Анатолий Добрянцев аатынан саха ыстаныытыгар өрөспүүбүлүкэ турнира буолла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 27-28 күнүгэр Николай Тарскай аатынан «Туймаада» стадиоҥҥа  Анатолий Добрянцев аатынан саха ыстаныытыгар өрөспүүбүлүкэ турнира буолан ааста. Күрэхтэһиигэ эр дьон, дьахталлар уонна бэтэрээн эр дьон кыттыыны ыллылар. Манна күүстээх ыстанааччылар бары кииристилэр. Ону таһынан, көтөр атахтаахтары кытары мас тардыһыытыгар аан дойду чөмпүйүөнэ Дмитрий Попов күрэхтэһэн, 37,89 миэтэрэни ыстанан, Саха сирин маастарын нуорматын толордо.

Үс көрүҥ түмүгүнэн, эр дьоҥҥо 125, 59 миэтэрэни ойон (кылыы 45,00, ыстаҥа 43,95, куобах 36,64) үһүс бочуоттаах миэстэни Чурапчыттан  Кай Адамов ылла.  Иккис үктэлгэ таҕыста үс көрүҥ түмүгүнэн 125, 99 миэтэрэни ойон (кылыы 43,47, ыстаҥа 43,67, куобах 38,85) Ньурбаттан Виталий Васильев. Үс көрүҥ түмүгүнэн 126,28 миэтэрэни куоһаран (кылыы 45,27, ыстаҥа 43,09, куобах 37,92 ) Уус Алдантан Иван Пестряков тэҥнээҕин булбата. Оттон дьахталларга 61,86 миэтэрэни түһэн (кылыы 21,86, ыстаҥа 22,03, куобах 17,97) Юлия Кобякова үһүс бочуоттаах үктэлгэ таҕыста. Иккис миэстэни ылла 63,64 миэтэрэни ойон (кылыы 22,96, ыстаҥа 22,40, куобах 18,28) Ньурбаттан Елена Егорова. Тэҥнээҕин булбата 64,81 миэтэрэни түспүт (кылыы 23,04, ыстаҥа 22,62, куобах 19,15) Дьокуускайтан Любовь Унарова. Бэтэрээн эр дьоҥҥо үһүс миэстэни ылла 72,25 миэтэрэни ойон (кылыы 25,33, ыстаҥа 25,04, куобах 21,88) Юрий Баженов. Иккис үкэлгэ таҕыста 72,99 миэтэрэни ойон (кылыы 26,03, ыстаҥа 25,00, куобах 21,96) Ньурбаттан Захар Ефремов. Муҥутуур кыайыылааҕынан буолла 77,61 миэтэрэни куоһаран (кылыы 27,07, ыстаҥа 26,72, куобах 23,82) Кэбээйи көтөр атахтааҕа Сергей Кривошапкин.

Николай Попов «Саха Сирэ» хаһыат edersaas.ru   

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0