Иркутскай-Дьокуускай” тракт устун 3 эспэдииссийэни тэрийэн ыыттыбыт. Тракт устун баар 126 буоста ыстаансыйатыгар барытыгар сырыттыбыт. Дьаамы сүүрдүү 275 сылын көрсө тракт устун буоста сырыытын  сөргүттүбүт. Маннык тэрээһиннэри ыытыы Арассыыйаҕа собус-соҕотох, атын ханна даҕаны суох.

Биһиги үлэбит туһунан мин Москва, Томскай, Иркутскай куораттарга, Забайкальскай кыраайга уонна Ярославскай уобаласка дакылааттары оҥорбутум. Онуоха кыраайы үөрэтээччилэр, бэлиитиктэр биһиги ыыппыт, ыытар, чинчи­йэр үлэлэрбитин сэҥээрэн, үрдүк сыанабылларын биэрбиттэрэ.

Биһиги көҕүлээһиммитинэн, буоста ыстаансыйаларын устуоруйаларыгар 20-чэ кинигэ сурулунна, өссө да сурулла сылдьар. Сүүрбэччэ православнай таҥара дьиэтэ уонна чочуобуна тутулунна. Үс бэстибээл ыытыллар, норуодунай кэлэктииптэр 10-тан тахса ансаамбыллара тэрилиннэ, биһиги ураты култуурабыт сайдар.

Быйыл биһиги 20 сылбытын туолабыт. Мин Хаҥалас улууһун баһылыгынан быыбарданыахпыттан, көхтөөхтүк үлэлээн барбыппыт. Бу бэлиэ даатаҕа анаан 20 сыллаах үбүлүөйдээх “Играй, гармонь —  живи, частушка!” бэстибээл ыытыахтаахпытын, коронавирустан сылтаан, биллэн турар, тохтоппуппут. Итиэннэ Тракт устуоруйатыгар уонна билиҥҥи үлэбит туһунан кинигэ тахсыахтаах.

Былырыын биһиги өбүгэлэрбит дойдуларыгар – Ярославскай уобалас Гаврилов Ям куоратыгар тиийэ сылдьыбыппыт.  Бу куоракка “Дьаамсык дойдута” диэн мусуой баар. Тыл эппитим кэнниттэн, миэхэ биир олохтоох кы­­раайы үөрэтээччи киһи тиийэн кэлбитэ уонна, өскөтүн мин төрүттэрим бу дойдуттан силис-мутук тардалларын  тоһоҕолоон эппэтэҕим да буоллар, кинилэр киһилэрэ буоларбын саҥабыттан-иҥэбиттэн, говорбыттан тута эндэппэккэ билиэ эбитин туһунан эппитэ. Ол аата, бу мин генетическэй кодпар баар, иҥэн хаалбыт эбит.

Кинилэр эмиэ сыллата бэстибээл ыыталлар, онон бииргэ үлэлэһиэх буолбуппут. Бу бэс ыйын 12 күнүгэр – Арассыыйа күнүгэр онлайн эрэсииминэн тэрээһиҥҥэ кыттабыт.

—Кэпсээниҥ иһин махтал!

 Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0